Олунньу 12 күнэ. Ил Дархан СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин уонна дьаһалтатын салалтатын кытта былаанныыр мунньаҕы ыытта. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ хоту баар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар таһаҕаһы, ол иһигэр тутуу матырыйаалын тиэрдии халлаан эрдэ сылыйан, кыһыҥҥы суоллар болдьох иннинэ сабыллыахтарын сөбүн учуоттаан түргэнник ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар ыытыллар бырабыыталыстыба отчуотугар болҕомтотун уурда. Кини Саха сирин хас биирдии олохтооҕо былаас уорганнарын үлэтигэр бэйэтин этиитин киллэрэрин туһугар кэпсэтии аһаҕас буолуохтаах диэтэ.
Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа уонна «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай фонда филиалыгар анал байыаннай дьайыыга бэйэлэрин баҕаларынан барбыт дьон оҕолоругар биир кэлим көмөнү аныыр быраабылаҕа уларытыылары киллэриилэри учуоттуурга сорудахтаата.
Ол курдук, дойду Бырабыыталыстыбата киллэрбит уларытыыларын быһыытынан анал байыаннай дьайыыга бааһырыы ылбыт бэйэлэрин баҕаларынан барбыт дьон биир кэмнээх төлөбүрдэрэ оҕолоро биир кэлим пособие ылалларыгар учуоттаныа суоҕа.
РФ Бырабыыталыстыбата эт-хаан култууратын уонна спорт сыыппараҕа трансформациятын 2030 сылга диэри стратегическай хайысхаларын бигэргэттэ.
Ил Дархан эт-хаан култууратыгар уонна спортка биир кэлим сыыппара эйгэтин тэрийии, искусственнай интеллект технологияларын киллэрии уонна дьон туһанарыгар саҥа электроннай сервистэри оҥоруу – сүрүн сыал буоларын бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев манна бастакы соругунан спортсменнарга электроннай пааспардары, спорт оскуолаларыгар уонна атын спорт тэрилтэлэригэр электроннай сурутууну киллэрии, сыыппара технологияларын суотугар спортивнай разрядтары иҥэрии бырасыаһын түргэтэтии буоларын эттэ.
Олунньу 12 күнэ. Ил Дархан анал байыаннай дьайыыга өлбүт байыастар чугас дьоннорун кытта көрүстэ.
«Эһиги дьоҥҥут дойдубут хорсун көмүскээччилэрэ этилэр. Кинилэр кырдьыгы, эйэни, дойдуларын көмүскүү сылдьан олохторун толук биэрдилэр. Бу биһиэхэ, Саха сиригэр уонна дойдубутугар, улахан сүтүк. Эһиги кытаанах санаалаах дьахталлар эбиккит. Эһиэхэ махтанабын уонна бүтүн Саха сирин норуотун аатыттан сүгүрүйэбин», — диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал байыаннай дьайыы байыастарыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар көмө – ытык эбээһинэс уонна сиэр — майгы иэһэ буолар диэбитин санатта.
«Саха сирин былааһын бары таһымнарыгар биһиги ону чуолкайдык тутуһабыт. Биһиэхэ хас биирдии байыас күндү уонна улахан суолталаах. Таптыыр, чугас дьоннорун сүтэрбит хас биирдии ыалга судаарыстыбаттан, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаттан, федеральнай уорганнартан, РФ оборонаҕа министиэристибэтиттэн, волонтердартан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыттан көмө, өйөбүл көрүллэр», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Өлбүт буойуннар ийэлэрэ Альбина Винокурова, Маргарита Кошкарева уонна сэрии хонуутугар охтубут буойун кэргэнэ Ефросинья Ноговицына кыһалҕаларын туһунан кэпсээтилэр уонна анал байыаннай дьайыыга кыттааччылар дьиэ кэргэттэригэр көмө иһин махталларын биллэрдилэр.
«Саха сирин баһылыгын өйөбүлэ биһиэхэ олус наадалаах. Биһиги соҕотох буолбатах эбиппит диэн хас сырыы аайы өйдүүбүт. Биһигини кытта бары. Анал байыаннай дьайыыга кыттааччылар дьиэ кэргэттэриттэн ким да болҕомтото суох хаалыа суоҕа», — диэтэ Альбина Винокурова.
Маргарита Кошкарева уонна Ефросинья Ноговицына дьиэ кэргэттэргэ «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын социальнай координатордара улахан болҕомтону ууралларын бэлиэтээтилэр.
