Байанайдаах булчут Дмитрий Ефремович Дедюкин

Айылҕа бэйэтэ ыҥыра-угуйа турдаҕа

Биһиги бүгүн дойдубутугар, Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр олорор ытык кырдьаҕас, байанайдаах, сорсуннаах булчут, марафонец-спортсмен Дмитрий Ефремович туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт. Дмитрий Ефремович Дедюкин быйыл 95 сааһа. Кини олоҕун тухары хара тыаны, тайҕаны, алаастары тилийэ хаампыт булчут, билигин төһө да сааһа ырааттар син-биир айылҕаҕа сылдьар, сарсыарда аайы кыралаан хаамар.

Байанайдаах булчут — Дмитрий Ефремович Дедюкин

Орто туруу бараан дойдуга соргулаах суолу-ииһи, дьоһун холобуру биирдэ бэриллэр үйэҕэ хаалларан, үгүс көлүөнэ ыччакка кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн тиһиллэн, уос номоҕо буолуу — киһиэхэ эрэ барытыгар тиксибэт улуу дьол.

20 үйэ чулуу булчута,  тыыл, үлэ, спорт  бэтэрээнэ, Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Баайаҕа Саарына» бэлиэлээх,  марафонец- сүүрүүк, улахан дьиэ кэргэн Аар тойон аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ, халыҥ аймах Дедюкиннар тумус туттар абаҕалара, убайдара, Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр олорор Ытык кырдьаҕаспыт Дмитрий Ефремович Дедюкин алтынньы ыйга 95 сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан көрсөөрү олороруттан сэмээр бары үөрэбит.

Миитэрэй оҕо сааһа

Баайаҕа үрэҕэ Алдан өрүскэ быһаччы холбоһуутун чугаһыгар саас, күһүн эрэ буоллар кытыы от үрэхтэриттэн ардах-хаар уутун тардыһан, икки хара тыатынан бидилийэр-будулуйар Байымаайы үрэҕэ туора түһэн сытар. Илиҥҥи дойдуларга эрэ сэдэхтик көстөр уһун тумустаах эриэккэс тыыраахылар кэлэн сымыыт уураллар. Маннык үтүө айылҕалааах сиргэ Томтортон 10- ча көс ыраах сытар сиргэ Дмитрий Ефремович Дедюкин – Миитэрэй 1928 сыллаахха Ефрем, Варвара Дедюкиннарга 7 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар түбэһэн, Баайаҕа 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ салгыы үөрэммэтэҕэ.  16 сааһыттан Байымаайыга бэйэ дьонун кытта, 21 сыл устата сүөһү, хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Түбүктээх үлэтигэр элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ, пиэрмэ сүөһүтэ этэҥҥэ сыл тахсарыгар элбэх сыратын биэрбитэ.

Булка уһуйуллубут Байанайдаах булчут

 Эһэтэ Тээкэ оҕонньор, аҕата Дьэкириэм, абаҕата Наум удьуор булчуттар ыырдарын салҕаан, бултуур ньымаларыгар уһуйуллан буспут-хаппыт буолан, Таатта улууһун биир бастыҥ булчутунан буолбута. Кини бултааһын ньымаларын толору баһылаабыт удьуор булчут. Кини булт араас көрүҥүн кыратыттан-улаханыгар диэри сонордоһон бултаһар сорсуннаах булчут. Дмитрий Ефремович булт кэмин ахсын Кутаама, Байымаайы, Мөҥүччү, Кумуруку үрэхтэринэн Хара Алдаҥҥа, Уус Алдаҥҥа тиийэ булт араас көрүҥүн бултаан, былаанын толорботох сыла диэн суоҕа. Хара тыа адьырҕа кыылларыттан бөрөнү, тыатааҕыны бултуура. Адьырҕа кыыл бөрө сылгыны, сүөһүнү тардан элбэх хоромньуну оҥордоҕуна, Миитэрэй ыҥырыыга сылдьар сатабыллаах бөрөһүтүнэн биллэр. Биир сыл 6 бөрөнү өлөрөн киэҥник сураҕырбыта. Хара тыаттан элбэхтэ кыһыл саһыл кыбыныылаах, килбэлдьигэс киис кэһиилээх, сүргэлиин көтөҕүллэн кэлэрэ. Кини бастыҥ булчут буолан 1968 с. Чурапчыга, 1985 с. Дьокуускайга булчуттар слеттарын кыттыылааҕа. Кэлин 2000 сыллаахха Победаҕа дьоҥҥо-сэргэҕэ, сүөһүгэ-сылгыга кутталламмыт, олохтоох булчуттар хас да сыл сонордоспут тоһуурдарыгар иҥнибэт 70-ча дьиэ сүөһүтүн тардан, улахан хоромньуну оҥорбут аарыма сур бөрөнү бултаабыта. Сэттэ хапхааннаах Дьохсоҕоҥҥо баран бөрө сылдьыбыт сирин үөрэтэн, суолун суоллаан 3 хапхааны иитэн, аарыма бөрөнү иҥиннэрбитэ. Ол бөрөтө билигин Ытык Күөлгэ баар музейга турар. Бастыҥ үлэһит, булчут буолан элбэх наҕараадаҕа тиксибитэ. Булка уһуйбут уолаттарын  П.П. Токумов, И.С. Неустроев, П.С. Неустроев, С.С. Неустроев, А.А. Слепцов, Д.Д. Дедюкин ааттарын киэн тутта ахтар-кэпсиир.

