Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга уонна “Биһиги сааскы кэммит” бырайыак чэрчитинэн, Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас, Таатта улууһугар “Эрэл, Итэҕэл Таптал” сылыгар аналлаах сылын аайы ыытыллар дьиэ кэргэн спартакиадата буолан ааста.

Бары кыттааччылар ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбиттэрэ көрүөхтэн астык. Харбалаах бөһүөлэгин дьиэ кэргэттэрэ бу киэһээ, хамаанда тэринэн оскуолабыт саалатыгар тоҕуоруһа мустуннулар.

Спартакиада сыала-соруга эти-хааны эрчийии, чөл олоҕу көҕүлээһин, өбүгэлэрбит оонньууларын сөргүтүү, төрөппүттэри иитэр үлэҕэ тардыы.

Уопсайа 86 улахан киһи уонна оҕо кытынна. Дьиэ кэргэттэр хаамыскаҕа, хабылыкка, сыал ытыытыгар, миэстэттэн ыстаныыга, хомуур күрэҕэр, көрдөөх старт көрүҥнэргэ көхтөөхтүк кытыннылар. Спартакиада сымсалара, быһыйдара, хорсуттара күөн көрсөн, дууһалыын, эттиин-хаанныын чэбдигирэн, сэргэхсийэн тарҕастылар.

Бары кыайыылаахтар дипломнарынан, сэртипикээттэринэ, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Күүрээннээх күрэхтэһииттэн көрөөччүлэр да, кыттааччылар да улаханнык астыннылар.

Түмүккэ, инникитин да маннык дьиэ кэргэни түмэр, спортка көҕүлүүр, өбүгэ оонньууларын  тарҕатар, сахалыы эйгэни төрүттүүр күрэхтэр үксүү турдуннар. Махтаныахпытын баҕарабыт күрэххэ көҕүлээбит учууталбытыгар Галина Григорьевна Сороваҕа, спонсордаабытыгар. Спордунан дьарыктаныҥ, доруобай буолуҥ!

Дианна Соломонова.

Читайте дальше