Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Атырдьах ыйын 5 күнэ. Айсен Николаев Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээтэ. Улуус киинигэр Ил Дархаҥҥа креативнай кластер бырайыагын билиһиннэрдилэр. Култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа 10 тыһ. кв.м тахса иэнннээх сиргэ тутуллуохтаах. Аттыгар баар Олоҥхо дьиэтин уонна тупсарыллан оҥоһуллар Исидор Барахов искибиэрин хабан, табыгастаах эйгэ тэриллиэҕэ. Искибиэр Уһук Илин эрэгийиэннэригэр куорат тупсаҕай эйгэтин оҥоруу бырайыактарын куонкуруһугар кыайан, оҥоһуллар. Манна аллея, фонтан, оҕо былаһаакката, Исидор Барахов пааматынньыга болҕомтону тардыахтара. Бу сыл бүтүүтүгэр — кэлэр сыл иккис кыбартаалыгар култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын бырайыагын оҥоруохтара. Манна култуура департамена, ГТАС, норуот айымньытын киинэ, устуоруйа уонна этнография түмэлэ, тэрээһиннэри ыытар саала, «Киновер» киинэ тыйаатыра, креативнай кластер, технопаарка баар буолуохтара. Ил Дархан култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын үлэтин улуустааҕы култуура тэрилтэлэрин, Олоҥхо дьиэтин кытары ситимнииргэ сорук туруорда. Ил Дархан Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаевы кытта муниципальнай тэриллии социальнайэкэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев быйыл үлэҕэ киллэриллиэхтээх 165 миэстэлээх оскуоланы Боотулуга, Сургуулукка 60 уонна 30 миэстэлээх оскуола-уһуйааны, Быракааҥҥа култуура-успуорт комплексын, Үөһээ Бүлүүгэ И.Барахов аатынан култуура киинин оҥорууну тэтимирдэргэ соруйда. Ил Дархан Бүлүү бөлөх улуустарын салалталарын кытары улуустарга уонна куорат уокуруктарыгар тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ сорох судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэрии мэхэньииһимигэр уларытыылары киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев тыа сирин өйөөһүн тиһигэ судургу буолуохтаах, саҥа мэхэньииһимнэр бородууксуйа кээмэйин хас эмит бүк улаатыннарыыга уонна оҥорон таһаарыы кыамтатын күүһүрдүүгэ туһуланыахтаахтар диэн сорук туруорда. Улахан суолталаах соругу ситиһиигэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна оройуоннар холбоһуктаах үлэлээһиннэрин эрэйэрин, итиэннэ үп-харчы уонна экэниэмикэ министиэристибэлэрэ бу хайысханан үлэни күүһүрдүөхтээхтэрин туһунан эттэ. Муниципалитеттарга бэриллибит судаарыстыбаннай боломуочуйалары толорууга биир субвенцияны биэрии мэхэньииһимэ олоххо киириэҕэ. Субвенциялар харчылара биир сууманан тиэрдиллиэхтэрэ. Муниципалитеттар үбүлээһини араас хайысхаларынан бэйэлэрэ тыырыахтара. Ил Дархан улуус дьаһалталарын, хаһаайыстыбалар салайааччыларын этиилэрин учуоттаан туран, тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн мэхэньииһимигэр саҥа уларытыылары киллэрии бырайыагын кылгас болдьох иһигэр оҥорорго сорудахтаата. Ил Дархан ойуур баһаардарынан балаһыанньаны көрдө. Бүлүү улууһун быыһыгар баар улахан баһаары бохсо сылдьар дьону көрүстэ. Уоту умуруорууга 100-тэн тахса киһи үлэлиир. Күүстээх тыалтан уот быыс балаһаны тоҕо көтөн, үрдүк күүрүүлээх уот лииньийэтин сиэбит этэ. Ол түмүгэр Бүлүү улууһун түөрт нэһилиэгэ – Тылгыны, 1 Күүлэт, 2 Күүлэт уонна Үгүлээт уота суох олороллоро. Айсен Николаев Быракаантан уонна Өргүөттэн 200 кВт кыамталаах икки дизельнэй генераторы суһаллык аҕалан кылгас кэм иһигэр ЛЭПи чөлүгэр түһэрэллэригэр сорудахтаата. Анал хамыыһыйа мунньаҕар Үөһээ Бүлүүгэ баар күүһү түмэллэригэр дьаһайда.

