Убаастабыллаах, Таатта улууһун олохтоохторо!

Эһигини бука барыгытын саҥа үүммүт саргылаах Саҥа 2024 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Саҥа дьыл — сир ахсын кимҥэ барытыгар күүтүүлээх, түбүктээх кэрэ бырааһынньык. Бу күн хас биирдии киһи тустаах сылга тугу ситиспитин ырыҥалаан көрөр, кэлэр сылга сыал-сорук туруорунар.
Кэм-кэрдии хаамыытынан өссө биир сылы түмүктээн, Саҥа 2024 сылга үктэнэн иһэммит хас биирдиибит ааһан эрэр сылга тугу ситиспитин, кыайбытын-хоппутун, ханна эрэ сороҕор сыыһа-халты туттуммутун барытын
ырыҥалаан көрөр уонна кэлэр сылга хайдах дьаһанан, үлэлээн-хамнаан олоруохтааҕын былаанныыр буолуохтаах. Биһиги саха дьоно, уһун кыһыннаах уонна кылгас сайыннаах дойдулаах норуот, былыр-былыргыттан Аан Алахчын хотуммутугар, Хатан Тэмиэрийэ оҕонньорбутугар, Баай Байанайбытыгар үҥэн-сүктэн, арыылаах алаадьынан күндүлээн, үттүө-быйаҥ дьыл, дьоллоох-саргылаах олох үүннүн диэн көрдөһөн-ааттаһан, алгыс тылбытын этэр
үгэстээхпит. Өйбүтүнэн-санаабытынан, ис турукпутунан айылҕабытын кытта быстыспат ситимнээх, сирбититтэн-уоппутуттан силистээх-мутуктаах буоларбытын умнубатарбыт ханнык.

2025 сылга Тааттаҕа ыытыллар «Манчаары оонньууларын» эрдэттэн түмсүүлээхтик, тэрээһиннээхтик бэлэмнэнэн, дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хаалар курдук ыытыахпыт диэн эрэнэбит. Инникитин даҕаны төрөөбүт улууспут, Сахабыт сирэ чэчирии сайдарын туһугар бука бары биир санаанан, түмсүүлээхтик үлэлиэхпит, айыахпыт, тутуох-
пут диэн эрэнэбит.

Кэлэр 2024 сылга өссө өрө көтөҕүллэн, сырдыкка-ырааска, үтүөҕэ-кэрэҕэ кытаанах эрэллээх олоруоҕуҥ, хас биирдии күммүтүн дьолунан толоруоҕуҥ! Баҕа санааларбыт, былааннарбыт, сыалбыт-сорукпут этэҥҥэ ситиһиллэн истин, айарга-тутарга күүс-кыах өссө үксээтин, алаһа дьиэлэрбит оҕо-сиэн куолаһынан туоллуннар! Саҥа дьылынан, бар дьоммут!

Истиҥ махталы кытта СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутааттара Павел ПИНИГИН, Дмитрий ПОИСЕЕВ.

Читайте дальше