Игидэй нэһилиэгин модельнай библиотекатын иһинэн үлэлиир «Иэйии»литературнай түмсүү РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, ССРС спордун маастара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, хоһоонньут Николай Иванович Пахомовка аналлаах «Мин хоһоон кулутабын» диэн тэрээһини оскуола оҕолоругар, улахан дьонҥо анаан тэрийэн ыытта.

Ол курдук алтынньы 23 күнүгэр Игидэй орто оскуолатыгар, кылаастар икки ардыларыгар бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн Николай Иванович хоһооннорун ааҕыытын күрэһэ ыытыллыбыта. Бу күрэскэ оскуола 1-11кылаас оҕото барыта кыттыыта бу кылаас салайааччыларын, төрөппүттэр үлэлэрин түмүгэ. Оҕолор бары олус кыһаллан, өйтөн үөрэтэн кыттыбыттара хайҕаллаах.

Хоһоон ааҕыытын күрэһин иилээн-саҕалаан саха тылын уонна литературатын учуутала Варвара Константиновна ыытта. Оҕолор ааҕыыларын дьүүллээтилэр: А.С.Жулева -«Иэйии» түмсүү салайааччыта, К.А.Жулева -модельнай библиотека библиотекара, О.М.Жиркова — А.Ф. Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтин директора, Г.С.Попова  — Игидэй орто оскуолатын педагог-библиотекара, С.С.Пахомова — Игидэй орто оскуолатын учуутала.

Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн: алын кылаас оҕолорун бөлөҕөр: 1үрдэл — 3 кылаас кэллэктиибэ, кылаас салайааччыта Л.И.Антоева, 2 үрдэл-  1 кылаас кэллэктиибэ, салайааччы А.А.Захарова, 3 үрдэл — 2 кылаас кэллэктиибэ, салайааччы Е.П. Павлова, «Кыайыыга дьулуур» анал аатынан 4 кылаас кэллэктиибэ, салайааччы А.И.Захарова буоллулар.

Орто сүһүөх оҕолорун икки ардыларыгар: 1 үрдэл — 8 кылаас кэллэктиибэ, салайааччы Н.Б.Баннова, 2 үрдэл — 6 кылаас кэллэктиибэ, салайааччы Л.Н.Захарова, 3 үрдэл — 7 кылаас кэллэктиибэ, салайааччы З.А.Сунхалырова,  «Кыайыыга дьулуур» анал аат 5 кылаас кэллэктиибэ, салайааччы С.А. Иванова.

Үрдүкү кылаас оҕолорун ааҕыытыгар: 1 үрдэл — 9 кылаас үөрэнээччилэрэ, салайааччы А.В.Габышева, 2 үрдэл — 10 кылаас үөрэнээччилэрэ, салайааччы М.П.Ермолаева, 3 үрдэл — 11 кылаас үөрэнээччилэрэ, салайааччы Д.Т.Матаннанова буоллулар.

Биирдиилээн хоһоон ааҕыытыгар:
1 үрдэл — Кривошапкин Сайаан — 3 кылаас үөрэнээччитэ, сал. Л.И.Антоева,
1 үрдэл — Варварикова Айыына — 5 кылаас,
2 үрдэл- Баннова Олеся, 5 кылаас,
3 үрдэл — Кайгородов Саша, 5 кылаас,
1 үрдэл — Лопатин Илья, 11 кылаас,
2 үрдэл — Баннов Олег, 11 кылаас,
3 үрдэл — Ермолаев Айсаар — 11 кылаас.
5 уонна 11 кылаас оҕолорун салайааччылара В.К.Ефимова.
Күрэх бары кыттыылаахтарыгар туоһу суруктар, кыайыылаахтарга Добун суруктар уонна минньигэс бэлэхтэр тэрийээччилэр ааттарыттан туттарылынна.

Хоһоон күрэһин кэнниттэн Николай Иванович спортивнай ориентированияҕа уонна туризмҥа спорт маастара буоларынан, түөрт хамаанданан спортивнай ориентированияҕа күрэхтэһии ыытылынна. Бу күрэхтэһиини оскуолабыт физкультураҕа учуутала Марья Константиновна салайан ыытта.
Оҕолор хамаанданан арахсан, бириэмэҕэ бэриллибит сорудахтары толордулар.

Күүстээх киирсии кэнниттэн Марат Лопатин хамаандата 1 миэстэ, Айаал Матаннанов хамаандата 2 миэстэ, Айсен Варламов хамаандата 3 миэстэ, Валера Иванов хамаандата 4 миэстэни ылан, бары дипломунан уонна Софья Семеновна Пахомова туруорбут минньигэс бирииһинэн наҕараадаланнылар. Тэрээһин кэмигэр Гизелла Софроновна оҥорбут Пахомовтарга аналлаах слайдата көрдөрүлүннэ уонна Александра Семеновна Николай Иванович оскуолатааҕы сылларын «Киин куорат» хаһыакка тахсыбыт материалга олоҕуран билиһиннэрдэ.

Бу ыытыллыбыт тэрээһинтэн оҕолор элбэҕи билбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбит. Оҕолору хоһоон ааҕыытыгар бэлэмнээбит учууталларга, ориентированияны ыыппыт Марья Константиновнаҕа, оскуола коллективыгар, төрөппүттэргэ «Иэйии» түмсүү аатыттан махтанабыт.

Куйаар ситимин нөҥүө, улахан дьонҥо Н.И. Пахомов хоһооннорун ааҕыыга күрэс ыытылынна. Бу күрэскэ Үөһэ Дьааҥыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Намтан, Орто Халыматтан, Өлүөхүмэттэн, Тааттаттан, Үөһээ Бүлүүттэн уонна Дьокуускай куораттан хоһоон ааҕааччылар кытыннылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
Н.И.Пахомов — Хоһоон ааптара, О.П.Андросова-Сандаара — РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, журналист, Таатта улууһун «Уран тыл» түмсүү салайааччыта, «Араҥас сулус» түмсүү чилиэнэ, «Умсулҕан» литературнай лааҕыр салайааччыта, хоһоонньут, М.И.Ермолаева — А.Ф. Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, СӨ культуратын туйгуна.

Киирбит үлэлэри дьүүллүүр сүбэ көрөн, сүбэлэһэн баран маннык түмүгү таһаарда:
«Кылаан чыпчаал» — аатын Мария Константиновна Бережнова — Тупсууна Байды, Орто Халыма,
1 үрдэл — Ульяна Григорьевна Егорова, Таатта улууһа, Ытык Күөл с.,
2 үрдэл — Марелла Афанасьевна Баишева — Сайдыына, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Майа с.,
3 үрдэл — Инна Николаевна Николаева-Угинка, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Майа с.
«Тулуурдаах ааҕааччы» анал аат Любовь Николаевна Старостина, Үөһээ Дьааҥы улууһа, Чөрүмчэ с.

Бары кыайыылаахтарга ааптар хоһоонун хомуурунньуга, Добун суруктар, кыайыылаахха анал статуэтка туттарыллар.

Бу курдук биир дойдулаахпыт Николай Иванович Пахомов СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбутунан, киниэхэ аналлаах тэрээһиннэри ыытарбытыгар күүс-көмө буолбут бары түмсүүм кыттыылаахтарыгар махтанабын. Нэһилиэкпит дьонун, үлэтин киэн туттан сырдатыаҕыҥ, ыччаттарга кэпсиэҕиҥ.

Игидэй нэһилиэгин модельнай библиотекатын иһинэн үлэлиир «Иэйии» литературнай түмсүү салайааччыта Александра Жулева-Суһума.

 

Читайте дальше