Быыллаах буурҕалар эбэтэр уодаһыннаах санаалар

Космос быылыттан галактика уонна планеталар үөскээбиттэрэ. Оннооҕор киһи этэ-сиинэ урут эстибит сулустар атомнарыттан турар. Аан дойдуга туох баар барыта быылтан үөскүүр уонна тиһэҕэр тиийэн быылга кубулуйар. Онон космос быыла биһиги олохпут биир тутаах элэмиэнинэн буолар.

Ыйыстар Ый

Биһигиттэн саамай чугас планетанан Ый буолар. Ол да иһин бу планетаны куруук чинчийэ, үөрэтэ көтөллөрүттэн киһи соһуйбат. Муус устар 26 күнүгэр 2023 сыллаахха биир олус таайтарыылаах көстүү буолан ааспыта. Онно Японияттан чинчийэр хараабыл Ыйга көппүтэ. Хараабылга «Hakuto-R Mission 1» диэн Ый устун хаамар модуль баара. Барыта былаан быһыытынан баран испитэ. Ол эрэн, Ыйга түһэргэ 12 сөкүүндэ хаалбытыгар эмискэ аппарааты кытта сибээс быстан хаалбыта. Онно туох буолбута күн бүгүнүгэр диэри биллибэккэ турар. Модуль Ый үрдүгэр тиийбит суола да суоҕа, түспүт сирэ даҕаны булуллубатаҕа. Маннык түбэлтэ биирдэ эрэ буолбатаҕа. 2019 сыллаахха Израиль космическай аппараата «Beresheet» эмиэ бу курдук Ыйга түһэн баран, эмиэ сибээһэ быстан сүппүтэ.

Марсоход туохтан сүппүтүй?

Кэнники кэмнэргэ космическай чинчийиилэри үөрэтии кэҥээн, ыраах Марс планетаҕа зонд ыытар буолбуттара. Олортон үгүс зонд араас быһылааннартан кыайан тиийбэтэхтэрэ. Космическай чинчийиилэри ыытар зонд анал миэстэтигэр тиийбэккэ эрэ кэккэ харгыстары көрсөн, суола-ииһэ суох сүтэн хаалара. Холобур, 1991 сыллаахха «Mars Opserver» чинчийэр аналлаах космическай хараабыл таабырыннаахтык кыһыл планета атмосфератын үөрэтэр соруктаах айаннаан иһэн, сибээһэ быстан баран, симэлийэн быыл буолан хаалбыта. 2019 сыллаахха олус кистэлэҥнээхтик НАСА икки саҥа оҥоһуллубут Марсы тула эргийэ сылдьар спутниктара сүппүттэрэ. Кинилэр Марс кэннигэр баар куйаарга таайтарыылаахтык сүтэн хаалбыттара. 2021 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр Кытайтан кыһыл планетаны чинчийэ ракета көппүтэ. Бу ракета Марсы чинчийэр соруктаах бастакы марсоходунан буолара. Марсоход сылтан ордук кэм устата көппүтэ. Ол сылдьан 10 миэтэрэ дириҥнээх сиргэ буорга көмүллүбүт элбэх муннуктаах туох эрэ дьикти эттиктэри булбута. Онтон ыла тута марсоходу кытта сибээс быстыбыта. Учуонайдар күн батареяларын уонна быыллаах буурҕалары буруйдууллар. Ол курдук кинилэр олус киртийэн, сатаан сыҕарыйар кыахтара суох буолан сүтэллэр диэн сабаҕалыыллар.

«Фобос-37» хаартыската

Манна диэн эттэххэ, Марска барар миссиялар үксүлэрэ алдьаныы түмүгэр аппараат кэһиллиитинэн түмүктэнэллэрэ. Ол курдук Марс биир саамай улахан аргыһа Фобоска эмиэ маннык быһылааннар буолаллара. Холобур, дьикти быһылаан Байконуртан 1988 сыллаахха ыытыллыбыт планеталар икки ардыларынааҕы «Фобос-2» ыстаансыйаҕа эмиэ маннык түгэн тахсыбыта. Маҥнай бу ыстаансыйаны кытары сибээс мөлтөөбүтэ. Онтон 1989 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр тиһэх сибээс холбоно сылдьыбыта. Бу тиһэх сибээстэн «Фобос-37» хаартыска хаалларбыта. Бастакыга БКЭ (биллбэт көтөр эттик) курдугу, иккискэ таайтарыылаах монолитынан бэйэ оҥоһугун курдук эттик хаартыскатын. Бэйэтэ сүтүөн иннинэ «Фобос-2» сатаан салаллыбат буолбут курдук эргичиҥнээбитэ, онтон ыстаансыйаны ытан түһэрбиттэрин курдук сууллубута. Япониялар 37 грамнаах, кып-кыра ыйааһыннаах «MINERVA» робот-зонтара сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллыбыта. Кини Итокава астероидтан ыытыллыбыта. Бу робот-зонд планеталар үрдүлэригэр баар быыллары хомуйуохтаах уонна араас кээмэйдэри ылыахтааҕа. Онуоха аппарааты кытта сибээс быстыбыта.

