Киһи олоҕор араас дьону кытта алтыһар. Олортон аҕыйах киһини ахтыахпын баҕардым. Хрисанф Иванович Кашкин. Кини миигин быраат диэн ааттыыра. Улахан үлэһит киһиттэн итинник тылы истэр тустаахха туохха да тэҥнэммэт кэрэ буолан иһиллэрэ. Кини омос көрдөххө кытаанах майгылаах буолан көстөрө, киһи толло көрөр этэ. Онтон чугастык билистэххэ, майгылаах үтүөтэ, аһыныгас. Киһи ыарахаҥҥа түбэстэҕинэ хайаан да көмөлөһөр, илиитин утары уунар үтүө хаачыстыбалааҕа. Үлэтигэр олус кыһамньылаах, ирдэбиллээх, саха норуотун үлэҕэ муудараһын толору иҥэриммит улахан салайааччы этэ.
Хаһан сынньанара биллибэт, биир өрөбүлгэ өрөөбөт, эгэ, бырааһынньыкка өрүө дуо? Бу тиийэн кэлэр, бардыбыт диэн буолар. Айаннаан иһэн биир да атыыр үөрүн мээнэ биһиги курдук көрөн кэбиспэт. Хайаан да тохтоон ааһар. Кыһын туруктарын көрөр, ырбыт сылгы баар буоллаҕына “аһатыахха сөп буолбут” диир. Сайын сайылыктарга сылдьар, дьону кытта кэпсэтэр, кыһалҕаларын истэр, дьаһал ылар, онтон астынара сирэйигэр көстөр. Киһи итинник салайааччыттан элбэххэ үөрэнэр, киниэхэ кыратык да буоллар майгынныаххын баҕаран кэлэҕин. Хайа да үрдүк үөрэхтээҕэр элбэх билиини биэрэр, холобур буолар үтүө да киһи этэ. Кини ыытар тэрээһиннэрэ барыта дьон туһугар анаммыт, үлэ туһугар, киэҥ-куоҥ, өрө күүрүүлээх буолара. Үлэһиттэр сынньалаҥнарын табан тэрийэрэ. Ол кэнниттэн, дьон үлэҕэ илиилэрин ньыппарынан туран туруналлара. Дьону сынньатаары Араҥастаахха ипподром туттарбыта, бэйэтэ ааттаах комментатор талааннааҕа. Дьон ханна да ыраах барбакка үтүө да аттар илин-кэлин түсүһэллэрин көрөн, үөрэн-көтөн, астынан аҕай тарҕаһаллара. Биир түгэн өйбөр хаалан хаалбыт. Чурапчы улууһун бастыҥ аттара уонна Таатталар аттарын ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэрэ буола турар: 4800 м. дистанцияҕа Чурапчыттан ааттаах Сыыйылла уонна Победа барахсан бараллар диэн диктор Хрисанф Иванович Кашкин куолаһа дорҕоонноохтук иһиллэр. Победа мөхсөр. Роман Итириков иккиэ буолан, аттарын сүүрэр суолга нэһиилэ киллэрэллэр. Аттар түстүлэр. Бастакы эргииргэ аттар тэҥҥэ соҕус кэлэллэр, онтон Победа туораан тахсан, далга киирэн хаалар. Сыыйылла субуруйа турар. Победаны бэрт эрэйинэн сүүрэр суолга киллэрэн ыыталлар. Победа барахсан кыра бэйэтэ улаатан, хаптайа-хаптайа түһэн, Сыыйылланы эккирэтэр. Иккис эргиири Сыыйылла балачча сырдыктаах кэлэн ааһар. Үһүс эргиирдэригэр булгунньах диэки тиийиигэ, арай көрдөххө, Победа Сыыйыллаҕа чугаһыыр. Чуумпуран, хомойон турбут дьон аттарыгар Победаҕа ыалдьан, хаһыы бөҕөнү түһэрэллэр. Финишка Победа бастаан кэлэр. Онно, Хрисанф Иванович: “Оо, Победа! Оо, Победа!” – диэн хаһыытыыра иһиллэрэ кулгаахпар олорон хаалбыт.
