Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Алтынньы ыйын 14 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовы үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээһиҥҥэ эр санаалаах байыас төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, дьиҥнээх патриот, кини аата дойду аныгы историятыгар букатыннаахтык киирдэ диэн бэлиэтээтэ. Родимир Новомихайловка оройуонугар киирсии кэмигэр эчэйиилээх сылдьан, этэрээтин салайыыны бэйэтигэр ылбыта уонна икки суукка устата өстөөхтөртөн ылбыт тирэх пууну көмүскээбитэ. Ил Дархан Родимир Максимовка 1,5 мөлүйүөн солкуобай харчылаах сэртипикээти туттарда.

Алтынньы ыйын 14 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыларын кытта нэдиэлэ аайы ыытыллар мунньахха үлэҕэ киллэрэргэ былааннаммыт эбийиэктэр тутууларын хонтуруоллааһыны күүһүрдүргэ сорудахтаата. Кыһыҥҥы кэмҥэ ис үлэлэри ыытар кыах баар буоларыгар болҕомтону туһаайар туһунан бэлиэтээтэ. Ил Түмэни кытта кэлэр сылга бүддьүөт барылын сүрүн хайысхаларынан үөскүүр боппуруостарга үлэни ыытарга сорудах биэрдэ. Дойду судаарыстыбаннай бүддьүөтүн барылыгар киллэрэргэ өрөспүүбүлүкэ сайаапкаларын оҥорууга федеральнай былаас уорганнарын кытта ыкса үлэлэһэргэ ыйда.

Алтынньы ыйын 15 күнэ. Айсен Николаев Эдьигээн улууһугар үлэлээтэ. Улуус киинигэр икки улахан социальнай эбийиэк үлэҕэ киирбитинэн олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Элбэх хайысхалаах успуорт комплекса Арассыыйа Арктическай зонатын социальнай-экэнэмиичэскэй сайыннарыытыгар биир кэлим судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тутулунна. Саҥа икки мэндиэмэннээх эбийиэк Саха сирин бастакы олимпийскай чөмпүөйүнэ Роман Михайлович Дмитриев аатын сүгэр. Олохтоохтор успуорт бары көрүҥнэринэн дьарыктанар кыахтаннылар, итиэннэ анал тустуу уонна тренажернай саалалара бааллар.

Маны сэргэ улуус киинигэр «Дюмия» этнокултуурунай сайдыы уонна норуот айымньытын саҥа киинэ аһылынна. Ил Дархан 2019 сылллаахха улууска оробуочай сырыытын түмүгүнэн култуура киинин бырайыактааһыҥҥа уонна тутууга сорудах биэрбитэ. Саҥа эбийиэккэ 232 миэстэлээх саала, буфет, видео, компьютернай, сиэр-туом ыытар саалалар, звукозапись устуудьуйата, бильярд, теннис оонньуур, куруһуоктары ыытар хостор оҥоһуллубуттар. «Экстра Синема» бырайыагынан номнуо киинэ көрдөрөн саҕалаатылар.

Алтынньы ыйын 16 күнэ. Ил Дархан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан нэһилиэгин Өлөчөй сэлиэнньэтигэр гаас кэлбит үөрүүлээх түгэнинэн олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Күөх төлөн ситимигэр 120 ыал холбоноро былааннанар. Айсен Николаев элбэх оҕолоох Поповтарга гаас холбоммутун көрдө. Кинилэр дьиэлэригэр социальнай газификация бырагырааматынан биир бастакынан гаас киирдэ. Ыал аҕата Иннокентий Николаевич байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, бэйэтин баҕатынан төрөөбүт дойдутун көмүскүүргэ туруммута. Кэлэр сылга гаас ситимэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Лоомтукаҕа киирэрэ былааннанар. Онтон билигин Сыымахха гаас турбатын тардыы бырайыага оҥоһулла сылдьар.

