Баайаҕаҥ томторун үрдүгэр,
Тураҕын ырааҕы одуулуу…
Бар-дьоҥҥор эрэли иитэҕин,
Тапталы, тулууру саҕаҕын…
Хобороос — бу Ийэ, бу дьахтар,
Барыбыт сүрэҕэр дьаралык…
Хобороос — бу олох кырдьыга,
Бу норуот, бу дойду дьылҕата…
Олорбут олоххун көрдөрөр,
Биэс буойун уолгунан билэбит.
Олоххор туолбатах ыраҕын,
Биэс сулус күлүмэ туоһулуур…
Бу турар мөссүөнүҥ биһиэхэ,
Кэм оспот ситимин көрдөрөр,
Былаатыҥ тумугар соттубут,
Көмүскэн да уута куурбатах…
Тыыннааххын үйэттэн-үйэҕэ,
Ийэ-Сир, Үрүҥ-Күн анныгар…
Тыыннаах тыл абыгар тиһиллэн,
Илгийиэ ийэлии эн иэйииҥ.
Айаанньа Уус. 30.04.2024 с. Баайаҕа б.
Ыам ыйын 20 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биэс уолун сүтэрбит Ытык Ийэ Февронья Николаевна Малгина төрөөбүтэ 135 сылын туолар.
Сүүрбэ биирис үйэ мындаатыттан, сүүрбэһис үйэни уҥуордаан, уон тохсус үйэҕэ тиийэн, номох буолбут саха кыыһа, саха дьахтара Хобороос олоҕун устун айанныыбын.
«Кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ, ыт үөрэр» диэн өс хоһоонугар этиллэринии, 135 сыл анараа өртүгэр Ылдьаана, Ньукулай Бехтюевтарга кыыс оҕо төрөөн, Хобороос диэн сүрэхтээбиттэр.
Хобороос киһини өйдүүр буолуоҕуттан, ийэтэ Ылдьаана иһиччит буолан, туос тойугун ортотугар борбуйун көтөҕөн, ийэтэ сатыырын барытын сатыы улааппыта. Ийэтигэр Ылдьаанаҕа көмөлөһөн, туостан ыаҕайалары, матаарчахтары тиксэрэ, онно үрүҥ аһы хаһааналлара, арыы таптайаллара. Аҕата Ньукулай сылгыһыт этэ. Оҕо сааһыттан сибиэһэй аһынан аһаан, Хобороос тэтиэнэх, сылбырҕа, сааһыгар холооно суох күүстээх, кыайыгас-хотугас буола улааппыта. Көстөр дьүһүнүнэн да, киһиэхэ сирдэрбэт сэбэрэлээх, чүмэчи курдук күнү уҥуохтаах, чуор куоластаах кыыс кэрэмэһэ буолбута. Ийэтин-аҕатын тэлгэһэтигэр, быр курдук балаҕаныгар таҥара табатын курдук биэбэйдэнэн, 17 сааһыгар үктэммитэ.
Оччолорго суорумньунан холбоһон, биһигин ыйаабыт сириттэн, киинин түһэрбит түөлбэтиттэн кийиит буолан, сүктэн Үрэх Төрдүгэр тиийбитэ. Төһө да көстөн ордуктаах сиргэ тиийдэр, Хобороос туора дойдуга, туора дьоҥҥо киирбитин, бары кинини сылыктыы көрөллөрүн көхсүнэн сэрэйбитэ. Кэргэн тахсыбыт киһитэ Егор Петрович Малгин Үрэх Төрдүгэр олохтоох, кыайыылаах үлэһит, булчут бэрдэ этэ. Онон икки үлэһит дьон холбоһон, буруо унаарытан, ыал буолбуттара. Эдэр ыал нөҥүө сыл кыыс оҕону төрөтөн үөрбүттэрэ, ол эрээри ол үөрүүлэрэ уһаабатаҕа. Оҕолоноллор да, оҕолоро өлөн иһэриттэн, «оҕо турбат ыала буолаары гынныбыт дуу» диэн муҥатыйар санааҕа ылларбыттара. Кинилэр саҥата-иҥэтэ суох көрдөһүүлэрин Үрдүкү Айыылар ылынан дуу, удьуор утума быстыбатын төлкөлөөн дуу, 1914 сылтан саҕалаан, бырааттыы Малгиннар, оторой-моторой уолаттар, улахан, кыра Маайалар күн сирин көрбүттэрэ, ийэ-аҕа үөрүүтүн үксэппиттэрэ. Дойду сиринэн дьаҥ-дьаһах дьону сылбах курдук охторорун иһиттэхтэринэ, истэригэр кутуйах хаамара, «абааһылар» кинилэр балаҕаннарын тумнан ааһалларын курдук, Хобороос аал уотун аһатан көрдөһөрө.
