Биир сүбэнэн үлэлиир суоллары тобуларга дьулуҺабыт

Тааттатааҕы «Тускул» психолого-педагогическай, медико –социальнай киин биир сүбэнэн үлэлиир суоллары тобулар. Доруобуйаларыгар хааччаахтаах уонна сайдыыларыгар хаалыылаах оҕону, кини дьиэ кэргэттэрин кытта үлэ сылы эргиччи барар, быйылгыттан биир кэлимсэ дьарыктар (комплекснай) ыытылланнар кѳдьүүстээхтэрин кѳрдѳрдүлэр.

Маны таһынан бииргэ үлэлииргэ сѳбүлэҥнэрин ылан тастан анал үѳрэхтээх исписэлиистэри ыҥыран, дьарыктары ыыттаран эмиэ дьиэ-кэргэттэр биһирэбиллэрин ылабыт. Ол курдук сайын устата «Логос» олохтоох бэйэбит эмчиттэрбит, логопедтарбыт, илбийээччилэрбит буоларын курдук оҕолору кытта үлэлииргэ бэлэмнэр. Быйыл, сайын саҕаланыыта, оҕо күнүн кѳрсѳ илбийээччи, уйулҕаһыт Тен Эдуард Донхвановичтыын тѳрѳппүттэргэ кѳрсүһүү тэрийдибит. Кини бэйэтин уонна дьоҥҥо анаммыт идэтин туһунан кэпсээбитин тиэрдэбит.

Үтүѳ буолуохтун, «Таатта» хаһыат ааҕааччыларыгар! Мин Эдуард Тен диэммин, Дьокууйскайга «Отуор» этническэй мэдэссиинэ киинигэр исписэлииһинэн үлэлээбитим ыраатта. Бу идэбэр кэлиим ыраахтан саҕаланар, ол курдук маҥнай фельдшер идэтин Магаданнааҕы медициинскэй училищеҕа ылбытым уонна кэлин Хабаровскай куоракка Дальневосточнай университетка психолог идэтин баһылаан дьону кытта үлэлээн барбытым. Идэм олус суолталаађын ѳйдѳѳммүн 1985 сылтан мэдэссиинэҕэ уонна доруобуйаны чѳлгѳ түһэриигэ күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабын. Эдэр сылдьан илин дойдулар Китай, Корея үгэс буолбут норуот мэдэссиинэтин үѳрэтэн саҕалаабытым уонна Саха сиригэр кѳһѳн кэлэн саха норуота чѳлгѳ түһэрии эмтэниитин үгэстэрин, ойууннааһыны сэҥээрбитим. Кэргэним Елена саха тылын уонна литературатын учуутала, филолог, юрист, тыл эксперта, отоһут, онон дьарыктанар киһи миэхэ үлэбэр суолдьутум буолла. Кини ѳссѳ эксперт- почерковед, социальнай психолог, адаптивнай физкультура интсруктор – методиһа, отунан эмтээһин билиитин Москваҕа РУДН-ңа ылбыта. Онон иккиэн Этнореабилитация «Отуор» диэн эти-сиини чѳлүгэр түһэрии барыл ааптардара, айааччылара буолабыт. Барыл араас үѳрэх, норуот чѳл буолуу баайын, муудараҺын, сахалыы илбийии, түѳннээҺин, отунан эмтэнии, илин дойдулар сатабылларын, массаас кѳрүҥнэрин, чжень-цзю терапияны, аныгы технологияны, ол курдук адаптивнай физкультураны, кинезиотерапия Войта, тейпирование курдук саңаны түмпүт буолан киһиэхэ үтүѳ түмүктэрдээх. Үлэбитин салгыы сайыҥнара турабыт, барылбыт кэҥиир, ол курдук саңа толкуйбут «аэройога» диэн улахан да дьоҥҥо, оҕолорго да хамсаныылара кэһиллибит, былчыҥнарын сайдыыта мѳлтѳхтѳргѳ мэйии нѳҥүѳ ыытыллар дьарыктаахпыт, ону таһынан нуччалыы эттэххэ «нейромышечная коррекция (работа с «выключенными» мышцами через мозг)» айылҕа эттиктэринэн, маһынан, тимиринэн уо.д.а энергетическай массаж буолар. «Отуор» хамсаныы – бу киһи айылђатынан хамсыахтаах этин –сиинин чѳлүгэр түһэрэр аналлаах дьарыктара буолаллар. Сѳпкѳ уонна сатаан хамсанар буоллахха ис турук бѳҕѳргүүр, эт-хаан эргиирэ тупсар, эрчим киирэр. Маны таһынан эмтээх оттору хомуйан, куурдан-хатаран иһэр от, чэй оңоробут, «Туйаара» чэй хомулугун тиһигэ оҥоһуллан атыыга тахсыбыта ыраатта. Хомуйар үүнээйилэрбитинэн арыы экстрактары, маастары, кремнэри «Отуор» табаарынай атыыланар бэлиэлээх таһаарабыт. Бэһис сылбытын норуот үѳрүйэхтэригэр олоҕурбут бырагырааммабыт ДЦП-лаах, РАС-таах, саҥарбат буолан сайдыытыгар хаалыылаах оҕолору сайыннарыыга түмүктэрдээҕин биллибит. Эбэн эттэххэ бырагыраамма, ордук ковид-19 кэннэ элбээбит инсульт, инфаркт курдук ыарыылары эмтэнэн уонна оһол, эппирээссийэ кэннэ урукку чѳлгѳ түһүүгэ туһуланар, ис-үѳс үлэтин, нерв системата, аала сылдьар ыарыыны мүлүрэтэргэ, түѳһэйии курдук моһуоктарга эмиэ абыраллаах буолан уһугар тиийбит, синигэр түспут да дьону кытта үлэлиибит. «Отуор» Этнореабилитация бу мэйии, сис тоноҕоһун үлэтин оннугар түһэрэн, ол нѳҥүѳ нерв систиэмэтин үлэтин муҥутуурдук туһаныы. Бу элбэх уонна уһуннук быстыбакка бара турар үлэ буолар, онон эһиэхэ Тааттаҕа ѳссѳ да кэлэбит, хас кэлиибитигэр саҥаттан – саҥа билиилэри туһаныахпыт уонна олохтоохтор доруобуйалара тупсарыгар кѳмѳлѳһүѳхпүт диэн бигэ эрэллээхпит.

Александра Прудецкая, «Тускул» киин директора, «Таатта» хаҺыат общественнай кѳмѳлѳһѳѳччүтэ.

 

Читайте дальше