Баһаарынай сулууспа сэрэтэр

Убаастабыллаах Таатта улууһун олохтоохторо!
Тохсунньу тоһуттар томороон тымныыларыгар
баһаартан сэрэхтээх буолууну күүһүрдүөҕүҥ!

Уот ситимигэр холбонор тэриллэри кэтэбилэ суох хаалларымыаҕыҥ!

Электрическэй оһохтору, уокка холбонор күннэтэ туһаныллар прибордары, биир розеткаҕа тройник нөҥүө холбонуу сатаммат.
Эргэрбит онон-манан салҕааһыннаах уот проводтарын холбонуу, туһаныы кутталы үөскэтэрин умнумаҥ.
Розеткалары, рубильниктары уот ситимин самакаанньыйатыттан (короткое замыкание электропроводов) көмүскүүр предохранителлэринэн, сетевой фильтрдарынан көмүскэнэри ирдэниллэр.
Күннэтэ туттуллар уот ситимигэр холбонор прибордары баһаарынай нуормаларга толору эппиэттиир буолалларын ситиһэргитигэр.
Түүнүн кэтэбилэ суох хаалларымаҥ!
Түлүпүөн заряднигын холбоон баран кэтэбилэ суох хаалларымаҥ! Зарядник –баһаар төрүөтэ буолуон сөбүн умнумаҥ!
Хойуу буруоттан көмүскэнэр улахан тыас таһаарар тэрили — АДПИ (автономный дымовой пожарный извещатель), хас дьиэ аайы туруорунары ситиһиэҕиҥ.

Оттуллар оһохтору уонна уот ситимигэр холбонор прибордары
кэтэбилэ суох хаалларымаҥ!Баһаартан сэрэхтээх буолуҥ, баһаар тахсар төрүөттэрин суох оҥоруҥ!

Ытык Күөллээҕи баһаарынай чаас диспетчерин түлүпүөнэ – 41-211.

Биир кэлим пожарнай диспетчэр түлүпүөнэ – 112, сотовайтан 101.

И.Мартынова, Таатта улууһун баһаары сэрэтэр сулууспа инструктора.