Тапталлаах баһаатайбыт — Татьяна Игнатьевна Андросова
Татьяна Игнатьевна Андросова – диэн ааты иһиттэхпитинэ, куруутун оҕо саас умнуллубат сылларын – чаҕылхай күннээх пионерскай кэмнэрбитин, горн барабаан тыаһынан ньиргийбит түмсүүбүтүн, халлааҥҥа харбаһар кутаабытын, Кыыс Хайаҕа хонукпутун, похуоттарбытын уонна халдьаайы үрдүгэр турар оскуолабытын кытта ситимнээн өйдүүбүт.
Ыам ыйын 6 күнүгэр оҕо-аймах тапталлаах доҕоро, пионерскай баһаатай Татьяна Игнатьевна Андросова төрөөбүтэ лоп курдук 85 сааһын туолар. Кинини өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн ыраахтан-чугастан араас көлүөнэ пионердара эҕэрдэбитин, махталбытын, тапталбытын ыытабыт. Татьяна Игнатьевна олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, бэйэтэ үчүгэйдик суруллубут айымньыга холоонноох.
1939 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр I-кы Алдан нэһилиэгэр Туласыновтар дьиэ кэргэттэригэр Татьяна күн сирин көрбүтэ. Артыаллар холкуостарга түмсэн, үлэ тыа сиригэр күөстүү оргуйан олороро. Аҕата, ийэтэ Стахановтыы үлэлиир холкуос туруу үлэһиттэрэ этилэрэ.
Сарсыҥҥыга эрэллээх саха ыалын олоҕо биир күнүнэн, биир чааһынан урусхалламмыта. Сэрии… Бу уодаһыннаах тыл Татьяна аҕатын Игнатий Иннокентьевич (Леонтьевич) Туласыновы аан талҕа холоруктуу сөрөөн, тус арҕаа илдьибитэ. Ити 1942 сыл этэ. Кыракый Таня олоҕун бастакы олук хардыылара Аҕа дойду сэриитин, сут-сутурҕанын кытта тэҥҥэ алтыспыта. Ийэлэрэ Александра булбутун муннун анныгар мунньан, кынатын сылааһыгар бигээн, оҕолорун инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан улаатыннаран, киһи-хара оҥорбута.
Татьяна Игнатьевна быраатынаан Игнатий Игнатьевичтыын сураҕа суох сүппүт аҕаларын тоҥ суолун тордоон, ир суолун ирдээн, Новгородскай уобаласка Алексеевка дэриэбинэҕэ «Братскай могилаҕа» 10-тан тахса тыһыынча өлбүт буойуттар испииһэктэриттэн аатын булбуттара. «Аҕа» — диэн эппэтэх тылларын этээри, кини удьуора салҕанарын кэпсээри, Татьяна Игнатьевна быраата Игнатийдыын, сиэнэ Мичиллиин тиийэн, сүгүрүйэн, сибэкки дьөрбөтө ууран кэлбиттэрэ. Кыырыктыйбыт баттахтаах төбөлөрүн төҥкөтөн, куруутун эдэр сэбэрэтинэн хаалбыт аҕаларыгар махтаммыттара. Татьяна Игнатьевна олоҕун саамай улахан баҕатын, ытык иэһин толорбута, аҕатыгар сүгүрүйбүтэ.
Татьяна Туласынова олоҕун саамай умнуллубат сыллара оскуолаҕа үөрэммит кэмэ буолар. Сэрии кэннинээҕи кэмҥэ тиийиммэт да буоллаллар, эдэр саас сыллара олус кэрэлэр, умсулҕаннаахтар. Уус Таатта ситэтэ суох, онтон Ытык Күөл орто оскуолаларыгар үөрэммитэ. Бииргэ үөрэммит оҕолоро ахталларынан, Таня элбэх саҥата суох, ол эрээри кылааһы хамсатар, түмэр, салайар ис сүрүннээх эбит. Дэгиттэр талааннаах: ыллыыр, үҥкүүлүүр, сүүрэр, мээчиктиир, теннистыыр, саахыматтыыр. үөлээннээхтэрэ «Тулааһын Таня» — диэн ааттыыр этибит дэһэллэр.
Дьокуускай куоракка култуурнай-сырдатар училищаҕа туттарсан киирэригэр, биир бүччүм санаалааҕа, «түргэнник үлэһит буола охсон, ийэбэр тирэх, өйөбүл буолбут киһи» — диэн этэ. Татьяна Игнатьевнаны бүтэһик кууруска быраактыкатын Баайаҕа кулуубугар барбыта. Дьылҕата соруйан анаабытын курдук, оскуолаҕа ити сыл Поликарп хотуттан, Абыйтан, бүтэн кэлэн, учууталлыы сылдьара. Учуутал уол Поликарп Александрович Андросов эдэр кыыһы таптыы көрбүтэ.