Спорт бэтэрээнэ, марафонец – сүүрүүк, чөл олоҕу көҕүлээччи

1956 сыллаахтан 28 сааһыттан  марафоҥҥа сүүрүүнэн  утумнаахтык дьарыктанан, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, спартакиадаларга улууһун чиэһин көмүскээбитэ. Бастаан сүүрдэҕин утаа 5,10 км. дистанцияларга оройуонугар бастакы миэстэни ылбыта. Бу икки дистанцияларга оройуон рекордун олохтоон, улуус сүүмэрдэммит хамаандатын иһигэр киирбитэ. Баһылай Манчаары, Советскай Союз геройа Ф.К. Попов аатынан бириистэр иһин өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр кыттыбыта. Кини ситиһиилэрин сүрүн кистэлэҥинэн спорду ис сүрэҕиттэн сөбүлүүрэ, сүүрүү маастарыстыбаларын баһылааһына уонна үрдүктэн-үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиигэ халбаҥнаабат дьулуура буолар. Кини бэйэтин дьулуурдаах дьарыктаныытынан үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит сүүрүгүнэн буолар. Дмитрий Ефремович Дедюкин: «Кыһыннары-сайыннары ыраах үрэхтэринэн тэлэһийэ сылдьан бултуурум уһун тыыннаах буоларбар улаханнык көмөлөспүтэ», — диэн ахтар.

Кини оҕолорго, кэнчээри ыччакка куруук туһаайан: «Тымныыттан-куйаастан саллымаҥ, ыарахаттартан чаҕыйымаҥ, үлэни, спорду дьүөрэлээн тэҥҥэ дьарыктаныҥ, эккитин-хааҥҥытын сайыннарыҥ» — диэн  95 саастаах Ытык кырдьаҕаспыт сүбэлиир.

Эдэр эрдэҕиттэн аатырбыт сүүрүүк  билигин төһө да сааһырдар, илиитин үлэттэн араарбат сарсыардатын туран чэбдик салгыҥҥа кыралаан хаамар,  сэрээккэлиир, сир астыыр, күрүөтүн  иһигэр от мунньар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар спорт бырааһынньыктарын куруук интэриэһиргиир, ыҥырыыга сылдьар мааны ыалдьытынан буолар. 2022 сыллаахха Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыт VIII Саха сирин норуоттарын оонньуутугар баран ыалдьыттаан, күрэхтэһиини көрөн олус астынан кэлбитэ.

Ыал амарах аҕата, эйэҕэс эһэтэ, хос эһэтэ

Дмитрий Дедюкин олоҕун аргыһа Христина Андреевнаны 1948 сыллаахха сүгүннэрэн, Байымаайыга Нал алааһыгар аҕалбыта. Түөрт оҕону төрөтөн, барыларын үлэһит дьон оҥорон, билигин бары дьиэ кэргэн ийэлэрэ, аҕалара, эбэлэрэ, эһэлэрэ буолан аҕа ууһун салгыыллар. Улахан кыыстара Людмила Дмитриевна – идэтинэн медик, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Баайаҕа врачебнай амбулаториятыгар медигинэн үлэлии сылдьар,  иккис кыыс Саргылана Дмитриевна идэтинэн педагог-психолог, өр сылларга Баайаҕаҕа «Ньургуһун» оҕо уһуйааныгар иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Уолаттара Дмитрий Дмитриевич аҕатын утумнаан булчут, идэтинэн суоппар, Василий Дмитриевич Баайаҕа балыыһатыгар суһал көмө суоппарынан өр кэмнэргэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Билигин хас да сиэннэнэн, хос сиэннэнэн Дмитрий Ефремович үөрэ-көтө барыларыгар сүбэ-соргу буола олорор.

 

 

 

Саргылана Жиркова,

И.М. Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.

Читайте дальше