Амма нэһилиэгин олохтоохторо Акулина Прокопьевна уонна Егор Пантелеймонович Ивановтар лоп курдук 60 сыл анараа өттүгэр, 1964 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттара. Ивановтар 5 оҕону күн сиригэр көрдөрөн, үлэһит дьон оҥорон, сиэн оҕолорунан кынаттанан, билигин Таатта улууһун биир бигэ туруктаах сис ыала буолан этэҥҥэ олороллор.

Кинилэр иккиэн үлэлэринэн-хамнастарынан нэһилиэктэрин сайдыытыгар кырата суох кылааттарын укпуттара.

Акулина Прокопьевна – СӨ уус-уран оҥоһукка норуот маастара, үөрэҕирии бочуоттаах ветерана, Амма нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. Сүүрбэччэ сыл Чычымахтааҕы “Туйаара” уһуйаан сэбиэдиссэйинэн, өр сылларга дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк култуурунай-маассабай олоҕун көҕүлээччинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Ыал аҕа баһылыга Егор Пантелеймонович — СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх фермерэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын ветерана, Таатта улууһун уонна Амма нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Харбалаах агробөһүөлэгин бастакы тутааччыта. Эдэр сааһыттан «Коммунизм» колхуос, онтон сопхуос тракториһынан, биригэдьииринэн, управляющайынан, директоры солбуйааччынан, Амма нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, «Алаас» фермерскэй хаһаайыстыба салайааччытынан дьаныардаахтык, үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбитэ.

60 сыл сарын сарынтан өйөнсөн олоруу – бу дьиҥ иһэ Таптал, Итэҕэл, Эрэл аргыстаах, арчылаах дьиэ кэргэн кэрэ көстүүтэ!


Бу үтүө күнү оҕолоро, сиэннэрэ, төрөппүттэрин чугас дьонун ыҥыран, дьоро күнү бэлэхтээтилэр. Үөрүүлээх күҥҥэ СӨ ГТАС-тын управлениетын Таатта улууһунааҕы салаатын салайааччыта Н. В. Пестрякова улуус бастыҥ дьиэ кэргэнниилэрин бочуоттаах кинигэтигэр киирбиттэрин бэлиэтээн туран, анал сиэри-туому толордо. Истиҥ тыллаах эҕэрдэлэри Ил Түмэн депутата П.Д. Рахлеев, улуус баһылыгын аатыттан дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ В. И. Будикина, С.Р. Кулачиков -Эллэй аатынан Чычымах орто оскуола профкомун бэрэссэдээтэлэ А.В. Малышев эттилэр.
Акулина Прокопьевна, Егор Пантелеймонович, бу бэлиэ күҥҥэ анаан тутуллубут саха балаҕаныгар, «Таптыыр сүрэх сырдык иэйиитинэн» диэн иһирэх ааттаах дьиэ кэргэн быыстапкатын арыйдылар. Балаҕаҥҥа киирбит дьону үбүлээрдэр иккис кыыстара Елена хойуу үүттээх чэйинэн күндүлээтэ. Манна Акулина Прокопьевна кыбытык ньыматынан тикпит чаппараахтаах, кычымнаах, лэпсэлээх икки тус-туһунан ат симэҕин туруорбутун дьон сөҕө-махтайа көрдө. Маны сэргэ тирии, сарыы уонна таба, сылгы, тайах тыстарыттан этэрбэстэр, оҕуруонан, быысапканан киэргэтиллибит дьахтар суумкалара, үтүлүктэрэ, халадаай былааччыйаттан таҥалайдаах уонна кыһыҥҥы бууктаах соннорго тиийэ араас сылларга тикпит сахалыы мандардаах таҥас эгэлгэтэ кэккэлээбитэ дьону сөхтөрдө.

Егор Пантелеймонович дьиэ кэргэн олоҕун сурукка тиспит дневниктэрэ, халандаардара, кэргэнигэр бэлэхтээбит түөскэ кэтэр чаһыыта, аҕатын — репрессия ыар тыынын билбит, Аҕа дойду сэриитигэр олоҕун толук уурбут Пантелеймон Тимофеевич илии баттааһыннаах анал бэчээтэ, Акулина Прокопьевна ийэтин Анна Гаврильевна хоппото Уйбаныаптар дьиэ кэргэн устуоруйатын кэпсии-сэһэргии туруохтара, үүнэр ыччаты иитиигэ төһүү күүс буолуохтара.
Манна оҕолор төрөппүттэрин курдук кэрэни кэрэхсии, саҥаны сэргии улааппыттара көстөр. Быыстапкаҕа кыргыттар Дария, Дианна тикпит чаппараахтара, улахан уол Николай оҥорбут чороонноро, кытыйалара, кыра уол Пантелеймон 13 сааһыгар испиискэ тоһоҕолоруттан хомуйбут дьиэ макета, сиэн кыыс Алина эбэтин кытта тикпит олбохторо о.д. а. оҥоһуктар көрөөччү болҕомтотун тардыахтара.


Маны сэргэ Акулина Прокопьевна аймаҕа Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх норуот маастара М.В.Петрова-Бөтүрүөп Маайа туос иһиттэрэ балаҕан биир эркинин ылан тураллара олус киэргэтэллэр. Бу туос иһиттэр Бөтүрүөп Маайа Акулина Прокопьевнаҕа бэлэҕэ буолаллар.
Бу күн күбэй ийэҕэ, тапталлаах аҕаҕа төрөппүт оҕо махталын туоһулуур дьиэ кэргэн түмэлин аана билиэн-көрүөн баҕалаахтарга саха сиэринэн өрүү аһаҕас.

Быйылгы 2024 сыл дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ, мээнэҕэ буолбатах. Онон сиэттэрэн ыал аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ Егор Пантелеймонович:

«Ыал диэн тулхадыйбат тулааһыннаах, ийэ, аҕа, оҕо диэн үс эрэллээх эркиннээх бэйэтэ кыра түмсүү буолар. Онон эдэр ыалларга баҕарыам этэ, эркиҥҥитин харыстааҥ, таптаһыҥ, элбэх оҕолонуҥ, бэйэ-бэйэни убаастубаастаһыҥ», — диэн баҕа санаатын этэр.

Елена Слепцова.

Читайте дальше