Аҕабыт төрөөбүтэ 100 сылыгар киэн тутта, ахтан-санаан ылабыт

Биһиги аҕабыт, Луковцев Роман Кузьмич, атырдьах ыйын 26 күнүгэр 1923 сыллаахха Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ Кэтэриинэ, Кууһума Луковцевтар уонна бииргэ төрөөбүт балта Ылдьаана буолан «Кутаама», «Саҥа олох» үрэхтэринэн олохсуйан олорбуттара. Баайаҕа 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, 1940-42 сс. сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.

1942 сыллаахха Баайаҕаттан 134 эдэр киһи сэриигэ ыҥырыллан, Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара. Олор истэригэр биһиги аҕабыт эмиэ баара. Ол барбыт дьонтон 76 киһи сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ, атыттар кыайыы көтөллөөх төннүбүттэрэ.
Биһиги аҕабыт 1946 сыллаахха, элбэх эчэйиилээх, ол эрэн тыыннаах дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кини Воронежтааҕы фроҥҥа, Белгород, Орловскай, Курскай тоҕойго, Украинатааҕы фроҥҥа, Карпат хайаларыгар уот сэрии толоонугар хорсуннук киирсибитэ. Румынияны, Венгрияны, Австрияны, Чехословакияны, Югославияны босхолоспута, кэлин Забайкальскай фроҥҥа сэриилэспитэ.
Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны уһансыбытын иһин «Албан аат» III степеннээх орденынан, Аҕа дойду сэриитин II степеннээх орденынан, «Хорсунун иһин» мэтээлинэн, босхолоспут куораттарын ылыы иһин мэтээллэринэн, бойобуой үтүөлэрин иһин кылаабынай командованиеттан махтал суруктарынан, үлэҕэ килбиэнин иһин мэтээлинэн уонна Улуу Кыайыы юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Сэрии бэтэрээннэрин көрсүһүүлэрэ.

Эйэлээх олоххо «Промкомбинат», «Сельхозтехника», «Тааттастрой» тэрилтэлэригэр нормировщик, прораб, партийнай сүһүөх сэкирэтээрэ, ыччат наставнига быһыытынан үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах үлэтэ үгүс элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Аҕабыт ийэбитинээн, Татьяна Михайловналыын, 1946 сыллаахха ыал буолан, 6 оҕоломмуттара. Оҕолор бары төрөөбүт дойдуларыгар, Ытык-Күөлгэ, олохсуйан, ыал буолан, дьоһун саастарыгар сүөһү, сылгы көрөн, сиэннэрин бүөбэйдэһэн, ньир-бааччы олороллор.

Ийэлээх, аҕам

Ийэлээх аҕабыт бааллара буоллар, сахалыы сэмэйдик истэригэр үөрэн дьоллонуохтара этэ…
Кэнники санаатахха, дьоммут барахсаттар эрдэ да олохтон барбыттар эбит. Ийэбит 57 сааһыгар, аҕабыт 63 сааһыгар суох буолбуттара. Билигин биһиги бары ол сааһы ааһан олорон санаатахпытына сонньуйан ылабыт, өрө тыынабыт. Ол да буоллар, дьоммут олохторо салҕанар, кинилэр ааттарын ааттатар элбэх сиэн, хос сиэн араас идэни баһылаан, үлэлээн-хамсаан олороллор.

Аҕам, ийэм, таайым майор Афанасий Михайлович

Аҕабыт, Роман Кузьмич Луковцев, үтүөкэн киһи, амарах аҕа, эһэ, улуу сэрииһит, патриот, коммунист, баара буоллар быйыл 100 сааһын туолуох этэ…

 

Зоя Романовна Оконешникова.