Үрэх Төрдө – ураты кэрэ айылҕалаах дойду. Малгиннар олорор алаастара хатыҥ чараҥынан суугунуура, анныларыгар тааһа дьырылаан көстөр Баайаҕа үрэҕэ устара, кырдалга оҕолор саҥалара чуопчаарара, мэҥэ халлааҥҥа туйаарар дьырылыыра – барыта биир күдьүс муусука буолан иһиллэрэ.
Ийэ барахсан үлэтин, түбүгүн киһи ааҕан сиппэт буоллаҕа – илин халлаан суһуктуйарын кытары тэҥҥэ туран, ынахтары ыаһын, бурдугу тардыы, лэппээскини астааһын, таҥаһы-сабы бэрийии, этэрбэһи абырахтааһын, туостан иһити тигии, кылтан-сиэлтэн быаны-туһаҕы хатыы – Хобороос бүппэт түбүгэ, күннэтэ хатыланар үлэтэ этэ.
Хобороос кыайбат, сатаабат үлэтэ диэн суоҕа. Ийэтэ Ылдьаана такайан, үчүгэй хаһаайка буолбута. Дьордьуманы хап-хара гына буспутун кэннэ үргүүрэ, кииһилэни, үөрэ отун мастыйа илигинэ хомуйара уонна сүөгэй уутугар хаһаанара. Унньууланы хомуйан, хатаран, суоракка кутан хойуннарара. Тары кыһыннары сииллэрэ. Хобороос кэргэнэ тайах өлөрөн аҕаллаҕына, бэйэтэ эттээн, суол-суол уурара. Саас, сайын туулаан, оҕолорун сибиэһэй балыгынан аһатара.
Аҕалара Дьөгүөр аар тайҕатыгар тайахтаан, куобахха айалаан, күөх далайыгар туулаан, сүөһүлэригэр оттоон, кыра да буоллар бурдук ыһан, оҕолорун иитэр-аһатар туһугар хараҥаттан хараҥаҕа сылдьара. Дьөгүөр уҥуоҕунан кыра эрээри, сытыы-хотуу буолан буолуо, эдэригэр Таһымныыр Матырыанаҕа хамначчытынан сылдьыбыт. Билигин бэйэтэ бас билэр бугул саҥа да буоллар балаҕаннаах, ньир-бааччы ыал буолбута. Дьөгүөр Малгин оҕолорун үөрэттэрэр баҕалаах эбит. Улахан уола Алексей-I эрэ үөрэммэтэҕэ да, сахалыы суругу ааҕара.
Дьаҕа баһыгар олорор ыалга сайдыы садырыма эмиэ биллэн барбыта. Артыаллар, ТСОЗ-тар тэриллибит сурахтара иһиллэрэ. Ыаллар сүөһүлэрин холбоон, артыалларга киирэн барбыттара. Хобороос, Дьөгүөр сүүстэрин көлөһүнүн тилэхтэригэр аҕаан, аҕыйах сүөһүлэммиттэрэ, дьэ тыын ылан истэхтэринэ, холбоһуу саҕаламмыта. ТСОЗ-ка уон ыанар ынаҕы сиэтэн илдьэн биэрбиттэрэ, Хобороос сүөһүлэрин харыһыйан, аһынан дууһата ытаахтаабыта. Сотору ынахтарын сайыһан, Хобороос холкуоска ыанньыксытынан киирбитэ. Ыам быыһыгар ыһыыга сылдьар, от оттоһор, күһүн бурдук бысыһар. Сылайары-элэйэри, утуйары-сынньанары умнан туран үлэлээбитэ.
