Дьиэ кэргэн киэн туттар дьонун үөрэтии – олоххо бигэ тирэх, бэйэни салайынар суол!

Дойду үрдүнэн дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас, Тааттаҕа Таптал. Эрэл. Итэҕэл сылларарыгар анаммыт «Таптал, эрэл, итэҕэл биһирэмнээх сэһэнэ» ааҕыылар чэрчилэринэн А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэйгэ былааннаах, ситимнээх үлэ ыытыллар.

Ол курдук, ыам ыйыгар дьиэ кэргэн ааҕыылара тэриллэн, хас биирдии кылааска ааҕыылар ыытылыннылар, учууталлар экспертээн үлэлэри сыаналаатылар. Барыта 146 оҕо киэн туттар дьоннорун дакылаатынан, ыстатыйанан, кэпсээн көрүҥүнэн сырдаттылар. Киирбит үлэлэри темаларынан наардаатахха араас киһи сэҥээрэр темалара тахсаллар. Төрүччүттэн, төрүт үгэстэри үйэтитииттэн саҕалаан , өбүгэлэрин ытык малларын, олохторугар дьикти түгэннэрин, атыыһыт, спортсмен, асчыт, учуутал идэлээх, техническэй үөрэхтээх, айылҕаттан айдарыылаах, айар куттаах, үлэни өрө туппут дьоннорун, сэрии кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин хорсун быһыыларын, оҕону иитии тематыгар элбэх үлэ сурулунна. Төрүччүнү үөрэтэн Борисовтар дьиэ кэргэн архыыбы хасыһан кыыстара Сардаана тирэхтэрин оҥорбуттар, Платоновтар дьиэ кэргэн хас биирдии киһи төрдүнууһун, идэтин, үлэтин Туйааралыын сиһилии арыйбыттар, Лугиновтар дьиэ кэргэн төрүччүлэригэр тахсыбыт кинигэни Сандра Тарбаховалыын, «Адамнар» диэн ааттанар төрдүлэрин-уустарын Андрей Наумов ырыппыттар. Өбүгэ төрүт дьарыгын чинчийиигэ Аина Табунанова хос эбэтэ туос иһити тигэрин, Айна Постникова хос эбэтин иистэнэр дьарыга удьуорунан бэриллэн бары иистэнэллэрин бэрт кэрэхсэбиллээхтик суруйбуттар. Өбүгэтин ытык малын сэппэрээтэри Никита Максимов, Тимур Алексеев эбэтэ сүктэн илдьэ кэлбит кытыйатын, Алеша Ефимов хос эбэлээх эһэтин алтан чаанньыктарын, Эрхан Баснаев биэс көлүөнэни аһаппыт баахыла тимирин өбүгэлэрбитин кытта ситимниир ытык малбыт диэн ис сүрэхтэриттэн суруйбуттар. Гражданскай сэ рии кыттыылааҕа хос-хос эһэтин туһунан Михаил Филиппов, сэбиэскэй былааһы олохтоспут эһэтин Карина Самсонова, Япония сэриитигэр кыттыбыт эһээтин Айсиэн Халгаев, тыылга холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит түгэх эһэлэрин хорсун быһыыларын Игорь Федоров, дьиэ кэргэн холобур оҥостор эһэтин Уйгулаана Кронникова, тыыл бэтэрээнэ эдьиийдэрин Александра Бурмистрова, хоту көһөрүүгэ сылдьыбыт эбээтин туһунан Алесар Собакин, Европа дойдуларын босхолоспут эһэтин Игнат Григорьев, контрразведкаҕа сулууспалаабыт эһэтин Егор Тарабукин, Ржевы турууласпыт эһэтин Сандаара Мосоркина, Польшаҕа көмүллэ сытар хос эһэтин уонна кини бииргэ төрөөбүттэрин туһунан Алеша Саввин, разведчик хос эһэтин Толя Яковлев, танкист эһэтин София Софронова, тыыл бэтэрээнэ, дьоруой ийэни сиэнэ Сандаара Бурнашева чинчийиигэ ылсыбыттар. Ааспыт үйэҕэ ханнык да үлэттэн толлон турбатах, үлэлээн-хамсаан дьонсэргэ ытыктабылын ылбыт, үлэнэн дьолломмут хос эбээтин, хос эһээтин олохторун Саян Саввин, аймах дьон киэн туттар аҕатын убайын Валерия Осипова, бастакы стахановец аймаҕын туһунан Джанетта Сидорова, тракторист эһэтин туһунан Нарыйаана Ефимова бэккэ сырдаппыттар. Аатырбыт сэһэнньит Миинэ уола Дьөгүөссэ туһунан сиэнэ Антон Большаков, ырыаһыт Айыы уола таайын туһунан сиэн балта Ксюша Павлова, саха биллиилээх актрисата Ирина Михайловна Максимова туһунан сиэнэ Айылана Максимова, норуодунай тыйаатыр артыыһа Иннокентий Михайлович Заболоцкай туһунан сиэнэ Айсена Бястинова, худуоһунньук, этнограф Иван Васильевич Попов туһунан аймаҕа Алена Пономарева, сэһэнньит, былыргыны үйэтитээччи эһэтин Егор Дмитриевич Андросов туһунан сиэнэ Диана Данилова, П.А.Ойуунускайдыын алтыспыт хос эһэтин Михаил Николаевич Пестряков туһунан сиэнэ Сайаана Пестрякова дириҥник хорутан суруйбуттар. Ыччаты иитиигэ олохторун анаабыт, үөрэҕи тарҕатааччы түгэх эһэтин Полина Захарова, спортсмен, физкультура учуутала, директор эһэтин бары өттүнэн Марина Большакова арыйбыт, Таатта улууһун демографиятын чинчийбит биология, химия учуутала, директор эһэтин Сардана Федорова, саха тылын учууталын, директор эбэлэрин Күндүйээнэ Сивцева, Андрей Сивцев, айар куттаах учуутал династияны Яна Слепцова, физика учуутала, директор эһэтин Нария Гоголева, өр сылларга баспытааталынан үлэлээбит эбэтин Роман Аргунов, учуутал эбэтин Аэлита Тимофеева, үгүс биллиилээх дьону үөрэтэн таһаарбыт учуутал эбэтин Аделия Апросимова, методист учуутал абаҕатын Дима Матаннанов киһини сэҥээрдэр ыстатыйалары суруйбуттар. Спордунан утумнаахтык дьарыктанар дьоннорун туһунан Рахлеевтар, Доргуевтар дьиэ кэргэн, спортсмен эһэтин туһунан Катя Никифорова сырдаппыттар.

