Киһи олоҕун устун айаннаан, идэтин сөпкө таба тайанара – олох биир улахан ситиһиитинэн буолар. Ханнык баҕарар кэмтэн тутулуга суох оҕолору үлэлииргэ үөрэтии элбэх тулууру, дьулууру ирдиир. Мин бүгүҥҥү кэпсиир дьоруойум учуутал буоларга ананан төрөөбүт Галина Иннокентьевна Федорова айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.
Учуутал улуу нуучча тылын уонна литературатын биридимиэттэрин утумнаахтык үөрэтэрин таһынан үтүмэн элбэх кинигэни ааҕан, муора курдук баай билиитин-көрүүтүн оҕолорго чиҥник иҥэрэр. Кини кыра оҕо эрдэҕиттэн учуутал буолар ыра санаатын тус олоҕор уталыппакка киллэрбитэ. Оҕо сааһын кэрэ кэмнэрин сэгэтэн көрдөххө, улааппыт, киһи-хара буолбут дьиэлэригэр баар чымадааны дуоскаҕа кубулутан, аҕата Иннокентий Иннокентьевич атыылаһан аҕалбыт миэлинэн суруйан бооччойорун олус сөбүлүүрэ. Онтон умсугуйан туран, олоппостору паарта оҥортоон, быраатыгар Робертка оонньуу кэлбит уолаттары Алексеев Эдиги, Герасимов Ваняны, Репин Алешаны күннэтэ ис-иһиттэн тууһугуран туран, учуутал курдук сананан, мөҕө-мөҕө, ардыгар хайгыы-хайгыы үөрэтэрэ. Аан дойдуну барытын марайдаабытын көрөн, аҕата ыксаан, дуоска оҥорон үөрдүбүтэ. Оччолорго кырачаан учуутал Галина үөрэнээччитэ Роберт Павлов тэтэрээтин олус кыраһыабай буочарынан бэрэбиэркэлээн, “5” сыананы туруорбута билигин да баар. Биирдэ ийэтэ хотонтон киирбитигэр сэрбэллибит кыыһа Галина: «Здравствуйте ребята! Сейчас будет отвечать Алексеев. Встань Алексеев», — диэн ыраахтан чоргуйар куолаһа иһиллэрэ. Кыыһа кураанах саалаҕа суос-соҕотоҕун турарын өҥөйөн көрөн, ийэ киһи олус долгуйбуттаах. Ити 1971 с. «0» кылааска үөрэнэ сылдьан, учууталын үтүктэн оҕолору үөрэтээри бэлэмнэнэр быһыыта этэ. Ийэтэ Татьяна Герасимовна кыра эрдэҕиттэн диафильмынан мульфильм көрдөрө-көрдөрө ыраас куолаһынан, нууччалыыттан сахалыы тута тылбаастаан, ис хоһоонун тиийимтиэтик кэпсээн биэрэр үгэһин туһанан, кырачаан учуутал үөрэнээччилэригэр «диафильм көрүөхпүт» диэн ньыманы туттан үөрэтэрин ыһыктыбатаҕа. Уолаттар кэлин кэһэйэн хаалан, эмиэ эдьиийбит үөрэтэн муҥнуо диэн дьиэ таһынан кэлэн ааһар этилэр. Дьиэлэригэр баар улахан библиотекаларын кинигэлэрин илдьирийиэр диэри бары дьиэ кэргэнинэн ааҕаллара. Ордук эдьиийэ Степанида уонна убайа Егор утаппыттыы ааҕаллара. Галина саха суруйааччыларыттан Софрон Даниловы, Суорун Омоллоону ордорон, сөбүлээн ааҕара. Биирдэ бэһис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына театрга «Күн күөрэйиэн иннинэ» драманы туруорбуттарын көрөн баран, олох да кылгатан көрдөрөллөр эбит диэн хомойо санаабыттаах. Онно Алексей Архипов, Мэхээлэ Охлопков о.д.а. олус талааннаах олохтоох артыыстар оонньообуттарын билиҥҥэ диэри умнубат.
Аартыгы арыйбыт уһуйааччылар
1970-1971 сс. үөрэх дьылыгар Алексеевскай оройуоҥҥа бэлэмнэнии кылааһа арыллыбытыгар учуутал буолар бигэ тирэҕи түстээбит маҥнайгы учуутала Мария Степановна Андросованы күндүтүк саныыр. Учуутала Анна Белина оскуолаҕа Решетников Генаны кытта араас тэрээһиннэри ыыттарара. Иккиэннэрин «Ленин хоһугар» киллэрэн, нууччалыы саҥарбыттарын лиэнтэлээх магнитофоҥҥа уһултаран, бэйэлэригэр иһитиннэрэрэ.
Галя Можарова, Ада Слепцова, Лаура Новгородова, Валя Халыева «Дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтээ» диэн суруктаах пионердар «Доҕордоһуу» ансаамбылларыгар алын кылаастан саҕалаан, тоҕус сыл устата көтүппэккэ сылдьыбыттара. А.Н. Миронова, Д.Ф. Жулева уонна Ф.И. Шарин онус кылааска үөрэнэ сырыттаҕына агитбиригээдэ тэрийэн, литературнай монтажка хоһоон ааҕарга үөрэппиттэрин ылынан, билиҥҥэ диэри үөрэтэр оҕолорун дьаныардаахтык дьарыктыыр. Августина Клакинова сөпкө тыынарга дьарыктаан хоһоон аахтаран, үлэҕэ бэриниилээх, олоххо сатабыллаах, бэйэҕэ ирдэбиллээх уонна бары өттүнэн сайдыылаах буоларга уһуйбута. Орто сүһүөххэ И.И. Васильева, үрдүкү кылааска бурятка Л.Б. Вампилова үөрэппиттэрэ таах хаалбатаҕа. Кинилэр А. Блок, С. Есенин, А. Ахматова хоһооннорун уобарастаан аахтараллара. Учуутал Галина Иннокентьевна куруук үлэтигэр психолог К.М. Охотина: «Учуутал диэн уруогунан эрэ муҥурдаммакка, бары өттүнэн талааннаах киһи буолуохтаах» диэн эппитин өйүгэр хатаан, «Обучая воспитываем, воспитывая обучаем» диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тылларынан өрүү сирдэтинэр.
Галина Иннокентьевна талбыт идэтигэр туттарсан, үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн, бастакы сылыгар 400 оҕолоох Харбалаах орто оскуолатыгар иитэр үлэ саабыһынан биир сыл үлэлээбитэ. Оччолорго дириэктэринэн А.З. Борисов, үөрэх саабыһа Г.Г. Сорова этэ. Сайыҥҥы үс ыйга ЛТО-ҕа оҕолору кытта үлэлээн баран, биир нэдиэлэ сынньаммытын кэннэ Ытык Күөллээҕи маҥнайгы оскуолаҕа А.Р. Кулаковскай үлэҕэ ылбытын билиҥҥэ диэри махтана саныыр. Бэһис кууруска үөрэнэ сылдьан быраактыканы ааспыт бастакы аҕа сүбэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Д.Ф. Жулева нуучча тылын этигэр-хааныгар иҥэрэн, сэдэх кинигэлэри бэлэхтээн уһуйбутун үөрэ, махтана ахтар. Учуутал уһуйааччыта бэлэхтээбит «Нуучча суруйааччыларын» тус олохторун кэпсиир кинигэтин билигин да туттар. Уруокка бэлэмнэнэригэр, дакылаат суруйарыгар ыала, дьүөгэтэ С.Н. Селляева хайаан да истэн, үлэтин көрөн, куруук сүбэлээн биэрдэҕинэ астынара.
Ситиһии кынаттыыр
Галина Иннокентьевна 1989 сыллаахха бастакы үөрэппит 29 оҕолоох кылааһыттан Варя Кулаковская, Жанна Аржакова, Яна Попова, Софида Товарова, Нина Васильева туйгуннук бүтэрэн, иитэр-үөрэтэр хайысха эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларынан киэн туттар.
Мэтээлинэн бүтэрэр оҕолор үлэлэрин бэрэбиэркэлиир хамыыһыйаҕа үлэлии сылдьан, Ольга Турнина киһи астынар өйтөн үлэни суруйбутун билигин да умнубат. Ордук поэзия эйгэтигэр ылларан, А.С. Пушкин айар үлэтин кэпсии турдаҕына, олус элбэҕи билэрин сөҕөн-махтайан, бэһис кылаас үөрэнээччитэ “Эн Пушкинныын бииргэ үөрэммитиҥ дуо?” диэн ыйыппыт көрүдьүөс түгэнэ баара. Учуутал оҕолорго интэриэһинэй буоллун диэн суруйааччылар олорбут сирдэрин илэ хараҕынан көрөн, билиитин-көрүүтүн куруук хаҥатар. Ону тэҥэ Ги де Мопассан, А.П. Чехов, А.М. Горькай айымньыларын үөрэтэн, проза ураты алыбыгар ылларбыта.
