«Анал байыаннай дьайыыга, таатталар, сатабыллаахтарын туоһутунан, үрдүк наҕараадаларга тиксибит уолаттаргыт тыыннаах холобур буолаллар» диэни кэнники кэмҥэ истэр олус долгутуулаах. Бу үрдүк сыанабыл.
Киһи түүһээн да тиийбэт сирдэригэр-уоттарыгар биһиги күөх халлаан анныгар иллээхтик олорорбут туһугар араас усулуобуйаҕа утуйар утуйбат икки ардынан сылдьалларын санаатахха киһи сүрэҕэ ыалдьар. Ол иһин муус устар ыйга Тааттаттан аҕа баһылык Айаал Семенович Бурцев, баһылыгы социальнай боппуруоска солбуйааччы Святослав Васильевич Сунхалыров, Уус Таатта баһылыга Егор Николаевич Постников уонна анал байыаннай дьайыыны этинэн-хаанынан билбит, ветеран Степан Дмитриевич Петров буолан ааттаан-суоллаан, төрөөбүт улуустарыттан гуманитарнай көмөнү илдьэ Донецкай уонна Луганскай норуодунай республикатыгар баран кэллибит.
Унньуктаах уһун айан түмүгүнэн көрсүөхтээх ыччаттарбытын көрсөн, ону ааһан, биһиги кэлбиппитин истиһэннэр эбии тахсыталаан олус истиҥ көрсүһүүлэр буолуталаан, сыалбыт толору ситиһиллибит курдук сананныбыт. Манна даҕатан эттэххэ, хас көрсүбүт байыастарбыт үксүлэрэ «Хорсун быһыытын иһин» уордьаннарынан уо.д.а. бэйэтин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрбүтүн туһунан мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара сөхтөрдө. Ол курдук, биир тарбахха баттаммыт, геройдуу быһыыны көрдөрөн сураҕырбыт Туора Күөлтэн Родимир Максимов, Боробултан Алексей Татаринов, Кыйыттан Павел Григорьев уо.д.а. бааллар.
ДНР, ЛНР регионнарыгар баар саха байыастарыгар күүс-көмө буолар аналлаах тирэх пуун Новоазовск куоракка 2022 сыллаахтан тэриллэн үлэлээбит. Пуун координаторынан Өлүөхүмэттэн төрүттээх Ростов куоракка олорор Олег Юрьевич Саранцев, биһиги сылдьыбыт кэммитигэр пуун салайааччытынан Гаврил Рудольфович Птицын буолаллар. Бу пууҥҥа, уопсайа 15 киһи Саха сириттэн кэлэн ыйы-ыйдаан үлэлээн-хамсаан, сахаларга күүс-көмө буолаллар. Ону таһынан, биһиги биир дойдулаахпыт, байыастарга ийэлии истиҥ сыһыаннаах Вера Петровна Душкевич күүс-көмө буолан олус тэрээһиннээхтик үлэ бара турарыттан астынныбыт. Махтал тылларын этэбит. Бу сылдьар кэммитигэр биһигини кэккэ Чурапчы, Амма, Нам, Анаабыр, Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Дьааҥы улууһун делегациялара тиийэн бэйэлэрин ыччаттарын көрсөн, гуманитарнай көмөлөрүн тиэртилэр. Онно барытыгар пуун үлэһиттэрэ техниканан хааччыйан ыраах-чугас сирдэргэ тиэрдэн, көрсүһүннэрэн биэрэллэр.
Сырыыбыт сүрүн сыалынан — уолаттарбыт хайдах сылдьалларын, туохха наадыйалларын билсиһии буолбута. Бу манна улуус олохтоохторо биир санаанан көмөлөһөн хомуйбут үптэринэн ылыллыбыт ыраах уонна чугас боевой хамсаныыларга анаммыт туттуллар оборудованиелар, баайбыт харысхал сеткалара олус наадалаахтарын уолаттар эппиттэрин уонна махтаммыттарын хаһыат нөҥүө тиэрдэрбин көҥүллээҥ. Ол аата оҕолорбут туһугар улууспутугар хамсаммыт хамсаныыларбыт, ыыппыт акцияларбыт таах халтайга хаалбакка, олус сөптөөхтүк ыытылларын өссө төгүл этэр тоҕоостоох.
Биһиги бу анал дьайыыга кыттыыбыт диэн — уолаттарбытыгар көмө буоларын толору өйдүөх тустаахпыт.
Святослав СУНХАЛЫРОВ, «Таатта улууһун» МО баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы.