Таатта Харбалааҕар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэлэмнэнии үлэ саҕаланна. «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» чаастарыгар улуу Кыайыы, дойдуга бэриниилээх буолуу туһунан кэпсэтиилэр, иһитиннэрэр-биллэрэр дьарыктар тиһигин быспакка ыытыллар былааннара оҥоһулунна. Бүгүн нэһилиэккэ Кыайыы болуоссатын күрүөтүн кырааскалааһыҥҥа субуотунньук биллэриллибитэ. Онно кылаас салайааччылара Татьяна Прокопьевна, Кэрэчээнэ Егоровна, иитэр үлэни тэрийээччи Варианна Васильевна салалталарынан 9,10 кылаас үөрэнээччилэрэ ис сүрэхтэн кыһаллан туран, үлэлээтилэр.
Бу болуоссакка «Ытык сирдэр» бырайыак сүнньүнэн 9 кылаастар сылын аайы сыһыарыллан, көрөллөр-истэллэр, ыраастыыллар.
Нэһилиэк ППМИ бырайыагар кыайан, бу болуоссаты саҥардыыга үлэ бара турар. Онон ытык дьоммутугар сүгүрүйэр болуоссаппыт Кыайыы 80 сылын көрсө сэргэхсийиэ, баай ис хоһооннонуо диэн эрэнэ күүтэбит!
Лейла Никонова, 8 кылаас, В.С. Кривошапкина,учуутал.
Таатта, Харбалаах