Айылҕаттан талааннаах хирург Иван Викторович Константинов

Тааттаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, хирург Иван Викторович КОНСТАНТИНОВ аатын билбэт, кини туһунан истибэтэх киһи суоҕа буолуо. Кинини дьон үөһээттэн олоҕу быыһыырга эмтииргэ сырдык үлэҕэ ананан кэлбит үрүҥ халааттаах аанньал курдук ылынара оруннаах. Иван Викторович Константинов алтынньы 30 күнүгэр 70 сааһын бэлиэтиир. Кини 1954 с. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Павловскай сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

Таатта улууһугар хирурунан 26 сыл устата олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини талааннаах хирург уонна ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан улахан ытыктабылынан туһанара.
Иван Викторович СГУ МЛФ бүтэрэн 1977-1980 сс. Ытык Күөлгэ хирург бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. 1980 с. Хабаровскайга хирургияҕа специализацияны, онтон 1980-1982 сс. Дьокуускайга травмотологияҕа ординатураны ааһан хирург уонна травматолог идэлэрин баһылаабыта. 1982-1986 сс. Хаандыга балыыһатыгар үлэлээбитэ, онтон 1986-2003 сс. Таатта киин балыыһатын хирургическай салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Отделение куойката 1980 с. – 16 эбит буоллаҕына, 1997 с. – 19 диэри кэҥээбитэ. Эппиэттээх үлэтин таһынан кини уһун кэмҥэ профсоюз комитетын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Эмчиттэргэ эбии төлөбүрдэри, чэпчэтиилэри көрдөрүүгэ элбэҕи ситиспитэ.
2003 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин УФСИН 7-с №-дээх холуонньатыгар хирургическай отделение начальнигынан, ону сэргэ «Доруобуйа харыстабылыгар уонна социальнай сайдыыга федеральнай Агенство Дальнай Восток уокуругунааҕы медкиинэ” ФГУ Дьокуускайдааҕы балыыһатыгар хирурунан үлэлиир. Иван Викторович илии, атах тостуутун эмтээһиҥҥэ Илизаров ньыматын туһаныыны олоххо киллэрбитэ, төбө, сүрэх эпэрээссийэлэрин оҥорору баһылаабыта.
СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, СӨ Президенин, СӨ профсоюзтарын федерациятын бэрэссэдээтэлин Махтал суруктарынан, РФ Доруобуйа харыстабылыгар министерствотын, СӨ Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин профсоюһун рескомун президиумун Бочуотунай грамоталарынан, “Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 370 сыла” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. («Таатта эмтиир эйгэтин сэһэнэ» кинигэттэн, — Дьокуускай, 2008.- С.58-59.)

Иван Викторовичтыын бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, Таатта улууһун хирургическай отделение хирург бырааһа Татьяна Петровна Посельская бэйэтин ахтыытыгар:

Хирургия курдук уустук салаатын баһылыырбар тирэх буолбут киһибинэн Иван Викторович Константинов буолар. Мин 2000 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицинскэй институту бүтэрэн, Тааттатааҕы киин балыыһаҕа үлэлии кэлбитим. Оччолорго соҕотох хирурунан Иван Викторович үлэлиир этэ. Кэлбит күммүттэн бэйэтин кытары тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьан тугу сатыырын иҥэрбитэ, дьону кытары алтыһарга тиийэ үөрэтэн-такайан билиҥҥэ диэри бу хайысхаҕа үлэлии сылдьабын. Мээнэҕэ эппэттэр эбит, бастакы хардыыгын ким арыйар да оннук бараҕын диэн.
Иван Викторовиһы кытта үлэлиир кэммэр дугда-хахха киһилээхпин диэн бигэ эрэллээх буоларым. Кини ыарыһахтарыгар олус кыһамньылаах, уопсай тылы булар дьоҕурдаах этэ. Сэбиэдиссэй быһыытынан ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх, сөптөөх быһаарыныылары ылынар, үлэһиттэрин өйүүр, сыралаах үлэтигэр бэриниилээх киһинэн ааҕабын. Оччолорго профком бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ, эмчиттэр бырааптарын көмүскэһэрэ, элбэҕи онно ситиспитэ. Төһө да үс эрэ сыл үлэлээтэрбит, Иван Викторовичтан элбэххэ үөрэммитим, онон киниэхэ махатылым муҥура суох.
Хас биирдии кэллэктиип киэн туттар, холобур оҥостор киһилээх. Оннук киһинэн биһиги Тааттабыт балыыһатыгар Иван Викторович буолар. Кини аатын хирургическай отделениебыт сүгэр. Мин маннык уопуттаах, сатабыллаах бырааһы кытары алтыһан үлэлээбиппинэн киэн туттабын. Баҕарыам этэ Иван Викторовичка үбүлүөйдээх күнүгэр доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр дьолу, өссө да эрчимнээхтик үлэлии-хамсыы сылдьарыгар.