Алтынньы ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев «Саха» ГТРК телеханаалга аһаҕас эпииргэ «Быһа кэпсэтии» биэриигэ дойду Бэрэсидьиэнэ ылыммыт быһаарыныыларынан социальнай гаастааһын үлэтэ түргэн тэтимнээхтик өрөспүүбүлүкэҕэ барарын туһунан бэлиэтээтэ. Быйыл 2 тыһыынча дьиэҕэ гаас киириэҕэ, бу сыллар устата 7,5 тыһыынча дьиэ гааска холбонно диэн бэлиэтээтэ. Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы гаас пуорумун туһунан кэпсээтэ. «Газпром» хампаанньа салалтатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Миллердыын Уһук Илиҥҥэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ гаас бырамыысалыннаһын инники сайдыытын дьүүллэспиттэрин, «Сибиир күүһэ» ситими кыйа сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга гаас утаҕа киирэригэр уонна да атын боппуруостарга кини биһигини өйүөҕэ диэн эттэ. Ону тэҥэ гаас ситимэ эбии Витимҥэ, Пеледуйга киириэхтээх.

Айсен Николаев Саха сиригэр пилота суох таһаҕаһы таһыыны боруобалааһын оҥоһулубутун туһунан сырдатта. Бэрдьигэстээхтэн Кэптиҥҥэ диэри 46 кэриҥэ көтүүнү оҥорон, 150 киилэ таһаҕаһы — кыра баһыылкалары, саппаас чаастары, аһы-үөлү, эму-тому тиэртилэр.Бу уһук сытар, суола суох ыраах нэһилиэнньэлээх пууннарга улахан туһалаах буоулоҕа. Билигин эксперимент быһыытынан көтүүлэртэн аны дьиҥ быраактыкаҕа көһүөхтэрэ диэн эттэ.

Ил Дархан Дьокуускай — Жатай маршрутунан оптуобус сырыытын тэрийии боппуруоһугар тохтоото. Сырыы Дьокуускай бүддьүөтүттэн үбүлэнэн кэлбитэ. Борокуратуура бу быһаарыыны утарбытын түмүгэр куорат рейстэргэ субсидияны көрөр кыаҕа суох буолан, онон тырааныспар ахсаана аччаата, кыһалҕаны быһаарарга былаас уорганнара бииргэ үлэлэһиэхтэрэ диэн эттэ.

Алтынньы ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев «Өрөгөй» («Триумф») киинэ режиссера, продюсера Михаил Лукачевскайы уонна «Сахафильм» хампаанньа салайааччыта Алексей Егоровы кытары көрүстэ. «Өрөгөй» диэн Саха сирин чулуу спортсменнара Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов Монреалга Олимпийскай оонньууларга чаҕылхай ситиһиилэрин уонна улуу тренер Дмитрий Коркин туһунан киинэ киэҥ көрүүгэ өрөспүүбүлүкэ бары кинотеатрдарыгар тахсарынан эҕэрдэлээтэ, ситиһиини баҕарда. Ил Дархан 2023 сыл ыам ыйыгар киинэни устар устар хамаанданы кытары көрсөн, бырайыагы өйүүрүн, киинэ үрдүк таһымнаах буоларыгар эрэллээҕин туһунан эппитэ. Киинэ сүрүн сыала — спортсменнар чаҕылхай ситиһиилэрин сырдатыы эрэ буолбакка, үүнэр көлүөнэни кыайыыга дьулуһарга кынаттыыр диэн бэлиэтээтэ.

