Кулун тутар ый — биир дойдулаахпыт саха литературатын төрүттээччи, улуу киһибит бөлүһүөк суруйааччы А.Е. Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт ыйа. Онон, кулун тутар 6 күнүгэр И.А. Аргунов аатынан киин библиотека үлэһиттэрэ туруоруутунан, дьон көрдөһүүтүнэн «Сайын кэлиитэ» айымньыны тифлоспектакль быһыытынан оҕо тэрилтэтин иитээччилэригэр уонна библиотека ааҕааччыларыгар иккис төгүлүн көрдөрүлүннэ.
Көрөөччү хараҕын симэн олорон кырыымпа кэрэ алыбыгар уйдаран, айылҕа тыаһыгар иһийэн олорон, сайын кэлиитин ылынна. Онтон саха дьоно саамай кэтэһэр бырааһынньыгар ыһыахха кэлбит курдук сананнылар. Ыһыах сытын- сымарын сыттаан, ырыатын- тойугун истэн сэргиир гына: олоҥхотун Розалия Петровна Докторова, ийэ олоҥхоһут П.Е.Решетников- Көһөҥө Бүөтү кыыһа , чаабы- чыыбы чабырҕаҕы эдэр кэскиллээх ыччаппыт, фольклору тарҕатааччы Альбер Шестаков, тойугу, норуот ырыаларын, оһуохайы «Күн чөмчүүк» норуодунай ансаамбыл, алгыс тылын Виктор Другин, урбаанньыт, Таатта норуодунай театрын, киинэ артыыһа толордулар.
Көрөөччүлэр олус астыннылар, киин библиотека коллективыгар, кыттааччыларга барҕа-махтал тылларын анаатылар. Иитээччилэр үлэлэригэр туһаныах буолан, харахтара уоттанан, сонун санааҕа ылларан тарҕастылар.
Лидия Аргунова.