Ийэ айылҕа көмүс дуйга сууламмыт кэрэ кэмигэр Хадаайытааҕы «Таатта» литературнай художественнай түмэл уһаайбатыгар Уолбаттан төрүттээх саха норуотун биллиилээх ырыаһыта, ырыа айааччыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера Анна Ивановна Егорова олорбут балаҕана өрөмүөннэнэн, иккис тыынын ылан, аһыллар үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна.
Үөрүүлээх тэрээһин саха Саарына Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон «Птичка-невеличка поет — лес дрожит» — диэн бэргэн тылынан саҕаламмыта, бу дьоро күн Анна Егорова көмүс куолаһа көй салгыҥҥа дьиэрэйэн, биир дойдулаахтарын толоруутугар Макар Иванович Кузьмин — Макар Хара уоттаах сэрии толоонугар суруйбут хомоҕой хоһоонноро иһиллэн, хас биирдии сүрэххэ ураты иэйиини иҥэрдэ, дьикти турукка киллэрдэ.
Историческай суолталаах балаҕан 1992 сыллаахха Уолба сириттэн түмэл уһаайбатыгар көһөрүллүбүтэ. Сыллар ааһаннар былыргы тутуу эргэрэн, халаан уутугар эмсэҕэлээн, улахан өрөмүөнү эрэйэрэ. Былырыын Анна Егорова олорбут балаҕанын бырааттыы Яроевтар «Уран» дизайнерскай тутуу тэрилтэтин нөҥүө Юрий Семенович Дедюкин салайааччылаах биригээдэ былыргылыы моһуону тутуһан, реконструкция уустук үлэтин ыыппыттара.
Саха норуотун буойун-поэта, суруналыыс, тылбаасчыт М.И. Кузьмин — Макар Хара уонна Анна Егорова төрөппүт кыыстара Земфира Макаровна Кузьмина олоҕун аргыһа Виктор Клавдиевичтыын ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар. Земфира Макаровна урут Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон Хадаайытааҕы түмэлгэ төрөппүттэрин муннуга баар буолуохтаах диэн эппит санаатын толорон, дьиэ кэргэн Ытык малыттан ийэтэ Анна Егорова тутта сылдьыбыт иһитин-хомуоһун, ийэ киһи ымыы тэҥэ илдьэ сылдьыбыт маллаах иһитин, дэйбиирдэрин сыаналаах экспонат быһыытынан төрөөбүт балаҕаныгар бэлэхтээтэ. Биллиилээх учуонай, геолог идэлээх Виктор Клавдиевич археологическай хаһыылартан булуллубут былыргы өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт туой иһиттэрин кырамталарын анаан аҕалбыта соһуччу бэлэҕинэн буолла.
Балаҕан өрөмүөнүн үлэтин көҕүлээбит СӨ култуура уонна история өйдөбүнньүктэрин харыстыыр департамент салайааччыта Николай Макаров култуурунай нэһилиэстибэни чөлүгэр түһэриини өйөөбүт улуус Аҕа баһылыга Михаил Соровка «Бочуот грамотатын» уонна кылгас кэм иһигэр былыргы тутуу сиэринэн балаҕаны иккис тыыннаабыт Юрий Дедюкиҥҥа департамент аатыттан махтал суругу үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
«Таатта» литературнай художественнай түмэл салайааччыта Владимир Таппыров аһаҕас халлаан аннынааҕы хатыламмат түмэллэри тэрийбит, норуот киэн тутта ааттыыр Ытык киһитэ – Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон этэн хаалларбыт үтүө сүбэтин тутуһан, ыллыктаах ыра санаатын олоххо киллэрэргэ үлэлэһэллэр бэлиэтээн туран, норуокка дириҥ суолу-ииһи хаалларбыт Анна Егорова олоҕун устатын тухары олоҥхону өрө туппутун, саха аймахха хаалларбыт үтүөтэ үгүһүн, саҥардыллыбыт балаҕан саҥа тыыннаныыта — кини сырдык аатын үйэтитэрин бэлиэтээтэ.
