Улуус дьаһалтатын иһинээҕи биэдэмэстибэ хамыыһыйатын тэрийиитинэн балыыһа үлэһиттэрэ, нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах тас биричиинэттэн олохтон туорааһыны намтатыы тула кэпсэтии буолан ааста. Сүбэ муннь аҕы улу ус баһылыгын бастакы солбуйааччы Р.И. Захаров иилээн-саҕалаан ыытта.
Улуустааҕы хамыыһыйа билиҥҥи туругунан нэһилиэнньэ ортотугар тыҥаан турар тас биричиинэттэн олохтон туорааһыны намтатыы боппуруостарын көрдө. Маҥнайгынан сэллиги утары охсуһар диспансер сэбиэдиссэйэ П.П. Тарасов Таатта улууһугар сэллик ыарыытын туругун билиһиннэрдэ. Диспансер сэбиэдиссэйэ сырдаппытынан сэллик ыарыыта киһи баттаҕыттан уонна тыҥыраҕыттан ураты уорганнары сутуйар сыстыганаах ыарыы. Үксүн ис уорганнартан киһи тыҥата ыарыыга түргэнник сыстар. Ыарыы куһаҕан дьаллыктан иммунитеты сүтэрииттэн, олорор усулуобуйа, ас-үөл мөлтөҕүттэн, стрестэн, ис-үөс хроническай ыарыытыттан, сахарнай диабеттан, гормонунан, иммуносупрессивнай эмтэнии түмүгэр үөскүөн сөп. Сэллик бахтыарыйата тымныыны тулуйумтуо, сөптөөх усулуобуйаҕа сыл аҥарыгар тиийэ өлбөккө сытыан сөп. Билиҥҥи кэмҥэ киэҥник туттуллар салфетка, ыстарар, сотор араас антисептик бахтыарыйаны өлөрбөт. Хлор, ультрафиолетовай уонна күн сардаҥалара бахтыарыйаны өлөрөллөр. Сорох түгэҥҥэ сэллик ыарыыта маҥнай пневмония, кыра тымныйыы курдук биллиэн сөп. Таатта улууһугар 2018 сыллаахха 29 киһи сэллигинэн ыалдьыбыта. Маннык үрдүк көрдөрүү хартыыната нэһилиэнньэ улахан аҥара ФЛГ түспэтиттэн, балыыһаҕа көрдөрбөтүттэн, медосмотру ааспатыттан тахсар. 2022 с. сэллик ыарыыта ордук дьиэҕэ олорор аҕам саастаах дьон ортотугар баара биллибитэ. Сэллигинэн ыалдьыбыт 9 киһиттэн алтата аҕам саастаахтара. 2023 с. көрдөрүү түмүгэр сэллик ыарыытынан эдэр дьон уонна 3 сааһыгар диэри саастаах оҕолорго сыстыбыта. Уопсайа 5 киһиттэн сэллик ыарыыта булуллубутуттан үһэ оҕо этэ. 2024 с. нэһилиэнньэ улахан араҥата балыыһаҕа көрдөрүүнү ааспат, ФЛГ түспэтиттэн билиҥҥи туругунан ыарыыга хаптарыы булуллубакка турар буолуон сөп. Бүгүҥҥү туругунан улуус үрдүнэн 4 ыарыһах эмтэниини ааһар. Онтон үһэ Таатта нэһилиэгэр, биир Тыараһаҕа, ол иһиттэн биирэ оҕо эмтэнэр. Бу ыарыһахтар ортолоругар 2 аһаҕас сэлликтээх ыарыһах баар. Билигин тыҥаан турар улахан кыһалҕанан сэллик ыарыыта биллибэккэ, бириэмэтигэр булуллубакка түргэнник тарҕанар кутталлаах. Ыарыы киһи ыарыылаах дь ону кытары бииргэ олороруттан, алтыһыытыттан түргэнник тарҕанар. Онон хас биирдии улуус олохтооҕо аҕам саастаах дьонтон саҕалаан, көрдөрүүнү ааһара булгуччулаах. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сыл аҥарын иһигэр 141 киһи бастакытын сэллигинэн ыалдьыбыта бэлиэтэннэ. Алта ый иһинээҕи көрдөрүүнэн 28 киһиэхэ сэллик ыарыыта хойутаан булулунна, ол түмүгэр 5 киһи олохтон туораата, ол иһигэр Таатта улууһугар эмиэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыарыы хойутаан булуллуута нэһилиэнньэ балыыһаҕа медосмотру ааспатыттан, сыл ахсын ФЛГ түспэтиттэн тахсар. Быйыл сэллик ыарыытын утары охсуһар диспансер көһө сылдьар аппаратынан нэһилиэктэргэ тахсан ФЛГ түһэрбитэ. Хомойуох иһин, нэһилиэктэртэн ахсааннаах киһи өҥөнөн туһаммыта. Дьохсоҕон нэһилиэгэ чугас сытар нэһилиэк ахсааныгар киирэринэн өҥөттөн аккаастаммыта. Күн бүгүнүгэр диэри Дьохсоҕон, Хара Алдан, Алдан нэһилиэктэригэр ФЛГ түһүү 20% тэҥнэһэн, олус намыһах көрдөрүүлээхтэр.