Сураҕа суох сүппүттэр

Бу быһылааннар ортолоругар үчүгэй түмүк эмиэ баар. 2003 сыллаахха Марска Британия зонда «Beaqie 2» ыытыллыбыта. Учуонайдар бу аппараакка улаханнык эрэнэллэрэ. Ол эрээри зонду кытта сибээс биллибэт биричиинэнэн быстыбыта. Аппарааты сураҕа суох сүппүтүнэн аахпыттара. Ол эрээри 20 сыл буолан баран, 2023 сыллаахха атын чинчийэр хараабыл Марс үрдүттэн хаартыскаҕа түһэртээбитэ. Астрономнар уонна учуонайдар дьиибэргиэхтэрин иһин, сүппүт «Beaqie 2» зонду көрбүттэрэ. Онон аппараат сорох миссиятын толорбутунан ааҕыллыбыта. Европейскай космическай агенство салайааччыта Жан-Жак Дорден: «Уопсайынан эттэххэ, Марска түһүү табылынна», — диэн өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтээбитэ. Ол эрээри төһө табыллыылаахтык «Beaqie 2» Марс планетатыгар түспүтүн туһунан тугу да чуолкайдык иһитиннэрбэтэҕэ.
Атын холобуру аҕаллахха, Венераҕа чугаһаан иһэн, 1962 сыллаахха ыытыллыбыт «2МВ-1» ракета биир суукка буолан баран, өр кэмҥэ сибээскэ тахсыбатаҕа. Онтон сыл буолан баран эмискэ биллэрии ыыппыта. Онтон эмиэ тохтоон, сибээһэ быстыбыта. Ол оннугар 1972 сыллаахха анал чинчийиигэ ыытыллыбыт «Пионер-10» аппараат сүдү улахан гаазтан турар планетаны хаартыскаҕа түһэрбитэ уонна төһө даҕаны 2003 сыллаахха сибээскэ таҕыстар билиҥҥэ диэри сүппэккэ турар. Билигин апаараат эрэллээхтик Күн систиэмэтин саамай кытыы өттүгэр Альдебаран диэн сулус диэки айанныы сылдьар. Кырдьыгынан эттэххэ, аппараат онно икки мөлүйүөн сыл буолан баран биирдэ тиийиэҕэ. Билигин биэс сулус икки ардыларынааҕы көтөр аппарааттар «Вояджер-1» уонна «Вояджер-2», «Новые горизонты», «Пионер-10», «Пионер-11» биһиги Күммүт систиэмэтиттэн арахсан, кэнники сибээскэ тахсыбаттар.

Биир охсуунан сэттэни биирдэ

Зонд, сир аргыстара уонна да атын космическай аппарааттар биллибэттик сүтэн хаалыыларын конспиралогичнайдык, ол эбэтэр кистэлэҥнээхтик буолан баран фантастическайдык быһаара сатыыллар. Бастатан туран, үксүгэр чинчийээччилэр инопланетяннары, атын планеталар олохтоохторун саныы түһэллэр. Зонд уонна да атын космическай аппарааттар биллибэттик сүтэн хаалыылара конспиралогичнайдык буолан баран, фантастическайдык үөрэтиилэри үөскэтэллэр. Бастакынан, инопланетяннар – биллибэт көтөр эттиктэри. Ол иһин сүппүт, алдьаммыт аппарааттары барытын космоска ыаллыы олорор дьукаахтарбыт оҥоһуута буолар диэн быһаараллар. Кинилэр ордук киһи-аймах Ыйга, Марска тахсалларын мэһэйдэһэ сатыыллар диэн сабаҕалыыллар, ону тэҥэ кинилэр Сир Орбитатыгар кытары тахсан мэниктииллэр диэн санаанан салайтараллар.
Ол курдук 2021 сыл ахсынньытыгар уонна 2022 сыл тохсунньутугар сэттэ спутник сэттиэн бииргэ алдьаммыта. Онно астрономияны таптааччылар алдьаппыттара биллибитэ. Кинилэр кыһыллыҥы дьүһүннээх шардарынан уһун субурхай быһыылаах тэриллэринэн ытыалаабыттарыгар спутниктар үрэллэн хаалбыттара дииллэр. Атын биир быһаарыынан манна ордук кэлиҥҥи кэмҥэ космическай сэбилэниинэн үлүһүйүү, бэрт былдьаһыы, икки өттүттэн куһаҕаны оҥоруу баар диэн быһаараллар. Ол курдук инникитин бу дойдуга уочараттаах космическай инники түһүүнү оҥоруммут Сир таһыгар баар эбийиэктэри кэҥэтиэхпит диэн санаалаахтар. Маннык «сулустардаах сэриилэр» чуумпутук баран иһэллэр. Сэттэ спутник эмискэ бииргэ алдьаныыларын ханнык эрэ космическай сэби-сэбиргэли боруобалааһыҥҥа күтүрүөххэ сөп. Бу барыта Сир олохтоохторун оҥоһуутунан буолар.

«Чудеса и приключения» сурунаал 2024 с. №8 Марина Ситникова суруйуута.
Михаил Винокуров тылбааһа.