ССРС культуратын туйгуна, “килбиэннээх үлэтин иһин”, Ийэ бэлиэ I степеннээх мэтээллэрдээх, республика культуратын үлэһиттэрин съеһин делегата Матрена Николаевна Хатылаева алтынньы 11 күнүгэр 1938 сыллаахха Таатта оройуонугар Хара Алдан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Уус Таатта сэттэ кылаастаах, Ытык Күөл орто оскуолатыгар үөрэммитэ. 1956 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай – сырдатар училище библиотечнай салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1961 сылтан Баайаҕа бибилиотекатыгар 36 сыл устата үлэлээбитэ. Билиотека кулууп дьиэтигэр үлэлиирэ. Нэһилиэк дьаһалтата 1973 сыллаахха библиотекаҕа анаан, туспа дьиэни көһөрөн аҕалан тутан биэрбитэ. Бу Матрена Николаевна үлэтин улаханнык сыаналаан оройуон нэһилиэктэригэр бастакытынан тутуллубут библиотека этэ. Матрена Николаевна үлэлиир кэмигэр оҕолору, улахан дьону кинигэ алыптаах дойдутугар киллэрбитэ, интириэһинэй тэрээһиннэри ыытан дьон болҕомтотун тардыбыта.
М.Н. Хатылаева олохтоох сэбиэт депутатынан 4 төгүл быыбардаммыта. Бибилотека үлэһиттэрин республиканскай, зональнай, улуустааҕы семинардарыгар активнайдык кыттара. Матрена Николаевна үлэтин киниискэтигэр биир эрэ сурук баар. Ол кини 1961 сыллаахха библиотекаҕа анаммытын туһунан. Ол курдук кини биир нэһилиэккэ, биир идэҕэ, олоҕун анаабыт дьоллоох киһи. Үтүө үлэһит үлэтэ дьоһуннук сыаналаммыта. 1971 сыллаахха Баайаҕа библиотекатыгар “Туйгун үлэлээх библиотека” диэн аат иҥэриллибитэ. 1971 сыллаахха В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Саха сирин культуратын үлэһиттэрин VI съеһын делегата, коммунистическай үлэ ударнига, ССКП обкомун, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун, РСФСР уонна СР культуратын министерсвотын Бочуотунай граматаларынан наҕараадаламмыта
Туһаныллыбыт кинигэ — Таатта — 2023 ытык бэлиэ күннэр, стр 76.
Таатта — 2023 : библиографическай справочник / «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ, Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэр көнүл түмсүүтэ.