Атырдьах ыйын 6 күнэ. Ил Дархан Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин Хомустаах сэлиэнньэтигэр «Мин Саха сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тутуллубут ССРС норуодунай артыыһа Анегина Ильина-Дмитриева аатынан култуура дьиэтин көрдө. 1000 кв.м. иэннээх эбийиэккэ 150 миэстэлээх көрөөччү саалата, ураһа, куруһуоктарга анаммыт хостор уонна устуудьуйалар бааллар. Эбийиэк дизайнын оҥорон, сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Айсен Николаев саҥа култуура дьиэтин түргэнник наадалаах көмпүүтэр, тыас-уот тиэхиньикэтинэн хааччыйарга сорудахтаата. Быйыл Харбалаах нэһилиэгэр Саха сирин инвестиционнай бырагырааматынан И.Н. Барахов аатынан саҥа култуура киинин тутуохтара. аһыллыаҕа. Ил Дархан үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Билигин эбийиэк ис уонна тас эркинэ, инженернэй ситимэ, кирилиэс оҥоһуллар, оборудование таҥыллар, көҕөрдүү ыытыллар. Тутуу 80% кэриҥэ бэлэм. Айсен Николаев эбийиэги тутуу тэтимин түргэтэтэн, болдьоҕор бүтэрэргэ, дизайн бырайыагы олоххо киллэриигэ ураты болҕомтону уурарга сорудахтаата. 2 тыһ. тахса кв. м. иэннээх саҥа икки этээстээх дьиэҕэ Исидор Никифорович Барахов аатынан Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын түмэлэ, бибилэтиэкэ уонна 150 миэстэлээх киинэ тыйаатыра баар буолуоҕа. Ил Дархан Үөдүгэйгэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ. Максимовтар 2 оҕолоохтор. Ийэлэрэ Үөһээ Бүлүүтээҕи успуорт оскуолатыгар үлэлиир. Аҕалара 2022 сыл балаҕан ыйыгар мобилизацияламмыт. Кыһын уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыт. Байыас кэргэнэ бары төлөбүрдэри кэмигэр ыларын, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ бары өттүнэн мэлдьи көмө оҥоро туралларын туһунан эттэ. Айсен Николаев улуус дьаһалтатыгар дьиэлэрин өрөмүөнүгэр көмөлөһөргө сорудахтаата.

Атырдьах ыйын 7 күнэ. Ил Дархан уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэтин миниистирэ Юрий Чеботарь Саха сирэ уонна Беларусь эрэгийиэннэрин икки ардыларыгар бииргэ үлэлэһиини сайыннарыы боппуруостарын көрдүлэр. Табаар эргиирин улаатыннарыыга бары кыахтар баалларын бэлиэтээтилэр. Маны таһынан доруобуйа харыстабылын, үөрэх, успуорт, култуура уонна креативнай индустрия эйгэлэригэр тэрээһиннэри ыытар туһунан кэпсэттилэр. Тиэхиньикэни өрөмүөннүүр сервис киинин тэрийии, тыа хаһаайыстыбатын уонна туризм хайысхатыгар урбаанньыттар бииргэ үлэлииллэрин көҕүлээһин туһунан этилиннэ.