Мунньахтарга дакылааты бэйэтэ оҥороро. Иннигэр кыра лоскуй кумааҕылаах буолар. Чааһы быһа дьону үлэҕэ күүрдэр, дьону хайгыыр, сыал-сорук туруорар. Үрдүк үөрэҕи үлэлии-үлэлии кэтэхтэн бүтэрбитэ. Биирдэ сессиятын туттаран кэллэ. Сарсыарда үлэтигэр эрдэ кэлэр идэлээҕэ. Биһигини ыҥырталаан ылла, зачеткатын таһааран көрдөрдө. “Хорошо” сыана элбэх, ол иһигэр немец тылыгар. Евсей Евсеевич Постников “Гутен Таг”, — диэтэ. Хрисанф Иванович: “Туох-туох дигин?” — диир уонна туох эрэ көрдөөҕү этээри уоһа чорбоҥнуур, күлэн мичик гынар. Оннук киһи этэ, улахан убай, бастыҥ салайааччы Хрисанф Иванович Кашкин.
1971 с. отделение управляющайа Василий Гаврильевич Вырдылин хамсатын туора уобан олорор. Киирэн дорооболостум: “Үлэҕэ киирэ кэллим”, – диибин. Василий Гаврильевич үөрэ түстэ. Хадырҕааччы хотонугар фуражир, саах таһаарааччы уонна көөнньөрбө оҥорооччу тиийбэт диэтэ. Ол үлэлэргэ соҕотох Карл Христофоров сылдьар диэн буолла. Сарсыарда онно үлэлии тахсаар диир. Сарсыҥҥыттан ыла, Хадырҕааччы хотонугар тахсан, үлэ үөһүгэр түстэҕим. Оҕуһунан саах таһаарабыт, ыанньыксыттарга түннүгүнэн от киллэрэбит, паарынан улахан чааннарга көөнньөрбө буһарабыт. Ити үлэлэри таһынан, сарсыҥҥы күннээҕи хас да сыарҕа оту тиэйэбит, киллэрэбит.
Чуурка хотоҥҥо ити үлэлэргэ Михаил Михайлович Охотин үлэлиир. Сарсыарда 4—5 чааска кэлэбит, киэһэ сөпкө бүтэбит. Чөркөөх икки туруу үлэһиттэрин кытта билистэҕим ити. Оччолорго ыанньыксыттар, бороон торбоһу көрөөччүлэр олус үчүгэйэ суох туруктаах хотоннорго үтүө да суобастаахтык, күүстэрин-кыахтарын барытын ууран туран үлэлииллэрэ. Үйэ тухары ыанньыксытынан үлэлээбит Анастасия Софроновна Слепцова мындыр салайааччы-наставник этэ. Үлэтигэр ыарахантан толлубат, дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах, Чөркөөх отделениетын биир бастыҥ ыанньыксыта, дьиэ кэргэн далбар хотуна. 16 сылы быһа отделением туһа диэн сылайары, ыалдьары билиммэккэ үлэлээн Бочуот Знага уордьан кавалера.
Февронья Яковлевна Огонерова Бочуот Знага уордьан, Амгана Михайловна Мосорина Үлэ Албан Аат 3-с истиэпэннээх, бороон көрөөччү Татьяна Кирилловна Толстякова Үлэ Кыһыл Знамята, Мария Николаевна Тимофеева Бочуот Знага уордьаннар кавалердара.
Татьяна Кирилловна Толстякова — ИевлеваАнна Романовна Варламова 40 сыл устата ыанньыксыттаан үрүҥ-хара көлөһүнүн тохпута, үтүө-мааны майгылаах, биир кэм күлэ-үөрэ сылдьар үтүө киһи. Ити курдук элбэх үтүө-мааны дьону ааттыахха сөп.
