Кулун тутар 4 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитин түмүктэринэн СӨ Бырабыыталыстыбатыгар уонна дьаһалтатын салалтатыгар кэккэ сорудахтары биэрдэ.
Ол курдук, кини дойдуга биэс саҥа национальнай бырайыак олоххо киирэрин бэлиэтээтэ: «Дьиэ кэргэн», «Арассыыйа ыччата», «Каадырдар», «Уһун уонна көхтөөх олох» уонна «Экэниэмикэ дааннайдара». Бырайыактар дьиэ кэргэн института бөҕөргүүрүгэр, оҕо төрөөһүнэ элбииригэр, эдэр көлүөнэҕэ көмөлөһүүгэ, үөрэх уонна үрдүк технологиялаах экэниэмикэ эйгэтин сайыннарыыга туһуланыахтара.
«Манна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун интэриэстэрэ учуоттаныахтаах. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудахтарын барытын түргэнник үлэҕэ киллэриэххэ наада», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Айсен Николаев Владимир Путин 2030 сылга Арассыыйаҕа дьадайыы таһымын 7 бырыһыантан намтатарга, оттон элбэх оҕолоох ыаллар ортолоругар икки төгүлтэн ордук кыччатан, 12 бырыһыаҥҥа диэри түһэрэр соругу туруорбутун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев СӨ Бырабыыталыстыбатыгар дьадайыыны утары охсуһуу эрэгийиэннээҕи бырагырааматын федеральнайы кытта сөп түбэһиннэрэргэ дьаһайда.
«Маны таһынан, Бырабыыталыстыба кэлэр кэмҥэ буолуохтаах үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин уларытыы чэрчитинэн итиннэ төһө ирдэнэрин быһаарыыга үлэлэһиэхтээх. Бэрэсидьиэн 2030 сылга үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин икки төгүл кэриҥэ улаатыннаран – 35 тыһыынча солкуобайга тиэрдэр соругу туруорар», – диэтэ Айсен Николаев.
Айсен Николаев 2025 сылтан дойдуга «Земскэй учуутал» уонна «Земскэй дуоктар» бырагыраамаларга атылыы «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама олоххо киирэрин бэлиэтээтэ. Тыа сиригэр эбэтэр кыра куоракка үлэлии тиийбит специалист биир мөлүйүөн солкуобай төлөбүрү ылыаҕа, оттон Уһук Илиҥҥэ, Донбааска уонна Новороссияҕа бу суумма икки төгүл үрдүк — икки мөлүйүөн солкуобай буолуоҕа.
Владимир Путин социальнай гаастааһын бырагырааматын кэҥэтии туһунан эттэ. Саха сирин, Бурятияны, Хабаровскай, Приморскай, Забайкальскай кыраайдары, Мурманскай уонна Амурскай уобаластары, Еврейскэй автономнай уокуругу, Карелияны уонна Красноярскай куораттарын экологическай уматыгынан хааччыйар былаан баар.
«Бэрэсидьиэн кэлэр сылларга сетевой гаас өтөрүнэн тиийбэт хотугу уонна Уһук Илин сирдэрин олохтоохторугар көмө оҥоруохпут диэтэ. Кинилэр судаарыстыба субсидиятын көмөтүнэн аныгы оборудование атыылаһыахтарын сөп буолуоҕа», – диэн эттэ Ил Дархан.
Кулун тутар 4 күнэ. Ил Дархан «АЛРОСА» хампааньыйа генеральнай дириэктэрэ — бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Павел Маринычевы кытта көрүстэ. Салайааччылар тэрилтэ сыл бастакы икки ыйыгар үлэтин түмүктэрин ырыттылар.
Павел Маринычев хампааньыйа сүрүн көрдөрүүлэрин толору ситиһэн иһэр диэн эттэ.
«Хампааньыйа аан дойдутааҕы алмаас ырыынагар баар быйылгы уустуктарга бэлэмнэннэ. Үп-харчы өттүнэн саппаас оҥоһуннубут», — диэн иһитиннэрдэ Павел Маринычев.
Көрсүһүүгэ минеральнай — сырьевой баазаны сайыннарыыга чугастааҕы былааннары дьүүллэстилэр. Быйыл АЛРОСА балачча улахан инвестиционнай быһаарыныылары ылыныаҕа. Хампааньыйа алмааһы сир анныттан хостуур ньымаҕа көһүөхтээх. Ити быһаарыныылары күн бүгүн ылыныахха наада. Ону таһынан сир баайдаах кыракый сирдэри баһылааһыҥҥа бэлэмниир сорук турар.
