Айыы майгылаах күн санаалаах Айыына

Дьол уйата…

Күн уота сайыҥҥы сарсыарда, саҥа үүммүт күнү уруйдуу, кыракый дэриэбинэ иһин дьол кыымынан ыспахтыыр. Айталы кыыс, эрдэһит бэрдэ буолан, хаачыгырыыр тимир оронуттан ойон тураат, ийэтин сүтэрэн, таһырдьа сүүрэн тахсар. От-мас көҕөрөн, айылҕа ситэн турар кэмэ. Аанчык ынаҕын ыан бүтэн, оҕуруотун бэрийэр.  Кини хатыҥ мас курдук нап-нарыҥ бэйэлээх, кыталык кэриэтэ уп-уһун моойдоох, үрүмэ курдук муус маҥан бэйэтэ хара сарсыардаттан түбүгэ бүппэт. Айталы ийэтин көрөөт сүүрэн тиийэн, оҕолуу ыраас тапталын биллэрэн, атаҕыттан ыга кууһар. Аанчык кыыһын көтөҕөн, кыракый түннүктээх, эргэ дьиэлэригэр киирэн, быыкаайык нэлэгэр, күөх миискэҕэ күөрчэх ытыйан, атаҕа түөрэҥнии турар эргэ остуол ортотугар ууран, килиэби кытары моотуруччу сиэн бараллар. Айталы ортоку кыыс, этиргэн, толору ый курдук төп-төгүрүк, арай ийэтин батан арыый сырдык курдук. Абытай сытыы, уоллуҥу соҕус майгылаах, холорук курдук тып-тыбыгырас, дьэ үс саастаах диэтэххэ иннин-кэннин быһаарсар, ол иһин эбэтэ кэллэ да, маҕаһыыҥҥа барсар идэлээх. Арай ол кэпсэтэ олордохторуна туораах курдук кыып-кырачаан сааһын ааспыт кыыстара ытаан маккыраата. Ийэ киһи ойон туран оҕотун уоскута сүүрэр. Барахсан тоҕо эрэ аймана ытыыра кэлин элбээбит курдуга, арааһа ийэтин чараас дууһатын курдат көрөр буолан, сэрэйэн ытыыр буоллаҕа. Улахан кыыс Сайаана суорҕаҥҥа сууланан утуйа сытар. Аанчык оҕолорун аһылыктарын остуолга бэлэмнээн, бэрийэн, барыларын сүүстэриттэн сыллаан ылар уонна чугастыы хонтуораҕа үлэлии тахсар. Улахан кыыс сааһынан кыра да буоллар, ыал улахан оҕото буолан дьоһуннаах, ийэтэ тахсан барда да, эппиэтинэстээх киһи буолан балтыларын көрөр-истэр. Сайаана ийэтэ бэлэмнээбит аһылыгын сиэн мотуйар, онтон тимир баанкатын хостоон ылан, түгэҕэр хаалбыт бороһуок үүтү баһан, балтытыгар үүт оҥорон биэрэр, сотору эмиэ үүтүн ыла тахсыа, хата босхо ыйдааҕы оҕо аһылыгын түҥэтэр буолан абырыыллар. Кыра дьоҕус тэлэбииһэргэ арай индийскэй киинэ көстө турар, ону кытары кыргыттар ыллаһа-ыллаһа били остуолга турбут килиэп сыыһын ууга уган ыл-ыла саахардаан сиэн дьоллоноллор. Арай аттынааҕы дьиэҕэ ыаллыы олорор Таанньа, ойон киирэн сотору-сотору оҕолору маныыр, арааһа Аанчык барахсан оҕолорбун көрө сылдьаар диэн көрдөстөҕө. Таанньа бэйэтэ икки уоллаах, уолаттара оскуолаҕа үөрэнэллэр, ол да буоллар кыргыттары кытары аһары бэрткэ оонньууллар. Таанньаны кыргыттар улахан эдьий диэн ааттыыллар. Кини кыра уҥуохтаах, бэйэтэ оҕолуу санаалаах, куруук үөрэ-көтө сылдьар. Таанньа кыыс оҕолору кытары биир уопсай тыл булан, арааһы барытын кэпсэтэн күннэрэ да бүтүөх курдук. Бу курдук биир күн биллибэккэ ааһар, киэһээтин ийэлэрэ үлэтиттэн сылайан кэлэр, эрээри оҕолоругар ону биллэриэ баара дуо?  минньигэс аһылык астыы охсон оҕолорун үөрдэр, ол кэннэ кыргыттарын кытары кумааҕы куукула кырыйсан, тэҥҥэ оонньоһор, оҕолор үөрэн букунаһаллар. Арай Аҕалара дьиэтигэр хоммотоҕо бэһис күнэ. Аанчык иһигэр долгуйдар да хайыай, хата сайын буолан тоҥон быстыа диэн куттаммат. Таһырдьа уу чуумпу, ийэ киһи оҕолорун утутан, ынахтарын бэрийэн, дьиэ-уот сууйан,  дьэ утуйаары оронун оҥостон истэҕинэ аан тыаһыыр.  Дьэ доҕоор, ыаллар аҕалара түүн оройугар улахан итирик кэлэн, дьиэ иһин үнтү аймыыр, иһит-хомуос ыһыллар, алдьатары алдьатан, ыарахан тостор үлэттэн кэллим диэн ырдьыгынаан, үөхсэн барар. Оҕолор барахсаттар үөрэммит буолан ымыр да гынан көрбөккө, куттанан саҥата суох сытаахтыыллар. Аанчык оҕолорун хоһун биир кэм таһыттан хатыыр идэлээх, аҕыйах сыллааҕыта биир кыыһын бу баҕайы томороон тымныыга тарһырдьа соһон таһаарбыттаах. Ийэлэрэ барахсан сап-салыбырас буолан, киһитин уоскута сатаан бэйэтэ охсуллар, сарсын эмиэ туга барыта үнтү аһыйан, ыарытыйан турар буолла. Сарсыарда хараҕын уутун соттон, аанньа утуйбакка хотонугар тахсан, санаатын бэйэтигэр тутан, бэйэтин бэйэтэ уоскута, тыын ыла олордо. Хаһан эрэ оҕо сылдьан эдэркээн кыыс, бу курдук баттанан олоруом диэн билиэ баара дуо? Биир кэм бырастыы гыммытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалар.

