Сиэрдээх быһыы-майгы, үтүө үгэс киһи куттаах-сүрдээх буолуутун төрдүгэр сытар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Төрүт үгэстэр баар буоланнар саха бэйэтин омук быһыытынан билинэр. Онтон хас биирдии дьиэ кэргэн эмиэ ол курдук тус бэйэтэ араас үгэстэри тутуһан ууһуур-тэнийэр.
Биһиги Таатта Баайаҕатын төрүт олохтоохторо, элбэх оҕолоох Неустроевтар дьиэ кэргэнтэн үөскээн-тэнийэн олоробут. Ийэбит Фекла Константиновна 1936 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр Араҥастаахха Булгунньахтаах диэн сиргэ бастакы оҕонон төрөөбүт. Аҕабыт Иван Николаевич Неустроев 1934 сыллаахха олунньу 12 күнүгэр Үрэх төрдүгэр эмиэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүт. Оҕо саастара Аҕа дойду сэриитин кэмигэр ааспыт, иккиэннэрин аҕалара эрдэ өлбүт буолан, кыра эрдэхтэриттэн кыһалҕалаах олоҕу, ыарахан үлэни билэн улааппыттар. Эдэр эрдэхтэриттэн холкуос, сопхуос туруу үлэһиттэрэ этэ. Эбэбит огдообо хаалан баран, иккистээн олоҕун оҥостон Мандаров Василий Васильевичка кэргэн тахсыбыт, ол иһин ийэбитин илдьэ Кутааматтан Мөҕүрүөҥҥэ көһөн киирбит. Онно ийэбит аҕабытын көрсөн, 1960 сыллаахха от ыйын 7 күнүгэр сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттар. Ол курдук 9 оҕону төрөтөн, үөрэттэрэн, үлэһит, туспа дьиэлээн-уоттаан ыал оҥортообуттара. Аҕабыт уолаттарын, күтүөттэрин, чугас аймахтарын түмэ тардан, биригээдэ оҥостон баран, ким ханна олорорунан (дэриэбинэ, улуус), кэрийэ сылдьан дьиэ тутуутунан дьарыктаммыта, онон бары дьиэлэммиппит.
Биһиги төрөппүттэрбит сымнаҕас майгылаах, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас дьон этилэр. Ийэбит Фекла Константиновна төһө да түөрт эрэ кылаастаах үөрэхтээх буоллар, сатаабата диэн суох буолуо. Ол курдук кини ыанньыксыт, ньирэй көрөөччү, субан суөһүнү уотууга бостуук, лааппы атыыһыта, муоста сууйааччы, оҕо саадын ньээҥкэтэ, ону таһынан асчыт, иистэнньэҥ, наада буоллаҕына уһанар, аҕабытын кытта тэҥҥэ кустуур, куобахтыыр, от охсор, ону таһынан туохха барытыгар көхтөөх этэ — ыһыахтарга сүүрэр, кэнсиэрдэргэ ыллыыр, араас оҥоһуктары оҥорор, баайар, оҕуруо анньар. Биһиги ийэбит киэҥ көҕүстээх, наһаа эйэҕэс, аһыныгас, көмүскэс, уйан дууһалаах киһи этэ. Хас кэлбит киһини үөрэ көрсөн, аһатан-хоннорон, дьон кыһалҕатыгар кыаҕа баарынан көмөлөһөн, кыраттан да үөрэр уонна туох ордуктааҕынан дьоҥҥо бэрсэн, куруук кэһии тутуурдаах буолар наһаа истиҥ үгэстээх этэ.
Аҕабыт Иван Николаевич араас үлэҕэ барытыгар үлэлээбитэ, сорох кэмҥэ хас да үлэни тэҥинэн үлэлиирэ: хачыгаар, харабыл, сүөһүгэ эбии аһылыгы киллэриигэ новатор, субан сүөһүнү уотууга бостуук, эт тутар комбинат тутаах үлэһитэ, от звенотун салайааччыта, дружбист, Саха сиринээҕи гидропост гидротехнига, лааппы атыыһыта, ону таһынан билгэһит, общественник, спортсмен, ахсаанньыт, саахымаччыт, сири-дойдуну билэр буолан улахан куобах күрэҕэр куруук салайааччы буолара уонна кинигэни ааҕарын, ураты толкуйун иһин «сир түннүгэ» диэн ааттыыллара. Аҕабыт Иван Николаевич холку майгылаах, дириҥ билиилээх, мындыр өйдөөх, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх киһи этэ. Ол биир туоһутунан буолар, дьону барытын дэриэбинэҕэ көһөрүү буолбутугар, биһиги эрэ дьоммут хойукка диэри тапталлаах дойдуларыгар Мөҕүрүөҥҥэ хаалбыттара. Кыһыннары сүөһү көрөллөрө, онтон 70-нус сыллар ортолорун кэннэ уотууга барар субан сүөһүлэри көрө сайынын эрэ барар буолбуттара, онон биһиги сайылык олоҕун билбит дьоллоохпут уонна олоҕу өйдүүрбүтүгэр, ылынарбытыгар сайылык олоҕо, айылҕаны кытта алтыһыы улахан күүс буолбут буолуохтаах дии саныыбын.