Алтынньы ыйын 17 күнэ. Ил Дархан Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутуу бастакы сыбаайатын түһэрии тэрээһинигэр кытынна. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн муоста тутуута саҕаламмытын, аан дойдуга суох уустук бырайыакка олус улахан болҕомто уурулларын, хонтуруол даҕаны күүскэ барыаҕын туһунан бэлиэтээтэ. Бу баараҕай бырайыак хамсаабыта Саха сирин улахан ситиһиитинэн, историческай түгэнинэн буолар диэн эттэ. Муостанан сууккаҕа 5300 массыына туоруоҕа, икки балаһалаах буолуоҕа. Билигин муоста туруохтаах сирин хаҥас уонна уҥа кытылларыгар иккилии технологическай учаастак тутулла турар. Табаҕа боротуохатын туоруур кыра муосталаах технологическай суол тутуута салҕанар. Баахта бөһүөлэгэ туруохтаах сирин былаһааккатыгар билиитэлэри уурталыыллар уонна сөптөөх матырыйааллары оҥорор бетон собуотун таҥыы үлэтэ барар.

Алтынньы ыйын 17 күнэ. Айсен Николаев информацияҕа куттал суох буолуутун мунньаҕын ыытта. Саха сиригэр кибератааканы утары дьайыы киинэ тэриллиитин боппуруоһун көрдүлэр. Киин киберкуттал суоһааһынын кэтээн көрүөҕэ, ырытыаҕа уонна харда биэриэҕэ. Билигин киини оборудованиенан уонна анал бырагыраамаларынан хааччыйыы ыытыллар.

Алтынньы ыйын 17 күнэ. Ил Дархан Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Владимир Бурматовы кытта оробуочай көрсүһүүтүгэр бэйдиэ сылдьар дьиэ кыылларыгар сыһыаннаах сокуону тупсарыы боппуруоһун көрдүлэр. Федеральнай уонна эрэгийиэннэр таһымнарыгар эбии дьаһаллары ылыы туһунан кэпсэтии барда. Айсен Николаев сокуон билиҥҥи балаһыанньаны уонна эрэгийиэн уратыларын учуоттаан, дьон туһатыгар үлэлиэхтээх диэн бэлиэтээтэ.

Алтынньы ыйын 18 күнэ. Ил Дархан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеевы кытта өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн кэлэр 2025 сылга былаанын уонна 2026-2027 сылларга барылын туһунан сокуон бырайыагын ырыттылар. Бүддьүөт социальнай хайысхалаах буолуута суолталаах. Өрүттэр тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүнү үбүлээһин кээмэйин 2024 сыллааҕы таһымтан аҕыйаппат туһунан сүбэлэстилэр. Онуоха бүддьүөт чопчуланнаҕына үбүлээһин эбиллиэн сөбүн туһунан этилиннэ.

Алтынньы ыйын 18 күнэ. Айсен Николаев Ил Түмэн салалтатын уонна сис кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин кытта көрүстэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 2025 сыллааҕы былаанын уонна 2026-2027 сылларга барылын туһунан сокуон бырайыага алтынньы 22-23 күннэригэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар көрүллүөҕэ. Ил Дархан кэлэр сыл бүддьүөтэ кэнники сыллары кытта тэҥнээтэххэ судургута суох буолуоҕа, үгүс хайысхаларга, чуолаан тыа хаһаайыстыбатыгар боппуруостар бааллар диэн эттэ. Төһө да ыарахаттар баалларын үрдүнэн, тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ үбү-харчыны аҕыйатыыны таһаарыа суохтаахпыт, Бырабыыталыстыбаҕа бу боппуруоһу бүддьүөт иккис ааҕыытыгар үлэлэһэргэ сорудахтаатым диэн бэлиэтээтэ.

 Алтынньы ыйын 18 күнэ. Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутаата Виктор Федоровы кытта 2025-2027 сыллааҕы бүддьүөт, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетика сайдыытын боппуростарын дьүүллэстилэр.

