Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Семен Семенович Ючюгяев 1976 сыл үрдүк физкультурнай үөрэҕи бүтэрэн, Ытык Күөлгэ саҥа үлэҕэ киирбит «Физкультура дьиэтигэр» тустууга тириэньэр быһыытынан үлэтин саҕалаабыта.
Семену бастаан тустууга уһуйбут киһинэн, бастакы тириэньэринэн Виктор Мефодиевич Слепцов буолар. Тохсус кылааска Чурапчытааҕы спортоскуолаҕа Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин салалтатынан дьарыктаммыта, Олимпиада призера Александр Ивановы, ССРС эдэрдэргэ, уолаттарга чөмпүйүөннэрэ Петр Платоновы, Дмитрий Ючюгяевы, Семен Макаровы, Семен Морфунову кытта биир кылааска үөрэммитэ. Оскуоланы Харбалаахха бүтэрэр уонна салҕыы саҥа бөһүөлэк тутуутугар үлэлии хаалар. 1971 сыл Киргизия киин куората Фрунзеҕа физкультурнай институкка үөрэнэ киирэр. Үөрэнэ сылдьан Киргизия Кубогар иккис миэстэ, «Буревестник» ДСО икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, икки төгүллээх призера буолуталыыр. 1975 сыл киргиз норуотун дьоруойа Коба Уулу Кожомкул аатынан турнирга 57 кг ыйааһыҥҥа 45 киһиттэн кыахтаахтык бастаан ССРС спордун маастара буолар.
«Физкультура дьиэтин» иһинэн элбэх спортивнай секциялар үлэлиир этилэр. Күнүһүн оскуола оҕолоругар көҥүл тустуу, дуобат, ох саанан ытыы, остуол тенниһин, онтон киэһэ өттүгэр үлэлиир ыччаттарга волейбол, баскетбол сиэксийэлэрэ үлэлииллэрэ.
Ол кэмҥэ уолаттар үксүлэрэ тустуу сиэксийэтигэр суруттаран сылдьар этилэр, мин эмиэ киириэхпин баҕарбытым да, төбөбөр травмалаах буоламмын ылбатахтара. Тириэньэрдэр ССРС спордун маастардара Роман Шамаев, Семен Ючюгяев оҕолору күүскэ дьарыктыыллара, сүрдээх ирдэбиллээх этилэр. Күүстээх дьарык, үлэ түмүгэ сыыйа көстөн барбыта, иккис-үһүс сылларыгар атын оройуоннары кытта тэҥҥэ тардыалаһар буолбуттара. 1978-1979 сылларга «Урожай» ДСО уобаластааҕы Сэбиэтин уолаттарга күрэхтэһиитигэр хамаанданан иккис-үһүс миэстэлэргэ тахсыбыттара. Никифор Готовцев, Михаил Сивцев, Михаил Протопопов, Артур Васильев, Анемит Харайданов, Николай Голиков, Роман Ефимов, Арастал Голиков, Петр Табунанов, Александр Куличкин, Егор Харайданов, Дмитрий Шамаев, Руслан Большаков уо.д.а. хамаанда сүрүн састааба этилэр.
Олимпийскай 1980 сыл «Пионердар дьиэлэрин» иһинэн штат көрүллэн, дуобакка тириэньэринэн үлэлээбит кэмнээх этим. Убаастыыр аҕа табаарыстарбын, убайдарбын кытта биир кэллэктиипкэ сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбитим, элбэххэ үөрэммитим. Тириэньэрим Николай Николаевич Кычкин саҥа саала бары үлэһиттэрин
дуобакка тардыбыта, уһуйбута, сорохтор олох күүскэ сайд ы б ы т т а р а . Ул у ус т а а ҕ ы «Урожай» уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Эдуард Иванович Огонеров 64 харахтаах дуобакка оройуон чөмпүйүөнэ буолан, спорт маастарыгар
кандидакка тиийэ үүммүтэ.
Арааһынай тэрээһиннэри, бырааһынньыктары бииргэ ыларбыт. Онно биһиги кыра кэллэктииппитигэр талааннаах киһи элбэҕин сөхпүтүм. Иван Пинигин, Илларион Федосеев, Николай Кычкин, Семен Ючюгяев кэрэ куоластаах ырыаһыттар буолалларын билбитим. Кинилэргэ эрэ сабырыттарар, үчүгэйдик ыллааччылар да бааллара. Семен Семенович киргизтии ыллыырын онно аан бастаан истэн сөҕөн турабын.
