Олунньу 5 күнэ. Ил Дархан Москваҕа боксаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация (IBA) бэрэсидьиэнэ Умар Кремлевы кытары көрүстэ.
Салайааччылар Саха сиригэр бокса сайдыытын уонна быйыл Дьокуускайга ыытыллар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы 8-с спортивнай оонньуулары тэрийии туһунан кэпсэттилэр. Умар Кремлев оонньуулары – сыл биир тутаах спортивнай тэрээһинэ диэн сыаналаата уонна Дьокуускайга кэлиэх буолла.
Маны сэргэ кини быйыл балаҕан ыйын 15-29 күнүгэр Москваҕа уонна Екатеринбурга ыытыллыахтаах Бүтүн аан дойдутааҕы доҕордоһуу оонньууларын бырагырааматыгар мас тардыһыыны киллэрэр туһунан этиини өйөөтө.
Олунньу 5 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа Арассыыйа байыаннай морской флотун Главнокомандующайа, адмирал Николай Евменовы кытта көрүстэ. Манна Тиксии бөһүөлэгин уонна өрөспүүбүлүкэ арктическай зонатын сайыннарыы былааннарын уонна бырайыактарын туһунан кэпсэтии буолла.
РФ Арктическай зонатын сайыннарыы уонна 2035 сылга диэри национальнай куттал суох буолуутун хааччыйыы стратегията Тиксии бөһүөлэгин кэлимник сайыннарыы ирдэнэрин быһаарар.
Олунньу 5 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду Бырабыыталыстыбатыгар «Росатом» госкорпорацияны кытта Тиксии-Найба агрломерациятын бырайыагын Хотугу муора суолун сайыннарыы 2035 сылга диэри былааныгар киллэрэр боппуруоһу көрөргө сорудах биэрдэ.
Ил Дархан уонна Николай Евменов СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Арассыыйа байыаннай морской флотун сүрүн хамаандыбаньыйатын Тиксиини уонна арктическай зона стратегическай боппуруостарын быһаарыыга бииргэ үлэлэһиилэрин салгыырга кэпсэттилэр.
Олунньу 6 күнэ. Ил Дархан «Арассыыйа тимир суоллара» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Олег Белозеровы кытта көрүстэ.
Көрсүһүүгэ Саха сиригэр бырамыысалыннаһы улаатыннарар уонна нэһилиэнньэ тырааныспары туһанарын өссө табыгастаах оҥорор туһугар тимир суол ситимнэрин кэҥэтии кэскиллэрин туһунан кэпсэттилэр.
Тимир суол чох бырамыысалыннаһын бородууксуйатын экспортыырга улахан оруоллаах. 2023 сылга «Арассыыйа тимир суоллара» тэрилтэ 26 мөлүйүөн туонна чоҕу тиэйэн, кэпсэтиллибит кээмэйи 100% толордо.
«Таас чох сиэктэригэр бырамыысалыннай бырайыактары олоххо киллэрии Саха сирин социальнай — экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан сабыдыаллаах. «Арассыыйа тимир суоллара» тэрилтэни кытта кэпсэтиллибит быйылгы кээмэй – 26,3 мөлүйүөн туонна», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Олунньу 5 күнүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ премьер- миниистирэ Михаил Мишустиҥҥа уонна «Арассыыйа тимир суоллара» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Олег Белозеровка Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн илиҥҥи хайысхаҕа чоҕу экспорга таһаарыыны тэрийэргэ уонна хонтуруоллуурга сорудахтаата.
Олунньу 6 күнэ. Ил Дархан Москваҕа РФ спордун миниистирэ Олег Матыцины кытта көрсөн «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы 8-с спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии туһунан кэпсэттэ.
Айсен Николаев Дьокуускайга инфраструктураны тутуу хаамыытын уонна күрэхтэһии буолуон 100 хонук иннинэ Өлүөнэ очуостарыгар оонньуу уотун уматыы сиэрэ — туома ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ.