Хирурдар үлэлэрин түмүгэ, ситиһиитэ сиэстэрэлэртэн, кинилэр хирург туттар матырыйаалларын сатабыллаахтык тутуһууларыттан улахан тутулуктаах. Ол курдук Иван Викторовичтыын өр сылларга бииргэ үлэлээбит СӨ Доруобуйатын харыстабылын бэтэрээнэ Раиса Мироновна Барашкова:

Норуот кинини сөбүлээн «Виктэрэбис» диэн ааттыыр этэ. Кини үлэтин 1997 сыл Таатта оройуонун киин балыыһатыгар саҕалаабыта. 1998 с. мин үөрэҕим кэнниттэн Таатта киин балыыһатыгар дьуһуурунай сиэстэрэнэн үлэбин саҕалаабытым. Оччолорго биир дьуһуурунай сиэстэрэ биэс хирургия, терапия, лор, глазной, гинекология отделениелары көрөр этэ. Билигин санаатахха олус ыарахан үлэ эбит. Реанимация диэн суоҕа, эппэрээссийэ кэннэ ыарыһахтары бэйэбит наркозтан таһаарарбыт. Онтон улууска таас балыыһа тутуллан отделениеларынан арахсыбыппыт. Хирургия отделениетыгар Иван Викторович сэбиэдиссэйдээх элбэх түбүктээх, күнүстэри-түүннэри күүстээх үлэ буолара. Иван Викторович үрдүк билиилээх, үлэтигэр дууһатынан бэриниилээх бырааһынан сыаналыыбын. 20-н тахса сылы мэлдьи суос-соҕотох үлэлээн кэлбитэ. Элбэх дьону өлөр өлүүттэн быыһаабыта, дьон ытыктабылын ылбыта.
Үлэтин быыһыгар ыраах нэһилиэктэргэ, суһал эппэрээссийэлэргэ үгүстүк айанныырбыт, сорох түгэннэргэ түүнүн күнүс курдук элбэх үлэ буолара. Ону ол диэбэккэ Виктэрэбис куруук үлэтигэр, ыарыһахтарын көрө-истэ, эмтии сылдьара. «Хаһан сынньанаахтыыра буолла» дии саныырым.
Биир түбэлтэни өйдөөн кэлэбин, илии-атах тостуутугар олус наадалаах Илизаров аппараат дьоммутугар тиийбэт, ону Виктэрэбис слесарьдарга тиийэн ыйан-кэрдэн оҥотторон ыарыһахтары абырыыра. Ону ким эмит сыаналыыра эбитэ дуу… Бу мантан кини үлэтигэр бэриниилээҕэ иннэ арылыччы көстөр. Итинник түбэлтэ элбэх, мындыр өйүнэн бытархай-оторхой оҥоһуута, эппэрээссийэ кэннэ туттуллар матырыйаала элбэх, ол барыта ыарыһах туһугар этэ. Киһи да быһыытынан көнө-судургу майгылааҕа, эппит тылыгар турара. Үлэлиир кэллэктиибигэр болҕомтолоох, үлэһиттэрин туһугар куруук бэриниилээх этэ. 1990 сылларга хамнас кэлбэт, туох барыта талонунан бэриллэр кэмигэр туруорсан, бородуукта ылбыппытын өйдүүбүн. Хирургия кэллэктиибэ сүрдээх эйэлээх, туох баар балыыһа тэрээһинигэр кыттар, активнай позициялаах буоларбыт. Улуус биир үбүлүөйдээх ыһыаҕар Иван Викторовичка “Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэриллибитэ манна баара, мустубут дьон бары атахтарыгар туран, өр ытыстарын таһыммыттара, көрөргө олус да долгутуулаах этэ. Дьон хайдах курдук Иван Викторовиһы убаастыылларын бэлиэтэ бу буолбута,

