Алтынньы 23-25 күннэригэр Дагестан республикатын киин куоратыгар Махачкалаҕа Бүтүн Россиятааҕы географтар II-c слеттара буолан ааста. «Открываем Россию заново с учителями географии» УрГПУ, Свердловскай уобалас, Дагестан регионнааҕы РГО отделениелара тэрийэн ыыппыт киэҥ хабааннаах тэрээһиннэригэр Россия 80 регионнарыттан 43 хамаанда отборочнай, заочнай түһүмэхтэри ааһан, ыҥырыы тутан, кытыннылар.
Киэҥ экспертнай састааптаах, үрдүк таһымнаах, учуонайдар, профессордар, методистар А.А.Лобжанидзе, А.А.Чибилев, А.Б.Эртель, О.Ю.Гурьевских уо.д.а сыаналаатылар, лекция аахтылар, курс ыыттылар. Хамаандалар бэйэни билиһиннэрэр визиткаттан саҕалаан, диктант суруйан, Кавказ хайаларын эниэлэринэн квестаан, спилс — карта хомуйуутугар илин-кэлин түсүһэн, өйдөрүн, күүстэрин түмэн күрэхтэстилэр. Биһиги хамаандабыт бары түһүмэхтэргэ ситиһиилээхтик кытынныбыт. Күрэхтэһиилэр быыстарыгар Кавказ хайаларын кыраһыабай көстүүлээх Сулакскай каньонугар, форель иитэр фермаҕа экскурсиялар буоллулар. Фермаҕа толору астаах, сибиэһэй форель балыктаах остуол тэрийдилэр. Курс, күрэхтэһии түмүгүнэн удостоверение ыллыбыт.
Кэлэр слет аны икки сылынан Екатеринбург куоракка буолара былааннанар. Үгүс коллегаларбыт слет Саха сиригэр буолара буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр. Россиябыт саамай соҕуруу регионугар тиийэн бу сахалар, Саха сирин географтара диэн бэйэбитин көрдөрөн, билиһиннэрэн, бүтүн Россиятааҕы географтар сообществоларын кытта алтыһан кэлбиппит, биһиэхэ үрдүк үөрүү, чиэс-бочуот буолар диэн этэбит. Эко-Тааттабыт үлэтин кэпсээтибит, сырдаттыбыт.
Бу куонкурска кытта барарбытыгар үгүс бэлэмнэниини ааһарбытыгар күүс-көмө буолбут, өйөөбүт коллегабытыгар, улуустааҕы географтар методическай холбоһук салайааччытыгар, Огоюкина Саргылана Иннокентьевнаҕа, географ коллегаларбытыгар, кураторбытыгар, Луковцева Мира Николаевнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Элбэҕи билэн-көрөн, сайдан, астынан кэллибит.
«Эко-Таатта» хамаанда: А.Н.Акимова, Л.Д.Яковлева, Е.Г.Собакина.