Олунньу 13 күнэ. Ил Дархан Ленскэй оройуонугар үлэтинэн сырыытыгар былырыын Ленскэй куоракка арыллыбыт доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон дьарыктанар спорт адаптивнай көрүҥнэригэр аналлаах саала үлэтин бэрэбиэркэлээтэ.
Эбийиэги урукку спортивнай сааланы саҥардан оҥордулар. Тутуу үлэтэ Ленскэй оройуонун олохтоох бүддьүөтүн суотугар ыытылынна. Иркутскайдааҕы ньиэби хостуур хампааньыйа 1,6 мөл. солкуобай суумалаах спортивнай инвентари, тренажердары атыылаһарга көмөлөстө.
«Саха сиригэр спорт адаптивнай көрүҥнэрин сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Дьокуускайга эрэ буолбакка, оройуоннар кииннэригэр эмиэ маннык анал спортивнай саалалар арыллаллара үөрүүлээх суол. Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо маннык спордунан дьарыктанар усулуобуйаны тэрийии олус наадалаах», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Санатан эттэххэ, былырыын РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду бары эрэгийиэннэригэр спорт адаптивнай көрүҥнэринэн дьарыктанар усулуобуйаны тэрийэргэ сорудахтаабыта. Манна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын эмиэ учуоттуохтаахтар.
Олунньу 13 күнэ. Ил Дархан Ленскэй куоракка былырыын үүт собуотун баазатыгар тэриллибит оскуола аһылыгын кэмбинээтигэр сырытта. Куорат үөрэнээччилэрэ билигин биир менюнан аһыыллар.
Эрдэ маннык бырайыагы Чурапчы улууһугар киллэрбиттэрэ. Онон Ленскэй оройуонугар арыллыбыт – иккис.
«Бу өрөспүүбүлүкэҕэ оскуола аһылыгын иккис кэмбинээтэ. Кэлэр өттүгэр маннык бырайыактары Саха сирин атын оройуоннарыгар эмиэ тарҕатыахха сөп дии саныыбын», – диэтэ Айсен Николаев.
Ленскэйдээҕи оскуола аһылыгын кэмбинээтин менюта 75% – олохтоох бородууксуйа. Кэмбинээти аһылыгынан 6 пищеблок хааччыйар, манна 13 повар үлэлиир.
Олунньу 14 күнэ. Ил Дархан Сунтаар улууһугар Кэмпэндээйи тууһу оҥорон таһаарар хампааньыйатыгар сырытта.
Тэрилтэ Кэмпэндээйи сиригэр — уотугар тууһунан 2003 сылтан дьарыктанар. Хампааньыйа үлэтин-хамнаһын туһунан генеральнай дириэктэр Алексей Игнатьев кэпсээтэ. Ааспыт 2023 сылга тэрилтэ техническэй наадаҕа уонна сүөһү аһылыгар 1840 туонна тууһу оҥорон таһаарда. Маны сэргэ 64 туонна киһи сиир тууһун оҥордо.
Быйыл тэрилтэ киһи сиир тууһун оҥорууну 150 туоннаҕа диэри улаатыннарар былааннаах.
«Кэмпэндээйи тууһа – Сунтаар улууһун брендэ буолар. Бу туһунан өссө 1781 сыллаахха Екатерина 2-с императрица илии баттаабыт «Туус туһунан устаабыгар» ааҕыахха сөп. Тууһу бассейнтан хостууллар. Сылга 2 тыһыынча туонна сүрүннээн техническэй аналлаах тууһу оҥорон таһаараллар. Киһи уонна сүөһү сиир тууһун эмиэ оҥороллор. Инникитин оҥорон таһаарыыны кэҥэтэн, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа ырыынагар тахсарга былаанныыллар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Олунньу 14 күнэ. Айсен Николаев Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр култуура дьиэтин үөрүүлээхтик арыйыы сиэригэр-туомугар кытынна. Эбийиэги Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн туттулар.
Култуура дьиэтин тутууну олохтоохтор 2019 сылтан туруорсаллар. 2018 сыллаахха нэһилиэк култуурунай — спортивнай киинэ уокка былдьаммыта. Баһаар кэнниттэн бастакы сыл култуура дьиэтин үлэһиттэрэ олохтоох дьаһалтаҕа үлэлээбиттэрэ, онтон кинилэргэ туспа кыра дьиэни биэрбиттэрэ.
Култуура саҥа дьиэтин тутуу 2022 сыллаахха саҕаламмыта. Манна федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн 153 мөл. солк. көрүллүбүтэ.