Бу кэннэ аҕыйах күн дьол кыыма күөдьүйэр, — үчүгэйиин, арай өрүү бу курдук олордубут? Кыргыттар тохтоло суох оонньууллар, дьиэ иһэ кип-киэҥ нэлэмэн хонуу кэриэтэ буолан сырдыы түһэр, тыынарга да холку курдук. — Биһиги суолбутугар хайаатар да күн тыгыа — диэн Аанчык бигэ эрэллээх этэ. Ол эрэн бу хартыына өр турбата, дьыл-хонук ааһан кыһыҥҥы тымныы күннэр саҕаланнылар. Арай Аанчык чап-чараас сонун бүрүммүтүнэн, атах сыгынньах таһырдьа куотан таҕыста. Дьиэ иһигэр оҕолор ытаһаллара иһиллэр, таһырдьа тыбыс-тымныы, туманнаах, ыас хараҥа түүн.  Барахсан өр тураахтыа дуо, оҕолорун санаан төттөрү киирэр. Дьиэтигэр киирэн оҕолорун хосторугар хатанан сытар, улахан кыыс барытын өйдүүр, утуйбакка ийэтин кэтэһэн сытаахтыыр.  – Ийээ мин эн тускар наһаа долгуйабын, тоҕо эн кэпсиир остуоруйан курдук, дьол уйатын булбаппытый? –  Оо, оччолооҕу истэн Аанчык куолайыгар таас турда, саҥата суох харах эрэ уута түһэр. Бу курдук олордохпуна оҕолорбун харыстыыр кыаҕым суох диэн, күүс ылынан хара сарсыардаттан малын хомунар. Аанчык бу эрэйин туһунан кыбыстан кимиэхэ да кэпсээбэт, биир кэм этэҥҥэ олоробут диэн дьонун аймаабат буолара. Бу киэһээ хайаатар да саҥалыы атын ыллык устун хаамыахтаах этэ, суох… кырачаан кыргыттар орон анныгар саһан, улахан тыастан куттанан кулгаахтарын ыга саптан, хамсаабакка олороллор. Аанчык барахсан утарылаһа сатаан, хараҥа тыын илиитигэр киирэн, олоҕун сырдык тыына быһыннаҕа. Таанньыска барахсан Аанчыгын хаһыытын истэн ааны тоҥсуйа сатаабыта да, ыга хатаан арыйбатах буоллаҕа, олохтоох участковай түннүгү алдьатан киириэн икки ардыгар бараахтаата… оо кыһыытын, абатын… Сайаана барахсан ийэтин көмүскэһэн, бу ыарахан түгэҥҥэ утары киирсэн букатын да иэдэйдэ, ол ийэтэ кэпсээбит дьол уйатын остуоруйата туман буолан симэлийдэҕэ. Кырачаан кыргыттар муммут кус оҕолорун курдук айманалларын көрөн, Таанньыска тохтоло суох хараҕын уута сүүрэр. Эмискэ дьиэ иһэ толору киһи буола түстэ, оҕолор саҥата суох олороллор, ийэбит кэлиэҕэ диэбиттии эрэл кыымын туталлар. Айталыны биир мап-мааны эдэрчи дьахтар көтөҕөн ылан илдьэ барар. Сайаананы кытары кырачаан кыыһы аймах эдьиийдэрэ ылар.

