Таатта улууһугар Алдан нэһилиэгэр Н.Д.Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатыгар «Спортивные Якутяне-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаҕа оҕолорго биирдиилээн уонна хамаанданан Хотугу многоборьеҕа бастыыр иһин күрэхтэһии аһыллыыта олунньу 29 күнүгэр ыытылынна.
Барыта 21 хамаанда, 169 спортсмен, 27 тренер парадтаан киирэн, кэлбит ыалдьыттар алгыс тылларын иһиттилэр. Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччыта Святослав Васильевич Сунхалыров: «Эһиги, күрэхтэһээччилэр, улууспут биир бастыҥ оскуолатыгар күрэхтэһэ кэллигит, онон спорду өрө тутан, улахан суолталаах дьыаланы оҥороҕут, бэйэҕит кыайыыгытынан ситиһиилэнэҕит. Сыл ахсын Н.Д.Неустроев аатынан оскуола күрэхтэһиини ситиһиилээхтик тэрийэр, салайар. Оскуола коллективыгар, олохтоох дьаһалтаҕа улуус аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.» Алдан нэһилиэгин баһылыга Постников Е.Н., СР Хотугу многоборье федерациятын толорооччу дириэктэрэ Колодезников С.М., Манчаары аатынан спорт төрүт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин сүрүннүүр специалиһа Сергеев Д.И., Таатта улууһун физическэй култуураҕа уонна успуорка комитетын салайааччыта Сабарайкин Нь.М. эҕэрдэ тылларын эттилэр, кыайыыны-хотууну баҕардылар. Тэрээһин арыллыытын «Cитим» үҥкүү бөлөҕө, «Кэрэли» ырыа ансаамбыла киэргэттэ.
Хотугу многоборьеҕа барыта 21 хамаанда, 27 тренер, 169 спортсмен күрэхтэһэр.
№ | хамаанда | тренер |
1 | Үөһээ Бүлүү | Григорьева Раиса Васильевна |
2 | Анаабыр | Кылтасова Сааскылаана Ивановна |
3 | Горнай | Ефимов Василий Васильевич, Горохов Иван Иванович |
4 | Өймөкөөн | Винокурова Климентина Евгеньевна |
5 | Аллайыаха | Садовников Олег Ильич |
6 | Булун | Ачикасова Майя Геннадьевна |
7 | Дьааҥы | Эверстов Дмитрий Емельянович,
Слепцова Ирина Христофоровна |
8 | Эдьигээн | Шадрин Алексей Алексеевич |
9 | Кэбээйи | Кейметинов Никифор Афанасьевич
Шадрина Надежда Дмитриевна |
10 | Муома | Тарабукина Елизавета Ивановна
ТарковМихаил Афанасьевич |
11 | Нерюнгри | Попов Анатолий Иванович |
12 | Ньурба | Васильев Илья Григорьевич |
13 | Өлөөн | Кучаров Александр Петрович
Колтовской Валерий Алексеевич |
14 | Сунтаар | Иванова Юлия Даниловна |
15 | Томпо | Ханов Руслан Зинурович |
16 | Уус Майа | Иванов Андрей Дмитриевич |
17 | Хаҥалас | Яковлев Вячеслав Васильевич |
18 | Чурапчы | Иванов Альберт Федорович
Соловьев Михаил Петрович |
19 | Эбээн Бытантай | Колесов Иннокентий Егорович |
20 | Дьокуускай куорат | Кармалах Розалия Яковлевна |
21 | Таатта,Уус Таатта | Кочнев Алитет Иванович |
Анаабыр улууһун Сааскылаах, Үрүҥ Хайа орто оскуолатын хамаандатыгар 9 оҕо, тренердэрин Кылтасова Сааскылаана Ивановнаны кытта күрэхтэһэ кэлбиттэр. Хотугу многоборьенан иккис, үһүс сылларын дьарыктаналлар. Хамаандаҕа сэттис сылын дьарыктанар Туприн Вадим төхтөрүйэн ыстаныыга бүгүн 3 миэстэни ылла.
Уус Таатта орто оскуолатын Медиа-киинэ.