— диэн ахтар.

Иван Викторовичка түбүктээх үлэтин түмүгэ — дьон махтала, ытыктабыла буолар. Кини үлэлээбит үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта, дьон истиҥ санаата буолар. 76 саастаах Баайаҕа олохтооҕо Елена Игнатьевна Мандарова:

Биир күн илиим ыалдьан уһугуннум, онтукам биир тарбахпын көрөр ыарыыта буулаабыт. Илиим сараччы иһэн, Ытык Күөл киин балыыһатыгар хирургияҕа көрдөрдүм. Иван Викторович сонно балыыһаҕа уган эпэрээссийэ оҥордо. Тыҥырахпыттан саҕалаан ыарыым уҥуохпар тиийбитэ, хас эмит эпэрээссийэни оҥорон, ол тухары эмтээн ыарыым олох ааспат этэ. Онон тарбахпын бүтүннүү сиэтэн тиһэҕэр быспыта. Бэрт уһуннук эмтээн, ыарыыбын үмүрүппүтэ. Дьаабы ыарыыга ылларан илиитэ суох хаала сыһан, Иван Викторович курдук билиилээх хирурга эмтэммиппиттэн үөрэбин уонна муҥура суох махтанабын. Бэйэм биэс кылаас үөрэхтээх киһи хантан нууччалыы билиэмий, ону кэлэн дэлби уоскутара, барыта үчүгэй буолуо диирэ. Биир сылы быһа ыалдьан илиибин хороччу тута сылдьыбытым, онно өссө махталым саҥаспар Татьяна Игнатьевна Андросоваҕа, кини көрөн-бүөбэйдээн, бэйэтигэр олордон, таҥаспын сууйан ыарыым ааспыта,

— диэн кэпсээтэ.

Биир сайын улууска от төрүт үүммэтэҕэ. Биһиги Тыараһаҕа олорбуппут, Чурапчы быыһыгар «Хара үөт» диэн алааска оттуу бардыбыт. Оттоон ортолоотубут, аспыт бүтэн дьоммут өйүө аҕала дэриэбинэҕэ киирдилэр. Арай эмискэ мин иһим ыарыйда, дэлби быһыта тарта, төкүнүйэ сылдьан ыарытыйдым. Арааһа муҥурдааҕым быһылаах диэн сэрэйдим. Ол сыттахпына ыаллыы алааска лесхоз тэрилтэ үлэһиттэрэ оттуу сылдьалларыгар кылааһынньыгым матасыыкылынан өйүө аҕалбыт. Кинини кытта бөһүөлэккэ киирдим, суһал массыына суох буолан Чөркөөхтөн массыына ыытаннар сарсыарда 5 чааска Ытык Күөл хирургическай отделениетын буллум. Кэлээппин кытта Иван Викторович көрөөт, анаалыс ылан, диагнозпын сөпкө туруоран, сонно эпэрээссийэ оҥорбута. Муҥурдааҕым тэстэн эпэрээссийэм уустук этэ, этэҥҥэ оһон балыыһаттан түргэнник тахсыбытым.
Иван Викторович биһиги дьиэ кэргэҥҥэ абыраабыта үтүмэн, быраатым дьиэ тутта сылдьан тарбаҕын станокка эчэппитэ. Тарбаҕын бааһын тигэ сатаан, арааһынайдык эмтии сатаабыттара, аны илиитин барытын сутуйаары гынна диэннэр тарбаҕын быспыта. Кыра кыыспар кыһыл мэҥнээх этэ, ону бэрткэ кэмигэр ыраастаан, билигин этэҥҥэ. Бэрт дьээбэлээх, холку баҕайы «ничего», «идем на поправку», «все хорошо» диирин наһаа өйдүүбүн. Онон Иван Викторовичка биһиги дьиэ кэргэн аатыттан махталбыт муҥура суох, үбүлүөйдээх күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит,

