Ыам ыйын 27 күнэ. Ил Дархан Росморречфлот салайааччыта Андрей Тарасенконы кытта көрсүһүүтүгэр өрүс флотун сайдыытын, кэскиллээх бырайыактары көрдүлэр. Амур уобалаһыгар «Дьэлиҥдэ – Мохэ» бырайыак олоххо киирдэҕинэ, Саха сириттэн Кытайга чоҕу таһыы кээмэйэ улаатыаҕа. 2024 сылга Саха сирэ 34 мөл. туонна чоҕу таһаарар кыахтаах. Маныаха бүгүҥҥү күҥҥэ былаан быһыытынан тимир суолунан бородууксуйа тиэллиитин бары кээмэй кыайан хааччыллыбат. 2024-2025 сылларга бырайыак олоххо киириитин бастакы түһүмэҕэр Амур өрүһүнэн төгүрүк сыл устата үлэлиир понтоннай муосталаах кыраныысса аттынааҕы сырыы арыллыаҕа уонна Рейново – Сковородино учаастагы саҥардыахтара. Сылга 5 мөл. туоннаҕа диэри таһаҕаһы таһар кыахтаныахтара.
Ыам ыйын 28 күнэ. Айсен Николаев Алдан улууһун Аллараа Кураанах бөһүөлэгиттэн төрүттээх Арассыыйа Дьоруойа, «Хорсун быһыы» уордьан кавалера Игорь Юргин «Дьоруойдар кэмнэрэ» диэн дойду Бэрэсидьиэнин бырагырааматын кыттыылааҕа буолбутун туһунан иһитиннэрдэ. Ил Дархан Игорь улахан тургутууну ааспытын, бырагыраамаҕа 44 тыһ. тахса сайаапка киирбитин, хандьыдааттар ортолоругар 79 Арассыыйа Дьоруойа баарыттан бырагыраама саамай үрдүк таһымыгар 20 эрэ хандьыдаат киирбитин бэлиэтээтэ. Игорь Юргинҥа ситиһиилээх үөрэҕи баҕарда.
Ыам ыйын 29 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыыппыт дойду стратегическай сайдыыга уонна национальнай бырайыактарга уонна Судаарыстыбаннай Сэбиэтин хамыыһыйаларын киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар кытынна. Ыам ыйын 7 күнүнээҕи «2030 сылга диэри кэмҥэ уонна 2036 сылга диэри кэскиллээх Арассыыйа Федерациятын сайдыытын национальнай сыалларын туһунан» Бэрэсидьиэн ыйааҕар чопчуламмыт национальнай сыаллары олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Саҥардыллыбыт национальнай бырайыактар 2025 сылтан үлэҕэ киириэхтэрэ. Бырайыактар түмүктэрин ахсаанынан эбэтэр туһаныллыбыт үп кээмэйинэн буолбакка, дьон олоҕо дьиҥнээхтик хайдах уларыйбытынан уонна дьон ону бэйэтэ хайдах билинэринэн сыаналыахтара. Эрэгийиэннэр түмүллүбүт санааларын Бэрэсидьиэҥҥэ уонна Бырабыыталыстыбаҕа тириэртилэр.
Ыам ыйын 30 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уһун сыллар устата бэриниилээхтик үлэлээбит Петр Григорьевич Сергеевы кытта көрүстэ. Петр Григорьевич бу күннэргэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсар. Айсен Николаев Петр Сергеев үлэҕэ хайдахтаах да курдук ыарахан балаһыанньаҕа куруук сөптөөх быһаарыныылары ылынар ураты сатабыллааҕын бэлиэтээтэ. Киниэхэ өр сыллаах үлэтин иһин махтанна.
Ыам ыйын 30 күнэ. Ил Дархан ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна туоратыыга, баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыыга эрэгийиэннээҕи хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Ойуур баһаарын бохсуу, халаан уута ааһыытын уонна халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннары чөлүгэр түһэрии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ турбут ойуур баһаардарын умулларарга эбии күүһү ыытарга, кэтээн көрүү кэмигэр биллибит көрдүгэннэри тута суох оҥорорго үлэни тэрийэргэ сорудахтаата. Ону сэргэ Арктика улуустарыгар өрүстэргэ муус барыытын кэтээн көрүүнү салгыырга ыйда. Анаабыр улууһугар уу таһыма үрдүүрэ сабаҕаланарынан, ураты болҕомтону уурарга эттэ. Айсен Николаев былаас уорганнарын кэлэктииптэрэ уонна өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ бу күннэргэ Нам улууһугар тэриллибит субуотуннуктарга 2700 тахса киһи көхтөөхтүк кыттыбытыгар махтанна. Барыта 5 тыһ. тахса кууб бөх хомулунна, 134 анал тиэхиньикэ үлэлээтэ.
