Андаҕар
Тымныы-тыйыс тыынынан
Сураҕырар дойдукам,
Кылбар кэрэ көстүүтүн
Көрөн сөхпүт турукпун
Тардыы талах сыыйыллар
Таатталардыы таттаран,
Дьыбарынан аатырар
Дьааҥылардыы дьаһанан
Кэпсиим эрэ, атастар —
Оту-маһы тардыалыыр
Эмньик эдэр саастарым
Арахсыспат аналлаах
Аргыстара буолааччы
Өргөс санаам, өнүйэн
Иҥнэн-толлон турбакка
Үрдэллэри өҥөйөн
Билбэт ыырбын көрөөрү,
Дьорҕоот дьоннор дьулуспут,
Дьааҥыларын тутустум.
Уһуутаспыт очуостар
Сүдүлэрин таламмын
Дьиппиэн, тыйыс көстүүлээх,
Сабардаабыт күлүктээх,
Халлаан диэки харбаспыт
Хайа киэнин сүдүтүн
Тэллэҕигэр тиийэммин
Уоппун оттон олорон,
Суолбун астар туһуттан,
Иэйэн-куойан тураммын
Саха тылын сааһылаан,
Аал уотунан айахтаан,
Күөх төлөнүнэн күөмэйдээн,
Хайабыттан көрдөстүм.
Онуохаҕа, аал уотум
Күлэ-үөрэ күлүмнээн
Эрэннэрдэ элбэҕи,
Кэпсээн-ипсээн тыһырҕаан
Үтүө түһү түстээтэ.
Битим-билгэм имнэнэн
Хорсун-хоодуот санаабын
Кынат тутта охсоммун
Дьулуруччу хамсанан
Үөһэ диэки таластым.
Сэниэм-сылбам сэксэйэн,
Көлөһүнүм көҕүрээн,
Талбаарыйа эриллэр
Дугуй былыт мойбордоох,
Сайын уста ууллубат
Муустаах кырыа оройдоох,
Кыыбырҕаччы кырдыргыыр
Кырбый көтөр уйалаах,
Дьалкыйары билиммэт
Туруук, дьааҥы иэдэстээх,
Онолуйа улуйар
Сытыы чысхаан ыалдьыттаах
Чыпчаал очуос үрдүгэр
Астынаммын таҕыстым.
Ити кэннэ уоскуйан
Олорбохтуу түһээтин
Тула көрө түспүтүм
Арылынна, дуу эбээт!
Сөҕөр диэни умнубут
Бүдүгүрбүт киһичээн
Харахтарын толорор,
Айыыларбыт алҕааннар
Атын Дойду уустара
Анаан-минээн чочуйбут
Көрдөр кэрэ таһаалаах
Олоҥхобут дуолута.
Ону лаппа ойуулаан
Тоһоҕолуур буоллахха —
Аҥаарыйар алыылар
Нэлэһийэ тэнийэн
Айаатаһа тураллар,
Дьулусханнаах сүүрүктээх
Үгүс, үтүө үрэхтэр
Эниэлэри тумнаннар
Элэҥнэһэ сүүрэллэр.
Бөлкөй, хойуу ойуурдар
Харыс хахха буоланнар
Кыылы-сүөлү хорҕотон
Суугунаһар эбиттэр.
Баҕараҕы быһалаан,
Сырҕан эһэ, олоотуу,
Бүлгүннэрин оонньотон
Лэппэрдээтэ, даадаҥныы.
Ыйбыт, күммүт сөтүөлүүр
Ыраас уулаах күөллэргэ
Көмүс күөннээх балыктар
Күөрэйбэхтии оонньооннор
Долгуттулар уу ньуурун.
Чаамык кыылбыт чардырхаат
Хороонугар хорҕойон
Хотторботтуу сананна.
Харах ылар далыгар
Чубукулар үөрдэрэ
Дьааххаммыттыы дьаһанан
Туртаҥнаһа ойдулар.