Атырдьах ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытын хааччыйыыга суһал ыстаап президиумун мунньаҕын ыытта. Инвестиционнай бырагырааманы олоххо киллэрии чэрчитинэн Тутуу министиэристибэтин 2024 сыллааҕы бүддьүөтүгэр эбэһээтэлистибэлэрин үбүлээһинигэр уонна лимииттэригэр итиэннэ былааннаах 2025 сылга тутуллар кэккэ эбийиэктэригэр быһаарыы ылыннылар. «2019-2025 сылларга хаарбах дьиэ пуондатыттан дьону көһөрүү» бырагырааматынан олорор дьиэни атыылаһыыга судаарыстыбаннай хантараактар испииһэктэрэ быһаарылынна, онно олоҕуран судаарыстыбаннай дуогабардар усулуобуйалара уларыйда.

Атырдьах ыйын 7 күнэ. Ил Дархан дойду доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыстааты таһынан кылаабынай трансплантолога, академик Сергей Готьены кытта өрөспүүбүлүкэҕэ трансплантологияны сайыннарыы боппуруоһун дьүүллэстилэр. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ трансплантологияны саҥа таһымҥа таһаарар кыах баарын, пациеннар эмтэниини миэстэтигэр барыахтарын баҕаралларын бэлиэтээтэ. Онуоха быраастар квалификацияларын үрдэтииттэн саҕалаан, технологияны сайыннарыыга тиийэ үлэ барыаҕа.

Атырдьах ыйын 7 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга «Сокровищница Якутии» быыстапка комплексыгар АЛРОСА уонна өрөспүүбүлүкэ Гохранын «АЛРОСА – Саха сирин алмааһын историята» быыстапкаларын арыллыытыгар кытынна. Быыстапка Саха сиригэр бастакы алмааһы булбуттара 75-с сылыгар ананна. Айсен Николаев алмаас бырамыысыланнаһа үөскүөҕүттэн уонна сайдыаҕыттан Саха сирин олоҕо букатын уларыйбыта, билигин АЛРОСА эрэгийиэн экэниэмикэтигэр сүрүн суолталаах, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн үс гыммыттан биирин хааччыйар диэн бэлиэтээтэ.

Атырдьах ыйын 7 күнэ. Ил Дархан Курскай уобалас олохтоохторугар кутурҕанын тириэртэ. Украина эрэсиимин өттүттэн саба түһүү буолбутун улаханнык курутуйа иһиттибит, эйэлээх олохтоох дьон украинскай фашизмтан улахан эчэйиини ыллылар диэн эттэ. Саха сирэ Курскай уобалас олохтоохторун аһыыларын тэҥҥэ үллэстэрин, көмөлөһөргө бэлэмин туһунан бэлиэтээтэ.

Атырдьах ыйын 8 күнэ. Айсен Николаев ыксаллаах быһыынымайгыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Ленскэй улуустарыгар баһаары умуруорууга эбии күүстэри тиэрдии салҕанар. Ил Дархан Саха сирин арҕаа өттүгэр кураан күн-дьыл оннунан хаалар, билиҥҥи балаһыанньаҕа ойуур баһаардарын умуруорарга түргэнник, суһаллык үлэни ыытарбыт ирдэнэр диэн бэлиэтээтэ. Атырдьах ыйын 9 күнэ. Ил Дархан Саха сирин дьонун-сэргэтин Төрүт олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэринэн эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэбит Төрүт сокуонугар аҕыйах ахсааннаах норуоттар туруктаах сайдыыларын хааччыйарга хайысхаламмыт дьаһаллар киирэ сылдьаллар диэн бэлиэтээтэ. Бу сыалга-сорукка 20-тэн тахса эрэгийиэннээҕи сокуоннар, ону сэргэ Сахас Сирин Арктикатын сайыннарыыга стратегическай докумуоннар уонна 2035 сылга диэри Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын туруктаах сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ ылыллыбыттара. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ төрүт норуоттарын нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа туох кыалларын барытын оҥорор дьоҥҥо махтанна.