Ханнык баҕарар ийэҕэ, кэмиттэн тутулуга суох, оҕото доруобай, көрсүө-сэмэй, барыны бары сатыыр, үлэһит буола улаатарыттан ордук туох баар буолуой?
Хобороос оҕолоро эмдэй-сэмдэй улаатан, төрөөбүт-үөскээбит балаҕаннарыттан, сүүрбүт-көппүт тиэргэннэриттэн куорсун анньынан үөрэх, үлэ аартыгынан көппүттэрэ. Оҕолорун аламай күн сандааран тахсан истэҕинэ, санаабытынан уһуктара, киэһэ Айыылартан көрдөһөн, ас кээһэн баран утуйара. Ийэ ыраахтан да олорон, оҕолорун хараанныыра, харыстыыра, араҥаччылыыра.
Улахан Алексей сорсуннаах булчут буолбута, өрөспүүбүлүкэҕэ булт соноругар үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн, «Туйгун булчут» ааты ылбыта. Кыра Өлөксөй Таатта Төрдүгэр биэлсэрдии сылдьара, Спиридон Читаҕа байыаннай үөрэххэ барбыта. Бүөтүр «Кыһыл Баайаҕа» холкуос туруу үлэһитэ буолан, «Коммунист» хаһыакка бэчээттэмитэ. Кыра уол Василий үөрэххэ тардыһан куораттаабыта. Улахан, Кыра Маайалар ыал буолбуттара. Барыта санаа хоту күн-дьыл устан испитэ.
Ким билиэ баарай, ким сэрэйиэ баарай?! … Томскайга үөрэнэ барбыт уола Алексей тылланан, финскэй сэриигэ баран, бааһыран кэлэн, Сибиир ити куоратыгар көмүс уҥуоҕа хараллыбыта.
Хобороос хараҕын уутун Үрэх Төрдүн аарыма хатыҥнара көрдөхтөрө, уоскутан лабааларынан далбаатахтара…
«Сор-муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр» диэн өбүгэлэрбит барахсаттар сөпкө да эппиттэр эбит ээ… Күһүн аҕалара Дьөгүөр ууга былдьанар. Хобороос уола өлбүт сураҕыттан урудуйа илигинэ, аны аҕаларын кистээбит аһыыта ааһа илигинэ, Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыта. «Сэрии» диэн соҕотох тыл хара холоруктуу сөрөөн, 1941 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр Хобороос икки уола, икки күтүөтэ ботуоҥкаларын сүгэн, тахсан барбыттара. Спиридон, Василий куоратынан утуу-субуу тус арҕаа, уоттаах сэриигэ, айаннаабыттара.
Саха дьахтара ханнык да ыарахан кэмҥэ санаатын булгуруппат дьулуура олох араас моґоллоруттан кыайыылаах тахсарын мэктиэлиирэ. Хобороос олоҕо итиннэ майгынныыра. Балаҕан иһигэр биир да эр киһи хаалбатаҕа, Ийэ, Эбэ, Аҕа эбээһинэһин Хобороос толорбута, булааччы-талааччы кини буолбута, кыргыттарыгар, сиэттэригэр дурда-хахха эмиэ кини этэ.
Алдьархай аргыһа суох сылдьыбат. Сэрии сайын уот кураан турбута, тыа баһаара сатыылаабыта, аһыҥа туох сэрбэйбити хара буорунан көрдөрбүтэ. Дьэ, дьулаан этэ. Онно олох иһин, тыыннаах хаалыы иһин түүннэри-күнүстэри охсуһуу этэ. Тыылга буомба, снаряд түспэт этэ да, хоргуйуу, аччыктааһын, өлүү муннук аайыттан кэтиирэ. Хобороос сахалыы толкуйунан, мындыр өйүнэн оҕолорун, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, тыыннаах хаалларбыта, ол оннугар бэйэтэ аччык аҥардаах сылдьан, холкуос күүстээх үлэтиттэн илиитин араарбатаҕа.
