«Азия оҕолоро — 2024» оонньуу киэҥ аартыктары арыйар

«Азия оҕолоро» оонньуу бэс ыйын 24 күнүттэн саҕалаан дойду бастыҥ спортсменнарын спорт уораҕайдарыгар түмэн үрдүк тэтимнээх киирсиилэри көрдөрдө. Ол курдук стритболга, мас-рестлиҥҥэ, художественнай гимнастикаҕа, волейболга, мини-футболга, ууну харбааһыҥҥа, спортивнай тустууга, саахымакка, Го оонньуутугар, остуол тенниһигэр уо.д.а. көрүҥҥэ бэлэмнээхтэрин, кыайыыга дьулуурдаахтарын көрдөрөллөр.

«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII-ыс төгүлүн ыытыллар спортивнай оонньууларга 24 дойдуттан барыта 30 хамаанда киирдэ, манна спорт 24 көрүҥүттэн биһиги оҕолорбут волейболга уонна греко-римскэй тустууга киирдилэр.

Волейболга СӨ сүүмэрдэммит хамаандата бэс ыйын 29 күнүттэн от ыйын 3 күнүгэр диэри «Стерх» спорт уораҕайыгар атын дойду хамаандаларын  кытары күөн көрсөллөр. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 12 спортсмен киирдэ. Ол курдук: Сунтаар, Эдьигээн, Таатта, Амма, Чурапчы, Нам, Дьокуускай, Горнай уолаттара бааллар.

СӨ хамаандатын тренерэ Айсен Жерготов иһитиннэрбитинэн кулун тутар ыйга Южно-Сахалинск куоракка Уһук Илин уокурук күрэхтэһиитин призера буолан кыайыы кынаттаах кэлбиттэр, ону тэҥэ Уфа куоракка ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыттар, бэс ыйыгар СӨ Үөрэнээччилэрин спартакиадатын кыайбыттар, онон бу улахан хабааннаах хас эмэ норуоту түмпүт түһүлгэ ситиһиини эрэ түстээтин. Манна биһиги улуустан Тыараһа нэһилиэгиттэн хамаанда Либерота  — биһиги уолбут Егор Окоемов уонна 14 нүөмэрдээх Даниил Федоров хамаандаҕа чаҕылхай оонньууну көрдөрдүлэр.

Билиҥҥи туругунан волейболга Сибирь федеральнай уокуруга  уонна Беларусь хамаандалара инники күөҥҥэ сылдьаллар. Эрийсиилээх киирсиигэ өрөспүүбүлүкэ хамаандатын олохтоохтор өйөөн, абытай хаһыылаах оонньууну көрдөрдүлэр. Онон оҕолорбутугар бу историяҕа хаалар элбэҕи эрэннэрэр түһүлгэҕэ хапсан, дойдуларын аатын ааттатан умнуллубат киирсиилэри, ситиһиилээх көрдөрүүлэри баҕарабыт! Бу күрэстэн кыайыыга кынаттанан, туһааннаах үөрүйэхтэри ылан, инникитин спортка дойдуларын аатын ааттатар, кыайыыга дьулуурдаах, тулуурдаах, биир сиргэ таба тайаныылаах, кыһамньылаах оҕолор тахсыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.

Быйылгы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга Тааттабыт улууһуттан  греко-римскэй тустууга  35 киилэҕэ Дьулус Хатылаев кииристэ. Кырачаан спортсмен кыра сааһыттан спортка үгүс ситиһиилэрдээх. Кылгастык иһитиннэрдэххэ от ыйын 2 күнүгэр 2009 сыллаахха икки уол оҕо Хатылаевтар дьиэ кэргэттэригэр дьолу түстүү күн сирин көрбүттэр. Саханы ааттатар Таатта улууһун бастыҥ спортсменнара Дьулус уонна Дьулуур Хатылаевтар билигин И.М.Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолатын 8-с кылааһын бастыҥ үөрэнээччилэрэ буолаллар.  Дьулуурдаах Дьулус кыра эрдэхтэриттэн спордунан олус сөбүлээн дьарыктаналлар. Уол оҕо айылҕатынан сүүрэн-көтөн, айылҕалыын алтыһан, аҕаларын холобурунан барытыгар бэлэмнээх буолан, спорт эйгэтигэр чугастар. Улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Уһук илин уокурук күрэстэригэр, спорт араас көрүҥэр саахымакка, тустууга, хапсаҕайга, греко-римскэй тустууга ситиһиилээхтик кытталлар.

Оҕолорбут ситиһиилэрэ: 2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ дуобакка спорт маастара Кычкин Николай Николаевич, Саха Республикатын чемпионун, призерун, меценат Серафим Валерьевич Попов, көҥүл тустууга ССРС спордун маастардарын Дмитрий, Семен Ючюгяевтар, ССРС көҥүл тустууга  Константинов Дьулустан Михайлович ааттарыгар  ыытыллыбыт хапсаҕай күрэҕин кыайыылаахтара буолаллар.  Дьулус 38 кг СӨ греко-римскэй тустууга, «Спортивные якутяне» күрэх кыайыылааҕа, Уһук илин уокурук греко-римскэй тустууга 3-с миэстэлээх.

Бу күрэс кырачаан спортсмеҥҥа умнуллубат кэрэ түгэннэри, улахан уопуту хааллардаҕа, инники хардыыларыгар төһүү күүс буоллаҕа. Тренер Малышев Егор Дмитриевич иһитиннэрбитинэн бойобуой санаалаах уолчаан бу сайын былаана киэҥ, ол курдук  от ыйын 16-19 күннэригэр «Триумф» уораҕайыгар көҥүл тустууга Павел Пинигин аатыгар бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах күрэхтэһиигэ уонна аны күһүн «Боотурдар оонньууларыгар» кыттар киэҥ былааннаахтар. Егор Малышев төрөппүттэригэр махтанан туран, оҕолор өссө дьаныардаахтык бэлэмнэнэн, күүстээх санааланан, чаҕылхай көрдөрүүлээх, түмүктэрдээх күрэстэри көрдөрүөхпүт турдаҕа диир. Инникитин оҕолорбут Сахабыт сирин ааттатар чаҕылхай спортсменнар буолан тахсыахтара диэн алгыс тылын тиэрдэр. Егор Малышев: «Оҕолору улахан хабааннаах күрэстэргэ кыра эрдэхтэриттэн кытыннарыҥ,  оччоҕо бэйэлэригэр түмүк оҥостон, элбэх дьону кытары алтыһан, сири-дойдуну көрөн, сыаллаах-соруктаах дьон буола улааталлар», — диэн бигэ эрэллээх.

Тренер Егор Малышев иитиллээччилэрэ оҕо саастарыттан олоххо бэлэмнээх, тулуурдаах, кыахтаах дьон буолалларын, оҕо саас дьоллоох түгэнин мүччү туппаттарын туһугар үлэлэһэр сыаллаах. Онон биир дойдулаахтарбытыгар инникитин тулууру, дьулууру, кыайыыны баҕарыаҕыҥ.

 

Уруйана

 

 

Читайте дальше