Киин библиотекаҕа Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Семен Семенович Ючюгяев «Дьохсоҕон — спорт туоната» диэн САССР-ҕа физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар анаан таһааттарбыт саҥа кинигэтин биһирэмэ буолла. Библиотека саалатыгар автор спортка наҕараадаларын, спортивнай олоҕун көрдөрөр хаартыскаларын, Дьохсоҕон нэһилиэгин спортсменнарын хаартыскаларын стендэлэринэн, автор ыстатыйалара киирбит кинигэлэринэн, үгүс грамоталарынан, бэлиэ суруктарынан уонна ахсаана биллибэт элбэх мэтээллэринэн быыстапката кэлбити кэрэхсэттэ уонна сөхтөрдө. Биһирэми салайан ыытта И.А.Аргунов аатынан КБ библиограба Т.Д.Бочорукова. Кинигэ биһирэмигэр элбэх киһи санаатын үллэһиннэ, кинигэни олус астыммыттарын биллэрдилэр, дириҥ ис хоһоонунан үйэтитэр аналлаах үтүө кинигэтинэн авторы истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Николай Ануфриев эҕэрдэ ырыатынан биһирэм бэрт истиҥник саҕаланна. Онтон сөбүлүүр дьарыктарынан, тустууга эрчиллэ атын нэһилиэктэртэн Дьохсоҕоҥҥо кэлэн интернакка олорон үөрэнэр оҕолор: Андросов Павел, 6 кыл, Андросов Юра, 6кыл, Аввакумов Дьулус,6 кыл, Федоров Ренат,5 кыл, Старостин Максим,5 кыл. бэйэлэрин эҕэрдэ хоһооннорун холобур оҥостор киһилэригэр — тустуу тренерыгар анаан үөрэтэн, доргуччу ааҕан олус сэргэхситтилэр. Хоһоон ааҕыытыгар салайааччы В.Ф.Колотинская. Оҕолор быйыл юбилейдаах, биир дойдулаахпыт, норуодунай поэт Эллэй хоһоонун аахтылар.
Дьохсоҕон орто оскуолатыгар тустуук оҕолорго аналлаах 15 миэстэлээх пришкольнай интернат иккис сылын үлэлиир. Сэбиэдиссэйинэн СӨ үөрэҕириитин туйгуна, физкультура учууталынан уһуннук үлэлээбит Тарбахова Л.П.үлэлиир. Иитээччилэринэн Захарова И.Л, Кириллина Я.И, Тарбахова В.В. ааспыт сылга үлэлээбиттэрэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар Акимова Е.Н, Колотинская В.Ф.үлэлииллэр. Тустуунан дьарыктаныан баҕалаахтары сүүмэрдээн, талан үөрэтэ аҕалбыт тренердара Малышев Е.Д. Билигин 11 оҕо эрчиллэр. Ыраах Верхоянскай улууһуттан, Таатта улууһун Баайаҕа, Дэбдиргэ, Харбалаах, Чычымах нэһилиэктэриттэн, Ытык Күөлтэн 5-8 кылааска үөрэнэр оҕолор кэлбиттэрэ. Кинилэри дьаныардаахтык тренердэр Попов А.Е. ,Малышев Е.Д.эрчийэллэр. Оҕолор улуус, СР, Дальнай Восток күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кытталлар. Интернат базатыгар сборга кэлбит улуус оҕолоро кытта олорон дьарыктаналлар.
Интернат оҕолоро олороллоругар, дьарыктаналларыгар сөптөөх усулуобуйа баар. Күҥҥэ 5-тэ тотоойу, минньигэс аһынан аһыыллар.Билиҥҥи олох ирдэбилигэр эппиэттиир санузел, сынньанар хос баар. Иитээччилэр оҕолор сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар анаан былааннаахтык араас тэрээһиннэри ыыталлар. Төрөппүттэри кытта сибээстээх үлэни тэрийэллэр. Бу тустуук оҕолор утумнаахтык дьарыктанан, үүнэн-сайдан Сэмэн Сэмэнэбис туйах хатарааччылара тахсыахтара диэн улахан эрэл кыыма баар.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Святослав Сунхалыров улуус спортивнай олоҕор улахан суолталаах кинигэни таһаарбытынан авторы эҕэрдэлээтэ.
Учугээйэптэр аймах аатыттан ох саанан ытыыга СР спордун маастара Павлова Г.Л. таптыыр убайыгар истиҥ эҕэрдэтин хомус дьүрүһүйэр дорҕооннорунан тиэртэ.