Олег Матыцин оонньууларга бэлэмнэнии былаан быһыытынан баран иһэрин бэлиэтээтэ. «Бары эбийиэктэр кэмигэр бэлэм буолалларыгар, тэрээһиннэр логистика уонна куттал суох буолуутун өттүнэн толору хааччыллалларыгар саарбахтааһын суох. Биһиги Дьокуускайга федеральнай тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытыыны, онно тас дойдулар хамаандаларыгар сыһыаннаах боппуруостары сиһилии ырытар туһунан кэпсэттибит», — диэтэ миниистир.
Олунньу 7 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга онкологическай киини үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх тэрээһинигэр кытынна. Эбийиэк дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киллэриллэр «Онкологическай ыарыылары утары охсуһуу» федеральнай бырайыагынан тутулунна.
Айсен Николаев Дьокуускайга онкологическай киини үлэҕэ киллэрии өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыстабылын салаатыгар улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Ил Дархан бу бырайыагы олоххо киллэриигэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталын биллэрдэ.
«Дойду Бэрэсидьиэнэ олунньу үһүс күнүгэр видеосибээһинэн Томскайга, Уфаҕа уонна Дьокуускайга онкодиспансердары арыйбыта. Владимир Путин бу онкологическай көмө көдьүүһүн үрдэтиигэ, ол аата гражданнар доруобуйаларын харыстааһыҥҥа сүҥкэн хардыы буоларын бэлиэтээтэ. Саамай сүрүнэ, дьон өрөспүүбүлүкэлэриттэн ханна да барбакка, үрдүк технологиялаах, аныгы медицинскэй көмөнү дойдуларыгар ылар буолуохтара», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата Галина Данчикова кытынна. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ онкологическай киини тутуу Судаарыстыбаннай Дуума парламентскай хонтуруолун чэрчитинэн ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Ол курдук, тутуу бастакы түһүмэҕэр Дьокуускайга Дуума доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэтин мунньаҕа ыытыллыбыта.
«Ил Дархан, бүддьүөккэ уонна нолуокка кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ баһылыктаах парламентарийдар уонна доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин биир сомоҕо позицияларын түмүгэр өрөспүүбүлүкэ дьонугар улахан суолталаах эбийиэги тутуу федеральнай бүддьүөттэн үбүлэннэ», – диэтэ Галина Данчикова.
Олунньу 8 күнэ. Ил Дархан наука күнүгэр СӨ учуонайдарын кытта көрүстэ.
Айсен Николаев «Хоту» Научнай-үөрэтэр киин ситиһиилэрин бэлиэтээтэ уонна аан дойду таһымнаах научнай чинчийиилэр түмүктэрин олоххо киллэрии улахан сайдыыны аҕалыахтаах диэтэ.
Бу хайысхаҕа үлэ – Саха сиринээҕи научнай уопсастыба сүрүн соруга буолар. «Научнай уопсастыба үлэтин көдьүүһэ экэниэмикэ салааларыгар уонна социальнай эйгэҕэ технологиялары түргэнник киллэриигэ көстүөҕэ», – диэтэ Айсен Николаев.
«Хоту» Научнай-үөрэтэр киин резиденнэрэ икки аҥаар сыл иһигэр оҥорон таһаарыыга 125 технологияны киллэрдилэр уонна 290 айымньыга патен ыллылар.
Олунньу 8 күнэ. Айсен Николаев сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии боппуруостарыгар сүбэ мунньаҕы ыытта.
Гидрометеорология сулууспатын кэтээһининэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс сиригэр — уотугар эмиэ былырыыҥҥы курдук хаар халыҥ. Итинэн ситимнээн Ил Дархан кыра өрүстэргэ эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтин ыытарга уонна былырыын уу таһыма үрдээһиниттэн эмсэҕэлээбит гидротехническай тутуулары бөҕөргөтөргө дьаһал биэрдэ.
Улахан өрүстэргэ харыы тахсыан сөптөөх учаастактарга мууһу хараардыы уонна эрбээһин үлэтэ ыытыллыаҕа. Айсен Николаев гидропостары, быстах кэмҥэ дьону олордор пууннары, иһитиннэрэр систиэмэлэри бэлэм оҥорор соруктары туруорда.
