Новосибирскайдааҕы Бэчээт уонна информационнай технологиялар колледжтарын төрүттэммитэ 100 сыла.
Саха сирин үрдүнэн 100-тэн тахса полиграфическай өҥөнү оҥорор тэрилтэ баара биллэр. Итилэргэ анал үөрэхтээх специалистар үлэлииллэр. Кинилэртэн үгүстэрэ Новосибирскайдааҕы 4№-дээх полиграфическай училищеҕа, билиҥҥинэн Новосибирскайдааҕы Бэчээт уонна информационнай технологиялар колледжтарыгар үөрэммиттэрэ. Бу аныгы кэмҥэ наадалаах идэҕэ уһуйар колледж быйыл алтынньыга 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри бэлэмнэнэр. Ону билэн Чөркөөхтөн үлэ ветерана, нэһилиэк общественницата, бастыҥ ийэ, эбэ Мария Михайловна Жегусова-Сабарайкина бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрин кытары суһал соҕустук быһаарынан төннүбэт эдэр саастара ааспыт куоратыгар тиийэн, училищетыгар өйдөбүнньүк бэлэҕи туттаран үөрэн-көтөн кэллэ. Онтун үллэстэн биһиэхэ хоһоонунан хоһуйбутун ыыппытын астынан туран таһаарабын:
Үөрэммиппит эдэркээн кыргыттар
Солун — полиграф идэтигэр
Көрсүбүппүт Сибиир Саҥа куоратыгар
Барыта солун, бары кэрэ этэ…
Күһүҥҥү практикабытын
Грузовой массыына үрдүгэр
Кэккэлэччи олорон
«Толмачево» пригороднай совхозка
Хортуоска, свекла, помидор
Турнепс, сорохтор бурдукка
Үлэлээбиппит, кулууп фойетыгар
Наара оҥорон, онно утуйарбыт
Пригород остолобуойугар аһыырбыт
Бурдукка үлэлээччилэр үксүн
Хойутаан кэлэрбит…
Кулууп иннигэр киэһэтин
Олохтоох оҕолору кытта
Олус эйэлээхтик волейбол оонньуурбут.
Патрульнай милиция куруук
Бэрээдэги көрөрө, киэһээтин
Кулуупка киинэ көрдөрөр этилэрэ.
Араас омук оҕолоро
Бары биир дьиэ кэргэн курдук
Эйэлээхтик үлэлээн, доҕордоспуппут
Бастаан Кыһыл Проспекка эргэ
Икки этээстээххэ
Саҥа идэ технологиятын үөрэтэн,
Онтон чугас практикаланан үлэлиирбит.
Уопсайбытыттан — Обь өрүс
Хаҥас биэрэгэр биэс этээстээх
Таас дьиэттэн сарсыарда
Алта чаастан туран трамвайынан
Обь өрүспүт уҥа биэрэгэр
Үөрэнэ барарбыт.
Быыспытыгар уопсайбыт аттыгар
Саҥа тутуллан бүппүт
Икки этээстээх үөрэнэр куорпуска үлэлиирбит.
Иккис сылбытыгар онно үөрэммиппит.
Онон саҥа таас дьиэ
Бастакы үөрэнээччилэрэ буолбуппут.
Араас культурнай тэрээһиҥҥэ кыттарбыт
Сахалыы таҥас тиктэн үҥкүүлээн,
Уопсай куорат училищеларын
Хоругар Опера театрыгар ыллаан,
Сорохпут сахалыы ыллаан кыттан
Үөрэнэр икки сылбыт
Биллибэккэ ааспыта…
Чөркөөххө бастакынан полиграфист идэтин ылбытым
Кэлин, билэн ыйыталаһан оҕолор үөрэммиттэрэ.
Куоракка Гагарин аатынан полиграфкомбинакка
«Кыым», «СЯ», «Эдэр коммунист» , «Бэлэм буол» хаһыаттарга
Верстальщик көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитим.
Нерюнгри куоракка хаһыат
Политическай суолталаах буолан,
Үлэлэтэ илдьээри араастаан
Көрдөһө сатаабыттарын аккаастаан,
Тапталлаах Тааттам «Коммунист» хаһыатыгар үлэлии тиийбитим..
Ыал буоламмын оҕолонон
Салгыы үлэлээбэтэҕим эрээри,
Онно көрсүбүт бииргэ үлэлээн
Үлэҕэ уһаарбыт үтүө дьоммун
Умнубаппын, күндүтүк саныыбын.