Тэрээһин кыттыылаахтарыттан Михаил Соров түмэл реконструкциятыгар СӨ Ил Дархана Айсен Николаевтан саҕалаан, үрдүкү салалталары кытары үгүс үлэ ыытыллан, саҥа бырайыактар олоххо киирбиттэрин билиһиннэрэн туран: «Таатталар киэн туттуубутунан, чөмчүүкпүтүнэн – түмэллэрбит буолаллар. Киэн туттуубутун харыстыахтаахпыт, үйэтитиэхтээхпит! Түмэл сөргөхсүтүлүннэҕинэ, Таатта тупсубут курдук буолар» — диэн санаатын үллэһиннэ.
«Тааттыныскай нэһилиэк» МТ баһылыга Егор Павлов төрөөбүт балаҕан хаһаайката, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ Бочуоттаах олохтооҕо, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Время Жить!» үрдүкү бириэмийэ хаһаайката Земфира Макаровнаҕа сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунна.
Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Гаврил Вырдылин улуу дьон уутуйан үөскээбит дойдуларыгар, Саха сирин аатырдар дьон үүнэн тахсыбыт сирдэригэр төрөөбүт Анна Егорова үһүйээҥҥэ киирбит чаҕылхай ырыата дуорайар үөрүүлээх тэрээһинигэр Земфира Макаровна уонна Виктор Клавдиевич дьоллоохтук олорон, үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтии туралларыгар баҕарда.
«Уолба нэһилиэгэ» МТ баһылыга Александр Винокуров ытыктыыр биир дойдулаахтара Макар Хара, Анна Егорова уонна кинилэр кыыстара Земфира Макаровна – нэһилиэк бүттүүн баайа буолалларынан үрдүктүк сыаналаан туран, Уолба алааһын амтаннаах аһын бэлэх уунна.
В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын учуутала Анна Боппосова сыл ахсын Земфира Макаровналаах төрөөбүт нэһилиэктэрин кэлэр кэнчээрилэригэр ийэлээх аҕаларын сырдык ааттарын сүгэр стипендияны анаан, үйэтитиигэ үлэлэһэллэрин бэлиэтээтэ. Анна Егорова олорбут балаҕаныгар үс Анналар хоно сытар кэмнэригэр саха бастакы дьахтар суруйааччыта Анна Неустроева «Тиргэһиттэр» айымньыта маҥнай кэрэ кэпсээн буолан иһиллибит историятыттан сырдатта.
Үөрүүлээх тэрээһин долгутуулаах түгэнинэн Татьяна Васильевна Ефимова салайааччылаах Чычымах нэһилиэгин «Алгыс» түмсүү иистэнньэҥнэрэ киэн туттар биир дойдулаахпыт Анна Егорова балаҕаныгар наара орон быыһын сабыытыттан саҕалаан, былыргылыы сиэринэн сиэдэрэйдик тигиллибит кус түүтүттэн оҥоһуллубут утуйар таҥас кэмпилиэгин уонна түмэл пуондатыгар тирии олбоҕу, Таатта баайа Андриан Слепцов чаппараахтарын куоппуйатын бэлэхтээтилэр. Саха сирин үгүс түмэллэригэр аҕам саастаах Ытык дьоммут илиилэрин сылааһын иҥэрэн, тикпит экспонаттара үйэлэри уҥуордаан, кэлэр көлүөнэлэргэ история чахчыларын билиһиннэрэ, сырдата туруохтара.
Бу дьоро күн Анна Егорова олорбут балаҕана чөлүгэр түһэн, таҥаһынан-сабынан симэнэн, ис бараана иһитинэн-хомуоһунан, малынан-салынан туолан, сиэрэ ситтэ. Балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох уота чачыгырыы умайара, оччотооҕу ааспыт кэми эргитэ санатта…