Татаринова Аксинья Петровна-автор аймаҕа, спорт бэтэрээнэ .Сэмэн Сэмэнэбис кини күндү эдьиийигэр эрэллээх эркин, үтүө доҕор, киэҥ-холку майгытын, үтүө санаатын түгэннэрин ахтан туран ытыктыыр күтүөтүгэр улахан үлэтэ кинигэ буолан бар дьонугар күндү бэлэх буолбутунан эҕэрдэлээтэ, махталын биллэрдэ.
Кинигэ ис хоҺоонун кинигэҕэ редактордаабыт Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Сивцева М.В билиһиннэрдэ.
Дьохсоҕон нэһилиэгин аҕа баһылыга Охотин В.А. төрөөбүт нэһилиэкпит спортивнай олоҕун сырдатар бастакы кинигэни таһаарбытынан истиҥник эҕэрдэлээн баран Сэмэн Сэмэнэбискэ нэһилиэк үрдүкү наҕараадатын «Нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэни, күүстээх ытыс тыаһын ортотугар, үөрүүлээхтик туттарда. «Сыл бастыҥнара» диэн 2023с.түмүгүнэн Сэмэн Сэмэнэбискэ нэһилиэгэр «Үйэлээҕи үйэтитээччи» диэн үрдүк аат иккис төгүлүн ити киэһэ туттарыллыахтааҕын туһунан биллэрдэ. Ытыктыыр киһибит Сэмэн Сэмэнэбис сыралаах үлэтин нэһилиэгэр үрдүктүк сыаналыылларын, биһирэмэр кэлбит аймахтара,атастара, ааҕааччылара үөрүүлээхтик ылыннылар.
Семён Семёнович тустууга уҺуйуллааччыта, иитиллээччитэ СР хапсаҕайдаһан тустууга спорт маастара Петр Табунанов куораттан айаннаан кэлэн ытыктыыр тренерин ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.
Илларион Федосеев аатынан оҕо спортивнай оскуолатын директора, улууска ох саанан ытыы федерациятын председателэ Е.Е.Ноенохов эҕэрдэ,махтал истиҥ тылларын эттэ.
Тааттыныскай нэһилиэк ветераннарын сэбиэтин председателэ М.Е.Бондарева истиҥник эҕэрдэлээтэ.Кинигэ тахсыытыгар автор үгүс ахтыылары, матырыйааллары сыралаһан хомуйан, бэлэмнээн маннык үчүгэй кинигэни таһаарбытынан эҕэрдэлээтэ.
РФ суруналыыстарын чилиэнэ, спорду үйэтитээччи А.Г.Мурунов бэйэтин саҥа «буруолуу сылдьар» кинигэтин Сэмэн Сэмэнэбискэ бэлэх уунна. Өссө да авторга спорду сырдатар кинигэ таһаарарыгар эрэлин биллэрдэ.
Улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтин аатыттан улуус ветераннарын сэбиэтин председателэ М.А.Попова эҕэрдэ, махтал тылларын тиэртэ.
Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо М.Л.Архипов төрөөбүт нэһилиэгин күүстээхтэрин, кыахтаахтарын уонна спортсменнар ситиһиилэрин кинигэҕэ киллэрэн үйэтиппитинэн эҕэрдэтин тиэртэ.
Семён Семёнович аймаҕа, ОДьКХ ветерана Егор Ионович Ючюгяев истиҥ эҕэрдэтин эттэ, кылгас ахтыытын иһитиннэрдэ.
Сэмэн Сэмэнэбис доҕоро атаһа Ис дьыала министерствотын ветерана Н.Н.Слепцов кинигэ таһаарбыт доҕорун туһунан түгэннэри ахтан үгүс сыллаах үлэтэ үмүрүйэн кинигэ буолан ааҕааччыларын булбутунан үөрэ-көтө эҕэрдэтин тиэртэ.
С.С.Үчүгээйэп аймаҕа, киин библиотека комплектование отделын салайааччыта Г.И.Савватеева күндү күтүөтүгэр саҥа улахан, киэҥ өйдөбүллээх үйэтитии кинигэтин таһаарбытынан аймахтарын ааттарыттан алгыс тылларынан арчылаан эҕэрдэ эриэккэһин анаата. Оруобуна бу саҥа кинигэ биһирэмин күнэ Семен Семенович таптыыр кэргэнин Мария Ивановна төрөөбүт күнүн кытта сөп түбэспитин, олох үөрүүлээх түгэннэрин ахтан санаан ааста.
Семён Семёнович балта Зоя Лукинична Санникова убайын туһунан оҕо саас кэрэ кэмнэрин санаан ылла.Убайын холобур оҥостор да буоллар Үчүгээйэптэр аймахха спортка сыстыбатах кини эрэ эбит уонна бары спортсменнар диэн олус үөрэн кэпсээтэ.
