В.И.Ленин аатынан Уолба оскуола-саадын иһинэн Мординов — Амма Аччыгыйа «Тоҕус төгүл Тоҕо?” диэн айымньытын билбэт киһи суоҕа буолуо. Уус-уран айымньы духуобунай ис күүһүн, кэрэтин оҕо бэйэтигэр тус суолталаахтык ылынар кыаҕын сайыннарар үлэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго, уһуйааннарга ааҕыы күнэ ыытыллар.
Биһиги уһуйааммытыгар «Тоҕус төгүл Тоҕо?” оҕо толкуйдуур дьоҕурун, талбыт үлэтин өйүгэр иҥэриитин, оҥорон көрүүтүн, болҕомтотун, өйдүүр дьоҕурун сайыннарар сыаллаах сылын аайы ыытыллар. Үгэс буоларын курдук олунньуга Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сөп түбэһиннэрэн иитиллээччилэрбит дакылаат ааҕан билиилэрин хаҥаттылар.
Ааҕыыга уопсайа 12 оҕо кытынна, улахан уонна бэлэмнэнии бөлөхтөн 1 миэстэни — Алексеева Аделина (5 саастаах), 2 миэстэни — Старков Эрчим (5 саастаах), 3 миэстэни — Рахлеева Василина, орто уонна кыра бөлөхтөн 1 миэстэни — Рахлеев Арчын (4 саастаах), 2 миэстэни — Егорова Кэрэли-Куо (3 саастаах), 3 миэстэни — Баишев Модест (4 саастаах) ылары ситистилэр.
Оҕолорбутун сайыннарарга маннык тэрээһиннэр олуса көдьүүстээхтэр. маннык дьарык о5о оскуолаҕа киирэригэр бэлэмниир түһүмэҕинэн буолар.
Үүнэр көлүөнэ хомоҕой тыллаах, бэйэлэрин санааларын этэр, быһаарсар буоларыгар олук буолар.
Т.Н. Кириллина улахан бөлөх иитээччитэ.