Ыам ыйын 30 күнэ. Айсен Николаев «Азия оҕолоро» успуорт аан дойдутааҕы VIlI оонньууларыгар бэлэмнэниигэ уонна ыытыыга тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Күрэхтэһиилэр ыытыллар эбийиэктэрэ, кыттааччылар олорор уонна аһыыр сирдэрэ бэлэмнэрин, куораты тупсарыы, уулуссалары оҥоруу уо.д.а. боппуруостары көрдүлэр. Ил Дархан хас биирдии эбийиэги хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнар, оонньуулары тэрийэр кэмитиэт уонна судьуйа кэллиэгийэтин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах хамыыйа тутарыгар сорудахтаата. Куораты тупсарыыга 48 эбийиэк, ол иһигэр элбэх кыбартыыралаах уонна социальнай дьиэлэр, тас өттүлэрин саҥардыы, уулуссалары өрөмүөннээһин, көҥүлэ суох эбийиэктэри уонна бөҕө-саҕы хомуйуу, тиэйии салҕанар. Көҕөрдүү үлэтин чэрчитинэн 1,5 мөл. сибэкки, үүнээйи олордуллар.
Ыам ыйын 31 күнэ. Ил Дархан Саха сиригэр патриотическай иитиини сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕын ыытта. ДОСААФ уонна ыччат тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин патриотическай иитиини биир сүрүн национальнай соругунан биллэрбитэ. Бу соругу ситиһии былаас уорганнара, тэрилтэлэр уонна гражданскай уопсастыба ыкса бииргэ үлэлээтэхтэринэ кыаллар. ДОСААФ эдэр дьону байыаннай сулууспаҕа бэлэмнииргэ улахан үлэни ыытар. Бырабыыталыстыбаҕа ыччаты патриотическай иитиигэ ДОСААФ-ы кытта бииргэ үлэлээһин торумнарын оҥорорго уонна бу үлэҕэ атын уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытыннарарга сорудахтаата.
«Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2023 сыллаахха «Эрэгийиэн эдэрдэргэ» куонкурус түмүгүнэн, Саха сирэ 98 мөл. солк. суумалаах үп-харчы, ол иһигэр волонтердары кытта үлэ Киинин, «Подросток» киинин, Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн киинин өрөмүөнүгэр үбүлээһин, көрүллүбүтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Патриот» ыччат киинэ тэриллэн, барыларыгар аһаҕас, эдэр дьону түмэр киин буолуоҕа. Улуустар уонна куораттааҕы уокуруктар баһылыктарыгар үөрэх тэрилтэлэригэр олоҕуран «ЮНАРМИЯ дьиэтэ» кииннэрин тэрийиигэ уонна үлэлэтиигэ көмөлөһөргө этилиннэ.
Ыам ыйын 31 күнэ. Ил Дархан Уус Маайа улууһун киинигэр 45 куойка миэстэлээх, симиэнэҕэ 104 киһи сылдьар поликлиникалаах, диагностика салаалаах балыыһа комплексын аһыллыытыгар кытынна. Аныгы оборудованиенан хааччыллыбыт эбийиэк уопсайа 6 тыһ. кв. м. иэннээх. Холобур, манна томография аппараата турда. Саҥа балыыһа дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабылын» национальнай бырайыак бастакы сүһүөҕү модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн тутуллубут Саха сиригэр бастакы биэс улахан эбийиэк ахсааныгар киирдэ.
Ыам ыйын 31 күнэ. Айсен Николаев Уус Маайа улууһун баһылыга Александр Азаровы кытта доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыы, Петропавловскай сэлиэнньэтигэр диэри суолу-ииһи өрөмүөннээһин, бырамыысыланнас сайдыытын, бырамыысыланнас хампаанньаларын кытта бииргэ үлэлээһини кэҥэтии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа Күп сэлиэнньэтигэр саҥа оскуола тутуутун түргэтэтэргэ сорудах бэриллэрин бэлиэтээтэ.
Ыам ыйын 31 күнэ. Айсен Николаев «Айар Дабаан» креативнай нэдиэлэ пленарнай мунньаҕар кытынна. Култуураҕа тирэҕирэн, аан дойду ырыынагар бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга араас эйгэ: киинэ, анимация, айти, муода хайысхалара сайдыытын хайысхаларын дьүүллэстилэр. Ил Дархан ааспыт биэс сылга улахан суолу тэллибит, дойдуга аан бастаан Креативнай индустрия сайдыытын туһунан ыйаах 2019 сылга тахсыаҕыттан, бу эйгэни сайыннарар үнүстүтүүтүнэн Саха сирин сайдыытын корпорациятын быһаарбыппыт диэн бэлиэтээтэ. Үчүгэй түмүгү ситистибит, өрөспүүбүлүкэбитин Москваны уонна Нижнэй Новгороды кытары тэҥҥэ креативнай эрэгийэнинэн ааттыыллар, ол эрээри иннибитигэр өссө улахан соруктар тураллар диэн эттэ. Ол курдук, Ил Дархан ыйааҕынан 2030 сылга бу эйгэҕэ 70 тыһ. киһи үлэлиирин ситиһэр сорук турар. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ бу эйгэҕэ 45,8 тыһыынча киһи үлэлиир.