Төрөппүттэрбит саха сиэринэн — бэйэлэрэ тугу гыналларыгар, сатыылларыгар — барытыгар эккирэтиннэрэ сылдьан үөрэтэн, үлэҕэ-сынньалаҥҥа куруук көхтөөх буоларга уһуйаллара. Бары тэҥҥэ бостууктаһан, ууну-хаары кээмэйдэһэн, салгын уларыйыытын бэлиэтэһэн, хотоҥҥо тэҥҥэ харабыллаһан, мас эрбэһэн-саһааннаһан, тыс сүлэн, имитиһэн, сүөһү өлөрсөн, от үлэтин барытын тэҥҥэ оҥорсон о.д.а. үлэҕэ уһуйуллубуппут. Иллэҥ кэм буолла да бары былаах былдьаһа, «үспүйүөннээх-милииссийэ», иэс баайса, мээчик охсо, үрдүгү ойо, хараҥардаҕына хаартылаан, дуобаттаан, уксааннаан, миэстэ былдьаһан, ат сүүрдэн бириэмэни билбэккэ аһарарбыт. Ол иһин элбэх оҕо мустан биһиги олбуорбут куруук оҕо саҥатынан толору этэ. Төрөппүттэрбит бэйэлэрин кыахтарынан, олоххо көхтөрүнэн, сахалыы сиэринэн холобур буолан үгүһү өйдүүргэ үөрэппиттэрэ.
2024 сыл Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн, аҕабыт Иван Николаевич төрөөбүтэ 90 сылынан, ийэбит төрөөбүтэ 88 сылынан кулун тутарга биир дойдулаахтарбытын кытта көрсүһүүгэ бастыҥ спортсмен, марафонец Владимир Петрович Емельянов бэйэтэ айбыт (авторскай) оонньуутун тарҕатан, тапталлаах нэһилиэкпит дьоно дьарыктанан, бэйэлэрин эттэрин хааннарын сайыннардынар диэммит Баайаҕаҕа олорор дьиэ кэргэттэр(аймахтар) икки ардыларыгар «Түргэн куб» диэн хомуур күрэхтэһиитин тэрийэн ыыттыбыт. Барыта 5 хамаанда кытынна. Неустроевтар оҕолоро, сиэннэрэ киирэн Уйбаан уонна Сүөкүччэ диэн ааттаах икки хамаанданы туруоран дьону көҕүлээтибит. Хамаанда 8 киһиттэн турар, 40 кыттааччылаах күрэхтэһиигэ 4 саастаах кыра оҕо уһуйаанын оҕотуттан саҕалаан 69 саастаах эһэҕэ диэри кытыннылар. 1 миэстэни Слепцов Игнатий Иннокентьевич дьиэ кэргэнин хамаандата, 2 миэстэни Христофорова Парасковья Николаевна хамаандата, 3 миэстэни Христофоров Александр Пантелеймонович хамаандата ылан үөрүү көтөллөнөн бардылар. Кыайыылаахтар түөстэригэр мэтээл кэттилэр, сыаналаах бириис туттулар, муҥутуур кыайыылаах хамаанда кубок ылла, уһулуччу ситиһиилээхтэр анал аакка тигистилэр. Хамаанданан күрэхтэһии кэнниттэн баҕалаахтар икки ардыларыгар Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии буолла. Онно 14 киһи олус көхтөөхтүк кытыннылар. Кыранан чорбойон Колосов Александр муҥутуур кыайыылаах буолан, электрическэй оһох тутар дьолу биллэ. Саҥа оонньууну көрдөрөн, билиһиннэрэн баран, биир дойдулаахтарбытыгар салгыы дьарыктаналларыгар оҕо саадыгар уонна нэһилиэк спортсаалатыгар бэлэх гына утары ууннубут. Тапталлаах төрөппүттэрбит иҥэрбит сатабыллара сайдар, оҕону кытта тэҥҥэ оонньоон-үлэлээн көхтөөх, түмсүүлээх буолуу салҕанар, ол курдук сылын аайы ыытыллар Баайаҕаттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт куораттан, улуус араас нэһилиэктэриттэн мустан көрсүһэр күрэхтэһиилэригэр бииргэ төрөөбүттэртэн сэттэ, кийииттиин оҕолуун тоҕус буолан саахымат, теннис, бильярд, волейбол, көрдөөх старт күрэхтэһиилэригэр кыттан бириистээх миэстэлэргэ тигистибит. Бу ыыппыт күрэхтэһиибитин тэрийиигэ оҕолорбут, сиэннэрбит тэҥҥэ көҕүлээн, күрэхтэһиини сууттаһан, күүс -көмө буолбуттара үгэс салҕанарын туоһулуур.
Варвара Ивановна Сатанар