2014 сыллахха  И.И. Элякова  «Аарыктаах суолтан улахан айан аартыгар» диэн  Таатта улууһугар суол үлэтин, сайдыытын туһунан кинигэни суруйа сылдьан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин архыыптарыгар күүскэ, таһаарыылаахтык үлэлээбитин түмүгэр биһиги  Тааттабыт улууһугар 1934 сыллаахха, оччотооҕу Райисполком иһинэн суол салаата  тэриллэн, үлэтин  саҕалаабыт эбит.

Онуоха суол салаатын бастакы салайааччытынан Александра  Яковлевна Овчинникованы кытта Дьокуускайдааҕы суол техникумун бииргэ үөрэнэн бүтэрбит Иван Алексеевич Хоноехов (1913 с. Уолба  нэһилиэгэр  төрөөбүт) диэн  киһи  ананан үлэлээбитэ. (Кэлин А.Я. Овчиннокова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү  Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.)

Онон быйыл 2024 сыллаахха  биһиги улууспутугар  суол салаатын тэрилтэтэ тэриллибитэ 90 сыла буолар. Ол эрээри  бэйэтэ юридическай эппиэттээх тэрил- тэ биһиги улууспутугар  Илин эҥэр улуустартан саамай хойутаан, 1982 сыллаахха И.Н. Павлов ПДУ-1933 начальнигынан үлэлии олордоҕуна  тэриллибитэ.

Ити кэмнэртэн суол салаатыгар элбэх дьон үлэлээн-хамсаан аастахтара, онон «Тааттаавтодор»  тэрилтэ улууска кырдьаҕас суол тэрилтэтинэн буоларын быһыытынан быйыл үбүлүөйдээх сыла.

Быйыл ыам, бэс  ыйдар, от ыйын ортотугар дылы кэмнэргэ кураан турбута, онтон от ыйын иккис декаадатыттан ыла арахпакка өктөөп ый 11-12 күннэригэр тиийэ икки, үс күн  кураанныы-кураанныы ардаан, суол оҥорооччуларга үгүс күчүмэҕэйдэри үөскэттэ. Быыһыгар  үстэ-хаста  6-7 хонук  курааннаан абыраата.

Биһиги улууспут ортотунан ааһар «Халыма» Федеральнай суолбут дуогабарынан көрүллэр 175 килимиэтириттэн 124 км. усталаах  суол  туох да өрөмүөнэ суох 36-25-20 сыл туран, олус кэбирээтэ, кэтитэ 10 м. буолуохтааҕыттан 20-15 м. тиийэ түһэн кэтирээтэ. Онуоха  эбии  былырыыҥҥыттан саҕалаан, Нежданка, Үөһээ Кэтимэ хайаны байытар кэмбинээттэртэн байытыллыбыт концентраты ыарахан уйуктаах массыыналар тохтоло суох таһан, бэйэтэ эргэ, кыра уйуктаах суолу сайыны быһа тоҕута кэстилэр. «Тааттавтодор» тэрилтэ бу суолу көрүүгэ-истиигэ дуогабардаах буолан, үксүн тэрилтэ суотугар көннөрөр үлэни харса суох ыытан кэллэ, онон кэлэр уһун кыһыҥҥа суолбутугар бэлэмнээх көрсөбүт. Ону таһынан Уус Таатта суола куттала суох хаачыстыбалаах суоллар Арассыыйа бырагырааматын чэрчити- нэн ситэри оҥоһуллан, суол Уус Тааттаҕа диэри оҥоһуллан тиийэрин ситистибит. Онон Уус Таатта олохтоохторо өртөн кэтэспит баҕа санаалара олоххо киирдэ.

Ытык Күөл бөһүөлэгэр Ленин, Со- фронов — Кулаковскай, Ойуунускай — Кулаковскай уулуссалар икки ардыларыгар уопсайа 1,9 км. усталаах уулуссалар аспаалынан бүрүлүннүлэр. Пекарскай уулусса аспаалыгар өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Билигин Амгинскай уулуссаҕа 1,4 км., Боробулга 2,17 км. усталаах су- оллары өрөмүөннүүр үлэлэр оҥоһуллан бүтэн эрэллэр. Ытык Күөлгэ Кулаковскай уулуссаҕа Таатта эбэни туоруур муостаны оҥоруу үлэтэ саҕаланна. Муоста «Улан-Удэстальмост» ААУо тэрилтэҕэ сакаастанна. Бу үлэлэр кэлэр «Манчаары оонньууларыгар» диэри бүтүөхтээх.

Маны таһынан бу күннэргэ Боробул бөһүөлэгэр тэрилтэ бэйэтин суотугар 300 м. усталаах суолу кутан, САРМ муостатын туруоруу үлэлэрин олохтоохтор көрдөһүүлэринэн толоро сылдьар.

Ити этиллибит үлэлэртэн ураты тэрилтэ Ытык Күөл — Харбалаах — Чычымах, Уолба — Уус Таатта хайысхаларга уопсайа 105 км. усталаах суолу тиһигин быспакка көрөн-истэн, үлэлээн-хамсаан кэллэ.

Түгэнинэн туһанан, күндү бииргэ үлэлиир табаарыстарбытын, суоппар Андрей Иванович Неморицины, автогрейдерист Егор Захарович Максимовы сыралаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанан, Арассыыйа тырааныспарка Миниистирин махтал суругунан наҕараадаламмыттарынан ис сүрэхтэн итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт өссө да таһаарыылаах үлэни, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэттэргитигэр дьолу- соргуну.

Т.М. НИКИФОРОВА, профком бэрэссэдээтэлэ.

Читайте дальше