«Баһаар тахсыбытыгар саха дьоно быһылааны сүрэхпитигэр чугастык ылыммыппыт. Култуура саҥа дьиэтин бырайыага балайда түргэнник оҥоһуллубута. Үбүлээһин туһунан толкуйдуу сырыттахпытына, 2019 сылга Владимир Владимирович Путин көҕүлээһининэн «Култуура» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии саҕаламмыта. Куонкурус түмүгүнэн үп — харчы көрүллүбүтэ уонна тутуу 2022 сыллаахха Саха АССР сүүс сыллаах үбүлүөйүгэр саҕаламмыта. Ханнык баҕарар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа, оннооҕор кыра сэлиэнньэҕэ, култуура дьиэтин үлэтиттэн олус элбэх тутулуктаах. Бу олохтоохтору түмэр – сайдыы, үүнүү киинэ буолар», — диэтэ Айсен Николаев.
Олунньу 14 күнэ. Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр саҥа оскуоланы тутуохтара. Кыһаҕа оскуола үөрэнээччилэригэр 90 уонна 25 миэстэ оскуолаҕа киирэ илик оҕолорго көрүллүөҕэ. Маннык быһаарыныыны Ил Дархан Кэмпэндээйи сэлиэнньэтигэр үлэтинэн сырыытыгар ылынна.
«Оскуола 1960- с сылларга тутуллубут мас дьиэтэ эргэрбит. Саҥа дьиэни тутуу бырайыактыыр — сметэлиир докумуона оҥоһуллан, судаарыстыбаннай экспертизаны ааһан турар. Оҕолорбутун үөрэтэргэ уонна иитэргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх дии саныыбын, онон 2025 сылга нэһилиэккэ саҥа оскуола-саады тутуу саҕаланыаҕа», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Бүгүн Кэмпэндээйи оскуолатыгар 76 оҕо үөрэнэр, оскуолаҕа киирэ илик оҕолорго туспа бөлөх үлэлиир.
Кыһа 2000 сылтан инновационнай бырайыактары олоххо киллэриинэн дьарыктанар, Ил Дархан гранын үстэ ылан турар. Оскуола үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ уонна бүтүн Арассыыйа куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кытталлар.
Олунньу 15 күнэ. Айсен Николаев Росгвардия салалтатын кытта көрүстэ.
РФ национальнай гвардиятын Илиҥҥи уокуругун сэриилэрин командующайын солбуйааччыта Михаил Романов дьыалабыай көрсүһүүгэ Ил Дархаҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Росгвардия управлениетын салайааччытын, полиция полковнига Сергей Челищева билиһиннэрдэ.
Генерал — майор Романов кини бойобуой уопутун, билиитин-көрүүтүн уонна эрэгийиэн уратытын билэрин бэлиэтээтэ.
«Кэнники икки сылга полиция полковнига Челищев Приморскай кыраайга туһааннаах структураны салайда, онно саҥа уопуту уонна практиканы ылла», — диэн эттэ Михаил Романов.
Кини федеральнай сулууспа сэриилэрин командующайын аатыттан РФ национальнай гвардиятыттан Айсен Николаевка Росгвардияҕа, сулууспалааччылар дьиэ кэргэттэригэр болҕомтотун, өйөбүлүн иһин махталын биллэрдэ.
«Саха сирэ сэрии огдооболоругар уонна байыастар ийэлэригэр кыһамньылаахтык сыһыаннаһар эрэгийиэннэртэн биирдэстэрэ», — диэтэ РФ национальнай гвардиятын Илиҥҥи уокуругун сэриилэрин командующайын солбуйааччыта Михаил Романов.
Олунньу 15 күнэ. Ил Дархан СӨ агропромышленнай комплексын тэрилтэлэрин 2023 сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн уонна 2024 сыллааҕы былааннарын дьүүллэһиигэ сүбэ мунньаҕы ыытта.
Ааспыт сылга «Туймаада» ФАПК агропромышленнай комплекс субъектарыгар 1 млрд 199 мөл. солк. сууммалаах займнары биэрдэ, ол иһигэр агропромышленнай комплексы өйөөһүн пуондатын суотугар 622 мөл. солкуобайы.
«Туймаада» Агрохолдинг харчыны киллэриитэ былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ 20 мөл. солк. улааппыт уонна 1,5 млрд солк. буолбут. 2024 сылга үбү — харчыны киллэрии былаана 8% улаатан 1 млрд 592 мөл. солкуобайга тэҥнэһиэхтээх.
Маны таһынан «Бөртө» сылгы собуотун, «Туймаада» экоферма, Хатастааҕы сибиинньэни иитэр комплекс, «Сайсары» АУ, «Саҥа» сопхуос АУ, «Туймаада» ХЭО, «Кладовая Олекма» ХЭО, «Победа» ХЭО үлэлэрин түмүгүн көрдүлэр.