Үлэ Кыһыл Знамята, Үлэ Албан Аата 2, 3 истиэпэннээх уордьаннар кавалердара Егор Степанович Большаков туһунан аҕыйах тыл. Кини үтүө майгылаах, сыыһаны-халтыны сөбүлээбэтин тута биллэрэр, итийэн-кутуйан туран, суон куолаһынан биллэрэр киһи, кимтэн да толлубакка этэр, аһаҕас, көнө майгылаааҕа. 2004 с. буолуо, үлэлээн бүтэн баран, КПХ тэринэн сылгы, ынах-сүөһү иитиитинэн дьарыктанан барбыппыт. Ити 2002 с. 10 ыанар ынахтаах, 33 сүөһүгэ диэри кыстатар этибит. Сылга 2 туоннаттан тахса үүтү туттара сылдьыбыттаахпыт. Сылгыны 3 биэттэн саҕалаан, 80-ча төбөҕө тиэрдибиппит. 2001-2002 сс. Егор Степанович Большакову кэпсэтэн, 86 гааҕа нэчимиэн бурдугу үүннэрэн, 18 сэнтиниэр бурдугу хомуйбуппут. Дэбдиргэ отделениетыгар сиэмэ бурдук атыылаабыппыт.
Комбайына суох буолан, Туора Күөлтэн Нил Федорович Никитини кытта дуогабар түһэрсэн, комбайн уларсан быстарбыппыт. Егор Степанович ыллыырын ким истибитэ буолла? Үлэ тахсыылаах буолан? Егор Степанович тыраахтар уруулугар олорон, доргуччу ыллыырын истэн турабын. 1980-1981 сс. дойдуга кураан туран, от кырыымчыгынан сибээстээн, ыанньык сүөһүнү Аммаҕа киллэрэн кыстатарга быһаарбыппыт. Ыччаты кытта уопуттаах ыанньыксыттары киллэрбиппит. Старшайынан, биригэдьииринэн Софья Никифоровна Федосееваны анаабыппыт.
Улахан сүтүгэ суох этэҥҥэ кыстаабыттара, төрүөх да кэлбитэ, үүт да ыаммыта. Онно 4-5 үчүгэй үлэлээх саҥа, эдэр ыаллар баар буолбуттара. Олор истэригэр билигин Чөркөөх сис ыаллара Собакиннар, Огоюкиннар, Аржаковтар бааллар.
Холкуостар 50-60-с сылларга от сиэтэ диэн ыанньыктары Аммаҕа киллэрэн, онно олорор балаҕан дьиэ, холлоҕос хотон тутан, Болодьуманан, Сэһэн Чараҥынан, Өрүөлээх Бэһинэн этэҥҥэ кыстаан тахсаллара. Эдэр сылгыны, убаһаны Ооттонон, Бэһинэн кыстаталлара. Билигин ити үтүө үгэс хаалла. Сүөһү, сылгы кэтэх, кыра бааһынай хаһаайыстыбаларга түмүлүннэ. Көрөр дьон кырыйда, сылтан сыл сүөһү, сылгы ахсаана аччаан иһэр.
Киэҥ хочолоох Амма сирэ туһаныллыбакка, талаҕынан, дулҕанан үүннэ. Сопхуос саҕана, оҥоһуллубут бааһыналар хааллылар. Бу улахан кыһалҕанан буолла. Эдэр дьону, салалтаны толкуйдатыан сөп этэ. Билигин тыа сирин сайыннарыыга аналлаах араас үптээх-харчылаах бырагыраамма элбэх. Тыа сирин тупсаран, оҥорууга Арассыыйа, сири оҥорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааммалара, бурдугу үүннэриигэ, сири оҥорууга, күрүө тутуутугар, сылгыны үөрдээн иитиигэ уо.д.а. элбэх өйөбүл баар. Үлэлиир киһиэхэ, ама мантан ордук, туох өйөбүл нааданый?… Толкуйдуохха, сүбэлэһиэххэ, тобулуохха буоллаҕа.
80 кыс хаарын санныгар түһэрбит Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
СӨ Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна,
Таатта улууһун, Дьохсоҕон, Октябрьскай нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо Бүөтүр Саабын.