Киин библиотека директора А.К.Билюкина саҥа кинигэ биһирэмэ өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус үөрүүлээхтик ааспытын бэлиэтээтэ. ДЮСШ директора, тренер С.С.Үчүгээйэп туһунан бэйэтин оҕо эрдээҕинээҕи өйдөбүлүн, убайа тустуунан дьарыктаммыт кэмнэрин кылгас да буоллар иһирэх ахтыыны кэпсээтэ. Саҥа кинигэни, автор үлэтин түмүгүн үрдүктүк сыаналаата. Киин библиотекаҕа саҥа кинигэлэр биһирэмнэрэ олус чаастатык, киэҥ ис хоһоонноохтук, ааҕааччыларга да, автордарга да умнуллубат, үөрүүлээх бэлиэ күннэр ааһалларын бэлиэтээтэ. Библиотекаҕа кинигэ биһирэмэ буолан ааспытын биллэрэр Анал бэлиэ оҥотторбуттарын көрдөрдө уонна Бастакы анал бэлиэни Сэмэн Сэмэнэбискэ истиҥник махтанан туттарда.
Бу саҥа кинигэ нэһилиэк былыргы күүстээх, быһый дьоннорун туһунан саҕаланар, салҕыы нэһилиэк кыахтаах спортсменнарын сырдатар дириҥ ис хоһоонноох. Дьохсоҕон нэһилиэгин спортсменнара улууска спорт сайдыытыгар тус кылааттарын арыйар соруктаах дьоһун кинигэ ааҕааччы сэҥээриитин ылла. Бу кинигэни хайаан да ааҕыҥ, олус элбэх интэриэһинэй түгэннэри билиэххит. Эдэр көлүөнэ ааҕааччылары үөрэтэр, иитэр аналлаах кинигэ буолар. Ыччаттар спорт араас көрүҥнэрин сэҥээрэр кэмнэригэр тахсыбыт кинигэ эдэрдэргэ эмиэ кэрэхсэниэҕэ. Аймахтарын туһунан ааҕаннар холобур оҥостуохтара, киэн туттуохтара.Түмүккэ маннык олус интэриэһинэй, нэһилиэкпит историятын спорт өттүнэн арыйар үйэлээх кинигэни сыралаһан, үлэлээн — хамсаан таһааттарбыт күндү киһибитигэр, энтузиаст, дьиҥнээх патриот — төрөөбүт дойдутун дьонун-сэргэтин өрө тутан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт биир ытык киһибитигэр Сэмэн Сэмэнэбискэ улахан махталбытын биллэрэбит. Кини үлэтэ республикаҕа, улууска атын нэһилиэктэргэ холобур эрэ буолуон сөптөөх.
Сэмэн Сэмэнэбис бэйэтэ уһун сылларга, эдэр эрдэҕиттэн мунньубут архыыбыттан, спортка тугунан да кэмнэммэт баай опытыттан тустууну уонна тустууктары сэҥээрээччилэргэ анаан өссө биир үтүө кинигэни, Манчаары оонньууларын көрсө, таһаарара буоллар диэн баҕа санааларын биллэрдилэр.
Түмүккэ автор Семен Ючюгяев мустубут ыалдьыттар кинигэтин — үлэтин сэҥээрбиттэригэр махталын биллэрдэ. Өр кэмҥэ тустуу матырыйаалларын бэйэтэ хомуйан, кинигэ буоларыгар көмөлөспүт чугас дьонугар улахан махталын эттэ. Кинигэтэ ааҕааччыларга тиийэн маннык кинигэ биһирэбилэ буолуоҕун төһө өр кэтэспитин, ол баҕатын дьэ толорон, саҥа кинигэтин дьоҥҥо тиэрдэн, санаабыта сатанна, дууһата дуоһуйда. Кинигэ биһирэбилин тэрийээччилэргэ махтанна. Бу иннинэ алтынньы ыйга, Дьохсоҕоҥҥо бу саҥа кинигэ бастакы биһирэмэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааспыта. Онно дойдутугар Сэмэҥҥэ кинигэтинэн эҕэрдэлии Чурапчыттан, Дьокуускайтан доҕотторо-атастара айаннаан кэлэннэр үөрэн-көтөн, ис сүрэхтэн эҕэрдэлэрин тиэрпиттэрэ, үөрүүлээх күнүн бэлиэтэспиттэрэ. Бу саҥа кинигэни аҕа көлүөнэ дьон, ыччаттаргытыгар бэлэххэ уонна бэйэ көрө сылдьан астына ааҕарыгар атыыланар сыаната 2тыһ.солк. Онтон нэһилиэкпит библиотекатын ааҕааччыларыгар автор анаабыт бэлэх кинигэтин уларсан, харыстаан ааҕаргытыгар ыҥырабын.
Нэһилиэк библиотекара Г.Н. Другина.