Атырдьах ыйын 9 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа командировкатын чэрчитинэн дойду айылҕа ресурсаларын уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козловы кытта баһаартан ойууру харыстааһыны үбүлээһин туһунан кэпсэттэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыытын түмүгүнэн үбүлээһини улаатыннарыы туһунан быһаарыыта баар буолан, өрөспүүбүлүкэ ойууру баһаартан харыстааһыҥҥа эбии үбүлээһини ылыаҕа. Халаан уутуттан нэһилиэнньэни уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин харыстааһыны хааччыйар хаххалыыр тутуулары оҥоруу боппуруостарын көрдүлэр. Эһиил Дьааҥыга даамба тутуута саҕаланыаҕа, Нам улууһун Граф Биэрэгэ – Кыһыл дэриэбинэ сэлиэнньэлэригэр хаххалыыр тутуулары бырайыактааһын үлэтэ барар. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэҕэ геология чинчийиилэрин үлэтин элбэтиигэ былаан сөбүлэһиллэн турар. Чугастааҕы сылларга сыыйа 113 эбийиэккэ үлэни ыытарга бэлэм барар.

Атырдьах ыйын 10 күнэ. Ил Дархан дойду тырааныспарын миниистирин солбуйааччы Виктор Тимофеевы уонна Суол федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Роман Новиковы кытта өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын ситимин сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Өлүөнэ муостатын тутуу туһунан Бэрэсидьиэн Владимир Путин быйыл бэс ыйын 18 күнүнээҕи сорудаҕын туолуутун көрдүлэр. 2028 сылга диэри үлэҕэ киириэхтээх эбийиэк Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи өттүгэр аныгы тыраныыспар инфраструктуратын сайдыытын сүрүннүөҕэ. Көрсүһүүгэ «Бүлүү» и «Халыма» федеральнай суоллары көрүү-истии уонна 2025-2027 сылларга күргэлэри тутуу туһунан кэпсэттилэр.

Атырдьах ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев дойду салгын тырааныспарын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Ядровы кытта Саха сиригэр аэропортары саҥалыы сөргүтэн оҥоруу уонна аэродромнары хапытаалынай өрөмүөннээһин бырагыраамата олоххо киириитин дьүүллэстэ. Дойду Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан билигин 2030 сылга диэри суоттаммыт «Көдьүүстээх тырааныспар тиһигэ» национальнай бырайыак бэлэмнэнэр. Онно Саха сирэ сэттэ аэропорду — Уус Куйга, Ленскэй, Зырянка, Полярнай (2-с уочарат), Маҕан, Ньурба, Тиксии – киллэрэр этиилээх. Росавиация баһылыга Зырянка аэропордун тутуу болдьоҕун инники көһөрөр боппуруоһу көрөргө бэлэмин биллэрдэ. Ону сэргэ Ньурба уонна Полярнай аэропортарын саҥардыыга быһаарыы ылылынна.

Атырдьах ыйын 11 күнэ. Ил Дархан тутуу комплексын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ тутааччылара 705,12 тыһ. кв. миэтэрэлээх олорор дьиэни тутан, рекорд олохтообуттарын, бу тэтим билигин да баарын бэлиэтээтэ. 2024 сыл бастакы аҥаарыгар 368,5 тыһ.кв.м. тутулунна. 2024 сылга 76 социальнай эбийиэк тутуллар. Ол иһигэр 18 оскуола, 5 уһуйаан, 2 эбии үөрэхтээһин, 20 доруобуйа харыстабалын, 17 култуура уонна да атын эбийиэктэр. Күндү Саха сирин олохтоохторо! От үлэтин үмүрүтэр түһүмэҕэр таһаарыылаахтык үлэлээн, айылҕабыт иҥэмтиэлээх аһыттан бэриһиннэрэн, оҕуруот аһын ситэр кэмигэр өлгөм үүнүүнү сомсон, сайыммыт үтүөтүн билиэҕин.

Афанасий Ноев.

Читайте дальше