Саха ыала оҕону иитэр ньымаларыгар Егор Аржаков, духуобунай эйгэҕэ сайыннарар ийэлэрин Аина Аржакова, аныгы дьиэ кэргэн үгэстэрин туһунан Айаана Алексеева, элбэх оҕону төрөтөн ииппит, улаатыннарбыт эбээлэрин, эһээлэрин Алеша Сысолятин, иллэҥ кэми бииргэ үлэлээн атаарар Кириллиннэр дьиэ кэргэни Айсиэн Кириллин, Неустроевтар дьиэ кэргэни Дианна Неустроева, Григорьевтар дьиэ кэргэни Арианна Григорьева, өбүгэ үгэһин тутуһан эр киһи буоларга иитиллэр Антон Охотин, хирург, булчут эһэтин Стас Слепцов, үлэнэн иитиигэ үтүө холобур буолар рационализатор хос эһэтин Ангелия Боппосова суруйаннар дьон болҕомтотун таппыттар. Төрүттэрин идэлэрин балачча элбэх оҕо үөрэттэ. Ол курдук, асчыт идэлээх эбээтин Влад Иванов, Эһэ хайа шахтатыгар үлэлээбит эһэтин Виолетта Винокурова, Таатта дьоно скульптуураҕа үлэлэрин Артемий Кириллин, ыһыах түһүлгэтин туппут хос-хос эһэтин Айсен Таппыров, электрик идэлээх эһэтин Элеонора Большакова, тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, техник механик эһэлэрин Вячеслав, Николай Варламовтар, атыы эргиэн эйгэтин үлэһитэ эбээтин Вика Осипова, Тыва Республикатыгар төрөөбүт фельдшер эбээтин Айаар Сивцев, үрдүкү партийнай үөрэҕи бүтэрбит эһэтин Костя Лыткин сырдаппыттар, ситиһиилэрин суруйбуттар, бу идэҕэ хайдах хаачыстыба наадатын ырыппыттар. Бу курдук төрдү-ууһу үөрэтэн оҕолорбутугар олоххо чиҥник үктэнэллэригэр тирэхтэрин оҥоробут, туохтан да толлубакка сайдар кынаттарын үүннэрэбит, муммакка-тэммэккэ олоххо суолларын тэлэллэригэр ыллыктары ыйабыт.

Бу үлэлэр хайаан да салҕаныахтара, дириҥиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Өбүгэлэрин үөрэтиини саҕалаабыт оҕолорго саҕалаабыттарын хайаан да салгыылларыгар суоллара аһыллан иһэригэр баҕарабыт. Оттон атыттар, маннык үлэ кэскилин өйдөөн, дьиэ кэргэнинэн ылсыҥ, турунуҥ диэн бары үтүө санааны кытта 9 кылаас үөрэнээччитэ Наташа Лебедева акростиҕин түмүктүүбүн.

Дьоллоох дьоһун киһи!

Иллээх олохтоох,

Эрэллээх доҕордоох,

Кэккэ ситиһиилээх,

Эдэрдии эрчимнээх.

Туруу үлэһит,

Түргэн туттунуулаах,

Эрэли саҕар

Наһаа эппиэтинэстээх,

Олус тулуурдаах,

Куһаҕаны кыйдыыр,

Олоҕун тухары

Сахалыы сиэринэн,

Алгыс тылынан алҕаан

Аартыгын арыйан,

Суолун ыраастаан,

Сулуһу батыһан,

Ыллык устан хааман,

Лыах курдук чэпчэкитик,

Ыҥырыа курдук эрэллээхтик,

Нуурал олохтонон,

Аанын арыллан истин,

Нус-хас олохтонуҥ!

Изабелла Сивцева, п.н.к., А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй дириэктэрэ.

Читайте дальше