Улуустааҕы балыыһа кылаабынай бырааһын тэрийэр уонна методическай салааҕа солбуйааччы М.Л. Семенова улуус иһигэр олохтон туорааһын сүрүн биричиинэлэрин ырытта. Таатта улууһугар төрөөһүн көрдөрүүтэ аччаан, онтон өлүү көрдөрүүтэ үрдээн иһэрэ бэлиэтэннэ. Биэс ый түмүгүнэн сүрэх, тымыр ыарыытыттан 19 киһи олохтон туораата, онтон эчэйииттэн, оһолтон уопсайа 20 киһи суорума суолланна. Өлүү үксэ үлэлиир саастаах уонна эр дьон ортотугар тахсар. Өлүү түбэлтэтэ тахсар сүрүн биричиинэтинэн булт кэмигэр арыгы иһии, арыгы содулуттан суорума суолланыы, доруобуйаны эрдэ көрдөрүммэккэ ыарыыны дириҥэтии буолар. Билиҥҥи кэмҥэ хаан баттааһынын үрдээһинэ үксээн, инсульт, инфаркт ыарыыта сыллата бэлиэтэнэр, бу нэһилиэнньэ бириэмэтигэр доруобуйатын көрдөрүммэтиттэн, аһыыр аһыттан, сөпкө хамсамматыттан тахсар. Улахан дьон ортотугар кутталлаах искэни уонна сахар диабетын ыарыыта булуллара элбээтэ. Диабет ыарыы оҕолорго эмиэ баара билиэтэннэ. Бу ыарыылар үксүн медосмотрга көрдөрүү түмүгэр булуллалларын өссө төгүл санатта. Улуус олохтоохторо балыыһаҕа көрдөрөн, ыарыы эрдэ булулуннаҕына эмтэниллэр кыахтааҕын өйдүөх тустаахтар. Үүнэр көлүөнэ доруобуйатын тупсарар туһуттан дьиэ кэргэнтэн, уһуйаантан, оскуолаттан саҕалаан, хаачыстыбалаах аһынан аһатыы, түргэнник буһар кэлии аһы тохтотуу кыһалҕата көтөҕүлүннэ. Үөрэнээччи балыыһаҕа медосмотру ааһар кэмигэр үөрэхтэн босхолуурга, тэрилтэ салайааччылар а үлэһит тэрин испииһэгинэн хонтуруоллуулларын туруоруста.
Тааттатааҕы Ис Дьыала салаатын салайааччы А.Н. Баснаев улуус үрдүнэн тас төрүөттэн өлүү көрдөрүүтүн иһитиннэрдэ. Алта ый иһигэр уопсайа 23 киһи олохтон туораабыт. Онтон тоҕуһа суицид, киһи тыыныгар турууттан, ууга түһүүттэн, арыгылааһынтан таҕыста, 14 киһи ыалдьан олохтон туораата. Билиҥҥи кэмҥэ участковайдар 2-3 нэһилиэги көрөр буолан, үгүс уустук үөскүүрэ бэлиэтээтэ. Сотору кэминэн былаан быһыытынан уопсастыбаннай миэстэлэргэ табахтааһыны хонтуруоллуур рейдэлэр тахсан үлэлииллэринэн, административнай эппиэтинэскэ тардыллыахха сөбүн сэрэттэ.
Улуустааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа С.В. Кононова көһө сылдьар ФЛГ аппаратын көмөтүнэн кутталлаах искэни, сэллик ыарыытын бүтэһик кэрдиискэ булуу элбээбитин, чааһынай тэрилтэҕэ медосмотру ааһыы хаачыстыбата суоҕунан улуус балыыһатыгар көрдөрөр табыгастааҕын наадалааҕынан аахта. Дойду үрдүнэн демографияны тупсарыыга улахан болҕомто уурулларынан дьон доруобуйатын туһугар үлэлээһин хас биирдиибититтэн саҕаланыахтааҕын тоһоҕолоон эттэ. Оскуоланы бүтэрээччи тус сыаллаах бырагырааманан үөрэххэ туттарсарыгар ГТО туттарыыга 1 баал эбиллэр, онтон быйыл тус сыаллаах бырагырааманан туттарсар 20 оҕоттон 1 эрэ оҕо ГТО нуорматын туттаран, эбии баалы ылбытын бэлиэтээтэ. Ону таһынан оҕо эт-хаан өттүнэн сайдарыгар биир тэрээһининэн муҥурдаммакка, маассабай спорду сөргөхсүтэргэ этии киллэрдэ.
Кииннэммит балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Л.В. Хоноруина оҕолорго быһыы биэрэртэн төрөппүт аккаастанар түгэнигэр, оҕо иммунологическай хамыыһыйаны ааһан справкалаах буолуохтааҕын санатта. Билиҥҥи кэмҥэ төрөппүт эбээһинэһэ үрдүктүк турар кэмигэр төрөппүт хонтуруолун күүһүрдэргэ үлэ ыытыллыахтааҕын эттэ. Аныгы үйэҕэ оҕо дьиэҕэ түргэнник буһар, буортулаах астан доруобуйата айгыраан, үксүн диабет ыарыы оҕолор ортолоругар элбээн, билиҥҥи оҕо иммунитета мөлтөөбүтүн иһитиннэрдэ. Онон үөрэх тэрилтэлэригэр профилактика үлэтэ эрдэттэн ыытыллыахтаах.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига И.И. Дягилев үөрэх тэрилтэтин үлэһитин доруо буйатын көрдөрүү үлэһит туһугар ыытылларынан чааһынай медосмотрга көрдөрүүттэн аккаастаммыттарын биллэрдэ. Оҕо тэрилтэтэ хаачыстыбалаах, иҥэмтэлээх миини, аһы-үөлү тэрийэрин үрдүнэн сорох оҕо оннук аһы аһаабатын, үчүгэй доруобуйалаах көлүөнэни иитэргэ маассабай спорду сайыннаран, тэрилтэ салайааччылара, үлэһиттэр бэйэлэринэн үтүө холобур буолуохтаахтарын чопчулаата. Мунньах кыттыылаахтара такси суоппардара психосвидетельствоны ааһыыларын, Таатта улууһугар өлүү, төрөөһүн көрдөрүүтэ намыһаҕын, оскуолаҕа оҕо ахсаана аччаабытын, тас биричиинэттэн суорума суолланыыны туоратыыга үлэ туһунан кэккэ ыйытыылары киллэрдилэр. Итини таһынан мунньахха нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара дьон доруобуйатын тупсарыыга тустаах хонтуруолу ылан үлэлэһэллэригэр, тас биричиинэттэн олохтон туорааһыны туоратыыга аҕалар, эр дьон түмсүүлэрин нөҥүө булт, оттооһун кэмигэр сэрэтии үлэлэрин тэрийэн ыытарга тустаах соруктары ылыннылар.
Мария Павлова.