Айсен Николаев агропромышленнай холдинг тэрилтэлэрин сайыннарыы уопсай былаанын оҥорорго, ол иһигэр Нерюнгритээҕи көтөр фабрикатын, сүөһүнү иитэр комплекстар техническэй баазаларын саҥардыы, Хатастааҕы сибиинньэни иитэр комплекс эбийиэктэрин саҥардыы уонна саҥа куорпустарын тутуу былааннарын бэлэмнииргэ сорудахтаата.
Олунньу 16 күнэ. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев «Якутуголь» хампааньыйа 2023 сыллааҕы үлэтин түмүгүн уонна 2024 сылга былаанын көрүүгэ сүбэ мунньаҕы ыытта.
2023 сылга тэрилтэ 3,1 мөл. туонна чоҕу хостообут, ол иһигэр «Нерюнгринскай» разрезтан — 2,6 мөл. туоннаны, «Кангаласскайтан» — 211,3 тыһ. туоннаны уонна «Джебарики хайаттан» — 206,1 тыһ. туоннаны.
«Якутуголь биһиги таас чоҕу хостуур кырдьаҕас тэрилтэбит. Ааспыт сыл хампааньыйаҕа оҥорон таһаарыы өттүнэн судургута суох буолла, ол эрээри улахан бэлэмнэнии үлэтэ ыытылынна. «Нерюнгринскай» фабриканы техникэ өттүнэн саҥардыы көдьүүстээх буолуоҕа, ити 2024 сыл түмүгүнэн тэрилтэ көрдөрүүлэрин тупсарыаҕа диэн эрэнэбит. Бу биһиги чоххо бырамыысалыннаспытын сайыннарыыга бастакы сорук буолар», — диэтэ Айсен Николаев.
Олунньу 17 күнэ. Ил Дархан байыаннай кэриспэндьиэннэр Руслан Гусаровы уонна Семен Пеговы кытта көрүстэ. Кинилэр «МУУС УСТАР 2024» ыччат фестивалын бочуоттаах ыалдьыттарынан буоллулар.
Көрсүһүүгэ анал байыаннай дьайыыны сырдатыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.
«Анал байыаннай дьайыыга суруналыыстар үлэлэрэ улахан суолталаах. Эһиги устубут кырдьыктаах документальнай хартыыналаргыт уопсастыбаҕа бүгүн олус наадалаахтар. Байыаннай кэриспэндьиэннэр бэйэлэрин фроннарыгар информационнай кимиилэргэ утарсаллар. Эһиги үлэҕит, биллэн турар, кыайыыны чугаһатар», – диэтэ Айсен Николаев.
Семен Пегов эрэгийиэн байыаннай — патриотическай хайысхалаах үлэтин уонна үөрэтэр- эрчийэр инфраструктуратын үрдүктүк сыаналаата.
«Саха сиригэр сотору снайпердары бэлэмниир бастыҥ полигон арыллыаҕа. Маннык киэҥ далааһыннаах бырайыак олоххо киирэриттэн олус үөрэбин, аан дойдуга бу курдук таһымнаах икки-үс эрэ полигон баар», – диэн эттэ Семен Пегов.
Олунньу 17 күнэ. Дьокуускай куоракка «МУУС УСТАР» ыччат фестивалын түмүк тэрээһинэ буолла. Манна өрөспүүбүлүкэттэн 2 тыһыынчаттан тахса ыччат дьон муһунна. Аҥаардас финальнай шоуга 700 киһи кытынна. Ити былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх.
Фестиваль кыттыылаахтарыгар РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эҕэрдэ телеграмматын ыытта.
«МУУС УСТАР» – биһиги өрөспүүбүлүкэбит визитнэй карточкатынан буолла. Биһиги бу фестивалы хара маҥнайгыттан ыччаттарбытын түмэр, Сахабыт сирин уонна улуу Арассыыйабыт сайдыытыгар саҥа компетенциялары биэрэр тэрээһин быһыытынан саҕалаабыппыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит кэскиллээх эрэгийиэн диэн бигэтик итэҕэйэбин. Биһиги дойдубутун салгыы аатырдыахпыт, уруйдуохпут! Ыччаттарбытынан киэн туттабыт! Саха сирэ эһиэхэ итэҕэйэр, эрэнэр! Бары бииргэ иннибит диэки!» – диэн эттэ Айсен Николаев.
Афанасий Ноев