Аҕа дойду сэриитигэр Псков куораты босхолооһун

Псков куорат Арассыыйа биир саамай кырдьаҕас куоратынан буолар. Европаттан киирии кыраныыссата буолан, XX үйэҕэ үстэ улахан сэриини 1918 с. уонна 1941-1944сс. туораан, онтон иккитэ өстөөх оккупациятыгар түбэспитэ.
Аҕа дойду улуу сэриитигэр саамай уһун кэмҥэ өстөөх оккупацияларыгар түбэспит Псков уобалаһа быйыл от ыйын 29 күнүгэр босхоломмута 80 сылын туолар. Псков куорат Европа кыраныыссатыгар турар буолан, 1941с. бэс ыйын 22 күнүгэр араадьыйанан сэрии саҕаламмытын истээт, уон биэс тыһыынча киһи тылланан, Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр киирэн, кыргыһыыга барбыта. Бэс ыйын 23 күнүгэр куораттан чугас турар «Кресты» байыаннай чааска 158-с истребительнэй авиаполк турарын буомбалаан урусхаллаабыттара. Ол түмүгэр Ленинград суола быстыбыта. Прибалтика өттүттэн куотан кэлээччи элбээн барбыта. Олохтоох нэһилиэнньэни эвакуациялыыр сорук туран, бэс ыйын 29 күнүгэр диэри 20000 киһини нэһиилэ куоттарбыттара, от ыйын 1 күнүттэн Ленинграды кытта сибээс быстыбыта. Ол түмүгэр хаалбыт нэһилиэнньэ кыанар бартыһаан этэрээтигэр киирэн, 1944 с. диэри өстөөх олорор сиринэн кистэлэҥ сэрии саҕаламмыта. Сэрии саҕаламмыта 18-с күнүгэр, ол аата от ыйын 9 күнүттэн өстөөх талабырдьыттара Псков куораты ылан, бэйэлэрин бэрээдэктэрин олохтообуттара. Ол курдук 14-65 саастарыгар диэри хас биирдии олохтооххо нолуок түһэрэн барбыттара. Холобур, дьиэ кыылыгар ыкка, куоскаҕа ыйга 10 солк., оҕонньоттор уһун бытыктарын иһин туһунан төлөбүр анаммыта. Ити курдук сыананы олохтоон баран, төлөөбөт дьону, ыстарааптаан эбэтэр хаайыынан уураахтаан, олохтоох нэһилиэнньэҕэ күһэлэҥ үлэ саҕаламмыта. Өстөөхтөр Псков куораты ылаары аара суолга турар дэриэбинэлэри күл-көмөр оҥорбуттара уонна бэйэлэрин сэриилэрин сэбин уонна 70000 саллааттарын олордор ордуу оҥостубуттара. Псков куораты босхолооһун 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр Ленинград куораты блокадаттан босхолооһун олук буолан, олунньу ыйтан саҕалаан, үстэ сэриилэһэн, от ыйын 29 күнүгэр өрөгөйдөөх кыайыыны ситиспиттэрэ. Кыһыл байыастар салгыы Прибалтика диэки кимэн киириини саҕалаабыттара.

Псков куораты босхолоспут хорсун саллааттар

Аҕа дойду улуу сэриитигэр биир саамай уһун унньуктаах 1120 хонукка өстөөх оккупациятыгар олорбут Псков куораты босхолооһуҥҥа хорсуннук охсуһа сылдьан олохторун толук уурбут биир дойдулаах Дьоруойдарбыт:

Винокуров Илья Гаврильевич 1917с Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүт. ЫБСЛКС чилиэнэ. Сулууспалаах орто анал үөрэхтээх. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатыгар зоотехник идэтин 1941 с. бүтэрбит. 1942 с. бэс ыйын 27 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 1943с. сэтинньи 17 күнүгэр Псков уобалаһын Пустошкинскай оройуон Подберезье дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.
Винокуров Михаил Прокопьевич 1923 с. Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүт. «Кыһыл Кутаама» холхуос уонна ЫБСЛКС чилиэнэ, 7 кылаас үөрэхтээх. Кыладыапсыгынан үлэлии сылдьан 1942 с. аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Читаҕа байыаннай бэлэмнэниини ааһан, Калининнааҕы фроҥҥа сэриилэспит. 1943 с. ыалдьан өлбүт. Псков уобалаһын Завод дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.
Попов Дмитрий Моисеевич 1910 с. Тыараһа нэһилиэгэр хоту алааска төрөөбүт. Сэрии иннинэ Горнай оройуонугар сельпо бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Дьокуускайга олорбут, ВКП(б) чилиэнэ. Аармыйаҕа 1942 с. бэс ыйын 29 күнүгэр Чурапчы РВК-тан ыҥырыллан барбыт. 736 стрелковай пуолка 150-с стрелковай дивизиятын рядовой саллаата. 1943 с. ахсынньы 16 күнүгэр өлбүт. Псков уобалаһын Невельскэй оройуонугар Богдашково сэлиэнньэтигэр көмүллүбүт. Ловецкай буолас Турки-Перевоз дириэбинэҕэ бырааттыы ииҥҥэ кини аата суруллубут. Эбии ирдэбил ыытыллыбытыгар. Интернеккэ: Попов Дитрий Моисеевич. Воин. Звание красноармеец. Последнее место службы: 150 сл. Дата выбытия: 16.12.1943. Причина выбытия, убит. Первое место захоронения: Калининская область, Невельский район, деревня Богдашково, южная окраина, кладбище №3. Источник информации: ЦАМО. Фонд ист. инф. 58. Опись ист. инф. 18002. Дело ист. инф. 59. Источник: сайт «Память народа».
Портнягин Гаврил Васильевич 1917 с. Амма нэһилиэгэр төрөөбүт. Хантан ыҥырыллан, ханна сэриилэспитэ биллибэт. 1944 сыллаахха өлбүт. Псков уобалаһын Новоржевскай оройуонун Мартюша дэриэбинэтигэр көмүллэн сытар. Фото ККАА.
Самыров Андрей Илларионович 1917 с. Уус Амма нэһилиэгэр төрөөбүт. Нэһилиэккэ сэбиэт сэкэрэтээринэн үлэлии олорон, Кыһыл Аармыйаҕа барбыт. Чымынаайыттан аармыйаҕа барар дьону атааралларыгар улахан аймалҕан, ытаһыы-соҥоһуу буолан эрдэҕинэ: «Кытаатыҥ айманымаҥ, этэҥҥэ олоруҥ. Оҕоҕутун-уруугутун харыстааҥ. Эйэлээх-иллээх булуҥ. Биһиги кыайан-хотон кэлэрбитин күүтүҥ», — диэн дойдутун дьонун кытта быраһаайдаһан, дьонугар-сэргэтигэр үтүөнү-кэрэни баҕаран, алҕаан, кэриэс-хомуруос этэн барбытын, хаалбыт дьон күн бүгүнүгэр диэри өйдүүр, сөҕөр, махтанар. Андрей Илларионович дьонугар биир эрэ сурук кэлбит. Москва анныгар сэриигэ баран эрэрин туһунан суруйбут, өр кэмҥэ сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕылла сылдьыбыт. Кэлин Псков уобалаһыгар 1943 сыллааха сэрии толоонугар охтубута биллибит.

 

Сатаркин Иннокентий Никифорович 1910 с. Байаҕантай улууһун Уолба нэһилиэгэр төрөөбүт. Сэриигэ Уолбаттан барбыта. 1943 с. олунньу 19 күнүгэр сэрии толоонугар өлбүт, уҥуоҕа Псков уобалаһын Новосокольническай оройуонун Шушулино дэриэбинэтигэр хараллан сытар.
Слепцов Иван Тимофеевич ЫБСЛКС уонна «Кыһыл Кутаама» холхуос чилиэнэ. 1941с. балаҕан ыйын 6 күнүгэр Дьокуускай куорат военкоматыттан сэриигэ ыҥырыллыбыт. Иркутскай уобалас Мальта ст. Байыаннай үөрэҕи барбыт, 21 гвардейскай СД 59-с гвардейскай СП сулуспалаабыт, рядовой. 1943 с. сэтинньи 6 күнүгэр сэрии толоонугар өлбүт. Псков уобалаһын Невельскэй оройуонун Видусово сэлиэнньэтигэр көмүллүбүт.

Слепцов Трофим Николаевич 1911 с. Уус Амма нэһилиэгэр төрөөбүт. 1941 сыллаахха Иркутскайга политическай үлэһиттэр үөрэхтэригэр барбыт. Сэрии буолан, Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыт. Үс ый үөрэммитин кэннэ Трофим Николаевыһы Арҕааҥҥы Фронт 116-с стрелковай дивизиятын 441-с стрелковай полкатыгар политругунан сэриигэ ыыппыттар. Кыргыһыы толоонугар икки төгүл бааһырбыт. 1942 с. В.И. Ленин аатынан Кыһыл Армия байыаннай-политическай Академиятыгар үөрэххэ ыыппыттар. Капитан Т.Н. Слепцов фроҥҥа иккиһин, 1-кы ударнай армия 146-с стрелковай дивизиятын 512-с стрелковай полкатын батальонугар тиийэр. Псков уобалаһын Пушкиногорскай оройуон Пегане, Новай Пута дэриэбинэлэр тастарыгар 1944 с. муус устар 10-12 күннэригэр буолбут кыргыһыыга ыараханнык бааһырдар да, батальон инники кэккэтиттэн туораабатах. Салгыы Прибалтиканы босхолуур кыргыһыыга кыттыбыта. Эстонияҕа Тарту куораты босхолуур кыргыһыыга өстөөх снайперын уодаһыннаах буулдьата капитан, коммунист Трофим Николаевич сырдык тыынын быспыта.
Бу курдук бэйэбит улууспутугар тахсыбыт матырыйаалтан дьоммут хорсун быһыыларын билэбит. Аҕа дойду сэриитин историята бүтэһик саллаат кырамтата көстүөр диэри тохтообот…
Ону салҕааччы билиҥҥи көлүөнэ буоларын инниттэн хас биирдии ыал, үөрэнээччи, ыччат хос эһэлэрэ, эһэлэрэ туох иһин хааннарын тоҕон, олохторун толук ууран, уйгулаах олоххо олорорбутун өйдүөх кэриҥнээхтэр.

Маргарита Попова.


			
			
			
			
			
			
												
									

Читайте дальше