60 сыллааҕыта сап-саҕаттан салҕанан, этиллибэтэх таптал тылларын Поликарп Александрович Татьяна ытыһыгар былакаатынай бөрүөнү туттарбыт күнүн ааҕыахха сөбө буолуо. Татьяна Игнатьевна ити күнү билигин да умнубат, эдэр уол саҥата суох истиҥ көрүүтэ, сылааһынан илгийэр илиитэ уонна бөрүө …
Баайаҕа өҥ кырсыгар Андросовтар диэн ыал түстэммитэ, унаар буруота субуйбута. Утуу-субуу ийэни, аҕаны үөрдэн, алта оҕо күн сирин көрбүтэ: Шура, Домна, Игнат, Поликарп, Саша, Леня. Оҕолор улаатан, үөрэнэн, үлэһит, ыал буолан, ийэни, эбэни Татьяна Игнатьевнаны үөрдэллэр. Аҕалара, эһэлэрэ Поликарп Александрович «баара буоллар, тугу эрэ үөрэр, астынар этэ» — диэн кини элбэхтик санаан ылар.
Дьэ, ити кэмтэн эдэр кийиит кыыс Татьяна Игнатьевна Баайаҕа оскуолатын историятыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллар үлэлээх Н.С.Андросов аатынан пионерскай дружина пионер баһаатайынан үлэтэ саҕаламмыта.
Татьяна Игнатьевна 25 сыл усталаах-туоратыгар оҕо саас кэрэ өйдөбүлүн, умнуллубат үтүө кэмнэрин, дьикти түгэннэрин бэлэхтээбит күндү, тапталлаах баһаатайбыт буолбута. Билигин аҕам саастаах дьон муста түстэхтэринэ, олохторун бэлиэ түгэннэрин кэпсэтэр-сэһэргэһэр буоллахтарына, пионер, комсомол сылдьан, тугу тэрийбиттэрин, оҥорбуттарын, ханна айаннаабыттарын, пионерскай сбордар, көрсүһүүлэр тустарынан үөрэ-көтө ахталлар. Онно барытыгар Татьяна Игнатьевна аата истиҥник, махталлаахтык, тапталлаахтык ахтыллар.
Матрена Седельникова: «Оскуолатааҕы сыллар олус күндүлэр. Билигин үчүгэй да кэм этэ диэн саба быраҕан этэбит гынан баран, чахчы үчүгэй этэ. Оҕо сааһым биир умнуллубат кэминэн Латвиянан, Литванан «Доҕордоһуу» бэстибээлигэр сылдьыым буолар. Билигин ити дойдулар сабыылаах судаарыстыбалар буолан тураллар. Билигин толкуйдаан көрдөхпүнэ, ССРС каартатыгар суох Баайаҕа диэн кыракый бөһүөлэктэн «Ил-Эйэ, Доҕордоһуу» илдьиттэрэ буолан тиийэн, бэйэ куолаһын иһитиннэрии улахан миссия эбит. Онно баһаатайбыт Татьяна Игнатьевна Андросова үтүөтэ-үлэтэ улахан».
1968 сыллаахха аан бастакынан пионерскай хоско В.И.Лениҥҥэ аналлаах муннук тэриллибитэ. Бу хоско бары стендэлэри, монтажтары, альбомнары оҕолор бэйэлэрэ оҥорбут буолан наһаа күндү этилэрэ.
Туох баар үлэ барыта В.И.Ленини кытта сибээстээх буолара.
«Муус устар 22 күнэ. Оччотооҕу оҕолорго бу күн сибэтиэй курдуга. Бу күн Улуу сирдьиппит В. И.Ленин төрөөбүт күнэ. Бу күн ССРС үрдүнэн Ленинскэй Коммунистическай субуотунньуктар – үлэ бырааһынньыктара ыытыллаллара. Бу күн Баайаҕа үрдүнэн эрбии тыаһа лыҥкынаан олороро, уолаттар мас хайыталлара, кыра кылаастар саһаанныыллара. Саһааннар, ардах кэнниттэн үүнэр тэллэйдэр курдук, кэчигирэһэллэрэ. Үлэ үөрүүтэ, үлэ куоталаһыыта барыбытын кынаттыыра», — диэн Матрена Седельникова ахтар.