Үөрэтэр биридимиэтигэр икки сыл субуруччу, 2005 сыллаахха үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбит Люба Эртюковата, 102 кыттааччыттан сэттис миэстэни, национальнай оскуолаларга үһүс миэстэни ылан, үчүгэй бэлэмнээҕин бигэргэппитэ. Тохсус кылааска Мичилиинэ Андросова литература курдук уустук биридимиэккэ нууччалыы тыллаах оҕолор ортолоругар призердаабыта. Оччолорго биир муҥутуур кыайыылаах куорат классическай гимназиятын кыыһа Гончаренко кэнниттэн, кини соҕотох призерунан буолбута чахчыта да үөрүүлээх этэ. Чинчийэр үлэҕэ бэлэмнээбит оҕолоруттан Толя Нелунов Москуба куоракка ыытыллыбыт «Инникигэ хардыы», Бүтүн Аан дойдутааҕы таһымҥа Валя Попова, Санкт Петербурга Виолетта Другина иккис миэстэлэри ылан тураллар. Билигин Дьокуускай куоракка Николай Акимовка үлэлии сылдьар Дьулус Николаев уонна Анатолий Нелунов дакылаакка кытыннарбыт учууталларыгар Галина Иннокентьевнаҕа махталбыт муҥура суох диэн билинэллэр. Кинилэр иккиэн «Барҕарыы» национальнай пуонда лауреаттара үрдүк үөрэхтэрин кыһыл дипломунан бүтэрбиттэрэ. Бастыҥ учуутал «Тыыннаах классика» күрэс саҕаланыаҕыттан оҕолору өрүү бэлэмнээн кытыннарар. Биир үрдүк сииһиитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи муҥутуур күрэс кыайыылааҕа Никита Григорьев «Артек» лааҕыр путевкатынан наҕараадаланан, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска дипломант үрдүк аатын ылбыта. Үчүгэй учуутал дьиҥнээх учууталлары иитэн таһаарара саарбаҕа суох. Ол курдук улууска 1 миэстэни ылбыт олимпиаднига Вера Элякова, кылааһын оҕото Яна Попова билигин Дьокуускайга таһаарыылаахтык учууталлыы сылдьаллар.
Ааҕыыга кыра кылаастан утумнаахтык дьарыктаабыт кылааһын оҕолорун көҕүлээн, «Дьулусхан» диэн бөлөх тэрийбитин билбэт киһи суоҕа буолуо. Уус-уран ааҕыыга Аина Федорованы «Хотугу сулус» лауреатыгар тиийэ үүннэрбитэ. Баайаҕа олоҥхоһута Гриша Дедюкин аан маҥнай Майа оройуонугар ыытыллыбыт «Ходуулап ааҕыыларыгар» үс бастыҥ иһигэр киирэн, лауреат аатын ылыан ылбыта. Кини А.И. Софронов — Алампа «Саха омук» хоһоонун ааҕан, Саха сирин көмүс пуондатыгар үйэтитиллибитэ. Сэттис кылааһын уолаттара икки тылынан ааҕаннар, «Хотугу сулус» лауреаттарынан ааттаммыттара. Эдэр кэллиэгэтин кытта Лалита Саввиналыын Пекин — Шанхай айаннаан, Бүтүн Аан дойдутааҕы «Жемчужина Востока» бэстибээлгэ М. Горькай «Песня о буревестнике» айымньытын П.А. Ойуунускай тылбааһынан сахалыы ааҕан, дипломант буолбуттара. Кэлин Александра Федоровалыын торумнаһан, кыргыттары аахтарыахха диэн «Родник» бөлөҕү тэрийэн, араас таһымнаах куонкурустарга көхтөөхтүк кытыннараллар. Эдэр испэсэлиискэ история учуутала Василиса Бурнашева «век живи, век учись» диэн эппитин тутуһан, куруутун саҥа ньымалары баһылаан, араас технологиялары туһанан, талаана өссө таһымнаан, айымньылаахтык үлэлиир. Икки үйэ кирбиитигэр сөп түбэһиннэрэн бастыҥ учуутал остуоруйаҕа буоларын кэриэтэ үтүө санаа кыайыылаах тахсарын туһугар туруулаһар, олоххо чиҥник турар, үөрэх эйгэтигэр кимиэллээхтик айар-тутар.
Филология билимин кандидата Н.И. Бугаев: «Суруксут оҕоттон дьоһун киһи үүнэн тахсарыгар үлэлэһиэхтээхпит», — диэн бэлиэтээбитин бигэтик ылыммыт, дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыт, оҕо-аймах сөбүлүүр учуутала Галина Иннокентьевна олох үөһүгэр инники күөҥҥэ айа-тута үлэлии сылдьар.
Оксана АНДРОСОВА — САНДААРА.