диэн санаатын үллэһиннэ Ытык Күөл олохтооҕо Маргарита Арисовна Попова.

Таатта улууһугар Ытык Күөл нэһилиэгэр Иван Викторович Константинов, дьиэ кэргэнин кытта олохсуйан олорор кэмигэр, киин балыыһаҕа хирургия отделениетыгар кылаабынай хирург быһыытынан үлэлээбитэ. Ханнык баҕарар үлэҕэ табыллар-табыллыбат түгэннэр бааллар. Айылҕаттан ананан, талан ылбыт идэтин толору баһылаан, бэриниилээхтик түүнү-күнү аахсыбакка уустук эпэрээссийэлэри оҥороро. Эдэр сылдьан тымныйан, кутургуйаҕа ыстаран, ыксаан балыыһаҕа киирэммин, Константинов хируру аан бастакыбын көрбүтүм. Үөрэн-көтөн, күлэ-үөрэ кэпсэппитигэр хайдах эрэ чэпчииргэ дылы гыммытым. Ыарыһахтары кытта биир тылы булан, санааларын өрө көтөҕөн, нууччалыы-сахалыы истиҥник кэпсэтэрэ. Сымнаҕас илиилээх буолан, кини эпэрээссийэлээбит дьоно түргэнник оһон, үтүөрэн тахсаллара. Константинов баар сураҕын иһиттилэр даҕаны үтүөрэр санаа кыымнара күөдьүйэ түһэн, эрэх-турах сананаллара. Үрүҥ күн хараарар кэмигэр, харахтан сыыһы ылбыт кэриэтэ сырдаан, ойдубут-быстыбыт быыһанан, үтүмэн киһи муҥура суох махтанар буолуохтаах,

—  ахтан ааста Оксана Андросова.


Иван Викторович кэргэнэ Валентина Давыдовна Кызыллааҕы медучилищены 1977 с. бүтэрэн олоҕун аргыһын кытта тэҥҥэ көһө сылдьан Дьокуускайга, Хаандыгаҕа, онтон өр сылларга Таатта балыыһатыгар операционнай сиэстэрэнэн, отделение старшай сиэстэрэтинэн үлэлээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Константиновтар дьиэ-кэргэн эмчиттэр халыҥ династиялара буоллулар. Константиновтар 2003 с. Дьокуускай куоракка көспүттэрэ, улахан уол Виктор Иванович Дьокуускайдааҕы мединституту бүтэрэн, РБ-2 хирург бырааһынан үлэлиир, кыра уол Анатолий Иванович медик үөрэхтээх. Бу курдук талааннаах эмчиттэр династиялара хаҥаан, сайдан иһэр.
Уһуннук бииргэ үлэлээбит улуустааҕы киин балыыһа кэллэктиибэ кини талааныгар, сатабылыгар, киһи быһыытынан киэҥ-холку, эйэҕэс майгытыгар сүгүрүйэн, хирургия отделениетыгар Иван Викторович Константинов аата иҥэриллэригэр туруорсубуттара өйөммүтэ. Ону сэргэ улуус кылаабынай бырааһа С.В.Кононова «Эмчит буолбут мин дьылҕам» үрүҥ көмүс бэлиэни туттарбыта.

Балаһаны бэлэмнээтэ Елена СЛЕПЦОВА.

Читайте дальше