Айталы  наһаа өр айаннаабыт курдуга, арай хаһан да массыынаҕа олорботох кыыс туох да саҥа таһаарбат, ийэтин, эдьиийин, балтын сүтэрэн дэлби куттанан, умса көрөн олордо. Дьэ абытай улахан, киэҥ дьиэҕэ кэлэллэр. Хаһаайка абытай ыраас, тоҥ соҕус майгылааҕа биллэр этэ. Айталы кыыс туох да атыны ыйыталаспат, буолуохтааҕын курдук тугу эппиттэрин толорон, быыһыгар оҕо-оҕо курдук оонньоон да ылара, эрээри ийэтин сүтэрбитин өйдөөбөккө, сотору — ийэм кэлэн илдьэ барыа —  диэн күн ахсын күүтэрэ. Кэлин Айталы аатын уларытан Дайаана диэн ааттаабыттара, оодьэ барахсан өр да үөрэммитэ. Били сытыы-хотуу сүүрбүт-көппүт кыыспыт, олох да саҥата-иҥэтэ суох буолан испитэ.

Айыына баара суоҕа сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн кыыс, олоҕу саҥа олорон эрэр сытыары сымнаҕас майгылаах. Кини бэйэтин баҕатыттан Сайаананы уонна Маайыһы бэйэтигэр ылан күн –ахсын оҕолорго туох эрэ саҥаны арыйан, кинилэр тустарыгар олус кыһаллара. Дьиэлэрэ боростуой да буоллар тып-тап курдук, барыта орун оннугар турар. Аны бу аҕыйах күн иһигэр лус элбэх оонньуур бэлэмнээбит, биир ыскаап толору, ону тэҥэ араас кырасыабай таҥастары ылан кыргыттар хосторугар ыыйаабыт. Аҕыйах кэм иһигэр кыргыттар олус чугасыһаллар, бу эдэркээн кыыс, оҕолор аймаммыт уйаҥ дууһаларын уоскутан, бэйэтин эйгэтигэр киллэрэр. Айыы кыыһа —  Айыына аатыгар да баар, бэйэтэ да эчи кэрэтэ, нарына-намчыта, күн курдук сыдьаайан оҕолор олохторун бүтүннүү уларытар. Бастаан Сайаана барахсан дэлби баттатар этэ, аанньа утуйбакка эрэйи көрөр, бу түгэҥҥэ Айыына кэрэ куолаһынан ыллаан, сылаас түөһүгэр ууран, уоскутан, ыга кууһан утутара. Кырачаан Маайыска, Айыына сүрэҕин минньигэс бэйэтэ  букатын да уулларбыта. Бу курдук Сайаана, дьол уйатыгар угуттанан – ийээ диэн ыҥырбытын, бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалар.

