Экологическай лааҕырга элбэххэ үөрэннилэр

«Ситим» лааҕыр экологическай, кыраайы үөрэтэр сыаллаах Амма өрүс алын тардыытыгар, Амма нэһилиэгэр Унньуулалаах сиригэр-уотугар оҕолору эмиэ түмтэ.

Лааҕырга оҕолор табыгастаах сынньалаҥнарын тэрийэр усулуобуйа барыта баар. Уолаттар, кыргыттар утуйар тус-туһунан дьиэлэрэ, суунар-тараанар душ, сынньанар-дьарыктанар хос, остолобуой, иҥэмтиэлээх тотоойу ас-үөл. Оҕолор күннээҕи эбээһинэстэри бэйэлэрэ үллэстэн толороллор, ыарахантан толлубат, дьонтон кыбыстыбат буола улааталлар, лааҕыр көмөтүнэн үлэҕэ эриллэ үөрэнэллэр.

Өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыттан 7-9 кылаас үөрэнээччилэрэ Чычымах сирин-дойдутун, биллиилээх дьоннорун, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сылдьан билиилэрин хаҥаттылар. Лааҕыр үлэтэ Өксөкүлээх Өлөксөй «Алгыстаах аартыгын» билсиһииттэн саҕаланна. Манна лааҕыр кыттыылаахтара саха литературатын төрүттээччи А.Е.Кулаковскай айымньыларынан оҥоһуллубут 11 арт-эбийиэги уонна саха балаҕаннаах култуурунай эйгэни кытта билистилэр. Салгыы «Өксөкүлээх түһүлгэтигэр» сылдьан Өксөкүлээх айымньыларыгар анаммыт маһынан оҥоһуллубут кэрэхсэнэр экспонаттары көрдүлэр.

Лааҕыр үлэтин кэмигэр ыһыах күнэ сөп түбэһэн оҕолорго анаан ыһыах сиэрэ-туома ыытылынна, оҕолор өбүгэлэрбит маанылаах астарын саламааты уонна саһарчы буспут алгыстаах алаадьыны амсайдылар. Күрэс түһүлгэтэ тэрилиннэ. Илии-атах оонньууларыгар хамаандаларынан күрэхтэһии буолла.

Бэс ыйын 22 күнэ — өйдөбүл уонна кутурҕан күнэ. Бу күн «Үтүө, сырдык ааккыт — сүрэхпитигэр» диэн тематическай тэрээһин ыытылынна, биир дойдулаахтарбыт хорсун быһыыларын билистилэр. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут буойуттар, тыылга эйэлээх олоҕу уһансыбыт дьоммутугар анаан кэриэстэбил мүнүүтэнэн түмүктэннэ.

Төрөөбүт дойдубут айылҕатын чинчийэн геоботаническай ойуулааһын оҥордулар, үүнээйилэр көрүҥнэрин быһаардылар. Эмтээх үүнээйилэри үөрэттилэр уонна хомуйдулар. Орнитологтар көтөрдөрү саҥаларынан быһаарыы методикатын биллилэр уонна учуот ыыттылар.

Ураты харыстанар сирдэр, Кыһыл кинигэҕэ киирбит көтөрдөр-кыыллар, үөннэр, үүнээйилэр тустарынан кэпсэтии кэнниттэн «Айылҕаны харыстыаххайыҥ!» диэн оҕолор плакат уруһуйдаан айылҕаҕа сыһыаннарын көрдөрдүлэр. «Бэйэ оонньуутугар» икки хамаандаҕа арахсан күрэхтэстилэр, ол түмүгэр Захаров Алеша хамаандата кыайыылааҕынан таҕыста.

Оҕолор төрөөбүт дойдуларын билэллэригэр сыаллаах маршруттарынан сырыттыбыт. Ол курдук, былыргы «Дьокуускай-Айаан» айанын суолун туһунан «Дьаамҥа», С.Р.Кулачиков-Эллэй төрөөбүт алааһыгар «Мойуонаҕа», Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын «Буор дьиэтигэр» сылдьан үлэлэрин, олохторун-дьаһахтарын билистилэр уонна Амма нэһилиэгин музей комплексын сиһилии көрдүлэр.