Олунньу 9 күнэ. Ил Дархан «ЯТЭК» хампааньыйа 2023 сыллааҕы үлэтин — хамнаһын уонна 2024 сыллааҕы былаанын көрүүгэ мунньах ыытта.
«ЯТЭК» Саха сирин киин улуустарын гааһынан хааччыйар сүрүн хампааньыйа буолар. Тэрилтэ Бүлүү оройуонун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин дьаһалтатын уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта социальнай боппуруостары быһаарыыга сөптөөх бииргэ үлэлэһиини олохтоото», — диэтэ Айсен Николаев.
ЯТЭК сырьетун баазата кэҥээтэ. Ол курдук, айылҕа гааһыгар саппааһа 635 млрд куб. м. буолла. Саппааһын баазата 2023 сылга 1 775 млрд куб. м. улаатта.
2023 сылга тэрилтэ 1 963 мөл. куб. м. айылҕа гааһын хостоото. 2024 сыллааҕы былаана – 1 959 мөл. куб. м.
Олунньу 9 күнэ. Ил Дархан Эдьигээн оройуонугар сибээс волоконнай- оптическай ситимин үлэҕэ киллэрии сиэригэр-туомугар кытынна. Улуус олохтоохторо түргэн интернет киирэн үөрүүлэрэ улахан.
370 км усталаах ситими Бүлүү улууһун Киров сэлиэнньэтиттэн Эдьигээн бөһүөлэгэр диэри тартылар. «Синергия Арктики» бырайыак бастакы түһүмэҕин чэрчитинэн оройуон киинин, Бэстээх, Баахынай нэһилиэктэрин өрөспүүбүлүкэ киин улуустарын ситимнэрин кытта холбоотулар.
«Биһиги бүгүн историческай тэрээһиҥҥэ кыттабыт. Бу өрөспүүбүлүкэбит инфокоммуникационнай эйгэтигэр дьоһуннаах уларыйыы буолбутун бэлиэтэ. Ити түргэн сибээс кэлиитэ эрэ буолбатах, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии. Бүгүҥҥү күҥҥэ оройуон үс нэһилиэгэ холбонно. Сыл бүтүөр диэри Кыстатыам бөһүөлэк эмиэ түргэн интернеттэниэҕэ», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ сүрүн сыалынан Артикаҕа баар оройуоннарга барыларыгар түргэн интернети киллэрии буолар диэтэ. Сибээс волоконнай- оптическай ситимин аны Өлүөхүмэ оройуонугар киллэрэргэ былаанныыллар.
Олунньу 10 күнэ. Ил Дархан Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр Максим Кирович Аммосов аатынан элбэх аналлаах култуурунай — спортивнай киини арыйыы сиэригэр-туомугар кытынна.
Айсен Николаев Хатырык олохтоохторугар саха норуотун улуу уола Максим Кирович Аммосов аатын үйэтитиигэ улахан үлэни ыыталларын иһин махтанна уонна күүтүүлээх эбийиэктэрэ үлэҕэ киирбитинэн эҕэрдэлээтэ.
«Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар туруоруллубут бары былааннары толорбуппутуттан үөрэбин уонна киэн туттабын. Хатырыкка диэри кэлэр суолу аспааллаатыбыт, саҥа оҕо саадын туттубут, оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөнү ыыттыбыт, оттон бүгүн нэһилиэккэ бэртээхэй култуурунай — спортивнай киини арыйдыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ тыатын сиригэр биир бастыҥ киин», — диэтэ Айсен Николаев.
Бары аныгы технологиялары учуоттаан тутуллубут дьиэҕэ универсальнай саалалаах спортивнай комплекс, 60 оҕо үөрэнэр искусство оскуолата, 150 миэстэлээх аактабай саалалаах «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтэ, 20 миэстэлээх библиотека киирэллэр.