Дьыл-хонук ааһан,  кыргыттар  номнуо оскуола үөрэнээччилэрэ буоллулар. Айталы кэлин, дэлби эрэйдэнэн, дьонугар сыстыбакка биир үксүн балыыһа оҕото буолар. Биир кэм куртаҕа ыалдьан сору көрөр. Эрээри кини балыыһаҕа киирэн дууһалыын уоскуйан, сынньанан тахсара. Дьиэтигэр биир кэм сыыһа хамсанарыттан мөҕүллэн, таһыллан дьиэ муннугун доҕор оҥостор. Арай биир үтүө күн оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан эдьиийин көрөн  дэлби айманар, барахсаттар ыга куустуһан өр саҥата суох тураахтыыллар. Айталы эдьиийиттэн көрдөһөр,  — эдьиий миигин ылыан дуо бэйэҕэр? мин онно олоруохпун баҕарбаппын, эһигини кытары бииргэ буолуохпун баҕарабын – диэн,  эдьиийин кырачаан сүрэҕин аймыыр. Кыргыттар уруок кэннэ эмиэ көрсөллөр, эдьиийэ кытаанахтык балтыгар этэр – Айталы, эн бүгүн миигин кытары барсаҕын! – диир. Айталы хараҕа уоттанан, дьоллоно түһэр. Дьэ иккиэн үөрэн-көтөн дьиэлэригэр бараллар. Айыына оҕолорун көрөн дэлби соһуйар, ол да буоллар кыргыттар уоттаах харахтарын көрөн тугу саҥарыай, остуол тарда охсон оҕолорун аһатар, онтон аттынааҕы ыалга тахсан түлүпүөнүнэн эрийэн Айталы баарын биллэрэр, оодьэ дьоммут сөпсөһүөх оннугар, хата бэйэтин саҥараллар, быдьар тылынан үөхсэллэр. Айыына баар суох хаан балтытын тэйитэ сатыылларыттан эрэйи көрөн, кэлин Айталыны бэйэтигэр ылаары докумуон эккирэтиһэр, эрээри туох да уларыйыы тахсыбат. Оо дьэ,  Айталы бу кэннэ  дьиэтиттэн төһө элбэхтэ күрээн, дьонугар тардыһан кэлэ турбута буолуой? ол аайы дьонуттан курунан таһыллар, онтон хайаатар да ип-итии баанньыкка таһааран этин дьукку аалан сууйаллар, кэлин букатын да баттаҕын уоллуу кэриэтэ кып-кылгас гына кырыйбыттар этэ. Бу курдук сылдьан кыыс үөрэҕэр олох мөлтөх үөрэнээччи буолар, аны кимниин да соччо доҕордоспот, барахсан төһө да мааны ыалга олордор, таҥаһа саба олох эргэ буолан оҕолор чугаһаппаттар буоллаҕа. Аны дэлби бааһыран эрэйи көрөн барар.

Кэм кэрдиис ааһан, кэлин Айталы дьоно дэлби этиһэн, айдаарсан арахсар аакка тиийэллэр, ол иһин кыыһы бэйэтин дьонугар төттөрү биэрээри ыйыталаһаллар, хата оруобуна эдьиийэ сураһа сылдьыбыт буолан, кыыһы биэс тыла суох Айыынаҕа биэрэллэр. Бу дьолуун, кыргыттар үһүөн бииргэ буолан, кинилэр саҕа дьоллоох дьон суох буолар. Айталы кэлин арыллан, үөрэҕэр биллэ тупсан барар, били ыарыыта букатын да симэлийэр, аны куруһуоктарга сылдьан бары өттүнэн сайдан, үҥкүүһүт бэрдэ буолар. Сайаана бастыҥ уруһуйдьут аатын сүгэр. Кырачаан Маайыска улаатан туһа киһитэ буолар. Ити курдук эдэркээн Айыы кыыһа Айыына, муммут оҕолор куттарын уоскутан, Ийэ тапталы иҥэрэн, күн курдук сыдьаайан, дьол уйатын күөдьүттэҕэ.