Сардаана сибэкки күнүн бэлиэтээтибит. Оҕолор уруһуйдаатылар уонна хас биирдиилэрэ сардаана сибэкки аттыгар хаартыскаҕа түһэн үйэлэргэ умнубат өйдөбүнньүк буолла. Саха сирин саамай кыраһыабай сибэккитэ сардаана биһиги лааҕырбыт тула үүнэн турарыттан күн аайы көрө-көрө киһи дуоһуйууну ылар, аҕыйах бириэмэҕэ көстөр буолан күндү уонна киһиэхэ олус кэрэхсэбиллээх.

Өссө биир ураты Амма өрүс күнэ буолла. Саха сирин өрүстэрин туһунан үгүһү биллибит. Оҕолор Аммаларын уруһуйдаатылар. Онтон Аммаҕа дуоһуйа сөтүөлээн, кумахха оонньоон доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр туһалаах күн ааста.

Хас биирдии күн туохха эрэ ананан, оҕолор билиилэрин хаҥатар сыаллаах идэҕэ туһаайыллар күн буолла. Манна естественнэй наука институтун устудьуона Ефросиния Никифорова ыалдьыттаата. Кини институкка үөрэҕин, хайдах үөрэххэ киирии, үөрэх суолтатын туһунан кэпсээтэ, боппуруостарга эппиэттээтэ уонна араас химическэй наукаҕа сыһыаннаах интеллектуальнай оонньуулары ыытта. Онтон чинчийэр үлэлэрдээх оҕолордуун химическэй анализ оҥорон көмөлөстө.

Аны биир кэлим хамсааһын чэрчитинэн ыччат күнэ ааста. «Биһиги − дойдубут кэскилэ!» диэн бөлөҕүнэн айар үлэ буолла. Интэриэһинэй оонньууга оҕолор инники киһи мэтириэтин ойуулаабыттара. Онтон ким түбэһэринэн бэйэлэрин икки ардыларыгар үлэлэрин атастаспыттара. Ылбыт лиистэргэ инники киһибит идэтин, олорор дьиэтин уонна транспорын эбэн уруһуйдаабыттара. Бу үлэ түмүгүнэн оҕолор инникилэрин толкуйдаан көрдүлэр, бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһэр, дириҥ санааҕа холбоһор, түмсэр, сайыннарар кыахтаахпыт диэн санааҕа кэллилэр.
«Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар аһыллыытын күн лааҕыр иһинэн «Сайыҥҥы скакалка» роуп скиппинг күрэхтэһии ыытылынна. Түөрт көрүҥүнэн күрэхтэһии түмүгүнэн Богдокумов Саша чыпчаал кыайыылааҕынан ааттанна. Оҕолор саҥа күрэхтэһии көрүҥүн сөбүлээтилэр уонна хамсаныы суолтатын өйдөөтүлэр. Чэгиэн доруобуйалаах эрэ оҕо доруобуйата бөҕөргүүр, ситиһиилээхтик үөрэнэр, иллэҥ кэмин таһаарыылаахтык атаарар, бэйэтин дьылҕатын сатабыллаахтык дьаһанар диэн өйдөөтүлэр.

Түмүк күҥҥэ экологическай олимпиаданы оҕолор оҥордулар. Манна кыайыылааҕынан ааттанна Милана Ушницкая. Бу күн Тааттатааҕы государственнай экологическай надзор государственнай инспекциятын начальнига Георгий Клавдиевич Николаев аатыттан инспектор Ольга Олеговна Игнатьева Таатта улууһун айылҕатын үөрэтиигэ кылааттарын иһин махтал суруктары оскуола директорыгар Малышева А.П. уонна минньигэс асчыкка Аввакумова М.Е., итиэннэ оҕолорго «күөх пионердар» ааттарын сүгэллэрин туоһутун диплом туттарда.

Оҕо саас сылыгар оҕолорго сайдалларыгар, билиилэрин хаҥаталларыгар, төрөөбүт дойдуларын билэллэригэр усулуобуйа тэриллэн бука бары лааҕыр үлэһиттэрэ кыһамньыларын уурдулар. Оҕолор лааҕырга сылдьыбыттарын туһунан санааларын суруйдулар уонна махтал тылларын анаатылар. Бу сайыҥҥы сынньалаҥ оҕолорбут сүрэхтэригэр сылаас истиҥ өйдөбүл, үөрэммит билиилэрэ сатабыллара олохторугар туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.

Дария Иванова, эколого-краеведческай лааҕыр салайааччыта.

Читайте дальше