Семен Семенович спорт эйгэтигэр уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, тириэньэрдии сылдьан оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэринэн ананан, 1984-1987 сылларга салайбыта, онтон 1987-1992 сылларга оройуоннааҕы спорткомитет салайааччытынан үлэлээбитэ.
Кэлин дойдутугар Дьохсоҕоҥҥо тахсан дьиэ-уот туттан олохсуйбута, бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри олохтоох орто оскуолаҕа оҕолору эт-хаан өттүнэн эрчийэн, физкультура учууталынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол быыһыгар олохтоох Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн ааспыта.
Кэлин Семен Семеновичтыын 2006 сыллаахха «Таатта тустууктара» кинигэ тахсыытыгар алтыһан ааспыппыт. Онно кини оҕо спортивнай оскуолатын үлэтин-хамнаһын, бастыҥ тустууктар тустарынан, мин көҥүл тустуу оройуоҥҥа хайдах сайдан барбытын устуоруйатын хасыһан суруйбуппут. Көҥүл тустууга спорт маастардара Александр Семенович Аргунов уонна Иннокентий Семенович Кочкин матырыйаалынан көмөлөһөннөр, түөрт ааптардаах кинигэ буолан тахсыбыта.
Кинигэни таһаарар идиэйэни көтөхпүт, сүрүннээбит уонна үбүлээбит киһинэн Николай Яковлевич Белолюбскай буолар. Онон Таатта тустууктара Саха сиригэр биир бастакынан кинигэҕэ киллэриллэн, үйэтитиллэн тураллар. Кэлин ону батыһан диэххэ сөп, Саха сирин тустууктарын туһунан сүрдээх элбэх кинигэлэр таҕыстылар.
Семен Семенович биһикки, онтон кынаттанан да буолуо, кэлиҥҥи сылларга кинигэ оҥорорго, улууска спорт сайдыытын тиэмэтигэр ылсыһан үлэлии сылдьабыт. Семен Семенович элбэх сыл сыралаахтык үлэлэһэн, ааспыт сыл күһүнүгэр «Дьохсоҕон-спорт туоната» диэн сүрдээх киэҥ ис хоһоонноох, былыргы устуоруйаны дириҥник хабар, дойдутун Дьохсоҕон дьоһун дьонун, урукку бастыҥ күүстээхтэрин, тэтиэнэхтэрин, быһыйдарын, билиҥҥи ситиһиилээх спортсменнарын, спорт маастардарын туһунан кинигэ оҥорон таһааттаран, бар дьонугар бэлэх уунна, махталларын ылла.
Кинигэ биһирэмэ улуустааҕы киин библиотека тэрийиитинэн сүрдээх элбэх киһини хабан, үрдүк таһымнаахтык барбыта.
Кэлбит тыл эппит дьон бары Семен Семеновичка махтаммыттара, өссө да айымньылаахтык үлэлииригэр, салгыы үлэлэһэригэр баҕарбыттара.
Кылгастык кинигэҕэ тохтоон ааһар буоллахха, бэйэм оҕо эрдэхпиттэн күүстээх дьону сэргиир, сүгүрүйэр буоламмын, Дьохсоҕон эҥэр төрөөнүөскээн ааспыт күүстээх дьоннор тустарынан суруйуулары сэргээн аахтым. Оҕуруонньа Сахаар, Бөҕө Быччаанай, Тиит Буурай, Дабыкыс Сэмэн, Тоттук Уйбаан, Чиэппэрдээх Мэхээлэ, Бөҕө Модьукаан уо.д.а. курдук ааттара-суоллара ыраахха диэри айаатаабыт дуулаҕа күүстээх дьон олорон ааспыттар. Балартан Бөҕө Модьукаан туһунан уруккуттан билэр, истэр этим. Игидэйдэр аҕа баһылыктара буолбут Бөҕө Модьукаан Табыйыкы алааһыгар олорбута дииллэр. Биһиги арҕаа эҥэрдэр бу дойдуга куруутун бултуубут, куска-куобахха быһа охсон ааһар сирбит. Сир дойду дэлби уларыйан, Табыйыкы от үрэх буолан уутун саас аайы Кулаадаҕа түһэрэр, тылбыйар кынаттаах балачча быһа охсон ааһар сирэ. Манна кэлэ-бара үөһээ халдьаайытыгар сынньана олорон, Бөҕө Модьукаан халдьаайы хайа быарыгар көмүллэ сытара буолуой диэн таабырыннаан, ахтан-санаан ааһааччыбыт …
