ИСТИҤ ТАПТАЛ УЙАТЫН БИҺИКТЭЭБИТ ДЬИЭ КЭРГЭН
Күндэлэс күннээх сандал саас ылааҥы күнүгэр Рива Реасовна Кулаковская уонна Гаврил Гаврильевич Дарбасов таптал истиҥ иэйиитин ымыы оҥостон, сүрэхтэрин холбоон, ыал буолан олорбуттара 55 сыллара үүннэ.
Рива Реасовна уонна Гаврил Гаврильевич үөрэх-билии кыһатыгар бииргэ үөрэнэн, Дьылҕа Хаан ыйааҕынан, Үрдүк Айыылар үтүө алгыстарынан үрдүк үөрэх кыһатыгар университекка үөрэнэ сылдьан истиҥник доҕордоһон, 1969 сыллаахха кулун тутар 28 күнүгэр дьоллоох Дьокуускай куоракка ыал буолбуттара.
Дьиэ кэргэн истиҥ эйгэтигэр куруук ил-эйэ илгийэрэ, бэйэ-бэйэҕэ кыһамньылаах сыһыан олохсуйбута. Төрөппүттэр оҕолорун төрөөбүт Ийэ тылынан санааны сайа этэргэ, өбүгэ төрүт үгэстэрин тутуһарга, сахалыы тобуллаҕас толкуйдаах, сатабыллаах, аһыныгас сүрэхтээх буоларга үөрэтэллэрэ-такайаллара. Бэйэ икки ардыгар « эдьиий» «убай», диэн истиҥ тылынан ыҥырсарга, бу тыллар дириҥ суолталарын сөптөөхтүк тутуһарга сүрүн болҕомтону уураллар. Рива Реасовна ийэлии эйэҕэс сыһыанынан дьиэни-уоту бэрийэрин таһынан, бигэ туруктаах, бөҕө тирэхтээх киһини иитэргэ сүрүн оруолу ылан, кэпсэтии сиэринэн оҕо мунаарар ыйытыытын тута быһаарарга дьулуһара. Ыал амарах аҕата Гаврил Гаврильевич үлэ киһини киһи оҥорорунан «Хамсаныы – олох сүрүн тирэҕэ» санаанан салайтаран, оҕолорун кыра эрдэхтэн үлэни таптыырга иитэргэ кыһаллара. Ол курдук дьиэ кэргэн кыралыын улаханныын күргүөмүнэн саас саһаан туруораллара, от, оҕуруот үлэтин үөрэ-көтө үмүрүтэллэрэ. Ону тэҥэ айылҕа силигилии ситиитэ сайынын сир аһыгар, балыкка, Амма Эбэ Хотуҥҥа дуоһуйа сөтүөлээн, умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэннэри атаараллар. Ол курдук дьиэ кэргэн олоҕу бэйэлэринэн киэргэтэн, балаакканан хоно сытан араас күрэстэри тэрийэллэрэ, кутаа тула астына-дуоһуйа кэпсэтэр үтүө үгэстээхтэр. Кыра оҕолорго анаан, дьиэ кэргэн лааҕырын үлэлэтэллэрэ, анал бириэмийэлэри олохтоон, кырачааннары үөрдэллэр.
Дьоһун ыал 55 сыл устата олоҕу үрдүктүк сыаналаан, кыраттан үөрэн, оҕолорунан, сиэннэринэн дьоллоноллор. Билигин Таатта улууһун Ытык дьиэ кэргэнэ үс оҕону көччөх гынан көтүтэн, үгүс сиэн эйэҕэс эбэтинэн, эһэтинэн буолаллар. Оҕолоро Нарыйа Гавриловна Таатта улууһун дьарыктаах буолуу киинин салайааччытынан, Александр Гаврильевич «Туймаада-строй»ААУо прорабынан, Рива Гаврильевна Дьокуускайдааҕы Мэдиссиинэ Киинин үрдүк таһымнаах терапевт бырааһынан таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
УМНУЛЛУБАТ БЭЛИЭ КҮН
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар күндү таастыы күлүмүрдүү оонньуур уруу кэрэ-бэлиэ үөрүүлээх тэрээһинин ГТАС салайааччыта Нария Пестрякова иилээн-саҕалаан ыытта.
Дьоро күн холобур буолар дьиэ кэргэн «Бочуот кинигэтигэр» киирэр чиэстэннилэр. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга ИЗУМРУД ТААС КЭРГЭННИИЛЭРГЭ Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи ГТАС управлениетын салайааччыта Дария Васильевна Слепцова эҕэрдэтэ туттарылынна.
Ытык дьоммутун «Таатта улуууһа» МО дьаһалтатын аатыттан Святослав Сунхалыров бастыҥ сатабылларын ууран, тус холобурдарынан оҕолорун истиҥ эйгэҕэ ииппит дьоһун ыал үөрүүлэрин үллэстэриттэн астынан, киэн туттан туран, үлэни өрө туппут үтүө-мааны ыалга сырдык күөх күндү таас урууларынан истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ: «Эһиги олоххут, дьоһун Дьиэ кэргэҥҥит Саха Өрөспүүбүлүкэтин историятыгар Кыһыл көмүс буукубанан сурулунна», — диэн санаатын эттэ.
Нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Бондарева уонна «Таатта нэһилиэгэ» МТ баһылыга Егор Павлов нэһилиэккэ «Кыһыл көмүс» уруулаах ыал ахсаана элбии турара үөрдэрин бэлиэтээн туран, социальнай эйгэҕэ үүнэр көлүөнэни сырдыкка сирдээн, кэрэҕэ уһуйан, доруобуйа харыстабылыгар үлэлээн, тус кылааттарын киллэрбит ыалга бастыҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Таатта улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Попова төрүт дьон удьуордара Таатта улууһун сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбиттэринэн сырдатан туран, тус олоххутунан, дьоҥҥо холобур буоларыгытынан А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй кыымын саҕан, дьоллоох, чэгиэн туруктаах буолалларыгар баҕа санаатын этэн, «кыһыл көмүс» кинигэни бэлэх уунна.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ А.И. Софронов – Алампа аатынан Ытык Күөл 1 нүөмэрдээх оскуола дириэктэрэ, Рива Реасовна үөрэнээччитэ Иван Будикин кэллэктиип, Таатта улууһун үөрэҕириитин управлениетын, идэлээх Сойууһун аатыттан эҕэрдэлээн туран: «Эһиги киэҥ билиигит-көрүүгүт, бастыҥ үөрүйэххит куруук биһиэхэ күүс-көмө буолар», — диэн үтүө тылын анаата.
Тааттатааҕы поликлиника сэбиэдиссэйэ Саргылана Гаврильева киин балыыһа, поликлиника кэллэктиибин, профсойууһун аатыттан эҕэрдэлээн туран, сирдээҕи аналы чиэстээхтик толорбут, киэн туттар, холобур буолар дьоһун-мааны ыал быһыытынан үрдүктүк сыаналыылларын биллэрдэ.
Талыы талба Ытык Таатта тумус туттар ыалын үөрүүлээх күҥҥүтүнэн ис сүрэхтэн тахсар баҕа санаа бастыҥын аныаҕыҥ!
Тааттаны ааттатар
Дьоһун ыалбыт
Үлэни өрө тутаргытынан,
Сырдык, үтүө санааҕытынан
Өрүү холобур буолаҕыт!
Мария Павлова.
Видеоматырыйаалы бэлэмнээтэ Михаил Копырин.