Таатта нэһилиэгин олохтооҕо Ньургуяна Уранаева Ил Дархан быһа биэриитигэр бэйэтин ыйытыгын биэрдэ.
Кини элбэх оҕолоох ийэ, эдэр ыал сүөһү-ас көрөн олороллор, бэйэтэ логистик үөрэхтээх, үөрэҕинэн үлэ булбакка сылдьарын эттэ.
Маныаха Ил Дархан Айсен Николаев элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ сыһыаннаах этиигэ тохтоото:
— Ил Дархан ыйааҕынан СӨ Бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр чилиэннэрин үлэнэн хааччыйыахтаах.
-Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ортолоругар дьадайыы суох буолуохтаах, биһиги бу хайысхаҕа бастакы уочаратынан үлэни ыытар тустаахпыт диэтэ.
Онуоха, биһиги Таатта улууһун нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун сулууспатын салайааччыта Нария Дарбасоваттан туоһуластыбыт.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспата сүрүн сыала-соруга үлэ көрдөнө кэлбит дьоҥҥо сөптөөх үлэ булан биэрии, үлэ көрдөнөөччүлэргэ — сөптөөх үлэһити булан биэрии буолар.
Маны таһынан, үлэ көрдөнөөччү быһыытынан учуокка туран үлэтэ суох статуһун ылбыт дьон араас бырагыраамаларга хабыллан, быстах үлэнэн хааччыллар, курстарга үөрэнэн идэ ылан үлэ рыногар тахсар кыахтаналлар, эбэтэр бэйэ дьыалатын тэриниигэ көмө ылыахтарын сөп. Психологическай көмө, социальнай адаптация, профессинальнай ориентация, үлэ рыногын туһунан информирование государственнай өҥөлөр оҥоһуллаллар.
Бу бырагыраамалартан ураты, өссө, араас бырайыактар үлэлээн саҕалаатылар. Ол курдук, Таатта улууһун нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинин иһинэн бу сыл кулун тутар ыйыттан «Сандаара» дьахталлар кулууптара үлэлээн саҕалаата. Бу кулууп сүрүн сыала: үлэтэ суох, үлэ көрдөнөр дьахталлар, эдэр ийэлэр, үлэ булалларыгар көмө, санаа атастаһар, уйулҕаларын бөҕөргөтөр, элбэх туһалаах информация, туһааннаах специалистары кытары көрсүһэн сүбэ ылыы, араас маастар кылаастар ыытыллаллар. Биһиги кэрэ аҥардарбыт, ыал ийэлэрэ бэйэлэригэр сөптөөх үлэни булан, курстарга үөрэнэн, бэйэ дьыалатын тэринэн дохуот аахсан, Ил Дархаммыт «Дьадайыыны утары дьаһаллар» укааһыгар ыйылларын курдук, дьиэ кэргэттэрэ туруктаах, дохуоттаах буолалларыгар туһуламмыт үлэбит биир көрүҥэ буолар.
Елена Слепцова.