Ааспыт атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи субуокка көрдөрүүлэрэ куйаас күннэр тураннар икки нэдиэлэ устата лаппа эбилиннилэр. Ол курдук улуус үрдүнэн 10,280 тоннаттан 23,041 тоннаҕа тиийдэ, 27, 76 %-тан 62,22 % буолла. Тыа хаһаайыстыбатын кооперативтара 4,048 т оту кэбиһэннэр, былааннарын 54,19 % толордулар, бааһынайдар туһааннааҕынан 8102 т, 61,96 %, кэтэх хаһаайыстыбалар 10890 т, 66,27 % оттонно.
Билигин Ыспааһаптар саҕалананнар, күүтүүлээх ардахпыт сөп буола-буола түһэн, оттооһун хаамыыта лаппа бытаарар туруктаах. Сорох кэтэх хаһаайыстыбалар кураан күннэри баттаһа үлүмнэһэн оттооннор, сыл тахсар отторун булунан, ходуһаттан тахсан уоскуйан олороллор. Оттон сорохтор окко хойутаан киирэн, ардахха былдьатан отторун хаачыстыбатыгар оҕустараллара чуолкай. Өрүс эҥэрдэргэ сааһын уулаах дьыл буолан, отторо күүскэ үүнэн, сорох сирдэриттэн 2-3 төгүл элбэх оту ыллылар. Билиҥҥи туругунан Уус Амма (1335 т, 84,07%), Амма (2240 т, 76,76 %), Уолба (1220 т, 71,55 %) нэһилиэктэрин отчуттара сыллааҕы былааннарын толороллоро чугаһаата. Хара Алдан нэһилиэгэ (155 т, 29,52%) көрдөрүүтэ сэмэйин иһин, кинилэр сибээһэ суох ыраах арыыларга оттуулларын өйдүөххэ наада, онон ити көрдөрүү эмискэ үрдүөн сөп. Алаас сирдээхтэргэ Тааттыныскай (23,041 т, 62,22 %), Дьохсоҕон (2470 т, 66,67%), Дьүлэй (1793 т, 65,99%) нэһилиэктэрэ балачча хоннохтоохтук оттоон, отторун күрүөлээтилэр.
Билигин да оттооһун сезона бүтүө ыраах. Өбүгэлэрбит “биир күн дьылы аһатар” диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Уларыйа турар күн-дьыл билгэлээһинин кэтээн, кураан күннэри кэтэһэн туран, хаһаайыстыбалар отчуттара бу быһаарыылаах ыйга күүскэ хамсанан, сылгыларыгар-сүөһүлэригэр дьылы туоратар дэлэй оту оттуохтара диэн эрэнэбит.
А.Неустроева.