Дьэ быйыл билсибиппит биэс уон сылыгар
Үөрэппит кыһабыт 100 сыллаах
Үбүлүөйэ алтынньыга буоларын билэн
Бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрдиин
Суһал соҕустук быһаарынан
Сүбэнэн-өйдөһө охсон быһаарынан
Сахабыт сирин санатар
Оһуохай ойуулаах чороонун
Үөрэнэн бүтэрбит сылбытын
Бэртээхэй шрибинэн суруттаран
Үөрэммит кыһабытыгар тиийэммит
Үөрэ-көтө туттардыбыт.
Училищебыт аата элбэхтэ уларыйбыт,
Ол эрээри сүтэн симэлийэн хаалбакка,
Үөрэтэр ньымата аныгы олоххо
Сөп түбэһэ уларыйан-кэҥээн
«Новосибирский Колледж Печати и Информационных Технологий» дэнэн
Билигин да миэстэтигэр
Үөрэтэ турарын харахпытынан көрөн,
Кулгаахпытынан илэ истэн,
Соһуйуохпут иһин, билсибэккэ барбыппытын
Ааттаахтык көрсөн үөрдэннэр
Батыһа-сирдии сылдьан кэпсээннэр,
Көрүөххэ айылааҕы көрдөрөннөр
Санаабыт санаабытын ситиһэммит
Махтанан туран өйдөбүл чорооммутун
Сахалыы алҕааммыт, эҕэрдэлээн
Үөрдэ туттараммыт, салгыы билсиэх буолан
Бары өйдүүрбүтүн кэпсээн
Сүүс сылыгар ананар кинигэҕэ
Матырыйаал тэҥҥэ хомуйсуох буолан
Билигин да үөрэппит кыһабыт
Өссө да элбэх идэҕэ
Саҥа технологияны баһылаан
Устудьуоннары уһуйа үөрэтэрин
Сайдыбыттарыттан үөрэммит
Арааһы бэчээттээн-оҥорон
Эргиирдэрэ элбээбититтэн
Астынан кэллибит…
1/8-23 с. МС Чөркөөх – Таатта
Мария Михайловна ити курдук кэтэх хаһаайыстыбатын көрөрүн таһынан, дьиэ-уот үлэтиттэн, сиэн көрүүтүттэн быыс булан, хоһоон айа охсор, туох саҥаны билбитин-көрбүтүн үллэстэн, ыллыы-туойа сылдьар, сэргэхтик олорор. Киниэхэ инникитин эмиэ чэпчэкитик хардыылаан олох суолун устун чэгиэнник сылдьан айанната турарыгар баҕарабыт.
Манна даҕатан аҕыннахха, биһиги “Таатта” хаһыаппытыгар киэн туттар коллегаларбыт, бэчээт туйгуннара Мария Неустроева, Варвара Башарина Новосибирскайга үөрэнэн полиграфистка уһуйуллубуттара, билигин өр сыл үлэлээн, биир идэлээхтэрин ортолоругар хас да төгүл идэлэринэн бастыҥ ааты сүкпүттэрэ. Кинилэр бастаан үлэлииллэригэр ыарахан сибиниэс чушкалары уулларан улахан линотип массыыналарга үлэлиир эбит буоллахтарына, билигин үйэ уларыйан, үлэлэрэ чэпчээн, компьютеры баһылаан, бэйэлэрэ айар талааннарын уһугуннаран, аныгылыы эттэххэ кинигэни, сурунаалы, хаһыаты дизайннаан, сүрдээх интэриэһинэй үлэлээхтэр. Онон биир тэрилтэҕэ 36-37 сыл бэриниилээхтик үлэлии сылдьаллар.
Билигин оҕолор үөрэххэ киирэр кэмнэрэ. Ким идэтин талына илик, толкуйдуу охсон, бу Новосибирскай колледжыгар туттарсыаххытын сөп. Мария Михайловналаах тиийэ сырыттахтарына, колледж преподавателлэрэ Саха сириттэн кэлин сылларга оҕолор туттарса кэлбэт буоллулар диэн хомолтолорун эппиттэр этэ. Онон түгэнинэн туһанан, оҕолору бу кэскиллээх үөрэххэ ыҥырабыт. Бу үөрэх туһунан маннык ссылканан киирэн билсиэххитин сөп: http://printcollege.ru/news/
Автор: А.Неустроева.