Матрена Неустроева: биирдии омук бэйэтин төрдүнууһун билэн, аатын-суолун тилиннэрэн, ол силиһигэрмутугар тирэҕирэн, киһилии киһи — Саха буолар.
Илгэлээх Игидэйтэн төрүттээх, Алдан нэһилиэгин иккис дойду оҥостубут киэн тутта ааттыыр Дьоруой ийэбит Матрена Харитоновна Неустроева сэтинньи 10 күнүгэр 90 сааһын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күнэ үүнэр. Кини эдэр эрчимнээх сааһыттан ааспыт сыллар усталаах-туораларыгар күүрээннээх үлэни өрө тутан, каменщик ыарахан идэтин баһылаан, оройуон, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сыаналаммат кылааты киллэрбитэ.
Матрена Харитоновна 1949 с. сэттис кылааһы бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтэр салааны ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Олоххо дьулуурдаах, инникигэ эрэллээх эдэр киһи 1953 с. нууччалыы, сахалыы икки тылынан тахсар «Эдэр коммунист» хаһыат редакциятыгар нууччалыы матырыйаал корректорынан айымньылаахтык үлэлээбитэ.
1955 с. хомсомуол көхтөөх чилиэнэ Дьокуускай куорат горкомун путевкатын тутан, «Якутстройтрест» тэрилтэҕэ каменщигынан ананан үлэлии киирбитэ. Кытаанах үлэттэн чаҕыйан турбат кыыс аан маҥнай 3-с СМУ-га литовец Бронислав Кемежис биригээдэтигэр каменщик үөрэнээччитинэн идэтин саҕалаан, 5-с разрядтаах каменщикка тиийэ үүммүтэ.
Оччотооҕу кэмҥэ каменщик идэтин толору баһылаабыт кэрэ аҥар соҕотоҕун кыһыннары-сайыннары эр дьону кытары тэбис-тэҥҥэ 5 сыл устата күүстээх үлэҕэ сылдьыбыта.
Ол курдук, Саха сирин килбэйэр киинигэр Ленин проспегыгар, Ярославскай, Дзержинскэй уулуссаларыгар турар таас дьиэлэри, үгүс тэрилтэлэри тутуһан өрөспүүбүлүкэ инникитин түстэспитэ. Каменщик идэтэ күүстээх хары күүһүн ирдиир, бэйэтэ туһунан быраабылалаах, ураты сокуоннаах сылаалаах үлэнэн буолар. Үрдүк көрдөрүүлээх каменщик 1956 с. Москваҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы тутааччылар сүбэ Мунньахтарыгар Саха сириттэн таас дьиэ тутааччыта, соҕотох дэлэгээт-дьахтар Матрена Харитоновна кыттыыны ылар чиэскэ тиксэн, Колоннай саалаҕа хомсомуол Киин Кэмитиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Күүрээннээх үлэ күөстүү оргуйар эдэр саас эрчимнээх кэмигэр тутуу икки сүрэҕи тэҥҥэ холбообута. Ол курдук, таас дьиэни тутааччы Матрена Харитоновна олоҕун аргыһа, мас дьиэни тутааччы Василий Сидорович Неустроевы көрсөн, сүрэхтэрин холбоон уон оҕоломмуттара. Дьоруой ийэ бииргэ төрөөбүт балтылаах быраатын, эдьиийин 3 оҕотун кыра саастарыттан, сиэнин Нарыйаны төрүөҕүттэн бэйэтэ көрөн-истэн улаатыннарбыта. Биэс сыллааҕы хомсомуол ыйар сорудаҕын толорон, эдэр ыал аҕата лесхозка, ыал ийэтэ Уус Тааттаҕа уһуйаан сэбиэдиссэйин хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан, Игидэйгэ 2 сыл уһуйаан сэбиэдиссэйинэн, 1979 с. П. Алексеев аатынан сопхуос, агрофирма уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр ыанньыксытынан, эдэр ыччат уһуйааччытынан үрдүк көрдөрүүлээхтик үлэлээбитэ.
Ыччат наставнига илиитин ыһыктыбакка, тэппит атаҕын кубулуппакка үлэлээн, хас биирдии үлэһиккэ ийэлии истиҥ сыһыанынан көмөлөһө, олохторун тупсарарга кыһаллара.
1980 с. 11-с пятилетка маҥнайгы сылыгар «производство маяга» үрдүк көрдөрүүтүнэн биир ынахтан 3049 лиитэрэ үүккэ тиийэ ыан, былаанын 130% куоһаран, оройуон рекордун олохтоон, үрдүк биэтэккэ таһаарбыта.
Ытык киһибит төрөөбүт дойдутун ааттатан, оройуон, улуус сайдыытыгар үлэтэ үрдүктүк сыаналаммытын Өрөспүүбүлүкэҕэ таас дьиэни тутуу уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ ааты сүкпүтэ, Петр Алексеев аатынан бириэмийэ 2 төгүллээх Лауреатынан ааттаммыта, СӨ агропромышленнай комплекс сайдыытыгар кылаатын иһин, хомсомуол Киин Кэмитиэтин, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Якутстрой» тэрилтэ уонна СӨ (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, СӨ Президенин махтал суруктара туоһулууллар.
Үлэһит бастыҥын үтүө холобура «60 лет вместе с городом: строительная летопись ЗАО «Якутпромстрой» 1956-2016 с. кинигэҕэ тиһиллибитэ.
Алдан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Матрена Неустроева 1992 с. нэһилиэккэ аан маҥнайгынан «Эмис» хаһаайыстыбаны тэринэн, 10 сыл устата сүөһү-сылгы, сибиинньэ, хаас, куурусса, 30 сыл коза иитэн, хас сайын аайы Сэбирийэ сайылыгар сайылыыр.
Олоххо көхтөөх Ытык киһибит Матрена Неустроева бар дьонугар: «Сырдык санаанан салайтаран, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһан, куруутун элбэҕи ааҕа, үгүскэ үөрэнэ сылдьыҥ, эти-хааны эрчийэн, олох хаамыытыттан хаалсымаҥ!» — диэн үтүө сүбэтин аныыр.
Алдан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Дьоруой ийэ, үлэ, тыыл уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Петр Алексеев аатынан оройуон 3 төгүллээх чөмпүйүөн-ыанньыксыта, бааһынай хаһаайыстыба бастыҥ салайааччыта, толору ыал ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ, хос эбэтэ дьоллоох олох сүрүн кистэлэҥэ — сырдык, ыраас тапталтан, эйэлээх олохтон дьоллонууттан турар диэн бигэ санаанан салайтарар.
Матрена Харитоновна Неустроева туһунан хаһыакка суруйуулар
Үлэ дьоруойа, социалистическай куоталаһыы кыттыылааҕын туһунан анал паапкалар
Үлэ Дьоруойун наҕараадалара:
Үрдүк анал ааттара:
Мария Павлова.