Ханна күүстээх, кыанар, быһый дьоннор үөскүүллэр да, ол сиртэн өбүгэлэрин батыһан бэйэлэрин кыанар ыччаттар
тахсаллар. Ол курдук Дьохсоҕон сириттэн элбэх биллэр күүстээх спортсменнар, спорт маастардара, спорт маастарыгар кандидаттар иитиллэн тахсыбыттара. Олор тустарынан Семен Семенович кинигэтигэр сиһилии ааҕыаххытын сөп. Бэйэтэ спорт үлэһитэ, бэтэрээнэ буолан, хас биирдии спортсмен ситиһиилэрин чуолкайдык суруйбутун бэлиэтиэххэ наада. Кинилэр истэригэр бааллар бастакы көлүөнэ спортсменнар Аким Татаринов, Виктор Харайданов, Ким Мочкин, Владимир Наумов, Трофим Габышев, Константин Давыдов, Петр Иванов, Егор Захаров, Владимир Ючюгяев, орто көлүөнэ спортсменнар Владимир Андросов, Иван Васильев, Иван Петров, Иван Неморицын, Дмитрий, Семен Ючюгяевтар, Григорий Григорьев, Иван Потапов, Афанасий Попов, Михаил Тистяхов, Илья Андросов уо.д.а. Аҕа табаарыстарын, убайдарын туйаҕын хатаран Владимир
Карпенко, Игнатий Андросов, Ньургун Тистяхов, Егор Захаров көҥүл тустууга РФ спордун маастардара, Егор Малышев, Семен Ючюгяев, Леонид Попов хапсаҕайга, Дмитрий Попов мас тардыһыытыгар, Николай Попов уһун сиргэ сүүрүүгэ, Василий Иванов сахалыы многоборьеҕа, Гаврил Винокуров атах оонньуутугар, Иннокентий Баснаев хотугу многоборьеҕа СӨ спордун маастардара буола үүммүттэрэ. Үөһээ ааттаммыт кэлиҥҥи көлүөнэ спортсменнар үксүлэрэ Семен Семенович илиитин иһинэн ааспыттара, бастакы билиини киниттэн ылбыттара.
Түмүккэ ийэтин Мария Григорьевна, аҕатын Семен Дмитриевич тустарынан суруйуутун бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Икки өттүттэн элбэх оҕолоох дьон холбоһоннор, эбии үс оҕону (Владимиры, Семены, Виталийи) төрөтөллөр уонна бэйэлэрэ айылҕаттан аһыныгас дууһалаах дьон буоланнар, түөрт тулаайах хаалбыт аймахтарын оҕолорун эбии иитэ
ылаллар. Бачча элбэх оҕону барыларын иитиэм-аһатыам, атахтарыгар туруоруом диэтэххэ ыарахан. Семен Семенович төрөппүттэрин туһунан олус иһирэхтик, махтанан суруйбутун, киһи улаханнык долгуйа ааҕар. Кинигэҕэ киһи интэриэһиргиир суруйуута элбэх, ону барытын миэстэ тиийбэтинэн эридьиэстиир табыллыбат. Баһаалыста булан ааҕыҥ!
Семен Семенович бэйэтэ улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга. Кэргэнинээн Анна Петровналыын биэс уолу иитэн улаатыннарбыттара. Кинилэртэн икки уол аҕаларын туйаҕын хатаран тустуунан ситиһиилээхтик дьарыктаммыттара. Семен хапсаҕайга СӨ спордун маастара, СӨ чөмпүйүнээтин призера, элбэх күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара. Айсен доруобуйаларынан хааччахтаахтарга (истибэттэргэ, 18 саастарыгар диэри) көҥүл уонна гректии-римскэй тустууга Арассыыйа чөмпүйүөнэ. Атыттар даҕаны спортан чугас дьон.
Убаастабыллаах Семен Семеновиһы үбүлүөйдээх сааскынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Суруйар дьарыккын быраҕыма, бириэмэ эрэ көһүннэр суруйа, айа-тута сырыт! Таптыыр кэргэнин Анна Петровна, уолаттарын, кийииттэрин, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар уйдаран, уһуннук, дьоллоохтук олороргор баҕарабыт!
Анатолий Мурунов,
2003-2007 сылларга улуус спордун салайааччыта, спорт бэтэрээнэ.