Хаардаах былыт быыһынан
Тойон Кыылбыт, сонурҕаан,
Биллэн ааста кэтиирдии.
Саҕахтары батыһа
Адаарыспыт арҕастар
Күн уотугар күлүмнээн
Көмүһүнэн күллүлэр,
Эбиискэтин дьээбэлээн
Ырыых-ыраах ыҥыран
Ымсыыртылар ыксары.
Барҕа дойду бастыҥын
Көрөн сөхпүт омуммар
Илиилэрбин даллатан,
Үрүҥ Күммэр махтанным.
Үөрүүбүттэн үөгүлээн
Хайалардыын кэпсэттим,
Айылҕаны айхаллаан
Дорҕооннору дуораттым.
Мэник санаам оргуйан
Кыдьыгыран кылыйдым,
Кыахпар олус эрэнэн,
Саҕах нөҥүө салҕанар
Үктэммэтэх сирдэри
Түгэхтэрин көрөөрү,
Тыалы кытта сиэттиһэн,
Ыстаныахпын санаатым.
Хаарыан мааны Айылҕа
Абылаҥар ылларан,
Ытык Хайа иччитэ
Этиттэрэ сипсийэн,
Кутум-сүрүм күүркэйэн,
Имэҥирэ илгистэн
Халбарыйбат ыйаахтаах
Андаҕары этинним —
Кыаҕым баарын тухары
Төрүт дойдум киэлитэ
Кэхтибэтин туһугар,
Тобуктууру билбэккэ,
Туруулаһа туруоҕум!
Кирсим быстыа да буоллар,
Дьонум-сэргэм иннигэр
Үрдэллэри өксөйөн
Үрүҥ тыыны үксэтиэм!
Өйүм-санаам кыаҕынан
Сыралаһа дьаҥсайан
Итэҕэлбит иччитин
Иҥэриэҕим бар дьоммор!
Андаҕарым тыллара
Туолалларын туһугар,
Булгуруйбат чиҥ санаа
Бурҕалдьытын кэтэбин!
Эппит тылбын мэлдьэһэр
Күннээх, эрэ буолларбын,
Эриэн ыппыт элэгэр,
Күөрт ыппыт күлүүтүгэр
Умса анньан кээһээриҥ!
Ити кэннэ уоскуйан
Көрүүлэрбин анааран,
Санааларбын чөмөхтөөн
Толкуйдары тобуллум —
Үгүс үйэ тухары
Обот-соллоҥ сутуйбут
Кэлии дьоннор дьаһайан
Сирбит ньуурун сиэтилэр,
Өрүстэри сүһүрдэн
Өлөрдүлэр үгүһү.
Хоту дойду дьонноро
Үтүрүм-хатырым тутуллан,
Өлбүгэ сиртэн үтүрүллэн,
Ийэ тылбыт муомурда,
Уратыбыт уурайда.
Хаһаайынныы сананар
Хорсун санаа уоһунна,
Хараастарбыт дэлэйэн
Хабырыныы үксээтэ.
Кэрэгэй кэскиллэнэн,
Дьадаҥы дьылҕаланан
Биирдии чорос бэйэбит
Салҕыы маннык олорор
Сатамматын өйдөөммүт
Боотур хааммыт хамсаата,
Олох иһин охсуһар
Оҥоһуубут оргуйда.
Ити аата, сотору
Өйү-төйү түмэммит
Ньиргиэрдээхтик этинэн,
Кыайтарбаттыы дьаһанан,
Көҥүлбүтүн көрдүөхпүт,
Кэскилбитин түстүөхпүт!
Өбүгэлэр өйөөннөр,
Иччилэрбит истэннэр,
Айыыларбыт арчылаан
Аартыктары арынан
Сырдык олох сыламын
Сиргэ сиэтэн кэлиэхпит.
Автор: Егор ,Борисов — Буор Булгунньах