1937 сыллаахха Саппыйаҕа Ойуунускайдыын көрсүһүү

Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө

1937 сыллаахха П.А.Ойуунускай депутакка кандидатынан туран баран дойдутугар кэлэн нэһилиэктэри кэрийэн дьонун – сэргэтин көрсөн кэпсэппитэ. Онно мин 18-пын туолан аан бастаан быыбарга кыттан кинини депутакка талбытым. Кинини Чөркөөхтөн хоту сытар Саппыйаҕа балаҕан салҕааһыннаах нуучча дьиэтигэр көрсүбүппүт. Саас муус устар ый этэ, хаар тигинэс этэ. Икки колхуос (Молотов-Сэккээччи, Ойуун ууһа-Ханньас) дьоно биир нэһилиэкпит. Нэһилиэкпит Ойуун ууһа диэн. Онно тиийэн кэтэстибит. Биһиги онно кыһыл былаахтаах параадтаан тиийбиппит. Биир күн күнү быһа кэтэстибит. Ол кэтэһэммит нөҥүө күнүгэр эмиэ муһуннубут. Дьэкириэм диэн маҥан ат баара, Платон Алексеевич ол атынан Ытык-Күөлтэн айаннаан кэлбитэ. Киһи уҥуоҕа тумулга дьиэ адьас чугаһыгар баар, онно Оҕуруос диэн Халамнаайы күөлэ баар. Онон арай иһэллэр эбит. Иһэллэр диэн хаһыытаһыы буолла. Былаахпытын икки ураҕаска баайан баран өрө тутан киһи уҥуоҕун диэки кинилэр утары бары стройдаан хаамыстыбыт. Киһибит чугаһаата, 20-чэ миэтэрэ хаалтын кэннэ атыттан түстэ, биһиги диэки утары хааман кэллэ, атыгар муосуһуттаах, иккиэлэр этэ. Утары кэлэн илии тутуһан дорооболосто, үп үрүҥ муус маҥан ыраас киһи этэ, баттаҕын хайы тарааммыт. Чэйдии – аһыы диэн барбата быһыылааҕа. Мойуор Кулакуоскай диэн киһи ортоку булгунньах илин өттүгэр балаҕаныгар мунньахтыы диэн бары бардыбыт. (көрсүспүт сирбититтэн 200-чэкэ миэтэрэ баара буолуо). Уһун остуол тардыллыбыт эбит, ол остуол ортотугар Платон Алексеевич соҕотоҕун олордо, каракуль соннооҕун устубут, кубаҕайдыҥы соҕус көстүүмнээх, ачыкылаах. Колхуос председателэ, үөрэҕэ суох Тимофей Сивцев киниэхэ тыл биэрдэ. Ойуунускай тыл этиитигэр бу үтүөтүн – өҥөтүн, үчүгэйдик көрсүспүккүтүн хаһан да умнуом суоҕа, туһунан эмэ хайаан да төлүөм диэн баран хараҕын уута сүүрэн түстэ, өр баҕайы харан турда. Онтон былаатын ылан хараҕын, ачыкытын соттон өрө тыынан баран салгыы этэн чөллөрүйэн барда эбээт киһибит. Тимир суол кэлиэхтээх, комбайн кэлиэхтээх, трактор кэлиэхтээх, Саха сирэ сайдыахтаах диэн. Туох да үтүмэни эттэ, туох-туох буоларын, Саха сирэ хайдах сайдыахтааҕын барытын эттэ-кэпсээтэ. Туох да уһуннук эттэ. Мунньахтаан баран аһыы диэн хонтуорабытыгар бардыбыт. Арыгы туруорбуттара, онтон кутта-кутта оҕонньоттор истилэр, миэхэ быыкаайыгы биэрдилэр. Биһиги оҕолор турабыт, миэстэ да суох, дьиэбит да кыараҕас, оҕонньоттор тура-тура тыл этии бөҕөтө буоллулар, кэпсэтэн-ипсэтэн күннээтилэр. Хайа ыалга хоммутун билбэтим, Сэккээччилэргэ хонноҕо буолуо. Дьиэбэр баран хаалтым. Верховнай Совет депутата буолла диэн тарҕастыбыт. Кини салгыы Чөркөөххө барбыта.

Платон Алексеевич Ойуунускай

 

Захаркин Афанасий Васильевич

1938 с. П. Ойуунускай “тороскуус” аатын ылар. “Дьоппуоньуйаҕа түспүт, кыраныыссаҕа туппуттар” диэн кэпсэтии буолла. Оҕонньоттор ол иһин “бу үтүөбүн төлөөбөт киһи буоллум диэн ытаабыт эбит” диэн сыныктаатылар.

1946 с. армияттан кэлиибэр туох да ааттаах улахан ыһыах буолар, үөрэн-көтөн алдьархайдаах дарбыйыы этэ.

1938с тороскуус буолбут диэн туох баары барытын хомуйбуттара, биир торбоһу өлөрбүт киһи хаайыыга барара. Чөркөөххө ыһыах ыһа сылдьыбыттара тороскуус буолтун кэннэ, сэрии саҕана трибуна оҥорбуттара, Өлөксөй Лебедев председатель дьаһалынан оҥорторбут быһыылааҕа. Ол ыһыахха мин киирэ сылдьыбытым. Сир уларыйдыбыт быһыылаах этэ.  Ат сүүрдүүтэ буолта. Ханнык эмэ кини туһунан төрүт ахтыбаккыт, Ойуунускай үчүгэйи оҥордо диэбэккит диэн кэпсэтии буолбута.

 

Чөркөөх олохтооҕо, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа,  үлэ ветерана А.В. Захаркин ахтыытын 2003с. Чөркөөх музейын сэбиэдиссийэ Жерготова И.Я. сурукка түhэрбитэ.

2003с.  Захаркин А.В.  “Саппыйаҕа  көрсүhүү” ахтыытынан  НКИХ “Саха сирэ” реж. Евдокия Избекова устан П.А.Ойуунускай туhунан уус-уран  документальнай киинэҕэ киллэрэн үйэтиппитэ.

 

Бэлэмнээтэ Изабелла Жерготова. Муус устар 26 к. 2024с. Чөркөөх сэл. Таатта

 

Читайте дальше