Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 117 сыла

 

Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, cаха суруйааччыларыттан со5отох Социалистическай Үлэ Геройа, Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон – саха норуодунай суруйааччыта, төрөөбүтэ 117 сыла. Ытык киһибит Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон кэс тылыгар олоҕуран биир санаалаах, уостубат дьулуурдаах, кэрэхсэнэр кэрэлээх, кэлэр көлүөнэ сайдарын, үүнэрин туһугар элбэҕи үлэлиэххэ, айыахха- тутуохха.

« Бу дойдуга букатын кэлбит курдук сананабын»

«Олох үөскүүр, хаамар, сайдар, сүүрэр. Көлүөнэттэн көлүөнэлэр ону кытта тэҥҥэ сайдан иһэллэр. Ол иһин билиҥҥи көлүөнэттэн ирдэбил улахан. Эһиги бары өртүнэн биһигиттэн ордук сайдыылаах, быдан кыахтаах буолуохтааххыт. Бүгүҥҥү ыччат ону көстөр дьүһүннүүн, майгылыын-сигилилиин, айымньылаах үлэлиин, этэр тыллыын, өйдүүр өйдүүн, героическай дууһатыныын Ийэ дойдутугар, бар дьонугартолору көрдөрүөхтээх. Олох сайдыытын күлүүһүн тутан дьоллоох олох сырдык аанын үйэттэн үйэлэргэ ыччат тэлэйэн иһиэхтээх . Мин төрөөбүт сахам норуотун ыччатын өйүгэр өйүгэр-санаатыгар, дьоҕуругар, талааныгар, айыы бухатыырыныы кэрэ дьылҕатыгар эрэнэбин»

Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон саха литературатыгар элбэх кылааты киллэрсибит, саха остуроруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, кэлэр көлүөнэ сайдарын туһугар элбэҕи үлэлэспит Улуу киһи буолар. Дмитрий Кононович айымньылара иитэр-үөрэтэр суолталаахтар. Кини оҕолорго анаан суруйбут кыра тэттик кэпсээннэрэ ону туоһулууллар. Бары билэрбит курдук олоҕун устата үүнэр көлүөнэҕэ ураты болҕомтотун уурбута. Уус-уран айымньылара Саха норуотугар киэҥ билиниини уонна дириҥ тапталы ылар.

Олоҕун олуктара

1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.

10 сааһыгар аҕата өлбүтэ, бииргэ төрөөбүттэриттэн соҕотоҕун тыыннаах хаалбыта.

1920-с сыллар саҕаланыыларыгар ревком уонна Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин суруксута.

1923 сыллаахха Дьокуускайга үөрэнэ киирэр

1928 сыллаахха «Күөх көппө» драмата Саха театрын сценатыгар туруоруллар.

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Суорун Омоллоон общественнай уонна литературнай салааҕа тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Айар үлэтин «Хагдарыйбат ньургуһун» хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ «Өлүөнэ өрүс», драмата «Күөх Көппө» эмиэ ити сыл суруллубуттара. «Сордоох суха», «Аанчык», у. д. а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар. Саха драматургиятыгар сүрүн үтүөтэ-өҥөтө «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара. Бу айымньыларга саха үгүс көлүөнэ артыыстара иитиллэн тахсыбыттара.

Суорун Омоллоон сахалыы опера, балет сайдалларыгар олук уктээбитэ. Ол курдук кини — саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын ааптара. Итини таhынан, «Лоокуут уонна Ньургуhун», «Кыhыл Ойуун», «Умуллубат төлөн» опералар, «Хотойдор хоту көтөллөр», «Күн-Куо», «Дьол тааhа» балеттар либреттоларын суруйар.

Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр.

Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха остуоруйаларын, фольклорун оҕолорго тиэрдээччи, бэртээхэй учебниктары айан, ыччаты иитиһээччи.

1932 сыллаахха Суорун Омоллоон Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствотыгар учебниктары тэрийэр авторскай бөлөххө үлэлээбитэ. Кинилэргэ үөрэх уонна үөрэтэр-методическай характердаах 40-тан тахса кинигэ бэчээттэммитэ.

1938 с. ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлин тэрийбитэ. Саха Сирэ нуучча государствотыгар холбоспут кэмин көрдөрөр «Доҕордоһуу» түмэлин уонна Ытык Күөлгэ Хадаайытааҕы түмэли туттарда.

1990-с сылларга Саха сиригэр Таҥара дьиэлэрин чөлүгэр түһэриигэ улахан кыллаты киллэрбитин иһин Нуучча православнай церковь анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт.

Биир саамай улахан тиһэх үлэтэ – 2004 сыллаахха түмүктэмммит «Саҥа Кэс Тыл» итэҕэл кинигэтин литературнай редакцията этэ.

Дьиэ кэргэнэ, аймахтара

Кэргэнэ — Шепелева Надежда Семеновна (04.03.1923 — 16.01.2017), РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа, опера ырыаһыта, өр сылларга Саха Сирин культуратын миниистирин солбуйааччытынан үлэлээбитэ.

Улахан уола — Сивцев Айсен Дмитриевич (Айсен Дойду), суруйааччы, драматург, поэт.

