Чөркөөххө Былатыан Ойуунускай өрөгөйүн күнэ

Бүгүн саха норуотун чулуу уола уола Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолла. Кини күн сирин көрбүт алааһыгар Муҥха Дэлбэрийбиккэ бу күн дьон-сэргэ тоҕуоруста.

Мэҥэ өйдөбүнньүгэр тохтоон миитин, тыыннаах сибэкки дьөрбөтө уурулунна. Миитини улуус баһылыгын солбуйааччы С.В.Сунхалыров иилээн-саҕалаан ыытта.

Бу күн анаан-минээн Уус Алдан Сыырдааҕыттан уонна ыраах Мирнэй куораттан ыалдьыттар кэлбиттэр. Төһө да тымныы хаарыйдар, ыраахтан кэлбит ыалдьыттар алааһы, үөрэммит оскуолатын көрдүлэр. Үгэс быһыытынан Былатыан төрөөбүт балаҕанын көмүлүөгэ тигинэччи оттуллан унаар буруо алааска тэнийдэ. Балаҕаҥҥа музей үлэһиттэрэ итии чэй, алаадьы, саламаат астаан аһатан саха үтүө үгэһин тутустулар.

Салгыы Платон Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас музейыгар «Боотур куйаҕа» диэн ааттаах Баайаҕа музейын быыстапката аһылынна. Быыстапканы музей экскурсовода Ольга Макарова киһи истэ эрэ олоруоҕун курдук кэпсээтэ. Мирнэй куораттан кэлбит ыалдьыттарбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» моноспектаклы биир тыынынан көрдөрдүлэр. Олоҥхону нууччалыы ааҕан, быыһыгар сахалыы тойуктаан силигин ситэрдилэр. Олоҥхо Михаил Державин нууччалыы тылбааһын ылбыттар. Моноспектакль режиссер-туруорааччытынан Белоруссияттан төрүттээх Георгий Нестер буолар, олоҥхону чуваш кыыһа Анна Черданцева ааҕар, Айыы Умсуур удаҕаны саха кыыһа Айгуль Кулькова толорор. Ити курдук хас да норуот бэрэстэбиитэлэ холбоһон — саха олоҥхотугар моноспектакль туруорбуттар.

Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, 2014 сылтан маннык бырайыакка ылсан үлэлииллэр. РФ Президенин уонна Мирнэй улууһун культураҕа Граннарын ылан хоннохторо аһыллан, Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар «Улуу Кудаҥсаны», салгыы «Кыһыл Ойууну» туруорбуттар. Быйыл үбүлүөйдээх сылга «Дьулуруйар Ньургун Боотур» моноспектаклы бэлэмнээн Былатыан Ойуунускай төрөөбүт сиригэр кэллилэр.

Ити курдук саха чулуута, өркөн өйдөөҕө Былатыан Ойуунускай үйэлэри уҥуордаан саҥа үйэ дьонугар илбистээх тылын сатата саҥалыы тыыннанар.

С. Халгаева.

Читайте дальше