Хас биирдии төрөппүт оҕотун сайыӊӊы сынньалаӊын туḣалаахтык атаарарыгар болҕомтотун уурар. Республика эбии үɵрэхтээhиҥӊэ үп-харчы көрɵн оҕо-аймах сайыӊӊы лааҕырын тэрийиигэ сɵптɵɵх эйгэни олохтуурга кыhаллар. Быйыл сайын бу үтүɵ үгэс кэḣиллибэккэ Чɵркөɵх орто оскуолатыгар сайыӊӊы «Сардаана» хонуктаах лааҕыр от ыйын 11 – 28-с күннэригэр үлэлээтэ.
Чɵркɵɵх орто оскуолатын кытта Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлэ үүнэн иhэр эдэр кɵлүɵнэни патриотическай тыыӊӊа, кыраайы үɵрэтиигэ биир тиḣиккэ киирэн үлэлээбиппит балачча кэм буолла. Оскуола үөрэнээччилэрэ музейнай уруоктарга, маастар-кылаастарга киирэн дьарыктаналлар. Онтон сайыӊӊы өттүгэр лааҕырга сылдьар оҕолорго литературнай-кыраайы үөрэтэр хайысхаҕа билии-көрүү эйгэтин олохтуубут. Музейнай уруоктары сэргэ сэргэх ыалдьыттары ыӊыран кэпсэтиннэрэн, саӊаны-сонуну билэллэригэр үлэлэḣэбит.
Ол курдук быйылгы лааҕыр оҕолоругар уопсайа 16 чаас музейнай уруок анаммыта. Дьарыктар сүрүннээн Судаарыстыбаннас түмэлигэр ыытылыннылар. Чөркөөххө саӊа үктэммит оҕолорго сэбиэдиссэй Михаил Аржаков Судаарыстыбаннас түмэлэ үлэлиир сыалын-соругун билиhиннэрэн, патриотическай уруоктары ыытан үлэбит саҕаламмыта. Салгыы сорох историческай суолталаах уруоктар аhаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөх түмэлигэр, чуолаан Боотуруускай улууска аhыллыбыт биир бастакы Всеволод Ионов судаарыскай оскуолатыгар тиийэн Оксана Жерготоваҕа, фонда үлэтин кытта билсиhиигэ, саамай былыргы малы көрөн үөрэтэр сыаллаах Елизавета Ущницкаяҕа, Сардаана Аввакумоваҕа музейнай уруоктарга дьарыктаннылар. Музей сэбиэдиссэйин толорооччу эбээhинэстээх М.А.Протодьяконов кырдьаҕас Чөркөөх оскуолатыгар үөрэнэн куорсун анньыммыт норуот суруйааччыларын, үйэтитии үлэтин туḣунан оҕолор куойаларыгар-маҥкыларыгар тиийэр гына кэпсээбитэ.
Музейнай уруоктарга «Утум» педагог-ветераннарбыт улаханнык көмөлөстүлэр. Кинилэр национальнай архыыпка тиийэ үлэлээн, элбэх ахтыыны хасыḣан «Чөркөөх» туḣунан икки томнаах кинигэни хомуйан таḣаарбыттара элбэҕи кэрэhэлиир. Ытыктыыр учууталларбытыгар тирэҕирэн оҕолорго нэḣилиэк историятын билсиhиннэрэн, Былатыан Ойуунускайы кытары 33 ситимнээх миэстэ баарын кэпсээн, көрдɵрөн ыыттыбыт. Холобура, Чɵркөɵх биир историческай сиринэн Охоноон тыата буолар. Бу гражданскай сэрии кэмигэр дьиӊ олоххо буолбут түбэлтэни Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон «Охоноон» диэн кэпсээнигэр суруйбута. Охоноону ɵлɵрбүт тыаҕа билигин мэӊэ ɵйдөбүнньүк саӊардыллан, күрүөлэнэн-хаhааланан турар. Ол онно тиийэн «утумнар» историческай суолталаах түгэни, гражданскай сэрии Чөркөөҕүнэн хайдах ааспытын кэпсээн, этэргэ дылы, музейнай уруокпутун ураты тыыҥҥа киллэрбиттэрэ.
Лааҕыр оҕолорун кытары көрсүhүүгэ норуот суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах кэлэн айар үлэтин, Былатыан Ойуунускай туhунан олус истинҥик кэпсээбитэ эмиэ биир сырдык өйдөбүл. Саамай көхтөөх кыттааччыга бэйэтэ тылбаастаабыт «Кыра Тыгын» кинигэтин бэлэх уунан үөрдүбүтэ. Манна даҕатан, Елена Васильевна көрдөhүүбүтүн куруутун өйүүрүн иhин улаханнык махтанабыт. Биир ый иhигэр үстэ көрсүhүүгэ кэлэн барбыта элбэҕи этэр. Аныгы кэм сиэринэн, олоххо дьулуурдаах дьону кытары көрсүhүннэрии оҕолору үөрэххэ, сырдыкка тардыḣалларын күүḣүрдэр. Суруналыыс, мотиватор Натали Протопопова кэлэн сэргэхтик кэпсээн, атын дойду олоҕо-дьаḣаҕа хайдаҕын иhитиннэрбитэ оҕолору абылаата. Улаата охсон, атын дойдуну, сири-уоту көрө бараары бэл өндөннөhө олордулар. «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын редактора Прасковья Татаринованы кытары көрсүhүү эмиэ умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Телевидение үлэтин, видеоҕа устуу кистэлэӊин арыйдылар, кыралаан сюжет уhуллулар.
Лааҕыр үлэтин кэмигэр Дьокуускай куораттан эбии үөрэхтээhин үлэhиттэрэ, «Сосновай Бор» лааҕыр салайааччылара кэлэн көрɵн-истэн бардылар. Кинилэри арыаллаан Михаил Геннадиевич Тохтобулунан, Саппыйа, Муӊха Дэлбэрийбит алааḣынан уонна икки музейынан сырытыннаран «Ытык Таатта ыллыктарынан» диэн туристическай-экскурсионнай айан тосхоллорун үɵрэтиигэ кыттыста. Бу бырайыак ирдэбилин ааḣан эhиилги сылтан ыла «Сосновай Бор» лааҕыр туристическай айаныгар киирдибит. Онон ɵрɵспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлэр оҕолор Таатта кэрэ бэлиэ уонна ытык Чɵркɵɵх сирдэринэн сылдьан элбэҕи билиэхтэрэ-кɵрүɵхтэрэ турдаҕа.
Инники ɵттүгэр улууспут үɵрэхтээhиӊӊэ управлениета сайыӊӊы лааҕырга, Чɵркɵɵххɵ, научнай-практическай конференцияҕа кыттыбыт оҕолорго биḣирэбил путевка быḣыытынан сырытыннарыахтарын сɵп эбит. Оҕолор сэргэстэḣэ турар икки түмэл баай фондатыгар, докумуоннарыгар олоҕуран чинчийии үлэтин салгыы дьарыктаналларын курдук. Онтон түмэл сотрудниктара оҕолорго билии-кɵрү аартыктарын арыйалларыгар күүс -кɵмɵ буолаллара саарбаҕа суох.
С.ХАЛГАЕВА, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейын сотруднига
Хаартыскаларга: «Сардаана» лаа5ыр түгэннэриттэн.