Татьяна Игнатьевна кэргэнинээн Поликарп Александровичтыын оскуола оҕолоругар ирдэбил үлэни тэрийэн, Семен Константинович, Ксенья Александровна Андросовтар саҕалаабыт краеведческай үлэлэрин салҕаабыттара. «Кыһыл суолдьуттар» ирдэбил үлэлэрин түмүгэр оскуолабыт төрүттэммитэ 100 сылыгар Ленинскэй музей аһыллыбыта. Бу музейтан силистэнэн, оскуола, нэһилиэк историятын музейдара төрүттэммиттэрэ. Музейдар матырыйаалларын булууга, экспонаттарын көрдөөһүҥҥэ, ахтыылары, хаартыскалары хомуйууга, дойду музейдарын, биллиилээх дьонун кытта суруйсууга дружина пионердара, оскуола комсомолецтара, учууталлара бары кыттыбыттара. Хас биирдии тэрээһини Татьяна Игнатьевна сатаан аттаран туруорар буолан, оҕо дууһатын сылааһын биэрэн туран кыттара. Дойдуга таптал, ытыктабыл барыта төрөөбүт төрүт буортан силис тардан барарыгар кыыһар кыһыл хаалтыстаах баһаатайбыт өҥөтө улахан.
Баһаатайбыт пионерскай үлэтин биографиятын биир чаҕылхай туоһутунан «Алгыс» ИДК тэрийии буолбута. Баайаҕаттан Эйэ илдьитин суруктара ССРС бары республикаларыгар көтөллөрө, Доҕордоһуу далаһата ууруллубута. Пионерскай дружина аатыгар кэлбит дойду биллиилээх дьонун суруктара, бэлэхтэрэ күн бүгүн музейга кыһамньылаахтык ууруллан сыталлар: биллиилээх оҕо суруйааччылара З.И.Воскресенская, С.В. Михалков, М.П. Прилежаева, Советскай Союз Геройдара Зоя уонна Шура Космодемьянскаялар ийэлэрэ Л.Т. Космодемьянская, космонавт В.В. Терешкова уо.д.а. Баайаҕа оҕолоро биир бастакынан Киин телевидение «Отзовитесь, горнисты!» программатыгар уһуллубуттара. З.И. Воскресенскаяны, С.В. Михалкову илэ көрсөр, кэпсэтэр, ырыаларын-тойуктарын иһитиннэрэр дьолу билбиттэрэ. Оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрэ Рига, Кишинев куораттарга Доҕордоһуу бэстибээлигэр кыттыыны ылбыттара, Орто Азиянан, Арҕаа Украинанан, Белоруссиянан, Сибиир куораттарынан, Москванан, Ленинградынан айаннаабыттара, «Орленок», «Артек», «Океан» лааҕырдарга сынньанар дьолун билбиттэрэ.
Татьяна Игнатьевна баһаатайдаабыт пионерскай дружината алта төгүл правофланговай дружина аатын ылбыта, Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ, ЫБСЛКС КК Бочуотунай грамоталарынан, вымпелларынан наҕараадаламмыта.
Кэнники 19 сыл устата Татьяна Игнатьевна оскуола музейын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, туох баар билиитин-көрүүтүн, сатабылын үйэтитиигэ уурбута. Оскуола, нэһилиэк историятын чинчийиигэ, үөрэтиигэ оҕолору, төрөппүттэри түмэ тарпыта. Үлэ түмүктээх буолбута. 1993 сыллаахха оскуола, 1995 сыллаахха нэһилиэк музейдара анал статуһу ылбыттара. Татьяна Игнатьевна элбэх кинигэни суруйда, бэчээттэттэ. Улууспут, нэһилиэкпит бараммат баай историятын үйэлэргэ үйэтиттэ.
Татьяна Игнатьевна Андросова 85 сааһын үлэ үөһүгэр көрсөр. Кини кэнники сылларга Баайаҕа историятыгар ураты миэстэни ылбыт дьон туһунан архыыпка хасыһан, суруйан, өрөспүүбүлүкэ сурунаалларыгар бэчээттэттэ, ону тэҥэ олус элбэх кинигэ таһааттарда.
Улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ, эдьиийэ, саҥаһа да буолан туран, түбүгэ үгүс да буоллар, суруйарга бириэмэни сатаан буларыттан, кини дьулууруттан, туппутун ыһыктыбатыттан, иннин диэки дьүккүөрдээхтик айанныырыттан сөҕөбүт эрэ. Ол да иһин «туппута тупсан, ылсыбыта ыпсан иһэр» — диэн итини этэр буоллахтара.
Татьяна Игнатьевнаҕа ис сүрэхтэн этиллэр үтүө тылбытын, санааны көтөҕөр эйэҕэс эҕэрдэбитин, сүргэни көтүтэр минньигэс мичээрбитин аныыбыт.
Маргарита Егорова, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Баайаҕа Томторо, 2024 сыл.