Ыам ыйын 31 күнэ. Айсен Николаев «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар «ТООКУ» оҕо ханаала быһа эпииргэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга сүрэхтэниитигэр кытынна. «Оҕо тус ханаала биһиэхэ арыллыбыта — сайдыыбыт саҥа кэрдииһэ, хас биирдии кырачаан төрүөҕүттэн ийэ тыллаах буолан өйүгэр-толкуйугар киэҥ эйгэни анаарарга үөрэнэригэр, төрөөбүт тылыттан тирэҕирэн, атын ханнык баҕарар омук тылын баһылыырыгар эрэнэбин», — диэн Ил Дархан эттэ. «Тооку» ханаалга сахалыы тылбаастаммыт дойду биллэр ойуулуктара, сахалыы элбэх сиэрийэлээх ойуулуктар, «Чохоон» ханаал билиини үөрэтэр таһаарыылара көстүөхтэрэ.
Бэс ыйын 1 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Оҕо көмүскэлин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Ийэ буолууга, оҕо аймахха улахан болҕомтобутун уурабыт, 2018 сылтан Саха сиригэр бу хайысханы өйүүргэ үбүлээһин 8 төгүл улаатта», диэн кини бэлиэтээтэ. Быйылгыттан «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын суумата икки төгүл үрдээтэ. «100 сыл оҕолоро» хапытаалы өссө 5 сылга уһаата. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ хомунаалынай өҥөҕө чэпчэтииттэн саҕалаан, дьиэнэн хааччыйыыга тиийэ улахан көмө оҥоһуллар. Элбэх бырайыак оҕолор талааннарын арыйалларыгар, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр туһуланар. Быйылгыттан Арассыыйатааҕы олимпиадалар кыайыылаахтарыгар 500 тыһ. солк., бириистээх миэстэлэри ылбыттарга 100 тыһ. солк. бэриллиэҕэ. Көҕүлээһиннэрбит түмүктээх буолаллар, Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр дойдуга 8-с, Уһук Илиҥҥэ 1-кы миэстэлээх диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.
Бэс ыйын 1 күнэ. Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун дьонун-сэргэтин, оҕолорун Оҕо көмүскэлин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бырааһынньыктааҕы тэрээһин Черскэй бөһүөлэгэр буолан ааста. Ил Дархан бэйэтин этиитигэр дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн Черскэйгэ саҥа көтөр-түһэр балаһа үлэҕэ киирбитин, аны үөрэх эбийиэктэрин — Андрюшкиноҕа уонна Колымскай оскуола-саадтар, Черскэйгэ аныгы балыыһа тутуллуохтарын бэлиэтээтэ. Тэрээһин кыттыылаахтара оҕолору кытта үрүҥ эһэлэри уруһуйдаатылар.
Бэс ыйын 2 күнэ. Ил Дархан Аллараа Халымаҕа улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Егор Малышевы кытта көрсүһүүтүгэр оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна улуус олохтоохторун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга сыһыаннаах боппуруостары дьүүллэстилэр. Айсен Николаев Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии чэрчитинэн, Черскэйгэ аныгы балыыһа комплекса баар буоларын ситиһиэхпит, Бырабыыталыстыбаҕа туспа сорудаҕы биэриэм диэн бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 2 күнэ. Айсен Николаев Аллараа Халымаҕа түөрт оҕолоох Кемлиль дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ. Бу иннинэ Черскэйгэ 2019 сылллаахха сырыытыгар Ил Дархан Егор Викторович уонна Наталья Валентиновна Кемлиль дьиэ кэргэттэригэр сылдьан, оҕолору кытта билсибитэ. Билигин Айсен Николаевка оҕолор үөрэ-көтө ситиһиилэрин туһунан кэпсээтилэр. Ил Дархан оҕолор улааппыттарын, үчүгэйдик үөрэнэллэрин уонна төрөппүттэригэр дьиҥнээх көмөлөһөөччүлэринэн буолбуттарын бэлиэтээтэ. Уоллара Коля оннооҕор быһа эпииргэ төлөпүөннээн Черскэйгэ ыҥырбытын, мэктиэ биэрбит тылы толорбутун Айсен Николаев эттэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бэс ыйа үүнэн, самаан сайыммыт кэлбитинэн, айылҕабыт силигилии ситэн, уйгулаах-быйаҥнаах буоллун.
Афанасий Ноев