Айсен Николаев кэпсэтиигэ үгэс быһыытынан АЛРОСА социальнай бырайыактарыгар уонна хампааньыйа алмааһы хостуур сирдэригэр олохтоох дьаһалталары кытта бииргэ үлэлэһиитин боппуруостарыгар улахан болҕомтотун уурда. Павел Маринычев АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар мэлдьитин көмөлөөх хампааньыйа буоларын бэлиэтээн туран, бу хайысхаҕа тэрилтэ бэлиитикэтэ өссө күүһүрүөҕэ диэтэ.
Кулун тутар 6 күнэ. Ил Дархан дьахтар күнүн көрсө Саха сирин элбэх оҕолоох ийэлэригэр өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда.
«Бүгүн элбэх оҕолоох ийэлэр дьиэни — уоту көрөн-истэн олорооччулар эрэ буолбатахтар, кинилэр олох бары эйгэтигэр – идэлэринэн үлэлэригэр, уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй олоххо ситиһиилээхтик кытталлар. Биһиги кинилэринэн киэн туттабыт!» — диэн эттэ Айсен Николаев.
Ил Дархан Саха сирин дьахталларыгар, ийэлэригэр бу судургута суох кэмҥэ дойдуну өйүүллэрин иһин махталын биллэрдэ.
«Бэрэсидьиэн эттэ: «Элбэх оҕолоох ыал – уопсастыба олоҕун нуорматынан, философиятынан, судаарыстыбаннай стратегия сирдэтэр ыйынньыгынан буолуохтаах». Владимир Путин көҕүлээһининэн билигин «Дьиэ кэргэн» саҥа национальнай бырайыак үлэҕэ киирэн эрэр. Ыал олоҕун уйгутун тупсарыыга саҥа чэпчэтиилэр уонна өйөбүллэр киириэхтэрэ. Онон Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох буолуу дьиҥнээхтии бочуоттаныаҕа», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Кулун тутар 6 күнэ. Ил Дархан Алдаҥҥа үлэтинэн сырыытыгар Аллараа Кураанах бөһүөлэгэр Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа, майор Игорь Юргин аҕатыгар Василий Алексеевич Юргиҥҥа ыалдьыттаата.
Алдан оройуонун Аллараа Кураанах бөһүөлэгин олохтооҕо Игорь Юргин Саха сириттэн бэһис киһинэн Дьоруой үрдүк аатын сүктэ. РФ Бэрэсидьиэнин үрдүк судаарыстыбаннай наҕарааданы туттарар туһунан ыйааҕа 2024 сыл олунньу 15 күнүгэр таҕыста.
Айсен Николаев Василий Алексеевичка дьиҥнээх буойун уонна дойдутугар бэриниилээх уолу ииппитин иһин махталын биллэрдэ.
«Кылаабынайа, уолаттарбыт кыайыылаах төнүннүннэр. Уолгутугар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан барыларыттан улахан махталбытын тиэрдиҥ. 28 сааһыгар номнуо майор буола үүммүт, ол аата инникитин генерал буолуон сөп», – диэн эттэ Ил Дархан.
Дойду Дьоруойа Игорь Юргин оробуочай дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт: аҕата –таһаҕас таһар улахан массыына суоппара, ийэтэ – кыраан машиниһа. Оҕо сылдьан уол биирдиилээн киһи хапсыһар көрүҥнэринэн дьарыктаммыта, Аллараа Кураанахтааҕы гимназияҕа үөрэммитэ. Бу үөрэх кыһатын бүтэрэн баран, Благовещенскайга Уһук Илиннээҕи уопсай сэрии үрдүкү команднай училищетыгар үөрэммитэ.
Байыаннай училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, лейтенант Игорь Юргин разведвзвод хамандыырынан, снайпердар роталарын хамандыырынан сулууспалаабыта.
Майор Юргин анал байыаннай дьайыыга бастакы күнүттэн кыттар. Кини икки «Мужество» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Кулун тутар 6 күнэ. Алдан оройуонун Аллараа Кураанах бөһүөлэгэр ДОМ.РФ. корпоративнай куортамҥа бастакы бырайыага саҕаланна. Ол курдук, «Полюс Алдан» хампааньыйа үлэһиттэригэр 2 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх 35 кыбартыыраны куортамҥа биэриэхтэрэ.
Үлэһиттэргэ куортамныырга анаан тутуллубут дьиэ – 5 – биир хостоох, 20 – икки хостоох уонна 10 – үс хостоох кыбартыыралаах. Манна дьон олороругар ирдэнэр туох баар миэбэл, бытовой техникэ барыта баар.
Бырайыак ДОМ.РФ. уонна «Полюс» хампааньыйа ХХV Петербурдааҕы экономическай форумҥа илии баттаспыт сөбүлэһиилэригэр олоҕуран олоххо киирдэ.