Олунньу 10 күнэ. Айсен Николаев Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр олорор элбэх оҕолоох Кутуковтарга ыалдьыттаата. Владимир Владимирович уонна Ирина Иннокентьевна уон оҕолоохтор. Ирина Иннокентьевна өрөспүүбүлүкэ «Дьоруой – ийэ» бочуоттаах бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. Улахан уолаттара: Станислав, Владислав – ХИФУ устудьуоннара, Мирослав – Дьокуускайдааҕы профессиональнай техникум устудьуона, Дима, Василий, Тимур, Камилла – Хатырык оскуолатыгар үөрэнэллэр. Бастакы кылааска Владимира киирдэ. Оттон саамай кыралар Ярослав уонна Артем – оҕо саадын иитиллээччилэрэ.
Владимир уонна Ирина оҕолорун иитиигэ улахан болҕомтолорун уураллар, үлэҕэ кыра эрдэхтэриттэн сыһыараллар, барытыгар үөрэтэ-такайа сылдьаллар. Кинилэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга үгүс өйөбүл көрүллэригэр махталлаахтар.
«Бу уонтан тахса оҕолоох ыалларга көрүллэр өйөбүл үбүгэр тутуллубут дьиэҕэ олоробут. Эрдэ Дьокуускайга элбэх оҕолоох ыаллары дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматынан икки хостоох кыбартыыраны ылан турабыт. Итиэннэ биһиэхэ элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыбаннай социальнай көмө салаатынан микроавтобус биэрбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык бырагыраамалар бааллара бэртээхэй», – диэн эттэ дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Владимир Кутуков.
Айсен Николаев атах тэпсэн олорон кэпсэтиигэ дьиэ кэргэн былааннарын, оҕолор тустарынан ыйыталаста. Ил Дархан Кутуковтарга этэҥҥэ буолууну, дьолу — соргуну, оҕолоро үтүө дьон буола улааталларыгар баҕарда.
Олунньу 10 күнэ. Ил Дархан анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Павел Моякуновы кытта көрүстэ. Былырыын байыас сулууспалыы сырыттаҕына, Дьокуускай Мархатыгар баар дьиэтэ умайан хаалбыта. Дьолго кэргэнэ уонна икки оҕото эмсэҕэлээбэтэхтэрэ. Баһаарга ыал мала — сала, таҥаһа — саба, докумуоннара барыта умайбыта.
Өрөспүүбүлүкэ былааһа эмсэҕэлээбит дьиэ кэргэҥҥэ түргэн көмөнү тэрийбитэ. «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатын сэкэрэтээрэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан дьиэ кэргэҥҥэ саҥа дьиэни тутан биэрэргэ уонна докумуоннарын чөлгө түһэриигэ көмөлөһөргө быһаарыныы ылыныллыбыта. Тутууну ыытыыны «Биир ньыгыл Арассыыйа» эрэгийиэннээҕи кэмитиэтэ хонтуруоллаабыта, ону тэҥэ баартыйа көхтөөх дьоно уонна «Үтүө санаа спецнаһа» көмөлөспүттэрэ.
Ити үлэ түмүгэр дьиэ кэргэн 2024 сылы 144 кв. миэтэрэ иэннээх икки этээстээх саҥа дьиэҕэ көрүстэ.
«Дьонум эмсэҕэлээбэтэхтэрэ – улахан дьол. Баччааҥҥа диэри маннык үчүгэй дьиэлэммиппитин итэҕэйбэккэ олоробун. Улахан баһыыба, Айсен Сергеевич. Эйиэхэ уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа махтанабын. Дьиэ сылаас, сырдык. Кыыспыт уонна уолбут тус — туспа хостоохтор», – диэн махтанна Павел Моякунов.
Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа генеральнай сэбиэтин сэкэрэтээрэ Андрей Анатольевич Турчак аатыттан Павел Валерьевиһы уонна кини дьиэ кэргэнин саҥа дьиэҕэ киирбиттэринэн эҕэрдэлээтэ.
«Андрей Анатольевич байыаннай сулууспаҥ, хорсунуҥ иһин махтанар. Кини «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа аатыттан эһигини саҥа дьиэлэммиккитинэн эҕэрдэлиир», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Афанасий Ноев.