Айымньылара

Талыллыбыт айымньылар: 2 томнаах. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1959-1960.

Т. 1. Драматическай айымньылар. — 616 с. Т. 2. Кэпсээннэр, остуоруйалар, ыстатыйалар, очеркалар уонна хоһоонунан айымньылар. — 448 с.

Талыллыбыт айымньылар: 2 томнаах. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1966-1967.

Т. 1. Драматическай айымньылар. — 560 с. Т. 2. Хоһоонунан айымньылар, кэпсээннэр, ыстатыйалар, ахтыылар. — 496 с.

Айымньылар: 2 томнаах. — Дьокуускай: Бичик, 1996.

Т. 1. Драмалар, либреттолар. -576 с. Т. 2. Хоһоонунан айымньылар, кэпсээннэр, опера, балет либреттолара, ыстатыйалар. — 704 с.

Күөх сирэмҥэ: Кэпсээннэр. -Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1933.

— 59 с; М Учпедгиз, 1936. — 43 с.

Кэпсээннэр. — М. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1937. — 55 с.

Күкүр Уус: Драма. — М. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1937. — 104с.

Дьулуруйар Ньургун Боотур: Норуот олоҥхотуттан оҥоһуллубут драма. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1940. — 86 с.

Күкүр Уус; Айаал: Драма, трагедия. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1941. — 180 с.

Сайсары: 8 төгүллээх драма. -Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1943. — 100 с.

Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин: Орто саастаах оҕолорго остуоруйа. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1944. — 42 с.

Омоон суоллар: Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1945. — 92 с.

Чүөчээски: Орто уонна улахан саастаах оҕолорго. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1947. — 56 с.

Драмалар. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1948. — 232 с.

Куока: Кыра саастаах оҕолорго. -Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1950. — 28 с.

Дьол эйэ иһин: Очеркалар. -Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1951. — 116 с.

Кэпсээннэр: Орто саастаах оҕолорго. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1954. — 116 с.

Саха остуоруйалара / Хомуйан оҥордо Д.Сивцев-Омоллоон. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1954. -148 с; 1940. — С. 50.

Ньургуһуннар: Кэпсээннэр. -Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1956. — 68 с.

Тыыннаах номохтор. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1963. — 131с.

Чөөчө. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1964. — 24 с.

Остуоруйалар. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1966. — 24 с; 1983. — 47 с.

Кыыллар: Кэпсээннэр: Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1968. — 8 с.

Күөрэгэй уйата: Кыра саастаах оҕолорго. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1973. — 24 с.

Иһирэх тыл: Публицистика хомуурунньуга. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1974. — 208 с.

Драмалар. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1976. — 600 с.

Кэпсээннэр. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1981. — 184 с.

Кыраларга: Кэпсээннэр. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1982. -40 с.

Драмалар. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1986. — 502 с.

Дьол тааһа: Драмалар, либреттолар. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1988. — 238 с.

Нууччалыы Кэпсээннэр, остуоруйалар, драма: Орто уонна улахан саастаах оскуола oҕoлоpyrap. — Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1990. — 144 с.

Избранное / Авториз. пер. Л.Габышева. — Якутск: Кн. изд-во, 1958. — 222 с.

Чечески / Пер. З.К. Захарова. -Якутск: Кн. изд-во, 1948. — 52 с.

Никус: Рассказы / Пер. Л.Габышев. — М.: Детгиз, 1959. — 80 с.

Кузнец Кюкюр: Драма / Авториз. пер. Л.Габышева. — М.: Искусство, 1960. — 87 с.

Перед восходом: Драма / Пер. Н.Вирты. — Якутск: Кн. изд-во, 1970. — 60 с.

Дедушкины сказки: Для дошкол. возраста / Пер. Л.Габышев. — Якутск: Кн. изд-во, 1977. — 32 с; 1967. — 32с.

Нюргун Боотур: Драма по мотивам Якут, эпоса-олонхо / Авториз. пер. Т. Стремневой. — Якутск: Книга, 1992. — 55 с, 1963. — 52 с.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

Суорун Омоллоон

Саха норуодунай суруйааччыта

РСФСР искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусстволарын үтүөлээх диэйэтэлэ

П. А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай бириэмийэтин лауреата

А. Е. Кулаковскай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай бириэмийэтин лауреата

Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата (2002)

«Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан

Норуоттар доҕордоһууларын уордьана

«Бочуот Знага» уордьан

К. Д. Ушинскай мэтээлэ

Социалистическай Үлэ Геройа

Дьокуускай куорат Ытык олохтооҕо (1996)

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык олохтоо5о (1997)

«Хотугу сулус» уордьан (2001)

Аатын үйэтитии

2001 сылтан Опера уонна балет театрыгар Суорун Омоллоон аата сүктэриллибитэ.

2011 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар Суорун Омоллооҥҥо өйдөбүнньүк туруоруллубута. Өйдөбүнньүгү архитектор Андрей Толстяков, скульптордар Виктор Федоров уонна Семен Прокопьев оҥорбуттар. Боруонсаттан оҥоһуллубут статуя үрдүгэ 2,5 м, подиум үрдүгэ — 1,7 м.

 

Читайте дальше