Ил Дархан Айсен Николаев бу бииргэ үлэлэһиини үрдүктүк сыаналаата: «Бэртээхэй дьиэ тутуллан, туох баар наадалааҕынан барытынан хааччыллыбыт. Манна саамай сүрүнэ диэн хампааньыйа ити түмүгэр үрдүк кылаастаах специалистары үлэҕэ ыҥырар кыахтаныаҕа. Бу Алдан оройуонугар уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан наадалаах суол. Дойду Бэрэсидьиэнин быһаарыыларынан ДОМ.РФ. салаатынан корпоративнай куортам бырайыага кэҥээтэ. Бу эрэгийиэннэргэ наадалаах специалистары, ол иһигэр учууталлары, быраастары, эдэр учуонайдары ыҥыран аҕалан үлэлэтэр кыаҕы биэрэр», — диэтэ Ил Дархан.
Кулун тутар 7 күнэ. Ил Дархан Нерюнгри оройуонугар командировкаҕа сылдьан эдэр ыалларга дьиэ сертификаттарын туттарда. Судаарыстыбаннай көмөнөн туһанан олорор усулуобуйаларын 12 дьиэ кэргэн тупсарыаҕа.
«Бу бырагыраама Бэрэсидьиэммит Владимир Путин быһаарыытынан үлэлиир. Маннык үлэ кэлиҥҥи да сылларга салҕанан баран иһиэҕэ», — диэтэ Айсен Николаев.
Нерюнгри оройуонугар 35 диэри саастаах эдэр ыаллары хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматын чэрчитинэн федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох бүддьүөттэн 26 мөл. солкуобайтан тахса үп көрүлүннэ.
Эдэр ыалларга социальнай төлөбүр быһыытынан дьиэ сыанатын 30-35% бэриллэр. Бу харчыны дьиэни-уоту туттарга эбэтэр атыылаһарга туттуллар.
Саха сиригэр 2018 сылтан 2023 сылга диэри маннык көмөнөн 2 458 ыал туһанна. Чуолаан, ааспыт сылга 33 улууска олорор 370 эдэр ыалга барыта 467,8 мөл. солкуобайы биэрдилэр.
Кулун тутар 7 күнэ. Нерюнгри «Р» кыбартаалыгар саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөр дьоҥҥо икки саҥа дьиэни үлэҕэ киллэрэргэ бэлэмнэнэллэр. Ил Дархан оройуоҥҥа үлэтинэн сырыытыгар тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Тутууну икки бэдэрээччит ыыталлар. «Колмар» хампааньыйа таһынан манна «Сервис-Интегратор» үлэлии сылдьар. Тэрилтэ саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөр дьоҥҥо икки саҥа дьиэни тутан үлэҕэ киллэрэргэ бэлэмнэнэр.
Саҥа кыбартаалга барыта 94 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх дьиэ-уот тутуллара былааннанар. Тутууну икки түһүмэҕинэн ыытыахтара, бастакыга – 2026 сылга диэри 59 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх 13 дьиэни, иккискэ – 36 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх 10 дьиэни киллэриэхтэрэ.
Кулун тутар 7 күнэ. Ил Дархан Нерюнгри оройуонун волонтер -дьахталларын кытары көрүстэ. Ил Дархан кинилэри аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна анал байыаннай дьайыы зуонатыгар сулууспалыыр байыастарга көмөлөрүн иһин махтанна.
«Улахан махталбын биллэрэбин. Эһиги армиябытыгар дьиҥ чахчы көмөлөһөр, кыайыыны чугаһатар дьоҥҥут. Дьиэттэн кэлэр ханнык баҕарар көмөнү байыастар олус күндүтүк сыаналыыллар. Нерюнгри оройуонун волонтердара саллааттарбытыгар элбэх көмөнү оҥороллор», — диэтэ Айсен Николаев.
Көрсүһүүгэ Ил Дархан волонтердары кытта теплоизоляционнай көстүүмнэри атыылаһыы уонна маскировочнай ситимнэри оҥоруу боппуруостарын ырытыста.
Кулун тутар 10 күнэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан анал байыаннай дьайыыга хорсун быһыытын иһин Алдан оройуонун олохтооҕо Сергей Каргин иккис истиэпэннээх «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаланна.
Ил Дархан Сергей Каргиҥҥа наҕарааданы Алдаҥҥа бара сылдьан туттарда.
«Алдантан элбэх уол анал байыаннай дьайыыга дьоруойдуу сулууспалыы сылдьар. Бүгүн Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай наҕараадатын Сергей Каргиҥҥа туттарабыт. Итиэннэ Алдан оройуонун бүттүүнүн Аллараа Кураанахтан төрүттээх Игорь Юргин – Арассыыйа Дьоруойа буолбутунан эҕэрдэлиибин», — диэн эттэ Айсен Николаев.
«Боотур» этэрээккэ сулууспалаабытым. Байыаннай иэспитин толору толорон кэлбиппит. Бииргэ сэриилэспит уолаттарбар барыларыгар улахан эҕэрдэ», — диэтэ Сергей Каргин.
Афанасий Ноев.