 Алтынньы ыйын 19 күнэ. Айсен Николаев уон бэһис төгүлүн көҥүл тустууга САССР, РСФСР, ССРС үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Петрович Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын эҕэрдэлээтэ. Күрэхтэһии Арассыыйа уонна тас дойдулар сүүстэн тахса бастыҥ тустууктарын түмэр. Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин саха тустуутун оскуолатын төрүттээбитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥэ диэри ситиспит түмүктэринэн киниэхэ тэҥнээх суох диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Бу күннэргэ киэҥ экраҥҥа саха номоххо киирбит тустууктарын Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов уонна кинилэр тириэньэрдэрин олимпийскай пьедесталга суолларын тустарынан киинэ тахсыыта тоҕооостоох буолла диэн эҕэрдэҕэ этиллэр. Бу история эдэр көлүөнэҕэ биир дойдулаахтарынан киэн туттууну үөскэтиэҕэ уонна кыайыыларга сирдиэҕэ диэтэ Айсен Николаев.

Алтынньы ыйын 20 күнэ. Ил Дархан Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ийэлэрин уонна Арассыыйаҕа Аҕалар күннэринэн эҕэрдэлээтэ. Оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ билигин да көрдөрүүбүтүнэн бастаан иһэбит диэн бэлиэтээтэ. Кэлиҥҥи сылларга ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйөөһүнү үбүлээһин кээмэйэ улаатан, бүгүн 23 млрд кэриҥэ солкуобайга тэҥнэстэ. Демографическай балаһыанньаны тупсарарга саҥа дьаһаллар ылыллаллар. Ол курдук, элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро 18 саастарын туолуохтарыгар диэри коммунальнай өҥөлөрү төлүүллэригэр 30% чэпчэтии, 1-11 кылаас үөрэнээччилэригэр босхо аһылык уонна уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айан көрүллэр. Бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро өрөспүүбүлүкэ наадыйар идэлэригэр орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр киирдэхтэринэ, 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүрү ылаллар. Бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастаан эр-ойох буолбут эдэр ыалга 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр. Үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. 110 тыһыынча солкуобайтан тахса кээмэйдээх «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаата. Оҕону иитиигэ ураты үтүөлэрин, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор дьоһун кылааттарын иһин «Ытык Аҕа» бэлиэнэн сыл ахсын урукку курдук үс оннугар алта аҕаны наҕараадалыырга быһаарыллыбыта элбэҕи этэр. Чурапчы улууһун Үрүҥ Күөл с. олохтооҕо, уон үс оҕолоох, уон сэттэ сиэннээх уонна сүүрбэ алта хос сиэннээх үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Дмитрий Лукин; Бүлүү улууһун Тааһаҕар сэлиэнньэтин олохтооҕо, биэс оҕо амарах аҕата, уон биэс сиэн оҕо эһэтэ Павел Харлампьев; Горнай улууһун Орто Сурт сэлиэнньэтиттэн бастыҥ уопсастыбанньык, урбаанньыт, уһуйааччы, аҕыс оҕо аҕата Виталий Ильюхин Россияҕа бэлиэтэнэр Аҕа күнүгэр түөскэ анньыллар бэлиэни уонна 100 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөбүрү ылар чиэскэ тигистилэр.

 Алтынньы ыйын 20 күнэ. Ил Дархан Арассыыйаҕа суол хаһаайыстыбатын күнүнэн салаа үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтэ. Кэлиҥҥи биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 2 700-тан тахса км суол оҥоһуллубут, онтон 912 км федеральнай суоллар, 1 205 км эрэгийиэн суоллара уонна 591 км олохтоох суоллар. 54 муоста тутуллубут уонна саҥардыллыбыт. Бу идэлээх күн эрэ иннинэ «Куттала суох хааччыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан түөрт саҥа муоста Кэбээйигэ, Томпоҕо, Мииринэйгэ уонна Өймөкөөҥҥө тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Өлүөнэ муостатын тутуу саҕаланна.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Кыдьымах эбэлэргэ киирэр, күөллэр турар кэмнэригэр сэрэхтээх буолуохха, бэйэни харыстаныахха, муҥхалар саҕаламмыттарынан, Күөх Боллох хатырыктааҕыттан бэристин, этэҥҥэ буолуоҕун!

 Афанасий Ноев.

 

 

Читайте дальше