Үрэх Төрдүгэр сылдьар ыалдьыт да аҕыйах. Хобороос тус соҕурууттан иһэр киһини көрдөҕүнэ, сүрэҕэ ытырбахтыыра, дууһата ытыыра. Эмиэ…эмиэ дуо? Үс муннуктаах сурук кэллэҕинэ эгди буолара, уолаттарыттан кылгас да буоллар, баалларын, этэҥҥэ сылдьалларын билэрэ, истэрэ, кэпсэппит курдук сананара, сыллаан ылара, санаатыгар оҕолорун сыттара баар курдуга.
«Хара сурук» хомолтотун, кутурҕанын, аһыытын-абатын Хобороос сүрэҕинэн-быарынан аһарбыта, ытаан-ытаан хараҕын уута да тахсыбат буолбута. Кини сэбэрэтигэр оҕолорун сүтэрбит ийэ аһыыта бэйэтин суолун-ииһин үйэлэргэ хаалларбыта, Хобороос онтон ыла хара былаатын устубатаҕа.
Ол да буоллар, ийэ сүрэҕэ ылыммат этэ. Кини боотурдара, кини уолаттара «ол күнү көтөҕөн сиэллэрэн» кэлэллэрин, «биэс күндү чопчутун» сэргэтигэр көрсөрүн ыра оҥостон саныыра. 1957 сылга диэри оҕолорун таҥастарын бэрийбитэ, салгылаппыта.
1969 сыллаахха уолаттарын аараан суолларынан айаннаан, Улуу Ильмени көрөн, Ленинград куоракка сылдьан кэлбитэ. Ийэ барахсан сүрэҕэ дьэ уоскуйбута. Оҕолорун барыларын көрсөн кэлбит, кэпсэппит курдук санаабыта, төрөөбүт алаастарын буорун Пискаревскай кылабыыһаҕа, Спиридон көмүс уҥуоҕар, куппута.
Ытык Ийэҕэ Февронья Николаевна Малгинаҕа, саха хорсун дьахтарыгар, үгүс хоһоон айылынна, айымньы сурулунна, киинэ уһулунна, өйдөбүнньүк бэлиэлэр турдулар. Кини сырдык уобараһынан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр оҕолорун, дьоннорун сүтэрбит Саха сирин бары ийэлэригэр анаммыттара.
Хобороос орто дойдуга 90 сыл олорбута. Бу үллэр үйэтигэр кини олоҕор дьоллоох оҕо саас, ийэ буолуутун үөрүүтэ, уоттаах сэриигэ көмүс чопчуларын сүтэриитэ, сүрэх-дууһа ыар сүтүктэн эймэниитэ, оҕо, сиэн туһугар бэйэ бодотун өрө тардыныы, инникигэ эрэллээх буолуу – барыта баара. Кыыһа Маайа, күтүөтэ Тэрэнтэй ийэлэрин Хобороос дууһатын ыарыытын мүлүрүтэн, оҕолорун Петр, Алексей, Спиридон, Василий диэн ааттаан, иккистээн төрөөбүттэрин курдук санаан, кинилэр олохторунан, үлэлэринэн олорбута. Аны кыыс сиэнэ Феня, Февронья буолан, букатын халлааннаан көтүөн кыната суоҕа. Онон, кырдьар сааһыгар Хобороос оҕолорун ааттаппыт сиэннэрин ортотугар дьоһуннук, сымнаҕастык олорбута.
Билигин Баайаҕа Томторугар Ытык Ийэ Хобороос пааматынньыга тахсар күн сарыалын уруйдуу, киирэр күн саһарҕатын айхаллыы, дьонун-сэргэтин араҥаччылыы турар.
Маргарита Егорова, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.