«Айхаллаан, ытык саас!»

Алтынньы ый 11 күнүгэр, киэһэ 7 чаастан Орто Амма нэһилиэгэр сынньалаҥ киинигэр ытыктыыр-убаастыыр аҕам саастаахтарбытыгар аналлаах «Айхаллан, ытык саас!» тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста.
«Эбээ сиэниниин, эһээ сиэнинээн» күрэс; эҕэрдэ нүөмэрдэр;
«Ааспыт кэм ахтылҕана» хаартысканан быыстапка тилэри тардылынна. Үлэ-хамнас, көхтөөх сынньалаҥ кэмнэрин кэрэһэлиир хаартысканан быыстапка дьон болҕомтотун тарта. Бу быыстапкаҕа туруоруллубут үчүгэй, ис хоһоонноох хаартыскалар талыллан, саҥардыллар «Кыайыы болуоссатын» истиэндэтигэр ыйаныахтара.
«Эбээ сиэниниин, эһээ сиэнинээн» күрэххэ Уваров Алексей Иннокентьевич сиэнэ Артемнуун, Терякова Надежда Степановна сиэнэ Ариналыын, Бродникова Валентина Николаевна сиэнэ Саргылыын, Захарова Октябрина Ивановна сиэнэ Настялыын кыттыыны ыллылар.

Түhүмэхтэрэ:
1. Бэйэни билиһиннэрии.
2. «Сделано в СССР» -урукку чымадаантан биир мал остуоруйата.
3. «Уран оҥоhук» -бииргэ оҥорбут оноhуктара
4. «Талба талаан»
5. «Өркөн өй» — көрдөөх оонньуу, садаанньа- библиотека
6. «Мода-дефиле».

Түһүмэхтэр быыстарыгар сцена бэтэрээннэрэ Гаврил Колотинскай, Виктор Туманов иэйиилээх ырыаларын бэлэх ууннулар. «Кэскил»уһуйаан кэлэктиибэ,олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ сэбиэскэй кэм муодатын көрдөрөн, көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
Кыттааччыларга барыларыгар «Анал ааттар», сыаналаах бириистэр туттарылыннылар.
1. Бродникова Валентина сиэнинээн Саргылыын «Талба талааннаах дьиэ кэргэн» анал аат;
2. ⁠Уваров Алексей сиэнинээн Артемнуун «Бастын эhээ, бастын туйах хатарааччы» анал аат;
3. ⁠Терякова Надежда сиэнинээн Ариналыын «Сатабыллаах дьиэ кэргэн» анал аат;
4. ⁠Захарова Октябрина сиэнинээн Настялыын «Уран тарбахтаахтар»анал аат.
Бары кыттааччыларга, күүс-көмө буолбут дьоҥҥо тэрийээччилэр барҕа махталларын тиэртилэр.
Силбиктээх күһүҥҥү киэһэ буолбут сонун, дириҥ ис хоһоонноох дьоро киэһэ кыттааччыларга да, көрөөччүлэргэ да үөрүүнү, дуоһуйууну бэлэхтээтэ.


Валентина Кривошапкина,  Харбалаах

Читайте дальше