Ытыктабыллаах Андрей Прокопьевич!
Эһиги «Таатта улууһугар тутулла турар баараҕай тутууга Алексей Егорович Турнин аатын хандьыдаат быһыытынан киллэриигэ кини үлэтин-хамнаһын туһунан тугу этиэххит этэй?» диэн ыйытыыгытыгар эппиэтэ маннык: «Бэйэтэ спортсмен, үрдүк үөрэхтээх учуутал, «Ленин» колхоз бэрэссэдээтэлэ, Тааттаҕа үөрэх салаатын уһун кэмҥэ салайбыт, сэбиэдиссэйинэн да, РайСовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччы быһыытынан А.Е. Турнин ханна да, тугу да үлэлээтэр, адьас, эдэр эрдэҕиттэн успуорду өрө туппут салайааччы үтүөтүнэн буолар. Оройуоҥҥа успуорду сайыннарыыга күүскэ үлэлээн, успуорт эйгэтигэр үлэлиир каадырдары, физруктары ииппитэ, үөрэттэрбитэ. 1960, 1970, 1980 сыллардааҕы Таатта оройуонун бастыҥ спортсменнарын кытары быһаччы үлэлэспит киһинэн буолар. Ол иһин оччолорго аатырар Д.П. Коркины кытта Тааттаттан кини эрэ бииргэ улуу тустууктары иитиигэ, таһаарыыга үлэлээбитэ. А.Е. Турнин ити кэмнэртэн хара өлүөр диэри Таатта спортсменнарын кытта ыкса сибээстээҕэ. Ытык Күөлгэ уонна нэһилиэктэргэ успуорт саалаларын туттарыы, оҕо успуордун оройуоҥҥа сайыннарыы А.Е. Турнин аатын кытта быһаччы сибээстээх. Таатта оройуонугар Алексей Егорович Турнин систиэмэлээх туруорсуутунан, успуорт материальнай баазатын оҥорууга, тэрийиигэ кини көмөтүнэн, сүбэтинэн турунан туран үлэлээбит салайааччылар С.Г. Жирков, И.В. Николаев уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. Таатта аатын кытта Сэбиэскэй Сойууска, Аан дойдуга ааттаппыт улахан ситиһиилээх спортсменнарбыт бары А.Е. Турнин үөрэнээччилэрэ, кини быһаччы көмөтүнэн, сүбэтинэн успуортка кэлэн, дойдуларын ааттаппыттара. Чурапчы уонна Таатта успуордун сайыннарыыга уһулуччу үтүөлээх киһибитиниэн — Алексей Егорович буолар. Манна кини үтүөтэ баара чахчы.
А.Е. Турнины мин 1967 сылтан үчүгэйдик оройуон успуордун оҕолорго да, улахан дьоҥҥо да тэрийээччи быһыытынан билэбин. Онон этэбин, урукку өттүгэр Таатта успуортка кыайыыта, чаҕылхай ситиһиилэрэ Алексей Егорович Турнин аатын кытта быстыспат сибээстээхтэр. 1967 сылтан күн бүгүнүгэр диэри Таатта улууһугар салайар үлэҕэ үлэлээбит дьонтон успуорду сайыннарыыга үлэтинэн барыларыттан ордуктара диирим сөп. Кини бэйэтин кэмигэр Саха АССР-га, ССРС-ка успуорт сайдыытыгар биир бастыҥ үлэлээх салайааччы быһыытынан биллибит киһи. Таатта оройуонун култууратын үрдүк таһымҥа таһаарсыбыта. Д.К. Сивцев – Суорун Омоллоон норуодунай суруйааччы доҕоро. Үөрэх салаатын, Саха АССР биир бастыҥ, биллиилээх салайааччыта, сэбиэдиссэйэ этэ. Таатта дьиҥнээх патриота, дьонун-сэргэтин чиэһин успуортка, култуураҕа, үөрэххэ, оннооҕор доруобуйа харыстабылыгар Москваҕа тиийэ көмүскэспит соҕотох салайааччыбыт этэ. Кини Таатта аатын төнүннэрии үлэтин саҕалаабыт дьонтон биирдэстэрэ.
Киһи быһыытынан көстөр дьүһүннүүн, быһыылыын-таһаалыын, тыллыын-өстүүн Таатта саарына. Ханна да үлэлээтэр үлэһит быһыытынан иннинэн сирэйдээхтэн, икки атахтаахтан үрдүк сыанабылы ылбыт, холобур буолар киһи.
2025 сылга Таатта улууһугар ыытыллар XXII «Манчаары оонньууларынан» тутулла турар элбэх өҥөлөөх чэбдигирдэр успуорт комплекска А.Е. Турнин сырдык аатын иҥэрии саамай сөптөөх. Кини сырдык аата үйэлэргэ ааттана туруон наада. Ол курдук эдэр көлүөнэни патриотизм, интернационализм тыыныгар иитиигэ, успуорду, чөл олоҕу тутуһууга кини аата үйэтитиллиэхтээх.
А.Е. Турнин оччотооҕу Алексеевскай оройуон үлэлээн иитиллээччилэрин уонна ыччаттарын саамай үрдүк ытыктабылынан туһанар Ытык киһи этэ.
А.Е. Турнин туһунан бэлиэтээһини оҥордо үлэ бэтэрээнэ, Таатта улууһун Дьүлэй, Октябрьскай, Амма нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, ССРС бочуоттаах донора, «Бочуот Бэлиэтэ», «Доҕордоһуу» уордьаннар кавалердара, сэрии сылын оҕото Николай Ефимович Попов».